Иһинээҕитигэр көс

Page:Саллааттар этибит (Болот Боотур).pdf/3

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн

Эргитэ саныыбыт.
Көҥүлү күөмчүлүүр
Фашистыын күөн көрсө,
Күн сирин көмүскүү,
Өлөрсө-өһөрсө,
Өр буола, ыраата
Бардахпыт, бу аата.
Элбэх да сахалар
Иһэбит дии манна.
Оо, хайа сах буолар...
Туох билиэй, дьэ ханна
Төһөҕүт охторун,
Төһөҕүт ордорун?!
Ол устан иһэҥҥин,
Кэнэннэр түһэҥҥин,
Түүн ахсын түһүүгүн,
Төлкөбүн түстүүгүн.
Ардыгар кэпсээн наар
Абааһы да Айыы,
Сороҕор эмиэ баар
Соһуччу да Кыайыы
Кэлэрин кэтэһии,
«Гитлер сууллуо», — дэһии.

ӨҺҮӨН ҮӨСКҮҮРЭ


Поезка бигэнэн
«Вершетка» тиийэбит.
Сэриигэ үөрэнэн
Мэнийэ сүүрэбит.
Хара сир үрдүнэн
Хайыһар тэбэбит.
Оо, онно барбыта
Элбэх да сырабыт
Сорохтор, быһата,