Иһинээҕитигэр көс

Ааҕар култуура (Санаайа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Oҕo тоҕо аахпат буолла? Билиҥҥи ааҕар oҕo тугу ордук ааҕарый диэн ыйытыыларга хоруй булуох баҕа кимиэхэ барытыгар баар. Хоруй булар уустук. Тоҕо диэтэххэ, бу быһыы-майгы үөскүүр төрүөтүн кырата үһү булан, ону наардаан эттэххэ эрэ дьиҥин ырыҥалыахха сөбө буолуо. Онон оргууй аҕай, саас-сааһынан сааһылаан көрүөххэ диэн санаанан салайтаран ааҕар-аахпат оҕоҕо да, дъоҥҥо бүттүүн да, уонна оттон аахтара сатыыр, оннук баҕалаах-дьулуурдаах, оннук үлэлээх идэлээх дьоҥҥо — учууталларга итиэннэ aaҕap балаҕан үлэһиттэригэр — бибилэтиэкэр дэнэр дьоҥҥо — туһалаах буолуоҕа диэн эрэнэ-эрэҥкэдийэ санаан туран бу ыстатыйабын суруйабын.

Аны бу ырытар боппуруоспут эмиэ син-биир сахалыы уратылаах буолара чуолкай. Саха оҕото тоҕо аахпатый, тугу ордорон ааҕарый диэн араарары таһынан аны тыа сирин сахатын оҕото диэн туспа баар. Ону тэҥэ аны уолун-кыыһын, оҕо сааһын да эридьиэстиир эмиэ туспа. Онон уустук хоруй булар. Мин педагог да буолларбын, бу боппуруоһу культуролог хараҕынан сырдатар баҕалаахпын — бу өттүттэн көрөр ордук атын, сонун, ис хоһоонун арыйар ньымалаах. Культурологизация диэн атын хараҕынан анаарыы аныгы көрүҥ, толкуй буолар.

Кумааҕыттан ааҕыы, кумааҕыга анал бэлиэнэн суруллубуту aaҕap диэн төрүт дьарык буолбатах, төрүт култуураҕа киирсибэт — цивилизация аҕалбыт дьарыга буолар — ааһар албас диэҥҥэ киирсэр. Ол аата бэйэтэ иһиттэн атынынан, саҥанан, сонун көрүҥүнэн солбуллар аналлаах дьарык. Оҕо кинигэни аахпат буоларын төрүөт төрдө онно сытар. Өскөтүн төрүт дьарык эбитэ буоллар, кэм-кэрдии эргииригэр олорсон хас мөһүлгэ, хас эргиир ахсын санардыллан, тиллэн, хаттаан эргийэн иһиэ этэ. Ааһары тилиннэрэ сатыыр диэн халтайга хаалар суол.

Оттон ааҕыы диэн бэйэтинэн өрүү баар. Ааҕыы диэн, тиэкиһи ааҕыы диэн кинигэни ааҕартан атын. Бу ааҕыы дьэ төрүт дьарык бүолар. Култуура тиэкиһэ диэн киһи ис хоһоонноон, туох эмэ си курдук бэлиэҕэ олордон оҥорон-айан хаалларбыта ол аатганар. Аҥаардас кинигэ эрэ тиэкиһэ, сурук эрэ буолбат — туох баҕарар маннык тиэкис буолар аналлаах. Киһи туохха баҕарар иҥэрэн, тыл этэн ис хоһоону хаалларыан сөп. Онон дьиҥэр оҕону ааҕар оҥорор инниттэн туохха барытыгар кистэлэҥ ис хоһоону булан ыларга, арааран ааҕарга үөрэтэр-такайар, уһуйар наада. Тугу барытын ис суолталаан, иҥэр-тоҥор гына — оннук оҕо ааҕарга тардыһар. Оҕо оччоҕо тугу баҕарар ааҕар буола уһуйуллар. Өйө оннук улаҕалаах буола сайдар, арыллар. Өйүгэр-мэйиитигэр төрүөҕүттэн баар илдьит информация оччоҕуна тиллэр.

Оттон буукуба диэн ааттаах бэлиэни кыҥастаһар дьиҥэр охсуута улахан. Аны билигин компьютер экранын өрө мыҥаан олорор уххаҥҥа ыллардыбыт. Ылларааччыта ылларда. Мин бэйэбин этэбин ээ — бу билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүтүм буоллар эмиэ компьютерга ылларар киһи сылдьабын диэн. Суорҕан анныгар банаардана-банаардана, түүннэри чүмэчи уотугар кинигэ ааҕан улааппыт көлүөнэ биһиги баарбыт. Биһиги ийэлэрбит-аҕаларбыт оннук гыммат этилэр. Оттон биһиги оҕолорбут-сиэттэрбит номнуо компьютерга ылларан, кинигэҕэ сыстыбакка улааттылар. Ол иһин этэбин — кинигэни да ааҕыы, компьютерга да оонньооһун, ол тэҥэ ити этэр интернеттэригэр киирии-тахсыы барыта ааһар албас диэн. Эбэтэр маны ааҕыы биир саҥа судургу көрүҥэ диэххэ эмиэ сөп. Син-биир ааҕыы буоллаҕа дии. Атына диэн биир эрэ чопчу суолу — наар ону эрэ батан — ааҕыы. Наар биири эрэ батарынан омсолоох, тутах ааҕыы.

Информация үйэтин дьонобут, информация саҥа көрүҥүн баһылаабыт, айбыт дьоммут дэнэбит. Информация диэн өрүү баар. Хара ааныттан, айыллыахтан. Ону ааҕар ньымабыт уларыйан (сайдан дуу, кэхтэн дуу) иһэр. Билиҥҥи киһи былыргы дьоннооҕор ордук киэҥ, дириҥ билиилээх диири кытга тото-хана мөккүһүөххэ эмиэ сөп. Биһиги олоҥхобутугар баар информацияны барытын аахтыбыт, ааҕабыт дэниэхпит дуо ама? Букатын суох — үөрэҕэ суох өбүтэбит хаалларбыт, айыылартан ылан туттарбыт информациятын букатын үрдүн эрэ тыытан көрө сылдьабыт, сатаан арыйан аахпаппыт.

Онон информацияны, тиэкиһи ааҕыы диэни баһылыыр сөп. Оччоҕо оҕо кинигэни да ааҕыа — тоҕо аахпат буолуой. Тугу барытын ааҕар киһи кинигэни баҕас наадата тирээтэҕинэ ааҕан буолумуна. Тустаах, наадалаах информация манна баар диэтэ да, ааҕан тэйэр. Билигин оҕолор олоҥхоҕо киирэн эрэллэр. Олоҥхо аньпы оҕолорго аанын сэгэттэ. Онон оҕолор олоҥхону ааҕыахтара. Ордук уолаттар кэнэҕэһин-кэнэҕэс ааҕыахтара дии саныыбын. Ити билигин ордук кыыс оҕо олоҥхолоон эрэр курдугун эбитин да иннигэр, үөрэх ситимин уол оҕо айылгытыгар, айылҕатыгар сөптөөх дьүөрэ гына таҥнахха, уол оҕо олоҥхону ааҕыаҕа. Ааҕыаҕа даҕаны, бэйэтэ этэн-кэпсээн олоҥхолуоҕа даҕаны. Олоҥхо айылҕатынан эр киһи айымньыта буоллаҕа дии.

Онон бу этэрбиттэн сыаллаан, ogo тoҕo аахпат буолбутун төрүөтэ үөрэх ситимин сыыһатыгар, киһи, oҕo айылҕатыгар, толкуйун олоҕор сөп түбэспэтигэр сытар диибин. Үөрэх ситимин уруккулуу — тыыннаах ийэ тылынан, төрүт дьарыгынан тулааһыннаан, олоҥхоҕо олордон, ахсыы икки айылҕа икки эргииригэр киллэрэн — бу биэскэ баайан тэрийдэххэ оҕо ааҕар, култуура хайа баҕарар тиэкиһин хасыһан туран ааҕар буолуоҕа.

Оттон аҥаардас буукуба хараҕар хам хатаан, биһигини төрүт дьарыктан, төрүт култуурабытыттан тэйиппитгэрин курдук салгыы үөрэтэн баран истэххэ, оҕо өссө ордук тэйиэҕэ — төрүт култуура-тыттан буолуохтааҕар ону ааһан төрөппүт ийэлээх аҕатыттан, ийэ сириттэн, аан айььл$атыттан. Бит-билгэ оннук бөрүкүтэ суох.

Төрүт дьарыктан ордук уол оҕо тэйдэ, аньпы үөрэх ситимит-тэн ордук кини оҕустарда. Ол иһин үөрэхтэн сүрэҕин астаран аахпат. Аныгы уол айылҕатын, эр хаанын сүтэрбит буолан, дэбигис баҕайытык компьютер алыбыгар ылларда. Кыыһа да, уола да биллибэт буолбут, уҥан хаалбыкка дылы аҥаарыйбыт, аата эрэ саллаҥнаспыт көлүөнэ компьютерга бүттүүн оҕутта. Тыа сирин уолаттара кэм ама соҕустар диэххэ сөп эрээри, аны БКЭ диэн тургутук иэдэттэ, уолаттары үөрэхтэн тэйитэн бүтэртээн эрэр. Үөрэхтэммэтэхпитинэ олохтон туоруубут диэн санаа утутар да, туруорар да бокуойа суох oҕo да, ийэ-аҕа да өйүн буккуйда. Биир эмэ үөрэхтэн туораабыт oҕoҕo аны үлэ-дьарык да суох. Тула ууга ылларбыт ыал курдук буоллубут. Ыктарыы барда. Ыксал буолла.

Ааҕыы диэни маннык арааран өйдөөн туох эмэ толкуйу булунуох үүт-аан олоҥхобут эрэ баар. Саха толкуйун олоҕор аналлаах айымньы аҥаардас олонхо эрэ айыллан сылдьар. Саҥа үйэ кирбиитигэр киирэр сахха айыыларбыт сап саҕаттан салҕаныҥ диэн бу санааны сахтылар, бу өйү уктулар диибин. Үөрэх саҥардыллыбыт, ол аата уруккуну, былыргыны, аан маннайгыны хайдах баарынан эргиппит ситимин айа охсон ордуохпут. Былыр оҕо өтөр буола-буола, кэмигэр түбэһиннэрэ үс күннээх түүн устата олоҥхону иһиттэ да олох олорор үөрэҕин олорчу олордон ылар эбит. Кэлимник, алдьаппакка, өлүүскэлээн өлөрбөккө, тыыннаахтыы. Хайдахтаах курдук кэлим, ситэри-хотору, толору ситим эбитиний ньии?! Киһи сирэрэ-ситэрэрэ манна туох да суох. Төрүт култуура диэн оннук ситим. Онон төрүт ааҕар култуураны, төрдүн тилиннэрдэххэ оҕо туту барытын ааҕар буолуо диэн санааҕа кэлэбит, доҕоттор! Саха оҕотугар саха олоҥхотун тиэкиһин, кистэлэҥ сэһэнин сатаан ааҕарга үөрэтэр, олоҥхонон төрүт үөрэх ситимин биэһин тилин-нэриэххэ.

Оҕо олоҥхону хайа сааһыгар ордук ылынарый, олоҥхо эйгэтигэр киирэрий диэтэххэ, ийэ иһигэр сылдьыаҕыттан, ийэтин эмиийин үүтүн кытта холбуу ылара ордук. Онтон атын хайа да сааһыгар хойутуур. Төһөнөн сааһырар да, киһи тыла-өһө, өйө-мэйиитэ мастыйар, толкуйа олуттаҕас, кэдэрги буолар. Туох да киирбэт буолбут таас дьүлэй көлүөнэ ол иһин баар. Онон оҕону олоҥхонон үөрэтэр үөрэххэ айыллыаҕыттан, ийэ иһигэр сылдьыаҕыттан уһуйуохха. Оччоҕо хайа да тиэкиһи тобулан, аһан арыйан ааҕар көл үөнэ үүнэн-үөскээн тиллэн кэлиэҕэ. Ааҕар төрүт култуура эргиллиэҕэ.

Оттон айыллыы диэни билэн туран толкуйдаатахха, өссө оҕону төрөтүөх инниттэн ийэ-аҕа иккиэн бу эйгэҕэ киирэллэрэ сөп. Онон оҕо эрдэхтэн диирбит сөп. Ити төрөппүтү үөрэтиэххэ диир урукку ликбез диэни санатар — аахпат, аахпакка улааппыт улахан дьону аахтара үөрэппит тэҥэ. Онон олоҥхону эргитэ сылдьан хаһан баҕарар истэ үөрэнэр сөп — хаһан да хойут буолбат.

Билигин олоҥхону ылынары түөрт таһымҥа араарар курдуктар: 1) ийэ олоҥхоһут диэн бэйэтэ айан — этитэн диэххэ — олоҥхолуур киһи, 2) үтүктэн, үөрэтэн толорор киһи, 3) истэр киһи, 4) наукаҕа олоҕуран чинчийэр киһи.

2006 с

Сүрүн сирэйгэ төннүү Санаайа айымньыларыгар