Хаҥкыһыт ырыата

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ырыа


Каток халтархай, муус иэнэ
Хайдах курдук көнөнуй,
Хатан тимир хаҥкым миэнэ
Хайдахтаах бэрт «көлөнүй»?!
 
Халыан «атым» туора ойон,
Хаста тыаһыыр кэтэҕим?
Ээй, чэ, чынайан-хонойон
Тэйэн-тэбэн истэҕим.
 
Сурулаан иһиий, хаҥкычаан,
«Сур-сур» суруйа охсон.
Айаас «соноҕос» хаҥылчаан,
Айана алыс дохсун.
 
Элэкэчийэн тургэнэ
Эриэккэһин эбитин!
Элээрдэ тэбэн, түһүнэн
Эккирэтиһэн истим.
 
Уҥуор-маҥаар курбачыйан,
Оҕолор тургэннэрин,
Куҥҥэ хаҥкы кылбачыйан,
Көрүөххэ үчүгэйин.
 
Хайыьарым барахсан.
 
Ханнык да халыҥ хаарга
Хаайтарбакка хаамарга,
Ханалдьыйар дьылысхан
Хайыьарым барахсан
Хайдахтаах курдук бэрдий?!
 
Хайа да ыраах сиргэ
Хараабакка сиэлэргэ,
Халыһыйар уйусхан
Хайыһарым барахсан
Хайдахтаах курдук бэрдий?!