Ньургуһун уонна эрбэһин
Ньургуhун уонна эрбэhин
Былыыр былыр, аптаах сибэккилэр дойдуларыгар, Ньургуһун сибэкки уонна кини дьүөгэтэ. Эрбэһин сибэкки наһаа иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара эбитэ үһү.
Ньургуһун уһун умнастаах, саамай кэрэ, аптаах сибэкки эбит. Кини сайын устата биир эрэ күн, өҥүн үс төгүл уларытар эбит. Ол кэмҥэ тууран ыллахха, күүһэ ол киһиэхэ киирэн, сири-дойдуну баһылыан сөп эбит.
Дьүөгэлиилэр сайын саҕаланна эрэ, арахсыбакка, бииргэ тыллар, күһүн буолла эрэ, бииргэ хагдарыйар идэлээхтэр эбит.
Ол курдук, биир үтүө күн, хантан да кэлбитэ биллибэт, Абааһы кыыһа кэлэн аттыларыгар биирдэ баар буолбут. Кини, сири-дойдуну бары баһылыан баҕата күүһүттэн, Ньургуһуҥҥа саба түспүт. Эрбэһин онуоха дьүөгэтин Абааһы кыыһа өлөрөн эрэриттэн куттаммакка, баар бары күүһүнэн умнастарын, сэбирдэҕинэн Абааһы кыыһын сирэйин хайыта соппут.
Онуоха Абааһы кыыһа өссө кыыһыран, уордайан туран Эрбэһини умнаһыттан тутан туран абын киллэрэн Эрбэһини туура саайбыт уонна: “Эн, Эрбэһин сибэкки бу күнтэн ыла, кэрэ дьүһүнүҥ сытыган, куһаҕаны оҥорор хатыылаах окко кубулуйдун!”, - диэтин кытары Эрбэһин умнаһыгар хатыылар ойон тахсыбыттар. Уһун бэйэтэ сиргэ сууллан түһэн, сиргэ сыыллыбыт. Сибэккитэ, киһи хараҕа таба көрбөт гына кыччаабыт.
Барытын көрөн турбут Ньургуһун Эрбэһини аһыйан дэлби ытаабыт. Онуоха Абааһы кыыһа Ньургуһуҥҥа туһаайан: “Дьикти күүскүттэн миэхэ барытын биэр, эбэтэр Эрбэһин курдук кубулутуом!” – диэбит.
Ньургуһун киниэхэ хардатын: “Эйиэхэ күүспүн биэриэм кэриэтэ, эйигиттэн саһан кылгас үйэлэнэ үүнүөм”, - диэбит. Уонна Ньургуһун Эрбэһини сүтэрбититтэн хараастан хагдарыйан хаалбыт. Ол курдук, Ньургуһуннаах Эрбэһин аны хаһан да бииргэ үүммэт буолбуттар.
Эрбэһин Абааһы кыыһа аптаабытын кэннэ сири сыылла сылдьан үүнэр хатыылаах куһаҕан окко кубулуйбут.
Онтон Ньургуһун, Абааһы кыыһыттан саһан, дьүһүнүн кубулутан, саас харалдьык таҕыстар эрэ, тоҥ буору тобулан, кылгас умнастаах, тоҥмотун курдук умнаһа түүнэн бүрүллэ, кылгас үйэлээх буола үүнэр буолбут.