Арай (Баал Хабырыыс)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Баал Хабырыыс Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Баал Хабырыыс
[[]]→


Арай


Куһаҕан да буолуох этэ
Ким да кэтээбэт буоллаҕына,
Ким да "сээн" диэбэт буоллаҕына,
Ким да ахтыбат буоллаҕына,
Ким да суруйбат буоллаҕына,
Ким да сураабат буоллаҕына,
Куһаҕан да буолуох этэ!

Дьоло суохпун дэниэм эиэ
Дьон миигин умуннаҕына,
Дьон миигин тумуннаҕына,
Дьон киэр хайыстаҕына,
Дьон миигиттэн кэлэйдэҕинэ,
Дьон киһи диэбэтэҕинэ
Дьоло суохпун дэниэм этэ.

Бу маннык олоруох кэриэтэ
Букатын төрөөбөтөх сөп этэ!


1967