Иһинээҕитигэр көс

Атаас! (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атаас!



Алыс
Алтаҥҥа-көмүскэ аралдьыйыма,
Олус
Ойуурга-оһуорга охсуллума,
Барытын барҕалаа,
Быһатын быһаар!...
Сынньалаң да сылаалаах,
Дьаарбаҥ да салгымтыалаах,
Салгын аайыттан санаарҕаама,
Тыал аайыттан сынтайыма.
Уу эрэ дириҥ,
Умуһах эрэ хараҥа,
Хаар эрэ халыҥ
Букатын буолбат.



1926