Иһинээҕитигэр көс

Аанньал уонна абааһы (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аанньал уонна абааһы


Саха көрөр
Сандалы маҥан халлаан илин кырыыта
Арыллан сырдыыра
Арыычча иннинэ,
Илин халлаан эҥийэтин диэкиттэн,
Үрүҥ күн тонолҕонун курдук ньуурдаах,
Сайыҥҥы күн
Сандаҕатын курдук сандаҕалаах,
Көхсүттэн үүммүт
Көмүс кынаттаах,
Күн сирин дьонун
Күдэрик-мэнэгэй тыыннаах
Көстүбэт аҕатын ууһуттан
Көмүскэһэр күнүгэр,
Аан дайды чаҕарын
Аньыыга анньааччы
Абааһы аҕатын ууһуттан
Араҥаччылыыр чааһыгар
Халлаан хараньыытал аанньалаг
Хара буорга төрүөбүт
Хаарыан дьону харыстаһаары,
Салгын устун талбааран,
Халлаан кырсынан намылыйан,
Үрүҥ күн курдук,
Көтөн күөгэйэн испитэ.
    Ол кэмигэр
Орто аан ийэ дойдуга
Баттыгаска баҕалаах,
Аньыыга наадалаах,
Хааннаах хара көлөһүн тамахтаах,
Хара буор сидьиҥ санаалаах,
Аан дайды киһитин,
Алҕас хаалларан,
Аньыыга анньан алларастаабыт
Абааһы аҕатын ууһун атамаана,
Эҥин дьиибэҕэ эрийэр
Идэмэрдээх санаалаах
Илиэһэй уолун идэкилээҕэ,
Күрдьэх курдук тарбахтаах,
Көхө курдук тумустаах,
Көппөх курдук көҕүстээх
Көтөр кынаттаах күтүрэ буолан,
Көтөн күүгүнээн тахсан,
Күкүр хайа күлүк өттүгэр
Күөнтээн олорон,
Кини күтүр
Хатааһын чолбонун курдук хараҕынан
Халлаан аанньалын диэки
Хааннааҕынан халыр-түлүр
Хайыспахтыы олордо.

 
ААННЬАЛ:
«Айыы таҥара айбыт
Аан дайды дьонун аймаан,
Күнтэн-таҥараттан көмүскэллээх
Күн айыы аймаҕын
Күдэриккэ тумнаран,
Көлөһүҥҥэ күөйбүккүн,
Аан дайды чаҕарын
Албаскынан аралдьытан,
Аньыыга-буруйга анньыталаабыккын,
Аньыыларын халыҥаппыккын,
Кыһалҕалаах олохтоох
Кыра-кыйма дьону
Кыдьыккынан кыайаҥҥын,
Кыһалҕаларын кытаатыннарбыккын,
Кыраайга кыйдаабыккын.
     Онон,
Аан дайды үрдүгэр
Аньыы-буруй элбээбит,
Алҕас-сыыһа тарҕаммыт.
     Ол иһин
Аҕа таҥара,
Атаҕастаммыттары аһынан араҥаччылааччы,
Хара былыт курдук,
Хаххалаан турар
Хара дьайы халбарытарга,
Аан ийэ дойду үрдүгэр
Аньыыны-буруйу тарҕатааччы
Абааһы аҕатын ууһун
Аллара дойдуга атаарарга,
Ийэ дойду иһигэр
Идэмэри тэлгэтээччи
Илиэһэй аҕатын ууһун
Иҥнэри туойарга,
Имнэри быһарга эттэ».

АБААҺЫ:
Хатан маһы
Хайа таппыт курдук,
Хайа ыстанан күлэн баран,
 
Хатааһын чолбонун курдук,
Хааннааҕынан көрөн
Хабырыттан баран:
     «Харысталлаах санаалаах
Халлаан аанньалаа!
Хаһан да хаайтарбат
Халыҥ хамаандабынан
Хаайа көтө сылдьаммын
Харгыстаабытым чахча,
Аата-ахсаана биллибэт
Абааһы аймахтарбынан
Аан дойду дьонун
Арҕара сылдьаммын
Айбыттарын умуннаран,
Аньыыга анньыталааммын,
Алдьархайы оҥорторон
Абыраммытым чахча.
      Ол эрээри
Мин бэйэлээх оҥорбуппун
Тумнары туойаргыт,
Тоҕо сиэлийэргит,
Туһунан олоҕу оҥороргут
Тутуурдаах буолаарай?..»

ААННЬАЛ:
     «Суох, үс сүүс үйэ тохору
Үктэбиллээх олоҕу үрэйэргэ,
Аата-ахсаана суох
Аньыылаах дьаһалы сарбыйарга
Бириэмэ тирээбит,
Хонук тосхойбут,
Мүлтүҥнүүр бүүрүгэ,
Тостор төбөтө буолбут үһү».


АБААҺЫ:
   «Ама доҕор!
...Мин бэйэлээх,
Аата ахсаана биллибэтэх
Аймах-абааһы билэбин
Аан дойду үрдүгэр тарҕаттахпына,
Айыы таҥара да буолтун иһин,
Адьас суох гынара биллибэт...»
 
ААННЬАЛ:
      «Алҕаһыҥ буолуо.
Айыы таҥара
Атын санааны айдаҕына,
Аан дойдуга айбыт дьонноро
Атаҕастабыллаах олохтон
Адьас арахсан,
Атыннык дьаһаныахтара,
Айыыны-таҥараны ахтыахтара!..»


АБААҺЫ:
    «Оччоҕо биһиги ханна барабыт?..
Айыы-таҥара
Аан дайдыны айарыгар тоҕо ахтыбатаҕай,
Абааһы аймаҕа
Аан дайдыттан
Адьас араҕыстын диэн?
Аньыылара халыҥаабыта
Абааһы эрэ буруйа
Адьас буолбатах».


ААННЬАЛ:
     «Алыс барбыккыт иһин
Айыы таҥара,
Аан дойду дьонун аһынан,
Абааһы аймаҕын
Аан дайдыттан атааран,
Атын олоҕу арыйарга,
Аньыыны-буруйу аччатарга
Араҕас аркыыбатын аспыта,
Орто дойду олоҕун уларытарга
Остуруогай ууруутун уурбута,
Уларыйбат ыйааҕын оҥорбута».

АБААНЫ:
Күнү-ыйы бүөлүүр,
Күкүр хара кынатын
Күн түҥкэтэх өттүнэн
Күкүр-күкүр гынна,
Сэтинньи ый сэттис эргэтин курдук,
Иирэр хараҕынан эргиччи көрдө,
Арыы тыа бастара сатарыар дылы
Күлэн алларастаата:
     «Көмүскэстээх аанньал,
Күнүҥ дьонун көрүн Көр эрэ!!!»


ААННЬАЛ:
Онуоха
Аллараа диэки
Адыылаан көөртө:
Аан дойду дьонун
Көхсүн хаана
Күтүр өрүс буолан
Күүгүнүү устан эрэр,
Хабарҕа хаана
Хаан байҕал буолан
Таҥнары дьалкыйан эрэр,
Оп-соллоҥ чуубурҕаабыт,
Оһол-төрүөт чорбоҥнообут,
Илбис-мэнэгэй дьиэрэҥкэйдээбит,
Саалаах бөҕө самныбыт,
Үҥүүлээх бөҕө өлбүт,
Бууска саа буугунаабыт,
Тэргэн саа тирилэзбит,
Хаан былаастаах
Хара күдэн сатыылаабыт,
Өлүү күдэригэ күөрэйбит,
Өһөх быһылаана буолбут.
    Онтон
Хаҥас диэки
Халбарытан көөртө:
Халыҥ хармааннаах ханыылаһан,
Уордьаннаах чуоҕуһан,
Уһун таҥастаахтар мустан,
Килэгир тимэхтээхтэр кэккэлэһэ сылдьаннар,
Кэриэс тылларын кэпсэтэн,
Улаҕа тылларын толкуйдаһан
          эрэллэр аххан эбит ээ...
 
Ити курдук кэби кэнээрэн,
Ол курдук олоҕу оҥорон баран,
Халлаан аанньала барахсан,
Үс курдуулаах
Үрдүк маҥан халлаан
Үрүт өрөһөтүгэр
Үрүҥ Айыы тойоҥҥо
Үүт-үкчү
Үтүктэн биэрээри,
Үрүҥ былыт олохтонон,
Өрө көтөн күөрэйбитэ үһү...


20-VII-1914