Иһинээҕитигэр көс

Аан-даан ырыата (Сэргэй Зверев ырыата. Г.М. Васильев суруйуута)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сиэллээх маҕана сэтэлгэлээх
Сэлэммит тиит өһүөлээх,
Сул титирик эркиннээх,
Суоруу мае үрүттээх.
Суостаах-суодаллаах
Суоһар оһох турбалаах.
Аал уххан уот алаһалаах;
Күн киирдин диэн
Үллэр бүөрэ дьөл өҕөстөвх,
Төлөн таҕыстын диэн
Үрүт өттө үөлэстээх,
Үргунньэхтии дьүһүннээх
Бүтэй алaha дьиэбэр
Хара түүн ийэм дьаалы
Хаайан-бүүрэн кэлбитигэр,
Хагдаҥ от хаттыктаах
Хара сылгы тэллэхпэр тиэлийэн,
Бороҥ куобах суорҕаммар сууланан
Ботуоска сыттыкпар сынньанан,
Түлэс-балас утуйа сытан
Түүл түһээн истибитим —
Тойон өһүөм баһынан
Дохсун буурҕа түһэн,
Чускурута силлиэрэн
Куппун долгуппут,
Куйахабын күүрдүбүт эбит.
Иэ-татай,
Эр-дьаалы, оҕолоор! һуой бу тугуй, Туох ааттаах
Чуһугуруур чусхаан уһуурда,
Чыһыгырыыр сытыы тыал иһнирдэ диэммин,
Саптыммыппын арыйа тардав,
Сууламмыппын сулбу охсон,
Баар-суох барбах барымтабын
Таһынан-иһинэн тардынан,
Уһукпунан дугунан,
Ортобунан курданан,
Улаан ньуурбунан туһулаан,
Уолукпунан тыынан,
Уоттаах эрэһэ харахпынан бкдилээн,
Куордаах суо-хаан боруокпун
Булгу боҕуйан,
Тарбыйах тириитэ таптаах
Най хаптаһын халҕаммын арыйан,
Дорҕоонноох томоон-имээн халлааммар,
Айгырастаах силиктээх
Аан ийэ дойдубар:
Тооронон долгуйбат
Туой буор тх-оналаах,
Эмтэрнйэн элэйбэт
Ийэ ньээкэ сиксиктээх
Силик хаан тэлгэһэбэр,

Сэттэ тутум дириҥнээх
Киилээх иһэрэх тэпсилгэннээх,
Иэҕии сиэрдийэ эркиннээх
Ыҕай хара быарыгар,—
Тоҕус моойтуруктаах
Дуолан мае сэргэбэр
Уолуйбуттуу тохтуу биэрэн,
Өмүрбүттүү өҥөнө түстүм.
Иэ-татай, збит оҕолоор!
Аалай-чаалай арыллыбыт,
Араскыбыт хампарыйан
Сиргэ-буорга силигирээбит
Сибэккибит силэллэн,
Тутумунан холобурдаах
Нуолур солко мутукчалаах,
Сиринэн охсуллар
Силигирии сиэттиспит
Силик күөх сиэллээх
Сис ты а быт сиэкинийбит;
Кус хоро тойуктаах
Соҕуруу диэки суксуспут;
Кыптыый кынаттаах бииһин ууһа
Кырыыппанан алгыстаан
Кыыгыныы тардыллан,
Кыстык сиригэр
Кыйданан эрэр эбит.
Муустаах муора чугаһа,
Элиэнэ өрүс иннэ,
Бүлүү үрэҕин үрдэ,
Оҕуруо дьаҕылынан оонньообут
Оһуор бичигинэн тиксиспит
Дьоллоох сайына Togo куотта диэммин,
Чуҥкунуур хоту туһулаан,
Одуулуу турбутум, оҕолоор.
Одурууннаах.муус халҕаһ^ суорҕаннаах
Бидилгэннээх тибии хаар тэллэхтээх,
Кырыалаах кыртас хайа сыттыктаах,
Дьаҥха баттах,
Тоҥмут мурун,
Үлүйбүт сүүс,
Иһэлийбит иэдэс,
Анысханнаах уордаах Байҕал иччитэ —
Кыыс Чаҥыйдаан хотун эбэм обургу,
Халҕаһа сабыытын арыйа баттаан,
Хайыр муус хаппаҕын хайа охсон,
Уутуттан уһуктан ойон тура эккирээбит эбит.
Сол туран,
Суо хотун дьаалы обургу
Суостаах суодаллаах
Уоттаах чолбонноох
Обот-дугуй кымньыытынан
Ордоотуу-ордоотуу охсон эрэр эбит,
Хаптаһын сулустаах
Хатан чысхаан дьалбыырынан
Хаһыытыы-хаһыытыы кыйдыыр-сайдыыр саҥата
Хатан үлүгэрдик иһиллэр эбит:
— Кыа-хаан ыһыахтаах,
Кырбас эт талбалаах,
Кырдьык өлүү тыыннаах,
Кырыа хаар олбохтоох,
Сул муус үллүктээх,
Суостаах суодаллаах
Аан-Даан улахан уолум обургу,
Соҕуруу диэки суодалый,
Күн аннын диэки күөһэлий!
Чысхаан-холорук кыыһым,
Аас-Майах балтым,
Улуу-Дьыбар уолум,
Уһукта тардыҥ,—
Утаарыллар күҥҥүт буолла;
Сэтинньи ый хотуну
Сэтиилэнэн тиийэҥҥит
Силлиэ-буурҕа аргыстаныҥ;
Ахсынньы ый устатын тухары
Ахсаабакка күпсүүрдээҥ,
Күнүстэри күөттээҥ,
Түүннэри түрбүйүҥ,
Адьырҕа кыылы
Арҕаҕын аанын саптарыҥ,
Мурукуну хороонун булларыҥ,
Үөнү-көйүүрү өлөрүҥ,
Тоҥсоҕойу эрэ ордоруҥ —
Кумалааныгар киллэриҥ,
Хахханы эрэ хаалларыҥ —
Хаппыт маска хаххалааҥ,
Киргили эрэ
Киил маска кистээҥ,
Суору эрэ ордоруҥ —
Тойуксут оҥоруҥ!
Сындыаһыннааҕы сындалытыҥ,
Эмньиги эмчирэтиҥ,
Буулуур аты боһоллоон
Муус дьаҥха эккиннээҥ!
Кунан оҕус чурумчутун
Болгуо муустааҥ,
Болуо мас
Бурҕалдьыны состоруҥ,
Туҥуй бургунас
Торбоһун да тоторботун,
Ийэ ынах
Этэтин эһиҥ,
Аҕыс уоннааҕыттан үрдүн
Араҥаска таһаартааҥ,
Тоҕус уоннааҕыттан үрдүн
Тумулга туораталааҥ,— диэн
Тиҥкинии-тиҥкинии тибиирдэ,
Хаһыыра-хаһыыра чаҥыйда.
Онуоха эбит, оҕолоор,
Сордоох төлөн сосхойдоох,
Содуом дьыбар тутуурдаах,
Сойуо хара түүн соргулаах,
Уоттаах чолбон харахтаах
Улуу дьыл обургу
Мунду балык миинин курдук
Буһуруктуйан киирэн барда;
Дьухха муус
Орулуу-орулуу тоҥно,
Сытыы чысхаан
Сытайан барда,
Туркун холорук
Туһэн барда,
Аан- таталҕа
Аймаан барда,
Арҕаа халлаан дьайыҥа
Аалыылаах батыйа кылаанын курдук
Кын-кыныы кылыһыйа кыыста,
Хоту халлаан улаҕата,
Сутаабыт суор куорсунун туүтүн
Субуйа таппыт курдук,
Буһуруктуйа буста;
Сут чолботторо
Сулбурута ойуолаһан тахсан
Субуруһа сүүрдулэр,
Үрдүк халлаан өһүөтэ
Ургэл сулус өрө күөрэйэн
Тэргэн ыйы кытта алтыста,
Хоту халлаан туллаҥНаабат тутааҕа
Хотугу сулус чоҕулуйа уотта нна
Күдэрнктээх куөх туун күөйдэ,
Үрүҥ күн сардаҥата намтаата.
Чучугуруур муус туйах чугдаарда.
Чочугуруур тоҥ атах хоочурҕаата.
Баай ыал
Байтаһыннарын охторор сайбарыыпа буолла,
Кулуба ыал
Курдарын охторор
Күннэрэ кэллэ.
Тиэрбэс хаана
Дэриэбинэ ыалы
Тилэри диэлийдэ;
Уоп итир
Отох дьоҥҥо
Остуол буолла.
«Үтүө» дьон
Үлэһити тумэр
Үлугэрдээх күннэрэ үүннэ,
Баай дьон
Хамначчыты хамыйар
Аас күннэрэ таҕыста.
Таҥаһа cyoҕy талан
Дьалхаанынан алдьатта,
Тутаҕы булан
Булкунунан буулаата;
Үүс таҥастаах өттө
Үлүйэр диани билбэтэ,

Эһэ-бөрө үллүктээхтэр
Улаханнык уолуйбатылар
Улуус кулубалара
Уруурҕаһыылара дьэ улаатта...
Улуу күтүр, эр-дьаалы!
Аан-Даан обургу
Аан дойдуга дьалкыйдаҕа баҕас
Алдьархайдааҕын,
Улуу дойдуга уһаарылыннака
Олуһун.
Кытай сиригэр тиийэ кыладыйда,
Охуоскай муораҕа тиийэ охсулунна,
Элиэнэ өрүһүнэн тибэн тибилиттэ
Энисиэй өрүскэ тиийэн иилээтэ,
Москубанан охсуллан,
Бөтөрбүүргэ тиийэн бөлүөхтэ.
Улуу күтүрү,
Эр дьаалыны —
Уордаах уохтаах
Уон икки ый хонугун
Кэччик маска кэрдэн
Кээмэйдиир элбээтэ.
Ый хонуга
Ыраатан барда,
Нэдиэлэ хонуга
Тэйэн барда,
Төгүрүк суукка бүтүүтэ
Дьүккүөрүннээх буолла.
Улуу дьыл обургу
Кыһалҕанан кыладыйдаҕыан,
Кытаанахтык ынчыктаатаҕыан,
Ыараханнык тыыннаҕыан,—
Аламай сайын,
Аалай сааскы
Хаһан эрэ кэлэр,
Хаспыт, хаспыт ордор,
Хаарыаннаах атастарыам!

Сергей Зверев ырыата.

Г. М. Васильев суруйуута.