Ама? (Умсуура)
Тас көрүҥэ
АМА?!
[уларыт]
Ама!
Бу халҕаһа дьон быыһыгар
Утары көрөн дьолум кыымын саҕар
Тырым харахтаах суох үһүө!
Ама!
Бу киҥкиниир киэҥ халлаан анныгар
Эн биһиккини иккиэйэх хаалларар
Бүччүм сирбит суох үһүө!
Ама!
Бу күөх суугун тайҕа ортотугар
Эн биһикки үүтээн оҕото туттунар
Баараҕай тииппит үүммэтэх үһүө!
Ама!
Бу көрдөөбүт көмүһүн булар үйэҕэ
Эн биһикки сылдьыбыппыт түмүгэ —
Сыыс саҕа дьолбутун булуохпут суоҕа үһүө!
Ама?!