Үлэлээбиттэрин курдук үлэлээн, олорбуттарын курдук олорон, бу кыһыны туораатылар.
Сыл аайы саас, кулун тутар ыйга кытарах биэни тутан, кымыс мунньан ыам ыйын сабана ыһыах тэрийэн, сүөһү өлерен, Мас Өнүкүй ойууну кыырдаран, ыһыах ыһар идэлээх эбиттэр. Бу кинилэр мүдүрүннээх бутун сылы этэннэ мүлчү түспүт үөрүүлэрин малаа һыннааһыннарын кэриэтэ буолар. Ыһыахтарыгар тан чугас ыаллаах буолан, бар дьон мустуой, бэйэлэрэ эрэ оонньуур-көрүлүүр этилэр.
Урукку куолуларынан, бу саас үөһэ кулун тутарыйтан үс кытарах биэни тутан ыан аһаан, соробун чор- ботон, хаһаанан истилэр. Дьэ бу саас үөһэ, от-мас чэл- гийэ көбөрүүтэ, мунньуллубут кымыстарын иһээри, ыһыах тэрийээри тэриннилэр. Амма улууһун Дьонку Саамай чугас ыаллара нэһилиэк сиригэр, Амма үрэх арбаа өттүгэр арахсан тахсан, Быкы үрэх төрдүгэр аалай мангаас аттаах Лам- па бухатыыр диэн киһи олорор эбит. Бу ааттаах буха- тыыр сааһынан кырдьа баран эрэр киһи этэ. Бу да киһилэрин кытта улахан билсии-көрсүү XOTOH суоба. Арай биир сарсыарда тойонноро Маһарах эттэ: Бөлүүн бэрт да куһађаннык түһээтим, бука сү- гүн олорумаары гынныбыт дуу, ханнык эрэ. Убаай! Ол туох куһабан түүлү түһээтин? - диэн кыра уол Сэгэттэй ыйытта. Маһарах, көрсүө-сэмэй мунутаан, барбата. - маны кэпсии Нокоо, Өргөлөөй! Икки хонон баран баран ыһыах ыһыллыа. Бүгүн баран ыалбытын Лампа бухатыыры ыһыахха ығыр, өйүүн кэллин! - диэтэ Mahapax. Уол үөрбүт-көппүт курдук: «Ээх» — диэтэ. Сарсыарда аһылыктарын аһаан баран, били сору- гун толоро Лампа бухатыырга баран хаалла. Бары туран, ол күн үлэлээтилэр-хамсаатылар, урук- куларын курдук олордулар, киэһэтигэр уоллара Өргө- лей кэлэн: диэтэ. Ламла өйүүн кэлиэх буолла, бэркэ сөбүлээтэ,- Эппит икки хонуктарын хонон баран, били ыгы- рыылаах Лампа бухатыыр кэлэн кымыстарын иһээри, үөрэ-көтө бэлэмнэммиттэр. Алталаах-сэттэлээх күөх эбириэн атыыр обуһу өлөрөн, этин айылгы бөбөнү тардан, куолуларынан дэлби буһаран, ойууну кыырдыбыттар. Ойууннара ортолуу Мас Өнүкүй кыыран