Иһинээҕитигэр көс

Айыы бухатыырын сирэ-дойдута ("Тойон Дьаҕарыма" олоҥхоттон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айыы бухатыырын сирэ-дойдута


   ...Бу маннык бэйэкээннээх,
Күтүр үрдүк-үтүө дойду киэнин
Илин диэки өттүн
Эргиччи көрөн кэбистэххэ,—
Иэйэхсит киирэн иэнигийбит
Илгэ-быйаҥ эҥэрдээх,
Иитэ-саҕата биллибэтэх
Ийэ киэҥ эбэлэрдээх эбит.
    Арҕаа диэки өттүн
Алаарыччы көрөн кэбистэххэ,—
Айыыһыт түһэн сатыылаабыт
Араҕас илгэ айылгылаах
Аҥаат-муҥаат аҥаарыйар
Алыс киэҥ алаастардаах эбит.
Сылгы сүөһү
Тоҕуоруйан мунньустар
Дьоллоох хоннохтордоох эбит,
Ынах сүөһү
Төбүрүөннээн мөҕүөрүһэр
Төгүрүк саппыйалардаах эбит,
Соноҕос атыыр дьохсооттоһор
Туруору тумуллардаах эбит,
Кунан оҕус күрдьүөттэһэр
Үрдүк мөлдьөгейдөрдөөх эбит.
    Туруйа түһэн
Тохтоон ааһар
Тунаа маҥан
Томтордордоох эбит,
Кыталык түһэн
Ыллаан ааһар
Кылбаа маҥан
Кырдаллардаах эбит.
Хомурах кыайан хоммотох
Холбороҥ маҥан хонуулардаах эбит,
Сылбах кыайан сыстыбатах
Сылбараҥ маҥан сыһыылардаах эбит.
      Хаарыс-солко хассыаттаах,
Халадаайдаах ырбаахылаах,
Хаймыылаах былааттаах,
Хайырҕастаах ытарҕалаах,
Хаҥырҕастаах симэхтээх,
Халааннаах саҥалаах,
Ханаллыбыт быһыылаах
Хатын дьахталлар
Ханна эрэ бараары
Ханыылаһа хаамсан иһэллэрин курдук,
Хампа-силик сэбирдэхтээх
Хатыҥ чараҥ тыа
Хадьааһыннаах эбит.
       Дьогдьуурдаах сонноох,
Тумустаах этэрбэстээх,
Туорум көмүс курдаах,
Тор курдук бытыктаах,
Толбонноох ньуурдаах,
Дорҕоонноох саҥалаах,
Туруору уҥуохтаах
Тойон түһүмэт дьон,
Тугу эрэ толкуйдуу,
Тоҕуоруһан туралларын курдук,
Лоһуор көмүс туораахтаах
Толуу тиит мас
Тулааһыннаах эбит.
       Хааннаах-сииннээх
Хардаҥ эһэ тириитин
Хастыы тардан ылан баран,
Хайа тутан, таҥнары сахсыйбыт курдук,
Хаарыаннаах үчүгэй
Хараҥа көмүс
Талах, ыарҕа ойуур
Дьарыҥнардаах эбит.
       Тардыы көмүс талахтаах,
Иэбии көмүс иирэлээх,
Мотуок солко мутукчалаах
Сиэрэй солко сэбирдэхтээх эбит.
       Тоҕус салаалаах
Локуора күөх ото
Торолуйа үүнэн тупсар,
Аҕыс салаалаах
Ача күөх ото
Аҥаарыйа үүнэн анньар,
Сэттэ салаалаах
Сиибиктэ күөх ото
Сириэдийэ үүнэн ситэр,
Үс салаалаах
Үкэр күөх ото
Өрө үүнэн үтэр эбит.
        Кэтэх тыаларын аайы
Кэҕэ кыыллара
Кэрээбэккэ кэпсииллэр,
Үөһээ тыаларын аайы
Өтөҥ кыыллара
Өрөөбөккө үөтэллэр,
Тумул тыаларын аайы
Тойон кыыллара
Тохтообокко чоргуйаллар эбит.
Бырта бырааннардаах,
Харта халдьаайылардаах,
Бүөр бүдүргэйдэрдээх,
Үргүнньэх үрүйэлэрдээх,
Сыа сыһыылардаах,
Чоҕочу толооннордоох эбит.
       Эттээх аты
Ииччэх тэбэринэн
Итии иэдьэгэй
Бидилгэхтээх эбит,
Аллаах аты
Атах тардарынан
Араҕас арыы
Бадарааннаах эбит,
Сүүрүк аты
Сүһүөх быһарынан
Сөҥ сүөгэй
Сүүдүрүүннээх эбит.
        Омоллоон олоҕо олохсуйбут,
Дьэргэстэй ыһыаҕа тэнийбит,
Мичээрдэ баһаама тарҕаммыт,
Ыт кытта чалыптаабыт,
Баҕа эмиэ халтарыйбыт —
Баһаам элбэх баайдаах,
Дохсун кэрэ тоттоох,
Арыы хара тыа саҕа
Араҕас илгэ далбардаах,
Үллэр хара тыа саҕа
Үрүҥ тунах уруйдаах,
Чөҥөрө чүөмпэ күөл саҕа
Түгэҕэ биллибэтэх дириҥ далай
Түһүлгэ үтүөтэ туругурбут,
Уолбат ойбон бөҕө олохсуйбут,
Олус үтүө дойдута буолан биэрдэ...



«Тойон Дьаҕарыма» диэн Күннүк Уурастыырап суруйбут олоҥхотуттан.