Иһинээҕитигэр көс

Эн миигин умнумаар Сэргэлээх (Рустам Каженкин)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!


(Сэргэлээх 17-ис уопсайын комендана Матрена Андреевна Ноговицынаҕа аныыбын)

Ханнык да кэм үүнэ салайдын,
Ол аайы бэриммэт эрчимнээх,
Төһө да хаар-кырыа баттаатын –
Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!

Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!
Эйиэхэ сибэкки дьөрбөлөөх
Өссө да кэлиэхпит буоллаҕа,
Эдэр саас кэминиин ыллаһа.

Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!
Сүрэхпэр мин эмиэ эйиигин
Уот таптал, ахтылҕан аргыстаах
Кэрэкэ кэмнэрим диэн этиэм.

Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!
Эдэр саас уйата уопсайдаах
Эн куруук миигинниин ыллаһа,
Маҥнайгы тапталбын санатаар...

Ханнык да кэм үүнэ салайдын,
Ол аайы бэриммэт эрчимнээх,
Төһө да хаар-кырыа баттаатын –
Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!


14.ХI-2004, Дьокуускай к.