Тэйэр хайа (үгэ)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үгэ


Соҕуруу диэкиттэн хас да көстөн
Соҕото5ун үллэн, үрдээн көстөр
Кэтэстэххэ кэлбэт Тэйэр хайа
Киэбирэр эбит дархаһыйа:
«Бэл тахсар күн миэхэ мичилийэн,
Үрдүк сүүспүттэн урут убуруур,
Күннуүктээн миигин эрэ эргийэн,
Уһун уорҕабын ордук угуттуур.
Ол да иһин мин эрэ чугаспар
От-мас, сир-дойду чэлгийэ тупсар.
Оттон манна мин суоҕум буоллар,
Күн атын сирдэри сырайыах этэ –
Амма Эбэ күөх быйаһа суоллар
Амырыын дьыбара туһуох этэ»…
 
 
«Сир киинин курдук сананааччылар
Син олоххо баар буолааччылар».