Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хоһоон
Тоҥ окко төрөөбүт,
Тоҥмокко өрөөбүт,
Куобахчаан саҕачаан
Кырачаан тугутчаан,
Ийэҕин эмээхтээн,
Исчээнин кэлээхтээн,
Кэнньүөрэн, көччүйэн,
Көҥүллук чэччийэн,
Тарыйа, хаһыйа,
Тараҕай таас хайа
Тоҥ хаарын оймооҥҥун,
Тотургуу оонньооҥҥун,
Ойуттан-быыраттан,
Олус да ырааттыҥ.
Оччугуй тугутчаан,
Оҕочоон табачаан,
Акаары бэдиккин,
Адьаһын билбэккин,
Анныгар, аттыгар,
Алдьархай быатыгар,
Тарыҥнаах үрүйэ
Талаҕын кэрийэ,
Сыт ыла, суол көрө,
Сутаабыт сур бөрө,
Арҕаһын күүркэтэн,
Аһыытын килэтэн,
Чуҥнуурун, кэтиирин
Чугаһаан иһэрин…
|
|