Иһинээҕитигэр көс

Саха итэҕэлин туһунан санаам (Рустам Каженкин)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха итэҕэлин туһунан санаам


Таҥаратын көрдүүр саха омук
Талар-таайар татаар тылын
Бэтилиэстээх сыарҕатыгар соһон,
Уус тылын төлкөтүн түөрэҥнэтэр.

Киэҥ халлааҥҥа сүппүт ытык суолун
Сулус уотунан ааҕан билэннэр,
Сир сиигинэн ситэн сонордооннор —
Үтүө үгэс үөскэтэн кээспиттэр...

Аныгы да саха, хаана тардан,
Таастааҕар маһын ордорор,
Уол оҕун, кыыс кыптыыйын тутан —
Саха омук таҥаратын көрдүүр.


Дьокуускай к.