Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ама дуо
Саныахха ыарахан
Тыллардаах суруккун
Тутаммын олуһун,
Сүрдээҕин хомойдум.
Хос ырыата:
Ама дуо, ама дуо,
Эн миигин умуннуҥ?
Ама дуо, доҕоруом,
Атыны эн буллуҥ?!
Итэҕэйбэккэ, мин
Суруйбут суруккун
Илиибэр ыламмын
Хаста да ааҕабын.
Хос ырыата.
Өр да кэтэспитим
Бу кэлэр суруккун,
Эн сылаас тылларгын
Долгуйа ааҕыам диэн.
Хос ырыата.
|
|