Иһинээҕитигэр көс

Аҕабар сурук (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аҕабар (сурук)


Аан дойдуга
Айан төрөппүт
Аҕам оҕонньор!
Аччыгый уолум,
Акаары буолан,
Алааһыттан арахсан,
Аҥардас аҕатын быраҕан,
Атын сиргэ
Айманнаҕа диэмэ.
Оҕонньор буоллум,
Орто дойдубуттан
Огдолуйар күммэр
Оччугуй уолум
Уҥуохпун көтөҕүө,
Умуһахпар угуо диэбитим,
Орой мэник буолан,
Олох сириттэн уларыйан,
Оонньууну оҥордоҕо диэн,
Ороһуйар сураххын истибитим.
«Ииппит ийэҥ эристиин,
Илини-арҕааны эгэлгэлээбэт буолан,
Иҥнэри-иэдэйэ кырдьан,
Ийэ сиригэр киирбитэ.
Биир эмиэ
Бииргэ төрүөбүт бииҥ
Эдэр сааһын идэкитигэр,
Сэллик үөнүгэр сиэтэн,
Аан дайдытыттан арахсыбыта.
Баар эрэ
Балтыҥ барахсан,
Бастаан олорон иһэн,
Барҕа олоххо баттатан,
Ордук сотору
Иһэ ыарыыланан,
Ииҥҥэ киирбитэ.
Улахан убайыҥ
Ойохтоох оҕото
Утум-ситим
Күн сириттэн күрэнэн
Көмүллүбүттэрэ.
Иинньэ гынан
Убайыҥ биһикки
Иккиэйэх бэйэбит,
Икки аҥы
Ийэ буорбутугар
Иһийэн олоробут», - диэн
Илдьиттээбиккин истибитим.
Бэйэм да
Бэрт үчүгэйдик билэбин.
Мин даҕаны,
Ийэ буорбуттан тэлэһийэн,
Иллэҥ сылдьа иликпин,
Иитиллэр иннигэр
Иһил-таһыл
Элбэҕи сырыттым,
Эңин эгэлгэ элбэх
Эрэйи эмиэ көрдүм.
Үгүс үтүө
Үчүгэйи эмиэ өҥөйдүм.
Айан сындылҕанын –
Бука барытын боруобалаатым.
Ол сылдьан,
Саппыкы этэрбэһи таптаатым,
Пинсээк сону биһирээтим,
Буулка аһы буһуурҕаатым,
Холбуйа дьиэ хостоннум.
Онтон
Баттахпын тараанар,
Манньыыска кэтэр,
Бачырҕаччы хаамар,
Бар дьону билсэр,
Үрүүмкэҕэ үөрэр,
Чааскыны таптыыр,
Силээхтэни сирбэт,
«Дьааһыт» талыыта,
Нууччаһыт ньургуна буоллум.
Ол да буоллар
Сааһым саҥатынар
Салгылаабыт сайылыкпын –
«Куобах буһарбыты»
Куруук саныыбын,
Оҕо сааспар
Отордоон олорбут
«Оккуодай» алааспын
Ончу умнубаппын.
Хоруйбут ходуһаларбын,
Хотоол хочолорбун,
Үөскээбит үрүйэлэрбин,
Төрүөбүт дойдубун,
Сахам балаҕанын
Саныы сылдьабын…
Инньэ гынан
Иэдэйдэрбин-куодайдарбын даҕаны,
Ийэбиттэн төрүөбүт
Иһирэх тылбын
Иҥэрэн сылдьабын,
Төрүөхтэн төлкөлөммүт
Төрүт өспүн
Төлөрүтэ иликпин.
Уонна уларыйбытың тугуй? –
Диэтэргин,
Ыар сана
Ыга баттаатаҕына,
Ыллаан ыраастанар
Ыарыыга ыллардым.
Кулан санаа
Куолайбын боптоҕуна,
Кутуран холлотор
Кубулҕакка кучуттардым.
Иэдээннээх эгэлгэ
Испэр иҥнэҕинэ,
Энэлийэн чэпчэтинэр
Идэҕэ иңинним.
Түүнүн баттатар,
Күнүһүн көнчүөлэтэр
Аһаҕас эттэнним.
Аймаһыйар хааннанным,
Тардар тымырданным,
Тардыс санааланным.
Ол да буоллар
Алампа аатым арахса,
Соппуруонабым сууйулла илик.
«Сылдьыбыт – сыыһы,
Айаннаабыт – аһы,
Үлэлээбит – үбү
Үктэллэнэр куолута дии,
Онон эн даҕаны
Аралдьыйар күҥҥэр аһыыргын,
Кырдьар сааскар
Кыһалҕата суох кыстыыргын,
Кыра уолум,
Кырбытынныҥ ини,
Идэлээх-хабалаах киһи,
Иитинэргин тэринниҥ ини?» - диэтэргин,
Ирдээн иһит,
Оннук толкуйу ончу
Оройдуу иликпин, оҕонньоор!
Үп үчүгэйин
Өйдүүбүн гынан баран,
Баар буоллаҕына,
Барбыта биллибэккэ,
Баранан хаалар.
Харчыны даҕаны
Хаар-самыыр курдук саныыр
Хара буорбун.
Инньэ гынан,
Мунньунуу ончу,
Кыбытыныы кыра да суох.
Идэбиттэн да
Илиибэр тутан
Иңэриммитим суох.
Билиңңэ дылы
Айахпар бэйэм,
Арыгылыы былаан аһаан,
Аччыктыы иликпин.
Саңарда былаан таҥнан,
Сарымта иликпин.
Дьону кытта
Дьорҕоһуута суох
Толору билсэбин,
Киһини кытта
Кэтэхтэһиитэ суох
Кэмэ суох кэпсэтэбин.
О5ону да кытта охсуһа,
Эмээхсини да кытта этиһэ иликпин.
Олохтон хоргуппаппын,
Кэскил тэнкэлэйбэппин,
Бар дьоммор махтанабын.
Кэрэ дьонум кэрхсээннэр,
Кэмэ суох киэргэлгэ
Кэрэ-бара сылдьабын,
О5о дьонум омнуолаамыналар,
Отоҕо-батаҕа суох
Олоро-тура сылдьабын.
Дьадаҥы дьонум таптааннар,
Дьаллыга-дьаһаҕа суох
Дьаалабынан дьаарбайабын.
Өйдүөбэккин дуо?
Өрүү үөрэҕэ,
Хармааммар харчыта суох,
Эйиигиттэн
Хаамар эрэ атахпынан
Хаһан аһыам диэн,
Халбарыйбатаҕым дуо?
Кырдьыга даҕаны,
Сылдьарым тухары
Сыл аайытын, сылайбакка,
Илин өттүбэр
Соноҕос ат саҕа
Соргу бөҕө тоһуйан,
Өркөн тиит саҕа
Өрөгөй бөҕө
Өрө үөскээн,
Баарым тухары батыһан,
Маҥнайгы быһыыбынан
Баччаҕа тиийдэҕим дии.
Хата
Бэрт улаханнык
Бэйэбиттэн кэлэнэрим
Биир суол баар.
Бачча сааспар дылы
Олорор олоххо
Ордук туһалаах,
Биир эмэ бэйэбэр
Иитиллэр идэни
Иҥэриммэтэх эбиппин.
Атыыһыттыыры
Адьаһын сатаабаппын.
Торгуйдууру
Долуой тобулбаппын,
Суруксуттууру
Суолталаан билбэппин,
Тойоҥҥо
Тоҕуһун толооспун,
Оттууру
Олох умуннум,
Хара үлэттэн
Халыһыйан хааллым.
Ити эрэ итэҕэһим.
Ол эрэ омнуом.
Билигин даҕаны
Ис санам
Ийэ буорбуттан тэйэ,
Түгэн өйүм
Төрүт дойдубуттан
Төннө илик.
Аан дайдыбар тахсан,
Анах иитэн,
Арыыны, суораты аһаан,
Аа-дьуо олоруохпун
Алыс баҕарабын.
Ол гынан баран
Бэлэмим суоҕа мэһэйдиир,
Ана5ым суоҕа атахтыыр.
Онон
Аны даҕаны,
Кураанах да буолларбын,
Куорат олоҕор кучуттарар,
Муосталаах дьиэҕэ кырдьар,
Боробулуохалаах ороҥҥо
Бокуонньуктуур муҥнаах
Буолуом эбээт…
Арай
Айхал бөҕө аргыстанан
Аһыырбын аһара булунан,
Өрөгөй бөҕө үрдээн
Өллөнөрбүн таһынан өйүөлэнэн,
Идэ бөҕө эргийэн
Иитиллэрбин булуннарбын, -
Ийэ буорбар
Эҕэрдэни кытта
Эргийиэм этэ…
Ол да буоллар,
Уолум уолдьаардаҕа диэн
Олус уймана олорума,
Алыс алдьарыйдаҕа диэн
Ааһа айманыма!
Мин даҕаны
Төрүөхпүттэн
Түһэн биэрбэт төлкөлөөх,
Олоруохпуттан
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах
Уол оҕото буолуом!
Аҕаа!
Тас гынабын,
Лаастыбынньаҕын кулу!..


1925 с.

Алампа