Иһинээҕитигэр көс

Page:Bötüŋner.pdf/20

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн

лата кутан онорбут курдук. Тиэтэйбиттэн хайаан да ордук эбит.

Турбахтыы түһэн баран, тулаһа икки өттүттэн ньилбэктэриттэн тайанан, күрдьүөттэспит курдук, хаамсан көрөн баран... Бэрт Хара бокуойа суох өттүккэ саайда, ол саайбытыгар Тиэтэйбит өттүгэр кыалык баайар ат үүнүн тиэрбэһин саҕа тиэрбэс тимир баарыгар түбэһиннэрэн ньолбоччу охсон кэбистэ.

Тиэтэйбит буоллаҕына, салыннаах балык курдук, аһаран биэрэ-биэрэ, уон суол албаһынан бырабан имитэн барда. Күүһүнэн Бэрт Хара чахчы кыайа тутар эбит буолан баран, Тиэтэйбит халбархайынан Бэрт Хараны тарбаҕын төбөтүнэн сири таарыйтарда. Онон охторбут ааты Тиэтэйбит ылла. Бэрт Хара тахсан, танаһын танна олорон:

— Дьэ, быраатым, кырдьык даҕаны, күөнү кытта