Иһинээҕитигэр көс

Page:Саллааттар этибит (Болот Боотур).pdf/9

[[Бикитиэкэ:Бу туһунан|Бикитиэкэ]] — аһаҕас бибилитиэкэ

Фашист маҥай аллаах
Тимир тиҥилэҕэ
Көнүл тэбистэҕэ!

«Иэстэһиҥ! Ситиһиҥ!» —
Сүрэхпит кылынар.
Саллаат ол иһин
Түөһүнэн турунар.
Саллаат өйдүүр биири —
Дойдута туох диирин:
«Дьон-норуот дьылҕата,
Күн Ленин дьыалата —
Аны эн ытыскар!»

Кыйдааһын сабаланар
Сэрии дүпдүргэтин,
Фронт сүүс мүччүргэнин
Дьиҥнээхтик тулуйан,
Саллаат эрэ билэр.
Эрдээхтик дьулуйан
Салаат эрэ сүгэр.
Ол кыргыс сиригэр,
Уот-өлүү үөһүгэр
Ыстыыгы тирэһэр
Ыксаллаах мүнүүтэ
Ахсаана суох этэ.

Туох эрэ сыыстарыы,
Тобута сыстарыы,
Күллэһии, чаҕыйыы,
Кэннигэ сыҕаллыы —
Олохпут, дьылҕабыт
Сапка ыйаныыта,
Хаанна утаҕырбыт
Фашизм кыыллыйыыта —