Иһинээҕитигэр көс

Александр самсонов

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Александр 1978 сыллаахха, оруобуна Ороhуоспа туун, тохсунньу 7 кунугэр кун сирин корбутэ. Кыhыл о5о эрдэ5иттэн айыл5аттан ыллыыр дьо5урдаа5а биллибитэ. Ол курдук, роддомн,а саамай улаханнык кини ытыыра. Онуоха: "Наш певец поет, — диэн буолара. — Улаатта5ына ырыаhыт буолсу", — дииллэрэ. Дьиэтигэр тахсыбытын кэннэ ханна музыка тыаhыыр да5аны, олус бол5ойон истэрэ.

     Оскуола5а олус учугэйдик уэрэммитэ. IV кылааска сырытта5ына ырыа фестивала буолбут. Онно "Манчаары" диэн ырыаны ыллаан, оройуонн,а улаххан кылаастарга ман,найгы миэстэни ылбыта. Бу — аан бастакы ситиhиитэ этэ. Жюрилар бэлиэтии корбуттэрэ. Дьэ, ити кэнниттэн конкурстан конкурска кыттар буолбута. IV кылааска сылдьан баянн,а дьарыктаммыта, онтон сыл курдугунан гитараны баhайбыта. Бэйэтин са5а гитаратын соспутунан дьарыктана барара. Кып-кыра о5о сыана5а тахсан таптал туhунан ырыалары ыллыыр этэ. 
      Арыый улааппытын кэннэ аны синтезатор диэн кэллэ. VII кылааска уэрэнэ сылдьан "Дьукээбил" диэн болох тэриммиттэрэ. Онно о5олорун бэйэтэ уэрэтэрэ. Бу кэмн,э Саша "Хаар" диэн бастакы ырыатын суруйбута. Оскуола5а Сан,а Дьылга ыллаабыттара. Дьэ, бу кэмтэн ыла Саша бэйэтэ суруйар, айар буолбута. Маны таhынан, спордунан дьарыктанар этэ: сууруу, каратэ. 
      Оскуоланы бутэрэр сылыгар куhун ардахтаах ба5айы кунн,э о5олор хортуоппуй хостуу бардылар. Дэриэбинэттэн 9 км сиргэ тиийэн, ардахха баттатан хостооботохтор. Онно сырытта5ына бастакы ыарыыта хаамтарбат буолуор диэри киирбитэ, уолаттара дьиэтигэр нэhилэ ойоон-убаан а5албыттара. Мантан ыла ийэтинээн балыыhалары кэрийиилэрэ са5аламмыттар. Ити кэмнэргэ, ыалдьа сытан, ырыаларын уксун суруйбута. Диагноhа: капиллярный токсикоз почечной формы. 
      Гитара5а оонньоото5уна, тарбахтарын тымырдара быhа бараллар этэ. Ону ол диэбэккэ, тулуйан оонньуур, тыаhатар этэ. Алтынньыга балыыhа5а киирэн баран, ыам ыйыгар "эмтэммэт ыарыылаах" диэннэр балыыhаттан таhаарбыттара. Моккуhэр кыахтара суох этэ. "Ыарыыта кeeстээх, соптоо5ун эмтээтибит, тан,ара буолбатахпыт", — диэн эппиттэр. 
       Дьиэлэригэр тахсыбыппыттарын кэннэ, ыарыы кууhурэн биэрбитэ. Сахалыы эмчити кордуу барбыттар. Кордоон-кордоон Абрамова диэн эмчити булбуттара. Кини эмтээбитин кэннэ, Шурик арыый а5ай буолбута. Кэлин эмиэ эмчиттэргэ эмтэнэн, ардыгар куоракка балыыhа5а киирэн, син ата5ар турбута. Бу кэмнэргэ альбомнарын таhаартарбыта. Концерка киирээри туран, куустээх "обезболивающай" укуол ылара. Уонча-суурбэччэ мунуутэнэн ыарыыта аматыйбытын кэннэ, сыана5а ыллыы тахсара. Дьон кини ыалдьарын билбэт этэ. Хас концерт кэнниттэн олус сылайара, ыарыыта кобон кэлэрэ. Нэhиилэ оронун булаатын кытта, укуол туруоруута, эмп иhиитэ са5аланара. Ата5а бутуннуу хаан буолан, аhыйара. «Сыана5а ыллыы туран о5уннахпына, саамай дьоллоох киhи буолуом", — диирэ. 
      Аан бастакы улахан сыана5а тахсыыта куорат ыhыа5ар этэ 1996 сыллаахха. Тута дьон биhирэбилин ылбыта. Онтон ыла Шурикпыт ырыаhыт быhыытынан биллэн барбыта. Онтон "Азия о5олоро" спортивнай ооньууларга "А-студио" болох концерын иннинэ, "разогрев" быhыытынан икки ырыаны ыллыахтаа5ын сэттэ ырыаны толорбута. 
     Шурик студия5а уhуллуон олус ба5арара. Бастаан ийэтэ киирэн радиолары кэпсэппитэ, онуоха собулэспиттэр. Нэдиэлэнэн уhуллан бууппуттэр. Истибит киhи эрэ барыта хайгыыр, со5орр этэ. Бастакы хомуурунньуга тахсарын са5ана, кытаанах ырыынак кэмэ этэ. Уп-харчы тиийбэтин айдаана. Тэрилтэлэртэн кордоспут киhи диэн ой киирбит. Туох баар куорат тэрилтэлэрин барытын кэрийбит. Сорохтор: "Улуус культуратыттан кумаа5ылаах, сайабылыанньалаах сылдьыаххын наада", — диэн субэлииллэр. Бу докумуоннары туппутунан эмиэ кэрийбит да5аны, уксугэр харчы суох буолан аккаастаатылар. Онтон арай ааhан иhэн "Подросток" диэн тэрилтэ5э киирбит. Тойонноругар Александр Подголовка тиийэн, кордоhyyтyн эппит. Студия5а уhуллубут запиhын тута сылдьыбыт. "Тoho суума5а уhулалларый?" — диэн ыйыппыт. Наадыйар сууматын эппитигэр, комолоhуох буолбут. "Ол эрээри, эбии 5 млн. наада", — диэбит. Улууhун, дэриэбинэ дьоно комолоhoн, наадалаах харчыны булбут. Ыччат политикатын министерствота альбом таhын он,орон биэрбиттэрэ. 
       Тиражтаммыт альбому улууhуугар тахсыбыта. 1000 экземплярдаах кассета начаас бутэн хаалбыт. 
Покровскай куоракка бастакы альбомун сурэхтэниитэ буолбута. Олус элбэх киhи кэлбит этэ. Улуус тэрилтэлэрэ иккис альбомун таhаарарыгар диэн кoмo харчы биэрбиттэрэ. Ол харчынан иккис альбоммутун бэлэмнээбит. "Солли Тутти" диэн профессиональнай студия5а уhуллубут. Иккис альбом 5000 тираhынан тахсыбыта. Дьон былдьаhа-былдьаhа ылара. Биир нэдиэлэ иhинэн барыта атыыга барбыта. 
      Бастаан уhулларыгар "Норуот айымньытын дьиэтигэр" сырытта5ына "псевдоним наада" диэн буолбут. Син уhуннук толкуйдаатыбыт. Онтон "айар киhиэхэ аран,аччылыы сырыттын диэн Айыы Уола диэтэххэ хайдах буолуой" диэн санаа киирдэ. 
      Чурапчыга сырыы—Бу бастакы уонна бутэhик улахан гастрола. Чурапчыга Петр Калачев ("ЭС" общ. корр.) ын,ырыытын ылынан барбыт. А5ыс дэриэбинэ5э этэнн,э, учугэйдик гастроллаан кэлбитэ. Интэриэhинэйэ диэн, торут ыалдьыбатах. Ону бэйэтэ: "Абааhылар оруhу кыайан туораабаттар эбит, ол иhин ыалдьыбатым. Сиппэтилэр", — диир этэ. 
     1998 сыл сайыныгар уопсай куонкурсу ааhан "Культурология" салаатыгар туттарсан киирбитэ. Дьин,эр, инбэлииккэ таhаарбыттарын yрдyнэн, бэйэтин кыа5ынан туттарсыбыта. Ити кyhyн ыарыыта бэргээн биэрбитэ. Оронуттан кыайан турбат буолбута. "О5олорум уэрэнэн эрдэхтэрэ. Саатар биирдэ баран тэнн,э паарта5а олорон корбут киhи", — диирэ. Биирдэ да5аны "ыалдьабын" диэбэтэ5э, ынчыктаабата5а. Барытын сан,ата суох тулуйара. 
Ийэтэ иhит сууйа сырытта5ына, бэйэтэ туран кэллэ. "Чэпчээтим а5ай. Аhыыбыт дуо?" — диэтэ. Иккиэн чэйдээттэрэ. Онтон саала5а баран олордо уонна эмискэ "скорайы ын,ыр" диэтэ. Ыксат да, ыксат буолла. "Хаhан кэлэллэрий? Туох эрэ буолан эрэбин, балыыhа5а барыахпын наада", — диир. "Скорай" бырааhа: "Маннык туруктаах о5ону то5о дьиэ5э сытыара5ыт?" — диэн мохпутэ. Ону: "Балыыhа5а аккаастаабыттара буолбат дуо", —диэбит. "Скорайынан" барар кыа5а суох, "реанимацияны" ын,ырыахха наада диэтилэр. Хаамтарбакка эрэ, наhыылканан таhаара сатаабыттар да, аан кыара5аhа бэрт буолан, баппата. Ол иhин икки эр киhи кoтo5он таhаарбыттара. 
Балыыґа5а тиийбиттэригэр, быраастар ыксаабыттар. О5отуттан "хайдаххыный" диэн ыйытара, ол тухары "учугэйбин" диир. "Хаанын баттааhына намтаан эрэр", — дииллэр, ону ийэтэ билбэт: "Истэ5ин дуо, Шурик, намтаан эрэр дииллэр, маарыын урдук этэ буолбат дуо, учугэй буолан эрэ5ин", — диирэ. Тургэн хамсанан реанимация5а илтилэр. Корудуоргэ туран ийэтэ кэтэhэрэ, ким да кэлбэт. Аллараа туhэн: "Самсонов туругун хаґан билэбиний?" — диэн ыйытара. "Сарсыарда кэлээр, тан,аhын илдьэ бар", — диэбиттэр. Дьиэтигэр киирээт да, балыыhа5а эрийэрэ: "Сарсыардаан,а диэри тулуйда5ына медкиинн,э илдьиэхпит", — диэт, туруупканы ууран кэбистилэр. Онтон кийиитэ остуол тарда сырытта5ына, ийэтин сурэ5э эмискэ ыалдьыбыта. "Ыйытабыт дуо", — диэбит. Онтон кыайан ыйыппата5а, ол иhин кийиитинэн эрийтэрбитэ. Тута эттилэр быhыылаах, сан,ата суох барбыта. Итинник 1998 сыл алтынньы 12 кунугэр баара-суо5а 20 сааhыгар Шурик олохтон туораабыта… 
        "20 саас диэн кылгас да5аны. Ол да буоллар элбэ5и он,ордум, ситистим. Альбомнарбын таhаардым, кинигэ, календарь бэчээттэттим, видеоклип уhуллум. Ба5а санаабын толорон, уэрэххэ киирдим. Мин хоhооннорум, мин ырыаларым — мин о5олорум буолуохтара, мин ааппын ааттатыахтара", — Александр Самсонов-Айыы Уола бу олохтон букатыннаахтык барыан а5ай иннинэ эппит тыллара.