Иһинээҕитигэр көс

Айхал ырыата (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айхал ырыата

[уларыт]
(Түмүк ырыа)
[уларыт]
"Саха бырааһынньыга" диэн театрализованнай ораторияттан
[уларыт]


Кэрэтиэн — үрдүккэ хотойдуу көтөрбүт.
Саханы сааскы күн сандаарчы кербүтэ!
Кэрэтиэн — сүрэхпит үөрүүнэн туолбута,
Күөх чэчир кырдалга кубалыы дайарбыт!

Дьэ, тахсан ыллыаҕыҥ, нууччалыын, эбээнниин,
Доҕордуу дьон-сэргэ иллээх киэҥ эйгэтэ.
Хотугу уруйу иһиттин сир үрдэ:
Дьиэрэтэ туойуоҕуҥ Бүлүүлүүн, Алданныын.

Кэрэтиэн — тоҥ буордаах кыраайбыт ньуурдара
Киэркэйэ симэнэн тэтэрэ күлбүтэ:
Туруйа чугдаарар маардара чэлгийдэ,
Сур бөрө улуйар түбэтэ дуорайда.

Киһи дьэ эрдээхтик күн диэки дьулуста.
Кэхтибэт кэскиллээх аартыгын тэлиннэ:
Кэрэтиэн — дьон аймах төлкөтүн түстүеххэ,
Коммуна үйэтин килбиэнин айсыахха!

Айхаллан, сирдьиппит Коммунист партия!
Уруйдан, убайбыт эн нуучча норуота!
Барҕардын соаетскай Ийэ сир дойдубут!
Чэлгийдин биһиги Хотугу кыраайбыт!