Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хоһоон
1.
Дьыл барар бэлиэтэ –
Дьыбара, силлиэтэ
Эмиэ да күүһүрдэ,
Эмиэ да ириэрдэ.
Чугаһаан, чугаһаан,
Саас иһэр, бу аата,
Муус чопчу, муус кыаһаан –
Киэргэлин ыйаата.
Тибиини быыһынан
Туллуктар кэллилэр,
Кыбыынан, далынан
Кыыдамныы коттулэр.
2.
Тоҕус күн хачааллаан,
Тонорбут бу халлаан
Дьэ тыынын таһаарда,
Дьэҥкэрдэ, ылаарда.
Хайыһар тэбиэххэ,
Хаҥкынан сүүрүөххэ
Хатаҥа сарсыарда
Алыс да аатырда!
Салгыҥҥа сылдьаммыт
Тэтэрдэ сирэйбит,
Мээчиги хапсаммыт
Хатырда илиибит.
3.
Сарсыарда эрдэттэн
Сааскылыы күн тыкта.
Хараарбыт сирдэртэн
Ньургуүун от быкта.
Эргиллэн кэллилэр
Элиэлэр, тураахтар.
Сыырдарга түстүлэр
Өрүөстээх чыычаахтар.
Сылгылар мэччийэ
Сыһыыга киирдилэр,
Кулуннар, көччүйэн
Өрүтэ тэптилэр.
Борооннор мэниктээн
Харсыһа ооньууллар.
Оҕолор күннүктээн
Чалбаҕы оймууллар.
4.
Хатааһын өһүллэн
Ириэһин дьэ кэллэ.
Сылыйан, Хаар суоллан
Сылбыйа диэн буолла.
Хороонтон, хаспахтан,
Хомурах анныттан
Харылыы-курулуу
Халыйда хара уу.
Килэһэ тустулэр
Кэдээллэр, уолбалар.
Үрэхтэр сүүртүлэр –
Толооннор туоллулар.
Үөһээнэн аастылар
Уор кустар, уор хаастар.
Утуйбат буоллулар
Омуннаах сааһыттар.
5.
Түүнэри ньуурайан
Сылыйда, сырдаата.
Кыс тына уурайан
Сай кэллэ бу аата.
Эмискэ ньүксүлгэн
Этиҥнэр эттилэр.
Омуннаах эҥсилгэн
Ардахтар түстүлэр.
Дьэргэлгэн дьиримнээн
Күнүһүн куйаарда.
«Дьири-дьир» дьирилээн
Күөрэгэй туйаарда.
6.
Сиигирэн, дуоһуйан,
Сир кырса оҥсүйдэ.
Күөх-уйгу, оҥ-быйаҥ
Дьиҥ-чахчы эргийдэ.
Сибэкки таҕыста,
Сэбирдэх киэркэйдэ,
Мутукча тубуста,
Муҥутуу чэлгийдэ.
Ойуурум иһиттэн
Кэҕэбит чоргуйда,
Бөһүөлэк диэкиттэн
Музыка дуорайда.
Түүннэри сир тиэрэр
Тыраахтар ньиргиэрэ
Чараҥы уйгуурта,
Тыа баьын дарбытта.
7.
Аатырар күөллэрбэр
Андылар усталлар,
Сайылык сирдэрбэр
Фермалар тахсаллар.
Алааһым иьигэр
Лыах көтөн тырымныыр.
Дыргыйар мүөтөгэр
Ыҥырыа лыҥкыныыр.
Оҕолоох чыычаахтар
Аһылык таһаллар.
Уйалаах тураахтар
Үөттэргэ саһаллар.
Түптэҕэ мусталлар
Ыанньыйбыт ынахтар,
Титииккэ хаамсаллар
Халааттаах дьахталлар.
8.
Үгүстүк эрийсэн
Үөрэхпит дьэ бүтэн,
Кэллэ дии өр көҥүл –
Сайыҥҥы өрөбул.
Көр оонньуу аргыстаах,
Көх үлэ дьарыктаах
Сүрэҕи коччутэр,
Сүһүөҕү чэччитэр
Бу күөхтээх сайыҥҥа,
Бу мүөттээх салгыҥҥа
Ырыабыт чугдаарда,
Көстөрбүт сандаарда.
Оо, өссө үөрүөҕү,
Күөрэгэй, дьэ ыллаа,
Бу күнү, бу күөҕү
Уруйдаа-айхаллаа!
|
|