Иһинээҕитигэр көс

Page:Bötüŋner.pdf/7

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн

ран хааллылар. Дьиэлэригэр арай Маһарах ойоҕунаан иккиэйэҕин хааллылар.

Уолаттара барбыттарын кэннэ аны, бии кыһын ыан иһэр кытарах биэлэрии ыыталан баран, кэс биэлэрин тутан ыан иһэр идэлээхтэр. Кымыстарын аһаабыттарын ордугун, дьиэлэрин иһигэр ииннээхтэригэр улахан сири иһиттэри батарынан кэккэлэтэ ууран, онно кутан хаһаанар идэлээхтэр, ону били уолаттар киирдэхтэринэ, «Сайыҥҥы ыһыах» диэн эмиэ көрүлээн-нарылаан аһыыр-сиир этилэрю

Маһарах ойоҕунаан бу сай үөһэ сайылаан олорон, куолуларынан биэс-алта улахан холлоҕос кымыһы хаһаанан, биир сааһын тухары кур эримэх байтаһын биэ маска атыллыбытын өлөрөн ууран, дьэ уолаттарыгар элбэх кэһиини мустулар.

Саастара баранан, сайылыкка тахсар кэм буолан барбат. Бу кэми былыргы саха «улуу тунах кэмэ» диэн ааттыыр эбит. Ол улуу тунах диэн сайыҥҥы үрүҥ ас тахсар кэмэ буолар.

Мантан инньэ уолаттара даҕаны кэлэн, сайыҥҥы отторун үлэтин эҥин бэлэмниэхтээхтэр этэ.

Бу курдук олордозторуна сиэннэрэ Наахара ыччата Бөдьөкө дьаарбайа кэлбит. Маһарах кыһыҥҥы иирсээннэрин билбэт буолан, сааһыгар сылдьыбатах сиэнэ дьаарбайа кээлтигэр үөрэн-көтөн, сиэллээх улахан чороон айахха тобус-толору арыылаах кымыһы бэйэтинэн көтөҕөн аҕалан, айах туппут. Уонна сэттэ сиринэн биттэхтээх туос сандалыга (түллүө диэн биттэхтээн оҥоһуллубут остуол), били байтаһын биэтин уллугун уҥуоҕун бүтүннүү буһаран, маанылаабыт.

Таайын үтүө күндүтүн сиэн оҕо үөрүүнэн-көтүүнэн аһаан-сиэн баран, барарыгар:

— Таайм! Биһиги сарсын ыһыах ыһабыт, онно эйигин ыҥыра кээлтим, онон баран, биһигиттэн маанылатан кэл,— диэбит.

Ону истэн Маһарах Наахаралар кинини дьэ билсээри-көрсөөрү кэлэн, сылдьыбатах бэйэлэрэ дьэ кэлэн сылдьан, хаһан даҕаны ыһыахтарыгар ыҥырбатах бэйэлэрэ дьэ ыҥыран эрдэхтэринэ, аккастыа дуо, үөрүүнэн: «Дьэ сөп, сарсын эрдэ тиийиэм»,— диэтэ.

Сиэнэ Бөдьөкө тахсан барарыгар иннигэр-кэннигэр түһэн, бырастыылаһан атаарда.

Бу күн Маһарах сарсын ыһыахха миинэн бараары атын көрдөөбүтэ, ата сүтэн хаалбыт. Омук-өһүк дьоҥҥо ыҥырыллан ыһыахха барарыгар суос-сатыы бара