кыртартаан кэбиһэн баран, баайдарын-дуолларын үүрдэрэн ылан, баайын хаҥатынар, биитэр бэркэ абыраатабына, бэйэлэрин туттаран аҕалан, кулут оҥостон олорбут.
Маннык сураҕын истэ-истэ, оччотооҕу сахалар: «Тойоммут Дыгын Боотур», — диэн ааттыыр эбиттэр. Онон Дыгын сэрин дьонун элбэҕи тутан, ону баһылыктыырын иһин Боотур диэн дуоһунастаах тойон аатырбыт.
Оччотооҕу бириэмэҕэ билиҥҥи Амма улууһун сиригэр (Амма үрэххэ) Арыылаах хочотугар сэттэ ини-бии дьон олоортор. Бу дьон ыраах иһиллэр ааттара Бөрө Бөтүҥнэр диэн эбит. Оттон биир-биир ааттарын-суолларын араартаан аахтахха:
- Маһарах диэн барыларын убайдара, бэрт көрсүө, көнө, күөх оту тосту үктээбэтэх, дьиэ киһитэ эбит. Урут төрөөбүтүн быһыытынан бары бырааттарыгар тойонноро буолбут, бары уолаттартан ойохтоохторо диэн соҕотох кини, уоннааҕы алта кыра уол бука бары ойоҕо суохтар.
- Мас Өнүкүй — ааттаах-суоллаах ойуун, онтон ураты биллэр идэтэ суох эбит.
- Өргөлөй Бэргэн — былыргы ох саанан ааттаах ытааччы. Ол иһин бар дьоно Бэргэн диэн хос аат биэртэр.
- Чохунай Дохсун — бэрт куһаҕан киннээх, туой кыргыһыы дьарыктаах, кыыһырдар эрэ сэптэнэн-сэбиргэллэнэн, өлөрсөрдүү тэринэн барарын, ону туой убайа Maһapax буойан тохтотор эбит. Онон арай кэргэттэриттэн Маһарабы эрэ аанньа ахтара үһү.
- Тиэтэйбит — барыларыттан уһулуччу, ат бөҕө, кус быһый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөрсүөннээх, быһыйга быһыылаах олус бэрт киһи эбит; атын ийэ кини өрүһүйүө диэн уустара атабастыыр күннэригэр ийэтин ууһа бүөмчү саныыр киһилэрэ.
- Боллох — хайтаҕа-туоҕа биллэ илик, 20-тин эрэ туолан эрэр оҕо киһи.
- Сэгэттэй — саамай кыра уол. Сүүрбэтин туола илик, барыларын баһыгар баар-суох бастыҥ маанылаах оболоро.
Бу дьон бары биир дьиэ кэргэнэ буолан, биир баайдаах, үптээх-астаах; орто сэниэ ыал эбиттэр. Кинилэр төрөөбүт ийэлэрэ, аҕалара өлбүттэрэ өр буолбут, аҕаларын оннугар Маһарах, ийэлэрин оннугар кини ойоҕо эбиттэр. Бу дьон чугас ыаллара диэн арай билиҥҥи Амма улууһа, Кэнньэ нэһилиэк сиригэр Хотуйа үрэх