Иһинээҕитигэр көс

Алгыс тыллаах кыҺа уота(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

(Гимназия өрөгөй ырыата)

Анатолий Стручков мелодията


Үрдүк ыра, өй күрэҕэ,
Баҕа сана баһаама,
Көңүл санаа сырдык уота ,
Сайдар, үүнэр кэскил суола.
Гимназия, гимназия –
Инникини эн түстээ.

Кэрэ, дьэңкэ оҕо саспыт
Өйдөбүлэ өрүүтүн
Олох модун үөһүгэр
Сырдыыр сулус буолуохтун.
Гимназия, гимназия –
Кэрэ сааспыт бэлиэ кэмэ.

Үөрэх, үлэ сыдьаайа,
Норуот туһа, Саха сирэ,
Кэлэр кэскил бүттүүнэ,
Сүрүн тускул биһиэнэ.
Гимназия, гимназия –
Алгыс тыллыых кыһа уота.