Иһинээҕитигэр көс

АХШ бэрэсидьиэнин талыыта

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

АХШ талыытын систематын туһунан санаалар

Бүгүн биир сонун тарҕанна - АХШ 46-с бэрэсидьиэнэ, Джо Байден, Америка төрүт олохтоох дьонун иннигэр АХШ бырабыыталыстыбатын аатыттан бырастыы көрдөстө. 1969 сыллаахха дылы Аляскаҕа уонна Гавайига үлэлээбит индеецтэр оҕолорун хаайар уонна төрүт куттарын ыһар школа-интернат диэн ааттыыр сирдэригэр 973 оҕо өлбүт эбит. Ол эрэн демократтар суобастара оонньоон буолбакка бу буолаары турар Трамп-Харрис талыытыгар оонньуу буолар диэн сабаҕалаан тураммын АХШ талыытын систематын туһунан санааларбын үллэстиэм.

АХШга талыыһыттар коллегиялара (коллегия выборщиков) диэн баар. Ол аата хас биирдии штакка олохтоох дьон ахсааныгар пропорциональнай талыыһыттаах буолар. Уопсайа 538 талыыһыт баар. Ол онтон 270 ылбыт хандьыдаат дойду бэрэсидьиэнэ буолар.

Холобура, саамай элбэх киһилээх Калифорнияҕа 55 оттон саамай аҕыйах киһилээх Аляскаҕа 3 талыыһыттаах.

Икки штаттан ураты атын штаттар бары мажоритальнай системанан талаллар. Ол аата холобура Калифорнияҕа 49% республиканецтар, 51% демократ ыллахтарына туох баар 55 талыыһыт барыта демократтар киэнэ буолар.

Дьиҥ дьигинэн демократтар уонна республиканецтар штаттары эрдэттэн үллэстэн олороллор. Ол иһин талыы түмүгүн Swing State (халбаҥныыр ыстааттар) диэн быһаараллар. Сорох халбаҥныыр ыстааттарга сүрүн оруолу төрүт олохтоох дьон (индиэйэстэр) биэриэхтэрэ диэн суоттаабыт буолуохтарын сөп. Ол иһин ити саамай тыҥааһыннаах кэмҥэ демократтар бүтэһик куоһурдарын таһаараллар. АХШы талыытын систематыгар алыс аҕыйах куолас быһаарыылаах буолуон сөп.

Түмүккэ ИИ маннык диир:

Колеблющиеся штаты, где голоса коренных американцев могут оказать влияние на исход выборов, имеют следующую численность выборщиков:

1. Аризона – 11 выборщиков
2. Висконсин – 10 выборщиков
3. Мичиган – 15 выборщиков
4. Невада – 6 выборщиков
5. Миннесота – 10 выборщиков
6. Северная Каролина – 16 выборщиков

Итого: 68 выборщиков

Эти 68 выборщиков составляют значительную часть от 270 голосов, необходимых для победы на президентских выборах, и могут сыграть решающую роль в итоговом результате, особенно в случае близкой гонки между кандидатами.

Ол иһин аҕыйах да куолас талыы түмүгүн барытын быһаарыан сөп. Ол ону АХШ төрүт олохтоохторо бэрт мындырдык бэйэлэрин тустарыгар туһаналлара бүгүн тарҕаммыт сонун бэрткэ туоһулуур.