Иһинээҕитигэр көс

Андаҕар (С.В. Ястремскай кимтэн суруйбута биллибэт)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бу аал уот эһэбит иннигэр,
Атыыр баһын (эһэ баһын) мииннэн,
Ас үрдүн кутан олороммун
Андаҕайан-кыранаҥ эрэбин:
Хайа да сылааһын көрдөрбөтүн,
Оттубут уотум убайбатын!

Аан дойду иччитэ
Төрөтөр оҕону
Иитэр сүөһүнү биэрбэтин,
Сымыйанан эттэхпинэ,
Төрөтөр оҕобут уйата суох буоллун,
Иитэр сүөһүбүт күрүөтэ суох буоллун!

Хара тыа иччитэ
Баай Барыылаах Тойон
Үтүө булпуттан матардын!
Иэйэхсит хотун
Хайа да дьолу дьоллооботун!
Үрүҥ Айыы Тойон эһэбит,
Дьэһэгэй Тойон aҕaбыт,
Бу сымыйанан эттэхпинэ,
Айан биэрэр
Оҕотуттан, сүөһүтүттэн матардын!

Бу эппит тылым сымыйа буоллаҕына,
Икки көрөр харахпыттан аһардын!
Икки истэр кулгааҕым бүөлэннин!
Этэр тылбыттан матардын!
Икки туттар илиибиттэн ааһыым!
Икки хаамар атаҕым суох буоллун —
Хааһахтыы үҥкүрүйэн хаалыым!

Бары тэҥнээҕим сэтэтэ,
Бары холооннооҕум хоһуута буолуум!
Үөлээннээҕим үөҕүүтэ буолуум
Бу күн сиригэр сылдьымыым!
Кирдигим туһугар андаҕайабын
Бу уокка куппут аспыттан аһыыбын.

Бу «Андаҕары» аан маҥнай С. В. Ястремскай «Остатки старинных верований у якутов» диэн үлэтигэр бэчээттэппитэ.

«Известия Восточно-Сибирского отдела Русского географического общества» Т. 28. № 4, 1897, стр. 1—44.

Ястремский С. В. Образцы народной литературы якутов. Л., 1929, стр. 213. (хос бэчээттэммитэ).