Аттыбар кыракый көлүйэ... (Иван Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

* * *


Аттыбар кыракый көлүйэ,
Анныбар Лена биир салаата.
Көбүөхтүүр күүстэрин көлүйэ
Күөх долгун биэрэги салаата.

Көрүлээ, күүгүнээ, чэ, Лиэнэ!
Эн уоргун, уо, дьэ туох тохтотуой!
Киэргэннэ биэрэгиҥ чэл иэнэ,
Киниэхэ күөх уунан тохто туой!

Таас хайа! Кылбайар кырыыгын
Көй долгун сууйбатах муҥунан,
Көбүөхтүүр сүүрүгү кырыыгын
Күрбэ таас күөмэйин муҥунан.

Эйиэхэ бокулуон уураары
Элиэнэ бэккэ да кыhаллар
Эн уоттахх уостаргын уураары
Долгуннар таастары кыhаллар.

Турдулар бараммат баараҕай
Көбүөхтүүр долгунныар. О, Лиэнэ,
Эн түллэр бардамыҥ баар аҕай
Уордайда кэл киэбин ол иэнэ.

Силлиэ тыал, силлиэрдин, баҕардар!
Синэ биир - бар ытаа, бар ыллаа.
Эбиитин элбэххэ баҕардар,
Эрэй уон арааhын барыллаа.

Хаhыырар буурҕалаах сатанан
Ыар былыт халлааны сабыыта,
Сылдьыбыт сырыым дьэ сатанан
Суйданна саарбах өй сабыыта.

Мин уҥуор биэрэккэ бараммын
Уоттаах түүн кистэлин уордарбын
Ол мүөтүн ыймахтаан бараммын
Уоскутуох этим ыар уордарбын



Сүрүн сирэйгэ