Иһинээҕитигэр көс

Айыыһыт тойуга (В.Г. Иванов тылыттан А.А.Саввин суруйуута)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьэ, бүгүҥҥү ааттаах,
Айыыһыттыыр сардаҥалаах
Аламайдыыр кунум
Ахсааннаах чааһыгар,
Аймах-билэ дьонум
Арыыкалыыр тиит курдук
Аарбыйалаан олордохторуна,
Алтай чуораан айахпынан
Айыыһыты алҕаан,
Ахтан туойан
Айаарар күнүм арыллыбыт эбит, оҕолоор!
Ол буоллаҕрна —
Туругуран үөскээбит
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Торҕо томоон дойдум
Туналыйар туоналаах,
Тордоҕурбат толбонноох
Тус илин өттүн
Туһаайа көрөн турдахха —
Илиниктиир диэкиттэн
Итнр ньылба былыттар
Иэнигийэн кэлбиттэр.
Өрсө өрө көрдөххө,
Үстүүр үрүҥ сура куба кыыл
Өрүкүйэн көппөхтөөн
Өлүмнэһэн тахсыбытын курдук,
Үлүскэннээх үчүгэй
Үрүҥ дьолуо ман-ан йартык
Үгээрийэн көстүбүтүн
Бата көрвн бардахха,
Тиһэ керөн тиийдэххэ —
Оҥуоргутуи улкуппат,
Бэтарээҥитин бидиилэплэт

1 Иэнигийэн — тохтоон, тэнийэн

Утум-ситим нии,
Уйгур-сайгыр,
Уҥаат-маҥаат
Унаҕай дуорсун дойду
Унааран-манааран барда дуо!
Күдэр сүнньүн,
Холкуурдуур кулугутун,
Күллүгүрүүр иэрээҕин диэки
Көрөн турдахха —
Түгэх өттүнэн
Түөрүллэн түһүө диэн,
Түөрт уонча
Түлүөр маҕаналаах,
Байааттан түһүө диэн,
Бачырҕана баҕаналаах;
Түөрт уон туоһунан
Түгэхтээн оҥорбут,
Удьунаас туоһунан
Ортолобн оҥорбут,
Сүүрбэ туоһунан
Сүһүөхтээн оҥорбут,
Үстүүр сиринэн
Бөҕөхтүү курдуулаах,
Үстүүр сүгүйэлээх,
Үрдүнэн үөлэстээх,
Орготунан ураалаах,

Сүгүйэ — ураһа курдуутун маһа.
Ураа — үөлэс.


Түөрт өттүнэн
Дьөлө быһыы түннүктээх,
Аҥар өттүнэн
Араҥа туос халҕаннаах,
Маҥнайгы маҥан хопто кыыл
Бастакы сымыытын
Маарыннатан, батыһыннаран,
Оҥорон тутан умсуйбут
Барааннаах, улахан
Маҥан туос ураһа
Маҥхайан кепүннэ!
Бата хааман бардахха.
Тиһэ көрөн тиийдэххэ,—
Үөл кус yohagbiH курдук
Өгүргэннээх 1 күрдьүктээх,
Анды кус уоһаҕын курдук
Арылханнаах аартыктаах,
Сэттэ биэрэстэ сиринэн
ЙһИҕЭ» тэпсилгэн
Тиил ньидьирэ2 тэлгэһэтин
Тэлэйэ хааман киирдэххэ,
Үрүт өттүн өйдөөн көрдөххө,—
Өксөкү 3 кыылым
Моонньоох баһа өрүөллээх,
Хахай кыылларым
Хаастаах хараҕа ньэмиэтгээх;
Дьулай өттүнэн тохтоон көрдөххө,—
Togyc былас от саҕа
Чомчоҕойдуу чопчуурдаах
Дуолаза ньиргиэр сэргэ
Туруору анньыллан
Дьорҕойон турар эбит дуу!
Алын өттүн apgapa көрөн турдахха, —
Agbic арыы тиит caga,
Айгырдаан биэрбэтэх
Apagac мүһэлээх,
Түөрт тустээх от курдук
Түөрэм үктэл туйахтаах,
Сиринэн тохтон сиэтиллэр
Сэттэ хаамыы уһуннаах
Силээн нэлэгэй сиэллэрдээх,
Үстүүр хаамыы үргэҥнээн таммалыыр
Үрүҥ дьөһүөрсүн түүлээх,
Суолунан тохтон
Соһуллан сылдьар
Оҥочо нуоҕай кутуруктаах,
Икки сэттэ булас оту
Сэргэлии кээспит курдук,
Сэттэ көстөөх дойдуттан
Сэгэлдьийэн чэрэҥниир кулгаахтаах,
Көйүллүбүт ойбон курдук

Өгүргэннээх — тардыылаах, өҕүрүйүүлээх.
Тиил - кэккэлэһэ ньидьирэ — ииччэҕэй.
Өксөку - мифологический, суҥкэн хотой. Үксүн икки, үс хос бастаах буолар курдук дьүһуннэнэр.


Күөгэл чэмэлгэн харахтаах.
Дьалаҕай дьахтар
Тарын чабычаҕын
Таҥнары ууртун курдук,
Тартан-ныыр таныылаах,
Бэстиир иһитин курдук
Мэҥкэр кудук1 бэлэстээх,
Үөлэс аанын курдук
Үөлэ кудук хаҥсаардаах дуу!
Үстүүр чиэппэр,
Өрүкүйэр көҕүллээх
Үүт улаан атыырым
Өркөйөн турар эбит.
— «Маннык төрүттээх дьөһөгөй оҕотун
Тугунан туймуулаан
Дуолаҕа сэргэҕэ
Тохтоппуттарый?— диэммин,
Тула чинчийэ турдум да! —
Аарыктаах сулардаах
Таҥалайдаах көнтөһүнэн
Таарбайа баайбыттар,
Дьэрэкээннээх тэһииннээх
Айгырастаах үүнү
Айаҕар кэтэппиттэр,
Тэпсии иһэгэйинэн
Тэллийнлээн3 кээспиттэр,
Дьэрэкээн оһуор симэхтээх
Тиһэх эһэ тириитинэн
Дьэрэкээн оһуор дэпсэлээх,
Аалыы көмүс айгырастаах,
Анньыы дьэрэкээн албаралаах,
Дьапта симэх таспалаах
Чампарыктаах эбит дуу!
Кутуу көмүс куйугуннаах,
Кырадаһын көмүс кычымнаах,
Айгырас оһуор албаралаах,
Кутуу көмүс куйугуннаах,4
Тиһин көмүс дьнрнмнээх,
Кэлбэ көмүс кэлнннээх,
Бүтэй көмүс бүүргэлээх,
Сырдык көмүс сырайдаах
Ыраас көмүс ыҥыырынан
Ахсаан биэрбэтэх
Араан чабдык арҕаһыгар6
Албанныы6 бырахпыт,
Сэбилээн снтэрбнт.
Туос моҕол ураһам
Торуччу халҕанын
Чугуччу тутан ннн
Тоһугураан киирэн туран,

1 Мэҥкэр кудук — мэҥкэр матаҕа курдук. кудуга туалбат, днрнҥ.
2 Тапсни нһэгэйннэн — сылгы түүтэ болдьоҕунан.
3 Тэллийилээн — ат моонньугар хаар, самыыр түспэтин диэнвэр, саба баайын.
4 Куйугуннаах — кычымнаах.
• Араан чабдык арҕаһыгар — үрдүк арваһыгар.

  • Албанныы — бнллэҕи.



Тоҕус күлгүөһуннээх1
Туруору симии турба
Тус иннинэн дуо, доҕоор,—
Туһаайа хааман киирэн:
— «Туос моҕол ураһа
Туһааннаах тойоно
Туоҕа баар эбит?» —диэн, доҕоор,
Туһаайа көрөн турдахха —
Аҕыс бартахтаах2 аҕай нии,
Аар сатанах3, аттыгар,
Аал уотун иннигэр
Аргынньахтаан олорор эбит
Көнтөс буолуох көҕүллээх,
Көҕуөр курдук эмиийдээх,
Күн дьүөрсүнэ көрүҥнээх,
Холбоҕой уорҕалаах,
Куоһахтаах кургумнаах
Хотун ама дьахтар ньии!
Айыы далбара4 буолбут дуу,
Аҕыс муннуктаах аҕай дуу,
'Щалаҕай холумтанын ыксатыгар
Налыйан олорорун
Төбөтүн түөнэһин5
Түбүлэтэн көрбүтүм —
Ханчаахы өрүһүн
Хаҥас диэки өттүгэр,
Хараҥа арбай тыатыгар
Хаххалатан үөскээбит,
Хара саһыл кыыллыырым
Илин тыһын чулуутун
Туура быһан ылан нии,
Тоҕус уус дьахтар
Туорумнаан аттарбыт
Туллама чуораахтаах6;
Моркуону өрүһүн
Мудан хара тыатыгар
Бураллан-тэрэллэн үөскээбит
Будьур хара түүлээх
Буобуралыыр кыылым
Уҥа буутун суоруга
Боҕускалыы буодьулаах7;
Киристиэбийэ өрүһүм
Кирбэй8 хара тыатыгар
Кистэнэн үөскээбит
Киргиллээх хара кииһим
Кэнники суоруга
Кэтэхтээх эбит нии!

1 Күлгүөһүннээх — эрэйиилээх, кэлтэлээх.
2 Бартахтаах — силистээх, салаалаах.
8 Сатанах — силистээх, салаалаах маһы таҥнары анньан оҥорбут көхө,.
4 Далбар — улахан чабычах.
5 Твбвтун түөнаһин — тебвтун оройун.
4 Чуораахтаах — чопчуурдаах.
7 Бобускалыы буодьулаах — боҕуска курдук кытыылаах.
• Кирбэй — кирбии-дьирбии, икки үрэх икки арда.

Толбоиноох үрүҥ үүһүм
Үрдүкү өргүүрүн»
Үөрэҕэстээн ыланнар
Үс илии кэтиттээх
Үрүҥнээх эбит иии!
Ханчааҕы өрүһүн
Халыҥ хара тыатыгар
Хаххалатан үөскээбит
Суобал 2 хара тииҥим
Уорҕатын суоруга
Үстэрдээх эбит нии!

Өлө таба туруйа3
Толуйар тоҕойо муостардаах,
Киэҥ дьоллоох Дьокуускай
Тааттатыи үрэҕин
Тараахтатыи батан нии,
Тарҕанан үөскээбит,
Сэттэлээх сааһыгар диэри
Маҥхаайынан| сылдьыбыт
Кыһыл чуоҕур кычычар кыыл5
Быттыга быалаах иии;
Былыргы быһыыга
Кыһыл торҕо кыраадьына эрдэҕинэ,
Кылаабынай суруксута
Кыҥастаһан көрдөһөн
Кыраамыка кыбыттаран,
Кытай омук сиригэр оҥоһуллубут
Кыһыл сукуна таҥас
Дьэндиискэлиир 1 тэрэбиттээх
Туналҕаннаах көмүс туоһахталаах;

Үс курдуулаах ураһа,
Үрдүкү сүгүйэтин
Үскэлин үтүгүннэрэн оҥорбут
Түүлээх түпүү
Лөкө буурай бэргэһэтин
Төбөтүн түөнэһигэр
Лөглөччү ууруммут,
Бууһай киис буутун тириитэ
Боҕусхалаах буолар эбит,
Кэрэмэс саһыл кыылым
Кэлин тыһа кэтинчэлээх,
Илин тыһа үтүлүктээх,
Былыргылыы быһыылаах,
Уруккулуу оноолоох,
Эргэтээҕи эҥэрдээх
Содуок хампа7 соннуурун
Налыччы кэппит нии;

Өргүүр — сылгы сүүһүн ортотугар баар эриллэҕэс түү.
Сүобал — мунугаан сиппит түүлээх бастын- тииҥ.
Өлө таба туруйа — маҥаас бастаах бороҥ туруйа
Маҥхаайынан — төрөөбекке байтаһыран сылдьыбыт.
Кычычар кыыл - тыһы таба
Дьэндиискэлиир - дьабка бэргэһэ кэннигэр тигиллэр икки лиэнтэ
Содуок хампа — солко эгэлгэтэ.


Толбонноох урүҥ үүһүм
Ньургуна сашыйаҕын
Нолуччу хаттаммыт
Хаан Хотун дьахтар
Халты халаанньылаан1,
Ситэри силээхтэлээн Олорор эбит дуу!

«Ити кимий?» — диэбитим,—
Абырал аанын аспыт,
Айылгы баһын салайбыт,
Аһыныылаах, абыраллаах,
Айхаллаах, уруйдаах
Аанныыр дойдум
Аналлаах иччитэ
Аан ДарБан айыыһыт диэн,
Сол бэйэтэ эбит дуу!

Босхо бастардаах,
Боҕуйар сүһүөхтээх,
Бургуйар куордаах2
Бороҥ урааҥхай аймахтарын
Мудан элбэх буолуон туһугар
Кирдик, кэлээри гыммыт нии!
«Тумууну бил бэт,
Толуу быччыҥнаах,
Толору куҥнаах,
Доруобай мөрсүөннээх,
Тоҥ дьулайдаах Добун3 уол ogo
Дьуһаал4 кута буоллун»—диэн
Ала тойон кыылым
Хотоҕойо түүлээх
Сарбааннаах6 охтуурун
Саҕатыгар анньынна:

«Кылардыҥы харахтаах,
Кырыылаах иэдэстээх,
Кыстык курдук хааннардаах
Кыыстыыр оҕом иии
Сип кутун сиэмэтэ»—диэн,
Көмүс кииннээх,
Алтан бууттардаах
Дьаарай кыптыйын
Атаҕар угунна;
«Торолхой торбуйах
Туймуу төлкөтө буолуо»— диэн,
Тоҕус томторҕолоох томторугун
Тоҕоноҕор иилиннэ;

Халаанньылаан — киэргэнэн.
Бургуйар куордаах — куотар caҥнaax, үгэстээх
Добун — ыраас.
Дьуһаал — дьуһаал ат, туттарбат ат.
Сарбааннаах — салаалаах, ырба курдук.

«Сырдык ыраас түүлээх,
Сыалынай сыттардаах,
Сыбыдыал кутуруктаах,
Сылай сиэллээх
Сылгы сүөһүм
Төлөрүйбэт төлкөтө»— диэн,
Түүлээх иһэҥэйи
Сиэбигэр угунна;
«Тордурҕас кулунум
Туймуута буолуо»— днэн.
Тоҕус чохчо көҕөнүн1
Тутуурданна;
Биэс сардаҥалаах
Битийэр көмүс бэһиэйэҕин
Дапсыырдана тайахтанна;
Тоҕус чой мутук
Толугуруор хараҕалаах
Түүлээх дөлөҕөһүн' сэлэтин
Төргүүтүгэр баанна;
Togyc былас уһуннаах
Унаар салама улкумдьутун3 тутуурданна!

Аам-сааман тахсан нии,
Айыылаах киһи алдьайбатах
Аас маҥан аттыырын
Араан чэбдик арҕаһыгар
Атырдьах мүһэтин
Араҥастыы мииннэ нии,
Айхаллааах аартыгынан
Атыллатан барда дуу,
Уруйдаах аартыгынан
Оломнотон кэллэ, нии!
Аһыныылаах, абыраллаах,
Айхаллаах, уруйдаах
Aҕыc ааннардаах
Аан ийэ дойдубутугар
Айхаллыы-айхаллыы
Атыллатан кэллэ дуу!
Ол кэлэн баран дуу —
Кырыыстаах буолуох дьахтар
Кытыйатын тыаһыттан
Кыыһырыйа быһыыланна,
Хаһыырымтыа дьахтар
Xaмыйаҕын тыаһыттан
Хадьырыйа быһыыланна,
Кэриэлгэн дьахтар
Кэһиирин тыаһыттан
Киҥэ-наара холунна;
Үтүө ааттаах дойдунан
Үктүмэйдик үөскүөх
Үрдүк аҕа ууһунан,

1 Көҕөн — кулун сулара, баһын быата. » ДьөлвБвһүн — суон, чороччу хатмллыбыт оыа. 3 Улкумдьу — холбуу, сиэтни быата.


Үтүө дьоллоох түбэнэн'
Үнүлүйэн тохтоото.

Ол тохтоон баран дуу —
Былыргы быһыыга
Уһар хотун ийэбит
Кэҥкэнэлээх үрэх саҕа
Киэҥ дьалҕаан киэлитигэр
Киыиэллээх куппутун
Кичэйэ туойда,
Уһар тойон аҕабыт нии
Хаппар куҥун иһигэр
Хаҥыл уулан куппутун
Хаарчайа туойан биэрдэ.
Били дьону
Киэһэ буоллаҕына
Кэргэнниһэр кэмэлдьи кэбистэ,
Түүҥҥү өттугэр
Түркүн уутун көтүТэн
Дьүөгэлэһэр төрүөт бырахта.
Уон ыйынан отуомнаан2
Оҕо буолан үөскүүр
Остуруокпутун отуомнаата;
Үс сүүс хонугунан
Үгүс элбэх норуот нии
Үлэсиһэн үөскүүр
Үрдүк үлүгэрдээтэ3.
Үс хонук төрүүр төлкөлөөтө,
Хороҥ талыы хоболоохтоон,
Түргэн түлүннэрии дьөһүөллээн,
Айаи талыы аргыстаан
Оттор уотум иннигэр,
Ураһа дьиэбит ортотугар
Орто дойдум дуу
Оттоох буоругар
Уу кыһыл оҕо буолан
Уорҕабытынан охтор,
Оройбутунан түһэр
Ойулгулаан оҥордо!
Онтон бэттэх нии
Алаас сыһыы caga дуу
Наалаҕа маҥан холумтан
Дьаарбанкаланан үөскээбит,
Тоҕус күлгүөһүннээх
Туруору симии турбаны
Туругурдан тупсарбыт,
Уһуи нуовай буруону олохтообут
Күл тэллэх,
Күдэн суорҕан,
Көмөр сыттык,

' Түбэ - хойуу мастаах тыа. олорор сирэ уота.
1 Отуомиаай —волдьооя. * Үлупрдат — к»рдиил»т», кэмн»т>.

Кыптый сарын,
Кытаҕас буут ник
Кырча кыламан,
Бырдьа Бытык
Хатан Тэбиэрийэ
Аал Уххан
Уот иччитигэр
Аҕа куппутун
Айхаллыы-айхаллыы
Арчылаан биэрбитэ,
Көһүө куппутун
Күһэйэ дьүһүйбүтэ,
Дьалбаа куппутун
Дьаҕырыйан биэртэ!
Онтон олохтоон,
Былыргыттан
Быйылгыга диэри
Иттэр уоттаан,
Иэримэ дьиэлээн,
Ийэ дойдум үрдүнэн
Эниилээх' элбэх норуот
Үөскээбиппит үһү, доҕоор!
Испииһэккэ суруллубуппут,
Улууспут ууһаабыт,
Нэһилиэкпит тэнийбит,
Онтон олохтоон
Өҥнүүр дьылбыт эргиидэ,
Өлбөт оҕо төрөөтө,
Өнөр сүөһү үөскээтэ,
Уруй-айхал улаатта,
Айхал-мичил аатырда,
Үөрүү-көтүү үксээтэ,
Өрөгөй-талаан үрдээтэ.
Уруй туску буоллун!
Айхал мичик буоллун!

ССРС НА ССФ рукописнай фона. Сунтаар оройуона, Хаҥалас нэһилиэгэ, В. Г. Иванов тылыттан Л. А. Саввин суpуйуута, 1938 с.