Иһинээҕитигэр көс

Анакреоннуу (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бүгүн миэнэ бастыҥ баҕам... Сүрүн_сирэй
(Саха хоһооно)
[[|ааптар]]
Биэрэк



Анакреоннуу


Хойуу тыаны мин биллим.
Ол баар – таптал биһигэ.
Тохтуох онно, Вафиллым,
Тохтуох онно биһиги.

Бөлөх-бөлөх арыы тиит
Бүтэй чуумпу күлүгэр
Өрүү сылдьар, күүлэйдиир
Үчүгэйин үлүгэр!

Көрүүй эрэ, бу тугуй?
Көрүй эрэ, сэгэттээй –
Мотуок солко мутугум
Күндү күөҕү тэлгэттэ.

Кэрии тыаны тулалаан
Көҥүс уута күүлэйдиир:
Сымнаҕаска таалалаан
Астыныыны билиҥ, - диир.

Сэгээр! Хайтах бу маннык
Таптал көмүс биһигин
Болҕойбокко тумнаммыт
Ааһыахпытый биһиги?!