Иһинээҕитигэр көс

Page:Bötüŋner.pdf/1

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Нуучча омук Саха сирин була илигинэ, сахалар үрэх бастарын аайы ийэ уустаан сылдьаннар, ким бөҕө, харса суох киһилэрин тойон туттар эбиттэр. Тус-туспа аҕа уустарын икки ардыгар иирсээн таҥыстабына, ону сэрии быһааран, ким кыайбыт ийэ ууһа ол тойон буолара үһү.

Ол курдук олороннор, арай биир бириэмэҕэ баайынан-дуолунан, аймабынан-чабарынан охторон, Дыгын диэн албан ааттаах киһи, бүтүн саха норуотугар тойомсуйар киһи, үөскээбит. Бу Дыгын билиҥҥи Якутскай куорат оннугар, Сайсары күөл таһыгар олобурбут. Сүүһүнэн аабар үрүҥ-хара сүүрүктээх, төһө эмэ элбэх кулут дьонноох, хас эмэ харабыл бухатыырдардаах, кырдьык даҕаны, тойоҥҥо эбит. Дыгын тойон бэйэтин ийэтин уустара үрэх бастарынан сылдьан, атын ийэ уустарын тойонноругар Дыгыҥҥа кэлэн хобулааталлар эрэ, саалаах-саадахтаах, аттаах-атыырдаах төһө эмэ сэрии дьонун ыытан