Бу сирэй тургутуллубатах
дээн иһиилэрин төрдүнэн советскай дьон көлөһүннээһинэ суох үлэлэрэ буолар.
«Кимтэн барытыттан — дьоҕурунан, кимиэхэ барытыгар — үлэтинэн» диэн социализм принцибигэр сөп түбэһиннэрэн, государство үлэ уонна туттуу мээрэйин хонтуруоллааһыны олоххо киллэрэр. Кини нолуоктаныахтаах дохуокка түһэр нолуок кээмэйин быһаарар.
Обществоҕа туһалаах үлэ уонна бу үлэ түмүктэрэ киһи обществоҕа балаһыанньатын быһаараллар. Материальнай уонна моральнай көҕүлээһиннэри дьүөрэлээн, новаторствоны, үлэҕэ айымньылаахтык сыһыаннаһыыны көҕүлээн туран, государство үлэ хас биирдии советскай киһи олоҕун бастакы наадыйыыта буолуутугар көмөлөһөр.