Иһинээҕитигэр көс

Копырин Николай Захарович

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Копырин Н.З. (2008)

Копырин Николай Захарович — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, филология номуукатын хандьыдаата, литературовед, критик. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

Ахсынньы 5 күнүгэр 1923 сыллаахха Уус-Алдан Өнөрүгэр төрөөбүтэ. 1953 с. Саха педагогическай институтун филология факультетын бүтэрбитэ. 1961 сылга диэри аҕыс кылаастаах оскуолаҕа учууталынан уонна дириэктэринэн үлэлээбитэ.

1963 сылтан тыл, литература уонна история институтугар улэлиир (билиҥҥитэ тылы чинчийэр институт). 1968 сыллаахха "Поэтическое творчество С.Р. Кулачикова-Элляя" тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. 1982 с. "Литература народов СССР" диэн идэҕэ старший научный сотрудник аата иҥэриллибитэ.

Копырин алта монография уонна научнай-популярнай ыстатыйалар биэс хомуурунньуктарын ааптара. "Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара" диэн үлэтэ (сахалыы уонна нуччалыы тахсыбыта) омук тылынан дьүһүйүүтүн уратыларын ырытар.

Н.3. Копырин саха суруйааччыларын уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэрин үтүө ааттарын сөргүтүүгэ үлэлээбитэ. 1996 с. «В.В. Никифоров-Күлүмнүүр» диэн саха литератууратын төрүттээчилэртэн биирдэстэрин туһунан монографияны таһаарбыта. 1999 с. «Н.Н.Павлов-Тыаhыт» диэн үлэтин бэчээттэппитэ. Манна саха литератууратыгар, ноуукатыгар уонна култууратыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт, аанньа ахтыллыбатах прозаик, литератуура криитигэ, тылбаасчыт, лексикограф туһунан суруйбута.

Учуонай олоҕун тиһэх сылларыгар дылы үлэлээбитэ. «Литература Якутии на современном этапе, 1980-1990-е гг.» диэн 2002 сыллаахха тахсыбыт хомуурунньукка киирбит уочаркатыгар аныгы поэзия уратыларын, хайысхаларын, тосхоллорун көрдөрбүтэ.

Н.З. Копырин өрөспүүбүлүкэ биир биллэр публицииһэ этэ. Сиэр-майгы, чэгиэн олох, бэйэҕэ уонна тулалыыр дьоҥҥо эппиэтинэстээх сыһыан туһунан 200-тэн тахса ыстатыйаны бэчээттэппитэ.

«Кавкааһы көмүскэл иһин», «Варшааваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», мэтээллэринэн, орденом «Аҕа Дойду Улуу сэриитин» уордьанын II истиэпэнинэн наҕараадаламмыта.

Учуонай 2011 сыл сайыныгар суох буолбута.

Публицистика

[уларыт]

Билимҥэ үлэлэрэ

[уларыт]