Иһинээҕитигэр көс

Аҕа уустара. Аймахтар (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Каженкин И.И.- Хааһах Уйбаан

АҔА УУСТАРА. АЙМАХТАР

Дьокуускай 2024

АННОТАЦИЯ

Күүстээх, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах эр киһи ыал буолан элбэх оҕолонноҕуна аҕа ууһун үөскэтэр кыахтанар.

Аҕа уустара сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэригэр элбэх оҕолор төрөөн улааталлара уонна өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситиһэн үлэни кыайа-хото үлэлииллэрэ тириэрдэр. Ону ситиһэр туһугар аймахтар ыал буолуу үгэстэрин кытаанахтык тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.

Омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүн, буор куттара сайдыылааҕын, ахсааннара эбиллэн иһэрин уонна үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтаналларын сайдан иһэр аймахтар үөскэтэллэр.

© Каженкин И.И.- Хааһах Уйбаан. 2024.

ААН ТЫЛ

Сахалар өй-санаа туһунан үөрэҕи олус былыргы кэмнэртэн үөскэтэн сайыннарбыттар. Ай, өй, ый, ийэ, уйа диэн тыллар киһи өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ үөскээбиттэрин дорҕооннорун дьайыылара тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэрэ биллэрэр. Бу тыллары билигин даҕаны туһана сылдьарбыт саха омуга олус уһун үйэлээҕин дакаастабыла буолар уонна былыргы төрүттэрин умнубатын, үөрэхтэрин салҕаан иһэрин биллэрэр.

Олус былыргы кэмнэртэн сахалар аҕа уустарынан тутуллан олохторун олорбуттара. Аҕа уустара элбээн, тэнийэн иһиилэрэ аймахтары элбэтэриттэн ахсааннара үксээн иһэрэ. Аймахтары сайдыыны, байыыны ситиспит аҕа ууһун баһылыга дьаһайара уонна тойон диэн ааттанара.

Ыраахтааҕы былааһа сахалар былыргы аҕа уустарын суох оҥороору нууччалыы араспаанньалары ыган, хаайан, албыннаан киллэрбитин сэбиэскэй былаас салгыы ыытан сорохтор былыргы төрүттэрин умуннаран кэбиспиттэрэ. Былыргы төрүттээх улахан улуустар биллиилээх ааттарын уларытыыны, атынынан солбуйууну элбэхтик туһана сатаабыттара.

Аҕа уустара биир киһиттэн саҕаланан салгыы сайдан тахсаллар. Ол иһин аҕа ууһун төрүттээбит киһи сайдыылаах буор кутун ылынан кэлэр көлүөнэлэрэ үөскүүллэриттэн кини аатынан ааттаналлара олус былыргы кэмнэртэн ыла олохсуйбут.

Аҕа уустара сайдан, элбээн иһиилэрэ оҕону хайдах иитэн, үөрэтэн улаатыннаралларыттан быһаччы тутулуктанар. Ол иһин бу үлэбитигэр ити уустук үлэни кэҥэтэн, Кут-сүр үөрэҕин кытта холбоон арыйдыбыт. Оҕо төрөөтөр даҕаны киһи буолууну ситиһэрэ өссө да ырааҕын таба сыаналаан ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэн биэриини аныгы ийэлэр оҥоро сылдьаллара эрэйиллэр.

Саха буолуу оҕо төрөппүттэрин ийэ, аҕа уонна эбэ, эһэ диэн ааттаан ыҥырарыттан саҕаланарын уонна бу тыллар оҕо өйүн-санаатын үөскэтэн төрүттүүллэрин быһааран дьоҥҥо тириэртибит.

Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу аймахтар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһиилэрин төрүттүүрүн тэҥэ, дьон сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүллэриттэн уустук, ыарахан үлэни кыайалларын үөскэтэр. Билигин ханнык эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэт дьахталлар элбээһиннэрэ аан бастаан аҕа уустарын, аймахтары, онтон омугу эстиигэ тириэрдиэхтэрин сөп.

Атын улахан омук баһылаан салайар кэмигэр кыра омук олоҕун былыргы үгэстэрин тутуһа, олоҕун остуоруйаларын билэ сырыттаҕына эрэ үйэтэ уһуур кыахтанарын билиэхпит этэ. Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу аҕа уустара, аймахтар сайдан иһэллэрин үөскэтэр.

Баһылыыр, элбэх ахсааннаах омук бэйэтин үгэстэрин, үөрэхтэрин олоххо киллэрэ, тарҕата сатыырын, саҥаны айыыны ылыныы курдук санаан, олоххо киллэрэн иһии, аҕыйах ахсааннаах омук уларыйан, симэлийэн хааларыгар тириэрдиэн сөп.

Биһиги бу үлэбитин олоххо үөскээбит балаһыанньаны туһанан аҕа уустарын, аймахтары сайыннаран саха омук нууччалардыын холбоһон үйэтин уһатарын туһугар суруйдубут. Автор бу үлэтэ күүстээх, кыахтаах эр дьон аҕа уустарын саҥалыы тэрийэллэригэр көмө буоларга анаан сурулунна.

Атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрбитин барытын Национальнай библиотекаттан, сайтыттан, Сахалыы Википедийэттэн уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп.

Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт аймахтарыгар, билэр дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.

АЙМАХТАР ТУСТАРЫНАН БЫЛЫРГЫЛАР БИЛИИЛЭРЭ

Сахалар былыр-былыргыттан киһиэхэ аймахтара ылар оруолларын билэллэр уонна өйдөрө-санаалара сайдан, эттэрэ-сииннэрэ тупсан ахсааннара элбээн иһэллэригэр кыһаналлар. Аймахтар элбээн уонна үлэни кыайан иһиилэриттэн омук сайдара ситиһиллэр.

Ыал буолуу оҕо төрөтүүгэ аналланарыттан аҕа уустара уонна аймахтар элбээн иһиилэрин быһаччы үөскэтэр. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин сайдан иһэр аҕа уустара уонна аймахтар ордук харыстаан туһаннахтарына табыллар.

Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини олоххо киллэрии буолар. Ол курдук, эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэриттэн эттэрэ-сииннэрэ уонна өйдөрө-санаалара туспалара элбэхтэр. Кинилэр биир тылы булан сөбүлэһэн, холбоһон олоҕу олорууларыттан ыал буолуу тэриллэр уонна оҕо төрөттөхтөрүнэ саҥа, үһүс киһи үөскээн тахсарыттан “Туох барыта үһүстээх” диэн этии олоххо киирэрэ ситиһиллэр.

Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыытыгар иитии уонна үөрэтии улахан суолталаахтар. Оҕону иитии диэн кыра эрдэҕинэ ийэ кутун бэлэм үгэстэринэн иитэн, толорон биэрии, онтон үөрэтии диэн 6 сааһыттан өйүн-санаатын, салгын кутун үөрэҕинэн, билиинэн сайыннарыы ааттаналлар. Бу ыаллар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн тутулуктанан аҕа уустара, аймахтар уонна омук сайдан иһиитэ ситиһиллэр.

Аҕа уустара, аймахтар сайдыыны ситиһиилэрэ оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн тутулуктанар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Оҕону атаахтатан, бэлэмҥэ үөрэтэн кэбистэххэ аймахтар сайдыылара суох буолуон, бэйэлэрэ атын сайдан иһэр аҕа уустарыгар, аймахтарга уларыйан хаалыахтарын сөп.

2. Оҕо улаатан иһэн үлэлииргэ үөрэнэн уонна тулуурун улаатыннаран киһи буолууну ситистэҕинэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорон аҕа уустарын, аймахтары сайыннарар кыахтанар.

Омуктар сайдан иһиилэрэ биирдиилээн ыаллар олохторуттан быһаччы тутулуктанар. Ыал кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр уонна иитэр, үөрэтэр аналлааҕыттан аҕа уустарын, аймахтар, омуктар сайдан иһиилэрин төрүттүүр. Кэлэр көлүөнэлэр киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтанан улааттахтарына омук ахсаана эбиллэрэ үөскүүр уонна үлэни кыайан сайдыыны ситиһэрэ табыллар.

Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Сахалар олоҥхо кэмин саҕаттан эр киһи үлэни кыайарыттан тутулуктанан аҕа уустара, аймахтар сайдыыны ситиһэллэригэр ылар оруолун быһаараннар ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн, олоххо киллэрэн туһана сылдьаллар. Ыал буолууга кыыс оҕо ылар оруолун учуонай Р.И.Бравина маннык арыйар:

- Идеал сексуального поведения как женщин, так и мужчин мы находим в якутском эпосе олонхо. Там мы видим, что женщине не разрешалось до брака иметь половые сношения с мужчиной, даже если он был женихом. Дочь нарушившую этот обычай, родители могли предать проклятию и с позором изгнать из дома. Мужчины пренебрегали женщиной, лишенной девственности. Она могла выйти замуж за того, с кем разделила ложе. (1,51).

Бу быһаарыыны таба тутуһан сахалар ыал буолуу үгэстэрин үөскэппиттэр уонна үгүс сайдан иһэр аҕа уустара уонна аймахтар билигин даҕаны олору тутуһа сылдьаллар. Кыыс оҕо ыалы тэрийиигэ ылар оруола улаханын Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын аныгы үйэҕэ туһаннахха эрэ сайдыыны ситиһии кыаллар кыахтанар.

Ыал буолуу үгэстэрин, кыыс оҕо эргэ барарга бэлэмнэнэрин сахалар былыргы дьыллар мындааларыттан, ол аата олоҥхо кэмнэриттэн тутуһалларын П.А.Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма куо” олоҥхотугар арыйар. (2,170).

Дьахтар уонна эр киһи “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэрин быһаарар этиигэ сөп түбэһэн дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэриттэн уонна кэмэ кэллэҕинэ сайдыыны хардары-таары ситиһэн иһэллэриттэн, омук олоҕор сайдыы киирэр хамсааһыннарын үөскэтэн биэрэллэр.

Дьон үлэни сайыннарбыттарын кэнниттэн эр дьон баһылааннар омукка тупсууну, ситиһиини оҥорууну үөскэтэннэр салайар оруолу ылбыттар. Аҕа уустарын, аймахтары, дойдулары эр дьон, биир хааннаахтар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баһылаан салайыылара династия диэн ааттанар уонна кэмэ кэллэҕинэ, мөлтөөтөхтөрүнэ уларыйар. Биир хаан аймахтар сайдан, дойдуну салайыыны баһылаан иһиилэрэ 300 сыллар кэннилэриттэн эстэн, уларыйар кэмнэрэ кэлэрин династиялар атынынан солбуллуулара биллэрэр.

Россияны үйэлэр усталарыгар, сайдыыны ситиһэр кэмнэригэр Романовтар династиялара салайбыта. 1613 сыллаахтан саҕаланан баран 1913 сыллаахха 300 сыл салайбыттарын бэлиэтээн баран 1917 сыллаахха өрө туруулар кыайаннар суулларбыттара.

Биир династия төһө уһун кэмҥэ уларыйбакка салайарын быһаарыы омук үйэтэ уһунун чуолкайдыырга туһалыыр:

1. Омук саҥалыы үөскээһинэ 300 сыл курдук кэми ылар.

2. Омук сайдыыны ситиһиитэ, 300 сылы ылыан сөп.

3. Омук мөлтөөһүнүн кэмэ, 300 сыл устата салҕанан барыан сөп.

Бу уларыйыылар кэмнэрин холбоотохпутуна сайдыыны ситиспит омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийиэн сөп. 1237 сыллаахха монгол-татаар омуктарга кыаттаран саҥалыы үөскээбит украинецтар төрүттэрэ рустар сорохторо билигин нууччалар диэн ааттана сылдьаллар уонна 2137 сылга үйэлэрин туолан уларыйар кэмнэрэ кэлэр. Бу уларыйыы кэлэригэр бэлэмнэнии билигин баран иһэр.

Омук саҥалыы үөскүүр уонна сайдыыны ситиһэр кэмнэригэр эр дьон баһылаан салайыылара ордук табыллар, онтон мөлтөөһүн кэмигэр киирдэхтэринэ дьахталлар салайыахтарын сөп. Ол курдук, кыыс оҕолор кыра эрдэхтэринэ олох туһалаах үгэстэригэр ийэлэриттэн үөрэнэллэриттэн, ол үгэстэри тутуһар, олоххо киллэрэр кыахтара улаатан биэрэрин оҕо иитиитигэр туһанар кыахтаналлар.

Билигин Россияҕа дьахталлар ыал буолууну баһылыыр, бэйэлэринэн мээрэйдэнэн эргэ тахсар кэмнэрин сэбиэскэй былаас үөскэтэн кэбиспитэ салҕанан иһэриттэн оскуолаҕа, атын үөрэхтэргэ уһуннук үөрэтэ сатаан кыргыттары буортулааһын баран иһэр. Сааһын сиппит кыыс этин-сиинин баҕата элбэҕиттэн уонна айыыны оҥорор санаатын элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секта “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэн улаатыннаран кэбиһэриттэн биир кыайар айыытын оҥорон, кыыһын харыстаабата үксээтэ.

Дьахталлар көҥүллэринэн эргэ тахсыылара олоххо киириитэ баһылыыр кэмнэрин үөскэтэн Россия дьоно онно киирэн олороллор, ону тэҥэ, баһылыыр нуучча омук мөлтөөһүн кэмигэр киирбититтэн улахан уларыйыылар киирэр кэмнэрэ кэлэн турара онно-манна сэриилэһэ сатааһын элбээбититтэн биллэр.

Үлэтэ, оҥорон таһаарара мөлтөөбүт, ахсааннара эбиллибэт турукка тиийбит омугу атыттар туоратан баралларыттан араас күүһүрдэ сатааһыннары туһаныы сэриилэһии саҕаланан барарын үөскэтэрэ былыр-былыргыттан уларыйа илик. Сэбиэскэй былаас саҕаттан Россия сэриитин сэбэ элбэҕэ атыттар куттанан бииргэ түмсэ, холбоһо сатыылларын үөскэтэр. Дьахталлар баһылыыр кэмнэригэр оҕо хайа эр киһиттэн буор кутун ылыммыта биллибэтиттэн, омук дьоно мөлтөөн-ахсаан барыылара үөскүүрүттэн аҕа уустара уонна аймахтар эстэр, онтон омук уларыйар кэмнэрэ тиийэн кэлэр.

Аҕа уустара, аймахтар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһиитигэр ыал буолуу үгэстэрэ улаханнык туһалыылларын ыраахтааҕы былааһын кэмигэр сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибитэ биллэрэр. Бу былаас кэмигэр сахалар олус былыргы кэмнээҕи ыал буолуу үгэстэрин тутуһан олохторун олороллор этэ.

Олус былыргы кэмнэртэн сахалар аҕа, ийэ уустарынан арахсан аймахтары үөскэтэллэрэ. Аймахтар сайдан, тупсан иһиилэрин ситиһиигэ аҕа ууһа ордук улахан оруолу ыларынан, кыыс оҕо айылҕаттан аналын таба туһаналлара. Ол курдук, кыыс сааһын ситтэр эрэ оҕо төрөтөр аналлааҕын таба туһанан, атын аймахтарга эргэ биэрэн эр киһи сайдыылаах буор кутун оҕолоругар тарҕатан үлэни оҥорууну тупсаран уонна ахсааннарын элбэтэн иһэллэрэ.

Ыраахтааҕы былааһа сахалары мөлтөтөөрү, былыргы аҕа уустарын суох оҥороору, нууччалыы ааттаныыны киллэрбитин тэҥэ, оҕо аҕатын аатын араспаанньа оҥосторун ыган, хаайан олоххо киллэрбитэ. Ол иһин элбэх биир араспаанньалаах дьон үөскээннэр сахалар аҕаларын уустара букатын да симэлийэ сыспыттара.

Саха дьонун ааттарын нууччалыыга уларытыыны сэбиэскэй былаас салгыы ыыппыта. Бу былааһы дьадаҥылар, төрдө-ууһа суохтар салайаннар сахалар төрүт-уус аймахтарын кытта, үлэни кыайар, сайдыылаах буор куттарын суох оҥоро сатаабыттара. Уһуннук барбыт гражданскай сэриигэ суута-сокуона суох элбэхтэри кыргыбыттарын таһынан, араас репрессийэлэри ыыппыттара, үлэни кыайар сатабыллаах буор куттаах дьону кулаакка таһааран лааҕырдарга хаайбыттара, көскө ыытан симэлиппиттэрэ.

Төрүт аҕа уустарын суох оҥорон бараннар сир-дойду ааттарын нууччалыыга уларытыыны уонна улахан, уһун үйэлээх улуустар былыргы ааттарын атынынан солбуйууну элбэхтик оҥорбуттара.

Россия дьонугар сэбиэскэй былаас оҥорбут куһаҕаннарын ырытан үөрэтии өссө да саҕалана илик. Ол барыта бу эстибит былаас тобохторо, араас үөрэхтээхтэрэ билигин даҕаны дойдуну салайа олороллоруттан тутулуктанар.

Сайдыыны ситиспит биир хаан аймахтар дойдуну баһылаан салайыыларын олус былыргы кэмнэргэ сахалар үөскэппиттэр. Ол иһин хаан диэн биир аймах дьону биллэрэр тыл атын, элбэх омуктар тылларыгар киирэн Аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт. Бу хаан диэн тыл улахан дойдуну салайааччыны быһаарар суолтатынан үгүс омуктар туһана сылдьыбыттар. Ханство диэн ааттаммыт, сахалар дойдуну салайар үөрэхтэрин туһанар дойдулар Аан дойду үрдүнэн элбэхтэр. Монголлар эмиэ сахалар үөрэхтэрин тутуһаннар үөскэппит дойдулара бары улуустар уонна ханстволар диэн ааттаналлара.

Сахалар олохторугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун быһаарар этиини тутуһаллара өй-санаа сайдыытыгар уонна уларыйыытыгар сөп түбэһэр. Дьон икки өрүттэрин эр киһи, аҕа уонна дьахтар, ийэ үөскэтэллэр. Ол иһин аҕа уустарын тэҥэ, ийэ уустара сахаларга эмиэ бааллар.

Былыргы кэмнэргэ саха дьоно аймахтарын уон иккис көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ кэпсээннэргэ киирбиттэр. Ол иһигэр тохсус көлүөнэҕэ диэри аймахтыы сыһыаны тутуһа сылдьаллара биллэр.

Хантан эрэ кэлии киһи майгына хайдаҕын, үлэни төһө кыайарын билээри үс сыл устата үлэлэтэн көрүүнү былыргы кэмҥэ туһаналлар эбит. Кэлии киһи Эллэй Боотур үс сыл устата элбэх туһалааҕы оҥорон уонна таһаарыылаахтык үлэлээн Омоҕой Баайга халыыма суох күтүөт буолар чиэскэ тиксибит.

Отца Эр-Соготоха звали Татаар-Тайма. Царем у них был Хаан-Боллох. Эр-соготох-Эллэй при нем был богатырем, вроде главного должностного лица. (3,16).

Аҕа уустара, аймахтар сайдыыларыгар, буор куттара тупсарыгар ыраас кыыс оҕо ылар оруолун сахалар олус былыргы кэмнэргэ быһааран олохторугар туһаналлара. Бу быһаарыыны туһанан ыраас кыыс оҕо эргэ барарыгар энньэтэ элбэх буоларын ситиһэллэр эбит. Бу уратыны, ыраас кыыс оҕо энньэтэ элбэх буоларын туһана сатааччы, элбэх баайы ылыахтарын баҕалаахтар былыргы да кэмнэргэ баар эбиттэр. Кут-сүр үөрэҕин билэн олоххо киллэрии кыыс оҕолоох ыаллар аҕа уустара, аймахтар уонна омук сайдыытыгар киллэрэр кылааттарын таба туһаныыны үөскэтэр.

Олус былыргы да кэмнэргэ ыал буолуу үгэстэрин тутуспат эдэрдэр баар буолаллара үһүйээн кэпсээннэргэ киирбиттэр. Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кырасыабай кыыс эргэ барыытын туһунан кэпсээни Н.Якутскай суруйбута. Ыал буолуу үгэстэрин тутуспат буолуу содула улаатан тахсара, бу кэпсээҥҥэ ахтыллар. (4,24).

Сахалар эт-сиин атын аҥарга баҕарар санаатын имэҥ диэн ааттыыллар уонна быстах санааҕа киллэрэн туораталлар, аһара ыыппаттар, киһи быһыытын тутуһарын ситиһэллэр. Ол курдук, тулуурдаах киһи аһаабакка да сылдьары тулуйар кыахтааҕынан имэҥи эмиэ аһара ыыппат кыахтанарын туһана сылдьаллар.

Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу омук ахсаана уонна сайдыылаах буор куттаах дьоно элбээн иһэллэрин үөскэтэн “Төрүт-уус ыал” диэн быһаарыыга тириэрдэр. Оҕолорун иитэн, үөрэтэн киһи буолууну ситиһиннэрэн олохторун киһи быһыылаахтык олороллоругар тириэрдибит ыалларга ити бочуоттаах ааты иҥэрэллэр.

Ыал олоҕо табылларыттан аймахтар ахсааннара үксээн иһэрэ тутулуктанар, онтон аймахтар ахсааннара үксээн иһиитэ омук ахсаана эбиллэригэр тириэрдэр.

Онон аймахтары, омугу элбэтэр туһугар ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу ирдэнэр көрдөбүл буоларын билэн туһана сырыттахха сайдыыны ситиһии салҕанан иһэр кыахтанар.

УУС

Аҕа уустара, аймахтар биир киһиттэн үөскээн, саҕаланан салгыы сайдаллар. Ол иһин аймахтары төрүттээбит киһи аатынан аҕа ууһун ааттыыллара олус былыргы кэмнэртэн ыла биллэр. Ону тэҥэ, аймахтары тэнитэр, сайыннарар киһи сайдыылаах буор куттаах буоллаҕына эрэ табылларын Кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.

Үлэни-хамнаһы кыайар сайдыылаах буор куттаах эр киһи оҕолоро кини курдук үлэлээн-хамсаан сайдыыны аҕалалларыттан аҕа ууһа элбээн, тэнийэн иһэрэ ситиһиллэр.

Билигин сахаларга Эллэй Боотуртан төрүттээхпит диэн ааттанар дьон элбээн сылдьаллар. Эллэй Боотур туох үлэҕэ барытыгар сатабыллааҕынан, элбэх саҥаны, туһалааҕы оҥорон олоххо киллэрбитинэн, ыһыаҕы ыыппытынан уонна тимир ууһунан аатырар. Омоҕой Баайга аан бастаан үлэҕэ киирэригэр тимири уһааран көрдөрбүтүн туһунан кэпсээҥҥэ киирбит. (3,21).

Саха сиригэр сайдыы, үлэҕэ тупсууну киллэрии, саҥа үлэлэри баһылааһын соҕуруу, сайдыыны ситиспит дойдулартан сыыйа кэлэн испитин соҕурууттан кэлбит диэн ааттанар Эллэй Боотур туһунан кэпсээннэр бигэргэтэллэр.

Уус киһи аймахтар сайдыыларыгар ылар оруолун Эллэй Боотур туһунан кэпсээннэртэн ылан туһанар ордук табыллар. Кини элбэх уолаттара сахалар үгүс улуустарын үөскэппиттэрэ диэн этиилэр сурукка киирбиттэринэн биллэллэр:

- Хатан-Хангылла диэн Хаҥалас улуустарын төрүттэрэ буолбут.

- Намылҕа-Сүүрүк диэн Боотурускай улууһун төрүтэ.

- Маҕан-Хотоҕой диэн Мэҥэ улууһун төрүтэ буолбут.

- Молотой-Орхон диэн Дүпсүн уонна Бороҕон улуустарын төрүтэ.

Бу быһаарыы биир уус киһи аймахтара элбээн тарҕаннахтарына аҕа ууһун таһынан, бүтүн улууһу үөскэтэллэрин биллэрэр. (3,128).

Уус диэн сайдыылаах буор куттаах, араас уустук хамсаныылары табан, сатаан оҥорор кыахтааҕыттан үлэни барытын кыайа-хото үлэлиир киһи ааттанар. Олус былыргы кэмнэргэ уус киһи араас сэрии сэптэрин тупсарар, саҥалыы оҥостунар кыаҕа улаханынан атыттары баһылыыр, салайар кыаҕа улаатан тахсара, ол иһин сахалары уустар салайаллар этэ.

“Сах” таҥаралаах тимир уустара саха омугу үөскэппиттэр. Тимиртэн араас сэрии сэптэрин оҥостор буолуу саха уус киһитэ киэҥ сирдэри баһылыырыгар тириэрдибит. “Уус төрүттээх” диэн этии саха эр киһитин үлэһитин, өйүн-санаатын толору быһаарарын таһынан, уус буолуу сайдыылаах буор куту үөскэтэринэн уонна кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэрин ситистэҕинэ үлэни оҥоруу тупсан иһэригэр тириэрдэрин биллэрэр.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ сайдан иһэр буор кут таһымнарын, ол аата киһи уус буолууну элбэхтик үлэлээн, хамсаныыларын тупсаран сыыйа ситиһэрин маннык быһаарар: 1. Муҥнаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ мээнэ хамсанар, быччыҥнарын санаатын хоту хамсата үөрэтэн буор кутун үөскэтинэр.

2. Муҥкук. Хамсаныылары табан оҥоруу уустугуттан уонна үгүстүк кыаллыбатыттан, табыллыбатыттан оҕо тугу эмэ оҥоро сатыырга кыаҕа кыччааһына муҥкук буоларын үөскэтэр. 3. Дьадаҥы. Киһи хамсаныылары, үлэни оҥорууга баҕа санаата суох буолуута “Сүрэҕэ суох” диэн ааттанар уонна өйө-санаата дьадаҥы буоларыгар тириэрдэр.

4. Үлэһит. Үлэни куруук табатык, сөптөөхтүк оҥоро сылдьар киһи.

5. Дьоҕурдаах. Үлэҕэ тупсарыылары, саҥаны айыылары оҥорон сайдыыны киллэрэр киһи дьоҕурдаах диэн буолар.

6. Сатабыллаах. Үлэни табан, сатаан оҥорбутун туһанан барыһы киллэринэр кыахтаах киһи сатабыллаах диэн ааттанар.

7. Талааннаах. Тугу оҥорбутун барытын атыттар батыһар, үтүктэр киһилэрэ буолан сайдыыны аҕалар кыахтанар.

Тыыннаах эт-сиин хам туттаҕына, уһаатаҕына, кылгаатаҕына, ол хамсааһыҥҥа сөп түбэһэр өй-санаа үөскээн эккэ-сииҥҥэ иҥэн иһэр. Эт-сиин төһө дьарыктанар, эрчиллэр даҕаны оҥорор хамсаныылара табыллан, түргэтээн иһэллэрэ ситиһиллэр. Бу эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өйү-санааны сахалар буор кут диэн ааттаан Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Буор кут диэн киһи араас хамсаныылары оҥороруттан хас биирдии быччыҥар үөскээн, үөрүйэх буолан иһэр өйө-санаата ааттанар. Буор кут үөрүйэх буолууга тиийэ сайдыбытын биллэрэр бэлиэтинэн киһи санаатынан, ол быччыҥын табан хамсатарга үөрэнэрэ буолар. Оҕо буор кута сайдыбытын биллэр бэлиэтинэн кыбыытын кыанарга үөрэммитэ уонна атаҕар туран хаамара ааҕыллар. Ол аата киһи этэ-сиинэ ханнык хамсааһыны, хайдах; түргэнник эбэтэр бытааннык оҥороро барыта буор кутуттан тутулуктанар.

Тустуу араас күрэхтэһиилэрэ киһи күүһүн уонна хамсаныылары түргэнник, сымсатык оҥорор кыаҕын холбуу ылан быһааралларынан күрэхтэһээччи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, буор кута сайдыыны төһө ситиспиттэрин биллэрэр уратылаах. Күүстээх тустууктара суох буолбут нууччалар эр дьонноро мөлтөөһүн кэмигэр киирэн сылдьаллара улахан чемпионнара суоҕуттан биллэр.

Ыал буолуу үгэстэрин кытаанахтык тутуһар мусульманнар билигин сайдыыны ситиһэн иһэллэр, ахсааннара биллэрдик эбиллэр уонна күүстээх тустууктара үгүстэр. Россия тустуутун билигин Кавказ уолаттара баһылаан сылдьаллар.

Киһи буор кута хайдаҕын быһаарыыга төрүттэрин, төрөппүттэрин ырытыы, төрүччү үөрэҕин туһаныы уонна олохторугар тугу ситиспиттэрин, оҥорбуттарын быһаарыы туһалыыр. Ол курдук, сайдыылаах буор куттаах киһи дьарыктаннаҕына, эрчилиннэҕинэ төрөппүттэрин баһыйа сайдара быһаарылларыттан ыал буолууга сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыыны сахалар анаан-минээн оҥороллор.

Ыалы кыыс оҕо тэрийэр. Ыал буолуу үгэстэригэр эргэ барарга бэлэмнэнэн энньэтин мунньан бэлэмнээбит кыыс эр дьон, күтүөттэр кэлэн көрөн ыйыттаралларын кэтэһэр. Бу эр дьонтон сайдыылаах буор куттаах киһини төрүппүттэрин көмөлөрүн туһанан талан ылар кыахтанара төрүүр оҕолорун буор куттара эр киһини утумнуурун ситиһиигэ тириэрдэр. Бу талан ылыы дьон олоҕор олус улахан суолталааҕын иһин таба талан ылыыны – таптал диэн ааттаабыттара билигин киэҥник туттулла сылдьар.

Буор кут төрөппүттэриттэн оҕолоругар бэриллэн иһэрэ утумнааһын диэн ааттанар. Эр киһи сиэмэтин кытта холбуу дьахтарга киирсэн иҥэн хаалар. Буор кут өй-санаа буоларынан туохтан да иҥнибэт, тугунан да тутуллубат. Чараас эрэһииҥкэнэн сиэмэни тутуохха сөп, онтон буор куту туох да кыайан туппат. Ол иһин эргэ барыахтарын иннинэ ханнык эрэ эр дьону кытта сылдьыспыт дьахтары сахалар ойох ылбаттар.

Олоҥхо кэмигэр, былыргы дьыллар быдан мындааларыгар “Сах” таҥаралаах тимир уустара саха омугу үөскэппиттэр. Ол былыргы кэмнэртэн сатабыллаах тимир уустара оҥорор тэриллэрэ дьоҥҥо оҥорор туһалара элбэҕэ саха омук аата-суола киэҥник тарҕанарыгар тириэрдэн сайдыыны ситиһэллэрин үөскэппит.

Мас ууһа диэн араас мастартан кыһан, чочуйан туһалаах тэриллэри оҥорор талааннаах киһи ааттанар. Былыргы кэмнэргэ араас иһиттэр бары кэриэтэ мастан кыһан оҥоруллар эрдэхтэринэ мас уустарын ааттара-суоллара киэҥник тарҕанара.

Араас суол мастан оҥоруллубут тэриллэр билигин да бааллара мас уустара улахан талааннаах эбиттэрин биллэрэр. Ол курдук, мас бэйэтэ уустук матырыйаал буоларынан, туттуллар маһы талан ылыы улахан эрэйдээҕэ быһаарыллар. Олус былыргы дьэрэкээн ойуулаах мас иһиттэр билигин да бүтүн сылдьаллара ону дакаастыыр.

Урукку кэмнэргэ бары тутуулар маһынан оҥоруллар этилэр. Сахалар балаҕан дьиэни хаһан туттунар буолбуттара өссө да биллэ илик. Бу тутуу билигин даҕаны суолтата кыччаабакка эрэ сылдьар. Ол курдук, биир кыанар киһи аһара уһаппакка эрэ туттунан кэбиһэр тутуута буолан туһата аҕыйаабат.

Саха уустара араас киэргэллэри алтантан, үрүҥ, кыһыл көмүстэртэн оҥорон эргэ барар кыргыттары, дьахталлары киэргэтэллэрэ олус былыргы кэмнэртэн сайдыбыт. Эргэ баралларыгар киэргэммит кыргыттар ыраас кыыс буолаллара ааттарыгар –куо диэн тылы эбэн биэриинэн бэлиэтэнэр. Бары киэргэллэригэр Күн таҥара төгүрүк бэлиэтин оҥорон туһаналлара, бу таҥара үөрэҕэ сахаларга киэҥник тарҕаммытын биллэрэр.

Уус киһиэхэ иистэнньэҥнэр эмиэ киирсэллэр. Үлэ бу көрүҥүн дьахталлар баһылаан иһэллэрэ сылаас дьиэҕэ оҥорулларыттан тутулуктаах. Олус былыргы кэмнэргэ таҥнар таҥас барыта илиинэн тигиллэр эрдэҕинэ иистэнии улахан суолтаны ылара, ол иһин бары дьахталлар үчүгэйдик баһылаатахтарына табыллара.

Туой буору мэһийэн араас иһиттэри оҥорууну сахалар олус былыргы кэмнэргэ баһылаабыттар уонна дьахталларга сыҥалаан кэбиһэннэр салгыы сайдаллара хааччахтанан хаалбыт. Бу иһиттэр ордубут тобохторун археологтар хаһан таһааран хаһан, кимнээх оҥорон туһаммыттарын быһаара сатыыллар.

Олоҥхо кэмин саҕана дьахталлар эр дьону кытта сэриилэргэ бииргэ сылдьаларын тимир килиэ куйахтара илин, кэлин кэбиһэр киэргэллэригэр кубулуйан сылдьаллара биллэрэллэр. Бу быһаарыы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһар сахалар дьахталлары хаһан да туораппатахтарын, олох ыараханнарыгар бииргэ сылдьалларын дакаастабыла буолар.

Олоҥхолорго ахтыллар дьахтар бухатыырдар эр дьонтон тугунан да хаалсыбакка сэриилэһэллэрэ, араас уустук, эрэйдээх сырыылары кыайаллара кэпсэнэллэр. “Төрүт-уус ыал” диэн этии сайдыылаах буор куттаах, уус эр киһи тэрийбит ыала элбэх оҕолорун киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, үлэни кыайыыга иитэр, үөрэтэр күүстэнэрин биллэрэр. Төрүт-уус ыалтан аҕа ууһа саҕаланан барар кыахтанар.

Эр киһи сайдыылаах буор кута оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн истэҕинэ, бу аймахтар үлэни кыайар кыахтара салгыы сайдан, тупсан иһэрэ ситиһиллэр. Улуус диэн тыл улуу уус диэн тыллартан холбонон үөскээбитин ити быһаарыы эмиэ дакаастыыр. Уус киһи аймахтара элбээн, тэнийэн, тарҕанан аҕа ууһун үөскэтэллэр, онтон салгыы сайдан, өссө элбээн улуу уус үөскээн тахсан киэҥ сирдэри баһылыыр кыахтанар.

Саха омуга маҥнайгы тимир уустарыттан үөскээбитин “Сах” таҥара баара биллэрэр. Сахалар төрүттэрэ тимири уһаарааччы, тимир ууһа эбитэ элбэх чахчыларынан дакаастанар. (5,22).

Аймахтар элбээн истэхтэринэ биир сиргэ мустаннар ыһыах тэрийэр кыахтаналлар. Ыһыахха аймахтар бары бииргэ мусталларыттан бэйэ-бэйэлэрин билсиһиилэрэ кэҥиир.

Сахалар ыам ыйын 22 күнүгэр сайыны көрсүүнү, күөххэ үктэниини бэлиэтииллэр. Бу күн сыл бүтүүтүн уонна дьылы туорааһыны биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Ол курдук, күөххэ үктэммит киһи дьылы туораабытынан ааҕыллар.

Сайыҥҥы күн саамай уһуур кэмигэр, бэс ыйын 22 күнүгэр - Күн таҥараҕа аналлаах уонна күһүҥҥү, тымныылар кэлэн истэхтэринэ, балаҕан ыйын 22 күнүгэр тулууру, өһөс санааны улаатыннарарга анаан - Улуу Тойон таҥараҕа аналлаах ыһыахтары тэрийэллэр.

Онон сахалар былыргы төрүттэрэ уус, үлэһит киһи буолара үһүйээн кэпсээннэртэн биллэрин тэҥэ, үлэни табан үлэлиир дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах буолуу диэн киһи олоҕор ситиһэ сатыыр тутаах сыала буолар.

АҔА

Аҕа диэн саха омук төрүт тыла. Сахалартан арахсан саҥалыы үөскээбит элбэх атын омуктар бары кэриэтэ билигин да туһана сылдьалларыттан киэҥник тарҕаммыт тылга киирсэр. Оҕо аҕатын аҕа диэн ааттыырыттан, итинник ыҥырарыттан саха буолуу саҕаланар. Ону тэҥэ, аҕа диэн тыл оҕо үлэҕэ үөрэниитигэр улахан туһалаах дьайыытынан аҕа саастааҕы уонна элбэх уопуттааҕы, билиилээҕи биллэрэрэ, ыйан биэрэрэ буолар. Ол курдук, аҕа саастаах киһи туохха барытыгар уопута элбэҕинэн оҕоҕо ситиһэ сатыыр, үтүктэр баҕа санааны үөскэтэринэн оҕо бэйэтэ үөрэҕи, билиини ситиһэ сатыыр кыаҕа, бу тылтан үрдүүр.

Аҕаны аҕа диэн ааттааһын, ыҥырыы ытыктыыры биллэрэр, кини олоххо уопута, билиитэ элбэҕин билинии буоларынан оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ ордук туһалаах дьайыылаах. Үлэ төһө да ыараханын иһин оҕо аҕатын үтүктэн, батыһан үөрэнэр, ол ыараханы кыайар күүһэ улаатар. Ону тэҥэ, үлэ ыараханыттан, оҥорорго эрэйдээҕиттэн уонна уһуннук оҥорулларыттан оҕо тулуура, туттунар күүһэ улаатарын аҕа үөрэҕэ хааччыйар.

Аҕа диэн ааттанар киһи бэйэтэ элбэх уопуттааҕын билинэрэ, итэҕэйэрэ барыга бары эппиэтинэһэ улаатарын үөскэтэрэ оҕону үлэҕэ үөрэтэр күүһэ биллэрдик эбиллэрин таһынан, ыалы тугунан барытынан хааччыйыыга, олоххо тирээн кэлэр ыараханнартан харыстааһыҥҥа ылар оруолун үрдэтэр.

Аҕа диэн тыл хас да сүрүн суолтатынан туттуллар:

1. Төрөппүт аҕа. Оҕону төрөппүт эр киһи аҕа диэн ааттанар.

2. Ииппит аҕа. Иитии, үөрэтии оҕо өйө-санаата сайдыытыгар тутаах оруолу ыларын, бу этии биллэрэр.

3. Киһиттэн бэйэтиттэн аҕа саастаах, олоххо элбэх уопуттаах, билиилээх киһи аҕа диэн ааттанар. Тыл бу суолтата оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ ордук улахан туһалаах оруолу ылар. 4. Аҕа ууһа. Биир төрүт киһи үөскэппит аҕатын ууһа.

5. Аҕа баһылык, аҕа тойон диэн аҕа ууһун үөскэппит тэрийээччи, салайааччы ааттанар.

Аҕа диэн тыл төрөппүт аҕа диэн суолтатынан үгүстүк туттуллар. Төрөппүт аҕа этин-сиинин тэҥэ, буор кута оҕотугар, сиэннэригэр бэриллэн иһэллэрэ хаан аймахтары үөскэтэр. Бу бэриллиилэр удьуордааһын уонна утумнааһын диэн икки өрүттэнэн ааттаналлар. Ол иһин аҕа этэ-сиинэ уонна өйө-санаата оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэриттэн бэйэтин үчүгэй өрүттэрин элбэтэ, куруук дьарыктыы сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ону тэҥэ, ыал буолууга эр киһини, күтүөтү аналлаах үгэстэри туһанан таба талан ылыы туттуллар.

Эр киһи буор кута дьахтар киэнинээҕэр сайдыылаах буолара үйэтин тухары элбэхтик үлэлиириттэн, хамсыырыттан тутулуктанар. Ол иһин оҕо буор кутун быһаарыыга эр киһи ылар оруола улаатан тахсар.

Оҕону иитии уонна үөрэтии улахан суолталаахтар. Ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан ыла оҕо ийэ кута сайдан, үгэстэрэ үөскээн бараллар. Бу кэмҥэ оҕоҕо ийэтэ үчүгэй үгэстэри иҥэрэн, иитэн биэрэр кыаҕа улаатар. Ол иһин, бу өй-санаа мунньуллар кэмэ оҕо ийэ кутун иитии диэн ааттанар.

Оҕо улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута сайдан барар. Салгын кут үөрэтиллэр, ол аата үөрэҕи ылынан билиигэ кубулутан умнубат буолан иһэриттэн салгын кута үөскүүр. Оҕо сарсын тугу оҥорорун умнубат буолуута үөскээтэҕинэ бэйэтин билинэр кэмэ саҕаланарыттан салгын кута сайдан барар.

Элбэх оҕолордоох, уолаттардаах аҕа үгүс сиэннэрин ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ уонна салайдаҕына аҕа ууһун тэрийэр кыахтанар. Аҕа ууһун аҕа баһылык, аҕа тойон салайар. Оҕолорун, сиэннэрин олоххо туһалаах үгэстэргэ иитэр, үөрэтэр кыаҕын туһанар кэмэ кэлэр.

Аҕа ууһун үөскэппит уонна табыллан салайар киһи оҕолоро, сиэннэрэ элбээтэхтэринэ тойон диэн ааттанары ситиһэр кыахтанар. Былыргы кэмнэргэ аҕа ууһун сэриитин аҕа тойон дьаһайара биллэр. Ону тэҥэ, кийиит кыыс аҕа ууһун баһылыгын тойонум диэн ааттыыра билигин да иҥэн сылдьар.

Оҕону иитии, үөрэтии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэрин улаатан истэҕинэ уларыйан биэрэрэ биллэрэр:

1. Аҕа ууһун баһылыга оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин кытта иитиитигэр, үөрэтиитигэр кыттыһыыта биир киһи салайар былааһын үөскэтэр уонна тоталитарнай салайыыга сөп түбэһэр.

2. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһэн саҥа ыалы тэрийиитэ уонна төрөппүттэриттэн туспа барыыта салайар былаас уларыйан демократия үөрэҕин тутуһууга тиийэрин биллэрэр.

Оҕону иитии, үөрэтии бу курдук уларыйан биэрэрин сахалар олохторугар тутуһа сылдьаллар. Ол курдук, оҕо ийэ кутун иитиини төрөппүт салайыытынан ыытан баран, улаатан истэҕинэ бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанан киһи буолууну баһылыырын ситиһэллэр.

Аҕа ууһун сайдыытыгар үлэни сатабыллаахтык оҥорууга тириэрдэр буор кут сайдыылааҕа улахан туһалаах. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин тутуһууга аҕа ууһа ылар оруола улаатар. Аҕа баһылык кийиити эбэтэр күтүөтү таба талан ылыыга бэйэтин олоҕун улахан уопутун туһанарынан сөптөөх быһаарыыны ылынар кыахтанар.

Үлэни оҥорууга буор кут ылар оруола олус улахан. Быччыҥнары төһө элбэхтик хамсатыллар даҕаны, киһи буор кута сайдан, хамсаныылар тупсан уонна түргэтээн иһэллэрэ ситиһиллэр. Имигэс, сыыдам хамсаныылар диэн киһи буор кута талааннаах диэҥҥэ тиийбитин биллэрэр суолталаахтар.

Эр киһи буор кута үйэтин тухары сайдан, тупсан иһэр. Ыал буолууга сайдыылаах эр киһини таба талан ылыыны аналлаах үгэстэр хааччыйаллар. Сахалар ол үгэстэри тутуһа сылдьалларыттан эр дьон сайдан, буор куттара тупсан иһэрин ситиһэллэр.

Сэбиэскэй былаас ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорбутун кэнниттэн күүстээх тустууктар билигин даҕаны сахалартан бааллара, аймахтар буор куттарын сайдыыта өссө да салҕанан баран иһэрин биллэрэр.

Ыал буолуу былыргы үгэһин, кыыс оҕо ыраас кыыһынан эргэ барарын кытаанахтык тутуһар мусульманнар эр дьонноро сайдан, тупсан иһэллэрэ Россия тустуутун баһылаан сылдьалларынан быһаарыллар. Тустуу диэн күрэхтэһии эр киһи күүһүн, кыаҕын быһаарыыга улахан суолтаны ылар. Күүстээх тустууктара суох буолбут нууччалар мөлтөөн, эстэн эрэр омукка киирсэллэр.

Омугу үлэ эрэ сайыннарар, буолан баран кыайыылаах, ол аата атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэрэ буоллаҕына табыллар. Үлэһит, дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах буор куттаах үлэһиттэр кыайа-хото үлэлээннэр омук сайдыыны ситиһэрин үөскэтэллэр.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ аҕа оруола олус улахан. Бу суолтаҕа аҕа диэн тыл үһүс быһаарыыта ордук табыллар. Ол курдук, оҕо улахан, олоххо уонна үлэҕэ элбэх уопуттаах киһини үтүктэр, батыһар күүһэ аһара улаханыттан хаһан баҕарар аҕа киһини үтүктэрэ ордук күүстээх. Уол оҕолор бэйэлэрин лаппа баһыйар, элбэх уопуттаах киһини холобур оҥостон үтүктэллэрэ элбэҕин уонна туһалааҕын үлэҕэ үөрэтиигэ туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Эр киһи элбэхтик үлэлиириттэн тулуура, туттунар күүһэ улаатар. Ол курдук, үлэ табыллыбата, сатаммата элбэҕиттэн, биир үлэни хос-хос хатылаан оҥоруу ирдэнэриттэн киһиттэн элбэх тулууру уонна туттунар күүһү эрэйэр. Үлэни үлэлээһин уонна түмүгэр тириэрдии киһи тулуурун уонна өһөс санаатын улаатыннаран иһэр.

Аҕа оҕону тулуурдаах буолууга иитэр, үөрэтэр аналлаах. Сахалар оҕо сэттэ сааһыттан тулуура улаатан, биллэн барарын бэлиэтииллэр уонна “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тутуһан оҕону тулуурдаах буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр.

Олус былыргы кэмнэргэ, сэттэ сааһын кэнниттэн оҕоҕо улахан киһи аатын биэрэн иҥэрэллэрэ. Ол курдук, оҕону куруук кыра, таптал аатынан ааттыы сырыттахха улахан киһи өйө-санаата букатын да киирбэккэ, муомуран хаалыан сөп. Нууччаларга “Иванушка-дурачок” буолбута кыччатар аатын дьайыытыттан улахан тутулуктаах.

Күүстээх, кыахтаах эр киһини талан ылыыга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун туһанан икки сүрүн тутулуктар үөскүүллэр:

1. Эр киһи этин-сиинин туругун быһаарыы.

2. Өйө-санаата сайдыыта, үөрэҕи ылыныыта эмиэ быһаарыллар.

Бу икки өрүттэри тэҥнии тутан, икки ардыларынан соҕус түбэһэр быһаарыыны ылыныы дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Ол иһин аймахтары, төрүттэри үөрэтии, төрүччү үөрэҕин туһаныы талан ылыыга таба быһаарыыны булар кыаҕы биэрэр.

Күүстээх, кыахтаах эт-сиин ууһуур кыаҕа элбэҕиттэн үгүстүк оҕолонуон сөп уонна сайдыылаах буор кута хаан аймахтарыгар тарҕанан үлэни кыайааччылар элбииллэрэ ситиһиллэр. Элбэх оҕолордоох аҕа өссө элбэх сиэннэннэҕинэ уонна аймахтара элбээтэхтэринэ бэйэтэ үөскэппит аҕатын ууһун баһылыга, тойоно буолар кыахтанар. “Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун” диэн этиини таба туһанан аҕа ууһун үөскэтиини элбэх уол оҕолору төрөтөн уонна үлэҕэ үөрэтэн ситиһиэххэ сөбүн туһаныы эрэйиллэр.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылар былаастара этэ. Ол иһин урукку олох туһалаах да үгэстэрин суох оҥортообуттара. Аҕа диэн былыргы ааты “папа” диэн куһаҕан дьайыылаах дорҕоонноох тылынан солбуйа сатаабыттарын, ол былаас ордубут тобохторо билигин да салҕаан иһэллэриттэн уларытыы өссө да кыалла илик.

Өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин бырахпыттарыттан “па” диэн дорҕоон киһиэхэ куһаҕан дьайыытын аахсыбаттар. “Па” диэн сахалар саамай сирэр, сиргэнэр дорҕоонноро. Бу дорҕоон куһаҕан дьайыытыттан оҕо аҕатын аанньа ахтыбат, өссө сирэр буолара олохсуйан ыаллар олохторо табыллыбата элбээн иһэр.

Нуучча тылыгар “па” дорҕоонтон “пакость” диэн куһаҕан тыл үөскээн тахсар. Дорҕоон хос хатыланнаҕына дьайыыта өссө күүһүрэр. “Па-па” диэн куһаҕан дорҕоонноох тылы туттубат буолуу сайдан иһэр сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолар.

“Па-па” диэн ааттанар эр киһи санаата түһэр, туохха да кыһанара уурайар, үлэни кыайара мөлтүүр. Эр дьону маннык түһэрэн, намтатан ааттааһыны бэрт былдьаһар, сэбиэскэй былаас кэмигэр көҥүллэринэн барбыт дьахталлар оҕолорунан оҥотторо сылдьаллар. Бу куһаҕан быһыы тохтоотоҕуна эрэ саха омук сайдара ситиһиллэр кыахтанар.

Тыа ыалыгар уот барыыта улахан содулу үөскэтэр, ол иһин сэрэхтээх буолуу улаатара эрэйиллэр. Аҕа диэн ааттаах, улахан эппиэтинэстээх киһи баар буоллаҕына уоттан харыстаныы үлэлэрин толоро сылдьыыны олоххо киллэрии табыллыа этэ.

Аҕа аата-суола үрдээһинэ эр дьон санаалара күүһүрэрин тэҥэ, эппиэтинэстэрин улаатыннаран, аймахтар уонна омук сайдан иһиитин үөскэтэр кыахтаналлар. Онон аҕа, эр дьон омук сайдан иһиитин быһаарар оруоллара олус улаханын таба өйдөөһүн, аҕалары күүһүрдүү эрэйиллэр.

ИЙЭ

Саха тыла киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта олус улахан. Ол курдук хас биирдии дорҕоон дьайыыта киһи мэйиитигэр онно сөп түбэһэр санааны үөскэтэр. Бу дьайыыны быһааран “Саха тыла иччилээх” диэн этэллэр.

Саха буолуу аҕа уонна ийэ диэн тыллартан саҕаланар. Ийэ оҕото саҥа саҥаран эрдэҕинэ: “Миигин ийэ диэн ааттаа”, – диэн этэр, үөрэтэр, сонно толотторор кыаҕа хаһан баҕарар баарыттан оҕо саха буола улаатарын ийэтэ быһаарар.

Улахан иччилээх тылынан ийэ диэн тыл буолар. Оҕо ийэтин ийэ диэн ааттыыр, ыҥырар буоллаҕына, ытыктыыра, этэр тылын истэрэ уонна толороро элбиириттэн үөрэҕин ылынара түргэтиир.

Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр санааны үөскэтэр. Ол иһин саха тыла дорҕоонноруттан үөскээн тахсар санаалары иҥэринэн сылдьарын бэлиэтээн иччилээх диэн этэллэр. Ийэ диэн тыл “и”, “й” уонна “э” дорҕооннортон хомуллан үөскээбит:

- “И” дорҕоон өй-санаа баарын, уларыйарын биллэрэр.

- “Й” дорҕоон өй-санаа хамсыырын, дьайыыны оҥорорун быһаарар.

- “Э” дорҕоон эйэни, көмүскэли биллэрэр.

Бу дорҕооннор суолталарын ийэ диэн тыл холбуу иҥэринэн сылдьар. Оҕо өйүн-санаатын үөскэтэринэн, олохтуурунан Кут-сүр үөрэҕэр, бу ийэ диэн тыл киһи төрүт өйүн-санаатын быһаарар ийэ кутун аатыгар киирбит уонна бары тыынар-тыыннаахтарга баар.

Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ ийэтэ иҥэрэн, иитэн биэрбит үчүгэй үгэстэриттэн хомуллан үөскүүр. Бу кэмҥэ оҕо оҥорор быһыылара сонно үгэскэ кубулуйан өйүгэр-санаатыгар иҥэн иһэллэр. Тугу саҥаны билбитэ, оҥорбута барыта үгэс буолан сонно иҥэллэр. Ол аата оҕо ийэтиттэн ылынан өйө-санаата сайдар.

Бу ийэ кута иитиллэр кэмигэр элбэхтик үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үгэстэннэҕинэ үчүгэй иитиилээх буола улаатар. Оҕо ийэ кутун дьайыыта улааппытын да кэннэ оҥорор быһыытын көннөрө сылдьарыттан киһи быһыылаах буолууну ситиһэр кыаҕа улаатар.

Ийэтэ кыһанан, Кут-сүр үөрэҕин туһанан ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн ииппэтэҕинэ куһаҕаны оҥорон оннук үгэстэрдэнэн хаалыан сөп. Бу кукка мунньуллубут үгэстэр оҕо улааппытын да кэннэ оҥорор быһыытын салайа, көннөрө сылдьаллар. Ол иһин ийэ кут төрүт кут диэн ааттанар.

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэригэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэрин быһаарар этиини куруук туһана сылдьаллар. Ол иһин дьон икки өрүккэ арахсаллара быһаарыллар:

1. Эр киһи. Оҕо төрөттөҕүнэ аҕа диэн ааттанар.

2. Дьахтар. Оҕо төрөппүт дьахтар ийэ буолар.

Дьон бу икки өрүттэрэ биир тылы булунан, ыал буолан холбоһон оҕону, ол аата үһүс киһини төрөттөхтөрүнэ олох сайдан иһэрэ саҕаланар уонна оҕону хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн тутулуктаах ситиһиини, тупсууну оҥорон омук сайдарыгар кыттыһар кыахтаналлар.

Оҕону төрөппүт дьахтар ийэ диэн ааттанара оҕо өйө-санаата ийэ кутуттан улахан тутулуктаах буолан тахсарын биллэрэр. Ол аата ийэ оҕо өйүн-санаатын төрүттээччи, ийэ кутун иитээччи буолара Кут-сүр үөрэххэ этиллэн, бэлиэтэнэн сылдьар.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэринэн киһи өйө-санаата үс кукка арахсар. Ол куттартан төрүт куту ийэ кут диэн ааттыыллара, оҕо өйө-санаата уонна оҥорор быһыыта ийэ кутуттан улахан тутулуктааҕын быһаарар.

Оҕо баар эрэ буоллар улаатан олоххо сайдыыны аҕалыа диэн этии алҕас, тиэтэйии, сыыһа быһаарыыны тутуһуу буолар. Ол курдук, оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр өйө-санаата, араас үөрүйэхтэрэ буор кут диэн ааттаналлар. Буор кут өйө-санаата уонна иитииттэн, үөрэтииттэн ылынар билиилэрэ киһи өйүн-санаатын аҥардаһан сайыннараллар диэн аналлаах үөрэхтээхтэр быһаараллар.

Оҕо өйө-санаата үөскээһинэ уонна сайдыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсар:

1. Атаах оҕо.

2. Көйгө оҕо.

Оҕо иитиитин бу икки өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Оҕо кыра эрдэҕинэ аһара көрөн-истэн, маанылаан, бары баҕатын барытын төрөппүттэрэ тук курдук толорон истэхтэринэ бэйэмсэх, бэлэмҥэ үөрэнэр санаата улаатан хаалыыта атаахтык иитиллибит диэн ааттанар. Оҕо атаахтык иитиллэрэ тулуура, туттунар күүһэ суох буола улаатарыгар тириэрдэрэ үлэни кыайбатын таһынан, сыыһа-халты туттунарын элбэтэн кэбиһэр.

Атаахтык иитиллибит оҕо улаатан да баран төрөппүттэрин бэлэмнэригэр, баайдарыгар сылдьа үөрэнэн хаалан тугу эмэ туһалааҕы үлэлиирэ, оҥороро биллэрдик аҕыйыыр. Атаах кыыс оҕо аймахтар сайдыыларыгар тугу да туһалааҕы оҥорботун Омоҕой Баай атаах кыыһа ыйанан өлөрө кэпсээҥҥэ киирбитэ биллэрэр. (3,22).

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн оҕону ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахтаппакка, үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын тэҥэ, элбэх үчүгэй быһыылары оҥоруон сөп. Оҕо ийэ кутугар иҥмит үчүгэй үгэстэрэ ситиһэ сатыыр баҕа санаатын үөскэтэннэр олоххо оҥорор быһыыларын салайаллар.

2. Үлэҕэ үөрэнии оҕо тулуура, туттунар күүһэ баар буоларын үөскэтэр. Тулуурдаах, туттунар күүстээх, үлэҕэ үөрэммит оҕо көйгө диэн ааттанар. Үлэҕэ үөрэнии диэн төрөппүттэр оҕолоругар иҥэрэн биэрэр тугунан да кыайан кэмнэммэт элбэх баайдара буолар. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит оҕо улааттаҕына бэйэтэ үлэлээн туһалааҕы ситиһэн баайы булунар кыаҕа биллэрдик улаатар.

Ийэ оҕотугар үлэни үлэлииригэр баҕа санаатын үөскэтэр. Оҕо атаҕар туран хаамар буолаат даҕаны сылдьар сирэ кэҥиириттэн ону-маны таскайдыыр санаата улаатар. Бу улааппыт баҕа санааны таба туһанан оҕону үлэҕэ үөрэтэр кыах ийэҕэ эрэ баар. Бу үөрэҕи сахалар “Туһа киһитэ буолуу” диэн ааттыыллар уонна оҕолорун кыра эрдэҕиттэн үөрэтэн туһана сылдьаллар.

Оҕо туһа киһитэ буолан ону-маны илдьэ, аҕалан биэрэ үөрэммитэ бэйэтигэр үлэлииргэ баҕа санааны үөскэтэн кэбиһэрэ ордук туһалаах. Ол курдук, кыра эрдэҕинэ үөскээбит бу баҕа санаата кини улааппытын кэннэ үлэҕэ үөрэнэригэр көмөлөһөн, сирдээн биэрэр кыахтанар.

Оҕо төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин удьуордаан уонна өйдөрүн-санааларын; куттарын, сүрдэрин уонна араас үөрүйэхтэрин утумнаан төрүүр. Ол иһин төрөппүттэр ити туһалаах хаачыстыбалара барылара оҕолоругар бэриллэрин билэн, эрдэттэн олору тупсара сылдьаллара уонна ыал буолууга эр киһини таба талан ылыыны туһаналлара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Кут-сүр үөрэҕин билэр сахалар киһи буор кута, араас үөрүйэхтэрэ оҕолоругар бэриллэн иһэллэрин билэллэриттэн үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэллэр, онтон куһаҕан быһыылары оҥорботтор, ол аата куһаҕан үгэстэнэн, үөрүйэхтэнэн хаалбакка кыра эрдэхтэриттэн кыһаналлар.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта икки өрүттээх тутулуктаах:

1. Оҕо төрөппүттэриттэн, төрүттэриттэн бэриллэн иһэр өйө-санаата буор кута уонна араас үөрүйэхтэрэ буолаллар.

2. Оҕо ийэ кутун иитиитэ, үөрэҕи ылыныыта.

Бу икки өрүттэр хардары-таары оҕо өйүн-санаатын 50-чаҕа тиийэр бырыһыанын ылыахтарын сөп диэн үөрэхтээхтэр ааҕаллар. Сахалар ол иһин оҕону төрөтүүгэ ыал буолуу үгэстэрин тутуһаллар. Оҕо төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр өйө-санаата; буор кута уонна араас үөрүйэхтэрэ киһи буолууну ситиһэригэр улахан суолталаахтарын билэн эргэ тахсар кыыс күтүөтү таба талан ылыыны туһана сырыттаҕына табыллар.

Оҕо ийэ кута ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, тугу саҥаны билбитин үгэс оҥостунан иһэрэ олус түргэн. Ол иһин оҕо ийэ кута иитиллэр, ол аата бэлэм, үчүгэйдэрэ быһаарыллыбыт билиилэринэн, үчүгэй үгэстэринэн толоруллан иһэллэрэ туһалаах диэн Кут-сүр үөрэҕэр этиллэр.

Иитии диэн төрөппүт эбэтэр иитээччи бэлэм билиини, үчүгэй быһыыны үтүгүннэрэн үөрэтэн, үгэс оҥорон иҥэрэн биэрэрэ ааттанар. 5 эбэтэр 6 сааһыттан оҕо умнубат буолара улаатан үөрэнэрэ саҕаланар. Ол аата бу кэмтэн оҕо салгын кута үөскээн сайдан барар.

Ийэ кут иитиллэр, онтон салгын кут үөрэнэр. Салгын кут сайдан иһиитэ оҕо умнубат буолуута үөскээбититтэн биллэр. Бу кэмтэн саҕалаан оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэ үөрэнэрэ эрэйиллэр. Ол курдук, маннык оҥордоххо табыллыбат, ол аата куһаҕан буолар. Куһаҕаны хатылаан оҥорбокко, атыннык оҥорон тупсардахха табыллан үчүгэй буолуон сөбүн туһаныллар.

Оҕо ийэ кутун иитиитэ бэйэтэ икки өрүттэнэн тахсарыттан, атаах уонна көйгө диэн арахсалларыттан төрөппүттэр олус кыһанан оҕо иитиитинэн дьарыктаналлара эрэйиллэр. “Киһини санаата салайар” диэн сахалар этэллэр. Ол иһин оҕоҕо, киһиэхэ тугу эмэ ситиһэ сатыырга баҕа санаа баара аан бастаан эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үгэстэргэ иитилиннэҕинэ, бу үгэстэрэ баҕа санаа буолан инники диэки сирдииллэр. Киһи ол баҕа санаатын ситиһээри кыайбатын да кыайан кэбиһиэн сөп.

Оҕо ону-маны көрө охсоору тиэтэйэр санаатыттан көрдүүрүн төрөппүт тук курдук толоро охсон биэрбэккэ, кэтэһиннэрэн, баҕа санаатын үөскэтэн биэрэрэ улахан туһаны оҥорор. Кыра эрдэхтэринэ баайдара аҕыйаҕыттан кырыымчыктык улааппыт оҕолор улаатан баран үлэни кыайаллара элбээн ситиһиилэри оҥороллоро ити, баҕа санаа үөскээһинин уонна туһалаах дьайыытын быһаарар. Ол аата кыра эрдэҕинэ дьадаҥы, онто-манта тиийбэт оҕо байарга, олоҕун тупсарарга улахан баҕа санааны үөскэтинэрэ улааппытын кэннэ ситиһиини оҥороругар туһалыыр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥороннор дьон салайааччылар эппиттэрин эрэ толоро үөрэнэн хаалбыттара. Остуоруйаларга элбэхтик кэпсэнэр көйгө оҕо туһунан истиэхтэрин да баҕарбат буолуулара үөскээбитэ.

Үлэһиттэр пиэнсийэлэрэ, хамнастара сөп түбэһэринэн олохторо көммүт курдук санааларыттан оҕолорун атаахтанан иитэллэрэ элбээбитэ. Бу оҕону иитиигэ халыйыы үөскээһинигэр салайар партия “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыта тириэрдибитэ.

Ийэни “мама” диэн ааттааһыны нууччалары үтүктээччилэр киллэрэ сатыыллар. “Маа” диэн дорҕоон ынах маҥырыыр, баарын биллэрэр дорҕооно буолар. Оҕо ийэтин “ма-ма” диэн ааттыыр буоллаҕына бэйэмсэх, мин эрэ баарбын диэн биллэрэр санаата улаатан хааларыттан атаахтыыра аһара барыан сөп.

Ийэ оҕотугар бэйэтин ийэ диэн ааттатар кыаҕа олус улахан. Аан маҥнайгы саҥарар тылларын оҕо ийэтин көмөтүнэн саҥара үөрэнэр. Ол иһин оҕо сахалыы саҥаны баһылаан улаатара ийэлэртэн, дьахталлартан быһаччы тутулуктаах. Оҕолор сахалыы саҥараллара аҕыйаан иһиитигэр дьахталлар быһаччы буруйдаахтар.

Оҕо ийэтэ этэрин истэрэ, толороро элбэх. “Субу кэмтэн миигин ийэ диэн ааттаа” диэн оҕотугар этэр кыаҕа хаһан баҕарар баар. “Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэн этии тыл атын киһиэхэ түргэнник тиийэр дьайыытын биллэрэр. Ол аата этиллибити сонно толорор кыах дьоҥҥо хаһан баҕарар баар.

Онон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ, өйүн-санаатын сайыннарыыга ийэ ылар оруола олус улаханын таба сыаналааһын уонна олоххо туһана сылдьыы эрэйиллэр.

ЭБЭ

Эбэ диэн улахан күөлү, өрүһү ытыктыылларын биллэрэн сахалар ааттыыллар. Киһи айылҕаттан саамай улахан тутулугунан иһэр уу уонна аһылык буолар. Күөлтэн, өрүстэн аһылык булуллар, иһэр уу ылыллар. Олус былыргы кэмнэргэ сүөһүлэрэ суох дьон улахан күөллэри булан балыктаан аһыыллара биллэр.

Сахаларга айылҕаттан улахан тутулук баара, бу эбэ диэн аакка иҥэн сылдьар. Бу аат эбэ аһатар уратыта элбэҕин быһаарар. Ону тэҥэ, эбэ улахан уопуттаах дьахтар буолан сиэнин көрүүгэ-истиигэ уонна ийэ кутун иитиигэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиигэ ылар оруола аһара үрдүгүн биллэрэр.

Эдэр төрөппүттэргэ оҕолоро аһара үчүгэйиттэн күннэригэр тэҥнэнэн хааларынан туох баҕарбытын барытын сонно тута толоро сатааһыҥҥа оҕустаран хаалыахтарын, ол иһин атаахтатан кэбиһиэхтэрин сөп. Бу кэмҥэ улахан уопуттаах эбэ оҕо көрүүтүгэр, өйө-санаата сайдыытыгар, ийэ кута иитиллэригэр улахан көмөнү оҥорор.

Кыһыл оҕо көрүүтүгэр-истиитигэр былыр-былыргыттан хам суулаан илдьэ сылдьыы уонна утутуу үгэһэ туттуллара аныгы кэмҥэ араас таҥастар элбээннэр хаалан сылдьара оҕо өйө-санаата, буор кута үөскээһинигэр сөп түбэспэт. Мин бу үгэс оҕо мөхсүбэккэ утуйарга үөрэнэригэр ураты туһалааҕын туһунан Кут-сүр үөрэҕин көмөтүнэн кылгас быһаарыылары биэрэр кыахтанным.

Урукку кэмҥэ кыра оҕону алта ыйыгар диэри хам суулаан утуталлара. Эбэ хайдах суулууру көрдөрөн биэрэрэ онно көмөнү оҥороро. Кыра оҕо моонньо кэбирэх, төбөтүн кыайан уйумматыттан өйүү тута сырыттахха эрэ табыллар. Хам суулааһын көтөҕөргө, илдьэ сылдьарга улахан туһаны оҥорор.

Оҕо кыратыттан араас хамсаныылары оҥороруттан буор кута сайдан, уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатан иһэрин тэҥэ, утуйа сытан мөхсүбэтэ ордук туһалаах. Ол иһин кыра эрдэҕинэ хам суулаан утутуу оҕо утуйа сытан мөхсүбэт буоларын үөскэтэн улахан туһаны оҥорорун маннык ааҕыахха сөп:

1. Утуйа сытан мөхсүбэт, эргичиҥнээбэт.

2. Улаатан иһэн суорҕанынан саптан холкутук утуйар.

3. Оронуттан сууллан түһэрэ суох буолар.

Оҕо утуйа сытан мөхсүбэт буоларыгар кыһыл оҕо эрдэҕинэ хам суулаан утутуу, илдьэ сылдьыы үгэс буолан иҥэн туһалыыр. Ол аата утуйа сытан мөхсүбэт буоларыгар кыра эрдэҕинэ хам суулаан утутуу үгэһи үөскэтэн үөрэтэн кэбиһэр.

Билигин кыра оҕо араас таҥастара элбээннэр хам суулаан илдьэ сылдьары, утутары букатын быраҕан сылдьаллар. Ол иһин оҕо улаатан иһэн элбэхтик мөхсөрүттэн суорҕанынан кыайан саптан утуйбакка эрэйдэнэрэ үөскээн хаалар.

Киһиэхэ утуйа сытан мөхсүбэт буолуута элбэхтик туһалыыр. Ол курдук киһи утуйдаҕына температурата намтыырынан тоҥон, тымныйан хаалыан сөп. Ол иһин утуйбут киһини тугунан эмэ сабан биэрэри куруук туһаналлар. Оҕо утуйа сытан суорҕанынан сабынара тымныйан хааларыттан харысхала буолар.

“Кыһыл оҕо курдук утуйар” диэн утуйа сытан букатын мөхсүбэт, үчүгэйдик утуйар киһини этэллэр. Оҕону кыһыл оҕо эрдэҕинэ хам суулаан утутуу утуйа сытан мөхсүбэт буоларыгар үөрэтэрэ ити этииттэн быһаарыллар.

Кыра оҕо аччыктаатар, туга эмэ табыллыбатар эрэ ытаан биллэрэн иһэр. Түргэнник аһатан биэрдэххэ уоскуйар. “Оҕо ытаан-ытаан улаатар” диэн өс хоһооно оҕо ытыырыгар кыра эмэ туһа баарын биллэрэр. Ол курдук, оҕо күөмэйэ ытаатаҕына дьарыктанар, эрчиллэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ ону-маны көрдүүрэ эбиллэр. Төрөппүттэр ону тук курдук толоро охсон иһэр буоллахтарына, оҕо онно үөрэнэн көрдүүрэ өссө эбиллэн иһэрин таһынан, бэйэмсэх буолара улаатыан сөп. Ол иһин оҕо көрдөөбүтүн барытын толоро охсон биэрбэккэ, кэтэһиннэрэн, тугу баҕарбытын бэйэтэ булунар баҕа санаатын үөскэтэн баран биэрдэххэ, кэлин улаатан баран бэйэтин баҕа санааларын толорор кыахтаныан сөп.

Оҕо улаатан иһэн элбэхтик аһыырын сөбүлүүр. Ол курдук, улаатыы элбэх аһылыгы эрэйэриттэн үгүс минньигэс астары астыыр кыахтаах эбэ оҕоҕо олус туһалаах, үчүгэй киһиэхэ кубулуйар.

Араас элбэх минньигэс уонна тотоойу астары астыырга үөрэммит эбэ оҕолор таптыыр, сөбүлүүр эбэлэрэ буолар. Ийэбит балтын элбэх оҕолоро Лөкүө эбэбитин “Алаадьы эбэ” диэн ааттыыллара. Сайылыкка көһөн тахсан бииргэ олоруу кэмигэр эбэ алаадьылаан сиэннэрин барыларын тото аһатара хос аат буолан иҥэн хаалбыта.

Элбэх сиэннэри аһатарга, тоторорго үгүс үлэ эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан кыайар үлэлэрин үлэлии үөрэнэрэ элбэх оҕолоох ыалга ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Үлэлии үөрэнии аан маҥнай соруйууну, ыйыыны толорууттан саҕаланар. Элбэх сиэннэрдээх эбэ оҕону табан соруйууну үгүстүк туһаннаҕына табыллар. “Ону аҕал”, “Маны уур”, “Бу курдук оҥор” диэн соруйуулары оҕо толоро үөрэнэрэ туһа киһитэ буолан үлэни табан үлэлииригэр көмөлөһөр.

Эбэ диэн аҕа уонна ийэ ийэлэрэ ааттанар. Ол аата оҕо икки эбэлээх буолар. Оҕо аҕатын араспаанньатын ылынара улаатан истэҕинэ ийэтин аймахтарыттан арыыйда тэйиччи буолан хааларын үөскэтэр эрээри, ийэ бэйэтин аймахтарын кытта чугастыы сыһыанын тутуһа сырыттаҕына оҕо билэрэ үөскүүр.

Эбэ диэн аат олоххо улахан уопуттаах дьахтары биллэрэрэ оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр ордук табыллар. Олоххо элбэх уопуттаах буолуу хаһан баҕарар оҕо үтүктэн үөрэнэригэр туһалыы сылдьар. Ол курдук, оҕо маҕан баттахтаах киһи этэрин ордук болҕойон истэрэ уонна толороро биллэриттэн эбэ оҕону үөрэтэр күүһэ улаатар.

Оҕо иитиитэ, көрүүтэ-истиитэ диэн элбэх үлэттэн уонна билииттэн ситиһиллэр үлэ буолар. Эбэ кыра сиэнин көрүүтүгэр-истиитигэр уонна ийэ кута иитиллэригэр биллэр көмөнү оҥордоҕуна оҕо ийэ кутугар үгэс буолан хаалыан сөп. Бу үчүгэй үгэс дьайыытыттан эбэ кырдьыбытын кэннэ сиэнигэр бэйэтин көрдөрөр, көмөлөһүннэрэр кыаҕа улаатыан сөп. Ол курдук, оҕо ийэ кутугар иҥмит үгэстэрэ, өйдөбүллэрэ хаһан да умнуллубаттар.

Үчүгэй эбэ туһунан учуонай Б.Н.Попов маннык суруйар:

- “Эбэ диэн кэргэнниилэргэ саамай улахан өйөбүл, тирэх. Ырыаһыт, остуоруйаһыт, көрү-күлүүнү тэрийээччи кини, таҥаһы-сабы бэрээдэктээччи кини, аһы-үөлү бэлэмнээччи кини, сиэргэ-майгыга уһуйааччы кини”. (6,60).

Эдэрдэр кырдьыбыт, туһата суох курдук буолбут төрөппүттэрин быраҕан кэбиһэллэр диэн этиилэр элбэхтик иһиллэллэр. Бу түктэри быһыылар оҕо кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллэн, бэйэмсэх буолан хааларыттан билигин ордук элбээтилэр. Ону тэҥэ, бу быһыы үөскээһинигэр кыра оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр кырдьаҕас киһи кыттыспатаҕа биллэн тахсар.

Сахаларга “Иитиллэр иэстээх” диэн оҕону иитии, улаатыннарыы элбэх иэһи үөскэтэрин быһаарар этии баар. Оҕо улаатан бэйэтэ үлэһит буолуор диэри төрөппүттэригэр улахан иэскэ киирэрин, бу этии биллэрэрэ улахан суолталаах. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн, бу иэс хайдах үөскүүрүн билэ сылдьара эрэйиллэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр барыны бары босхо оҥоро сатааннар, бу иэһи суох курдук көрдөрө сылдьыбыттара.

Эбэ төрөппүт оҕотун көрөн-истэн улаатыннарбыт, киһи буолууну ситиһиннэрбит, үлэҕэ үөрэппит уопуттааҕыттан, сиэннэрин иитиигэ, үөрэтиигэ көмөлөһөр, ыйан биэрэр кыахтанар уонна бэйэтэ кырдьар, мөлтүүр сааһыгар сөптөөх көрүүнү, көмөнү ылыан сөп.

Онон эбэ диэн олоххо элбэх уопуту мунньуммутунан туһанан сиэнэ оҕо ийэ кутун иитиитигэр кыттыһара уонна олох туһалаах үгэстэригэр иитэрэ, үөрэтэрэ эрэйиллэр.

ЭҺЭ

Сахалар айылҕаны кытта тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар омуктарга киирсэллэр. Ол иһин айылҕаны кытта быһаччы тутулуктаах тыллары туһана сылдьаллар. Эһэ диэн тыл айылҕа эһэтин аан бастаан биллэрэринэн дьону айылҕаны кытта холбуу сибээстиир суолтата оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэр.

Былыргы дьыллар быдан мындааларын иннинэ сорох дьон эһэттэн үөскээн тарҕаммыт буолуохтарын сөп. Ол курдук, эһэҕэ маарынныыр халыҥ эттээх-сииннээх, сыаны түргэнник мунньунар уонна лаппаҕар атахтаах, күүстээх дьон элбэхтэр. Ону тэҥэ, былыргы үһүйээннэргэ ахтыллар эһэ дьахтары тыыппатын туһунан кэпсээннэри билэбит.

Саха тылыгар бары тыынар-тыыннаахтар оҕолоро биирдик оҕо диэн ааттаналлар. Онтон улаатан, өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан истэҕинэ иитии, үөрэтии көмөтүнэн ким, хайа оҕото буолара эбиискэ быһаарыллан этиллэрин тэҥэ, киһи оҕото киһи буолууну ситиһэн өйө-санаата сайдара, тупсара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол аата киһи оҕото, эһэ оҕото, бөрө оҕото диэн улааппыттарын, өйдөрө-санаалара сайдыбытын, бэйэлэрин уратыларын билиммиттэрин кэнниттэн тус-туспа арахсан араарыллан ааттаналлар.

Эһэ диэн айылҕа улахан, уордаах кыыла ааттанар. Бу кыыл оҕотун кытаанахтык тутарын, үөрэтэрин туһунан булчуттар кэпсииллэр. Ол курдук, бултуу барарыгар оҕото батыспатын, эккирэппэтин диэн улахан маһынан баттатан кэбиһэр үһү. Ону тэҥэ, таһыйан сарылатарын истэллэр эбит.

Оҕо эһэтэ эһэ диэн ааттанара ити үөрэтии дьайыытын уратытыттан улахан тутулуктаах. Ол курдук, оҕону бэрээдэккэ, тулуурдаах буолууга, үлэҕэ үөрэтэр киһи этэрин истиигэ үөрэтии ханнык эрэ ыгааһыннаах, баттааһыннаах буоллаҕына эрэ табыллара эһэ диэн тылынан этилиннэҕинэ ордук улаханнык туһалыыр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар бэрээдэги тутуһууга үөрэнии улахан эрэйдээх, ыараханнык ситиһиллэр уонна ханнык эрэ сорудаҕы этиллибит курдук толоруу элбэх тулуурдаах буоллахха эрэ кыаллара хаһан да уларыйбат.

Кыра эрдэҕинэ буруйу оҥорбут оҕону муннукка туруоруу, буруйу оҥорбутун билиннэрии билигин даҕаны туттулуннаҕына табыллар. “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһооно этэрэ сахалар үөрэхтэрэ оҕону хайдах иитэри, үөрэтэри дириҥник быһаарарын сайдан иһэр аймахтар туһаннахтарына табыллар.

Олоххо улахан уопуттаммыт, элбэх билиилээх кырдьаҕас киһи-эһэ, оҕону бэрээдэккэ, араас быраабылалары тутуһарга иитэр, үөрэтэр күүһэ улаханын туһанарга эһэ диэн аата ыҥырар суолталаах.

Оҕо улаатан иһэн бэрээдэккэ үөрэнэрэ, араас быраабылалары тутуһа сылдьара, киһи быһыытын таһынан барбата хайаан да эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Эһэ бэйэтин олоҕун элбэх уопутун туһанан туһалаах үгэстэргэ, бэрээдэккэ оҕону иитэр, үөрэтэр күүһэ улаатарын оҕо иитиитигэр туһаннахха табыллар.

Ыал биир эмэ оҕото кыра оҕону көрүүнү-истиини билбэккэ, көрбөккө эрэ улаатар. Оҕо баар эрэ буоллар үөрэҕи ылыныа диэн арҕааҥҥы омуктар сымыйа үөрэхтэрин итэҕэйии оҕо иитиитин улаханнык халытан сылдьар. Кинилэр өй-санаа үөрэхтэрэ киһи биир куттаах, “душалаах” диэн этиини тутуһарыттан оҕо ийэ кутун иитии диэн үөрэҕи букатын билбэттэриттэн көтүтэн, хаалларан кэбиһэллэриттэн кыра эрдэҕинэ оонньуунан эрэ дьарыктыы сатыыллар.

Бу сымыйа, киһи өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэспэт үөрэҕи үтүктэ, батыһа сатааһынтан оҕо ийэ кутун иитии диэн сахалар туһалаах үөрэхтэрэ хаалан сылдьарын туһаныы ирдэнэрин мин Кут-сүр үөрэҕин саҥалыы үөрэтэн олоххо киллэрдим.

Сахалыы Кут-сүр үөрэҕин оҕону иитиигэ туһаныы оҕо атаахтык иитиллэрин суох оҥорор уонна үлэҕэ үөрэтиини бастакы миэстэҕэ таһааран үлэни кыайар дьону элбэтэн омугу сайыннарарга туһалыыр. Олоххо уопутурбут кырдьаҕастар, эһэлэр бу үөрэх туһатын билэн-көрөн эдэрдэргэ тириэрдэллэрэ эрэйиллэр.

Улаатан иһэннэр кыра оҕо диэни көрбөтөх эдэрдэр ыал буолан бэйэлэрэ оҕолонон бараннар оҕо бары баҕатын толоро сатааннар атаахтатан кэбиһэллэрэ элбиир. Ол иһин олоххо элбэх уопуттаах эбэ уонна эһэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ кыра эрдэхтэриттэн кыттыһан, көрдөрөн, көмөлөһөн биэрэллэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Оҕо кырдьаҕас киһиэхэ көмөлөһөр санаата элбиир. Саҥа атаҕар туран хаампыт, сылдьар сирэ кэҥээбит оҕо ону-маны сосуһарын, таскайдыырын сөбүлүүр. Бу кэми аһаран кэбиспэккэ ону-маны соруйан, оҥотторон эһэ оҕону “Туһа киһитэ” оҥорон үлэҕэ үөрэтэрэ ордук табыллар. Ону тэҥэ, оҕо уопуттаах, элбэҕи билэр киһини үтүктэр, батыһар кыаҕа улаатара онно туһалыыр. Оҕо эһэтин курдук буолар баҕа санаата үөскээтэҕинэ киһи буолууну ситиһэр, киһилии быһыыланар уонна майгыланар кыаҕа улаатар.

Эһэтэ үөрэтэр сиэнэ киһи буолууну эрдэлээн ситиһэр кыахтанар. Ол курдук, араас үөрэҕи, билиини улахан уопуттаах киһиттэн ылыныы үөрэх ситиһиилээх буоларыгар тириэрдэрэ ону үөскэтэр. Оҕо улаатан киһи буолууну ситистэҕинэ салгыы олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа улаатар.

Улаатан иһэр оҕо тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар кыахтаннаҕына киһи буолууну ситиһэр. Киһи буолууну ситиспит оҕо бэйэтэ саҥа ыалы тэрийэн оҕо төрөтөн иитэр, үөрэтэр кэмэ кэлэр. Дьон олоҕор бу бэлиэ кэм хойутаабакка; кыыс оҕоҕо этэ-сиинэ ситэрин кытта кэлэрэ эрэйиллэр, онтон уол ыал буолуон иннинэ элбэхтик үлэлээн буор кутун сайыннаран биэрэрэ эмиэ туһалаах.

Оҕону иитии уонна үөрэтии үөрэҕэ үйэлэргэ уларыйбат. Ол курдук, оҕо ийэ кута иитиллэрэ ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕаланар уонна 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар. Бу кэми аһардан кэбиспэккэ үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэриини бары төрөппүттэр оҥоро сылдьыахтара этэ.

Киһи ийэ кута төрүт кут диэн ааттанар уонна киһи оҥорор быһыыларын барыларын салайыыга бэйэтэ да билбэтинэн кыттыһа сылдьар. Бу уратыны киһи саҥа оҥорор быһыытын урукку иҥэн сылдьар үгэһигэр тэҥнээн көрөрүттэн быһаарыллар. Ол иһин оҕо ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитии сахаларга бастаан иһэр.

Ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллэн, киһи буолууну ситиспит оҕо олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. Былыргы ыаллар эбэлэрин, эһэлэрин кытта бииргэ олорор этилэр. Маннык бииргэ олоруу төһө да эрэйдээҕин иһин, оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, олоххо элбэх уопуттаах кырдьаҕастар этэр тыллара, биэрэр сүбэлэрэ улаатан эрэр оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар кыахтара улаатар.

Оҕону иитиигэ туһаныллар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно тулуурга, бэйэни туттунарга уонна күүстээх, өһөс санаалаах буолууга иитэр, үөрэтэр күүстээх. Оҕо төрөппүттэрин туохха барытыгар баһыйар буола улаатарын, бу өс хоһооно үөскэтэр.

Оҕо тулуурдаах, туттунар күүстээх буоларыгар маннык этэн үөрэтиилэр туһалыыллар:

- “Аһара барыма” диэн этэн оҕону үөрэтии туттунар күүстээх буоларын үөскэтэр. Ол курдук, ытааһын да, үөрүү да аһара барбатахтарына эрэ киһи быһыытыгар сөп түбэһэллэр. Туохха барытыгар киһи быһыытын аһара барыы табыллыбаты элбэтэр.

- “Тохтоо” диэн этии субу оҥоро турар быһыыны тохтотору, уларытары модьуйарынан оҕоҕо туһата суоҕу, сыыһаны оҥорууну тохтотунар, туттунар күүһү үөскэтэн тулууру улаатыннарар үөрэх буолар. Бу үөрэх үөрэтэр, такайар киһи этиитин истэргэ уонна толорорго үөрэтэрэ ордук улахан туһалаах.

- “Кэтэс” диэн этэн оҕону кэтэһэргэ, туох барыта кэмигэр кэлэрин күүтэргэ үөрэтии тулуурун улаатыннарар, өйүн-санаатын уларытан сааһылыырыгар көмөлөһөр үөрэх буолар. - “Тиэтэйимэ, ыксаама” диэн үөрэх оҕо сыыһа-халты туттунарыттан харыстыыр аналлаах. Оҕону үөрэтии саамай уустуга сыыһа-халты туттубатыгар үөрэтии буолар. Ол курдук, оҕо тугу эмэ оҥороругар куруук тиэтэйэр, ыксыыр санаата баар буоларыттан көмүскэллээх, харысхаллаах буолара табыллар.

- “Киһиргээмэ, дэбдэйимэ” диэн этии оҕо өйө-санаата аһара барарын тохтотууга аналланан улахан туһаны оҥорор.

- “Көрсүө, сэмэй буол” диэн үөрэтии оҕо туохха барытыгар урутаан түһэн иһэр майгынын аҕыйатар, хааччахтыыр. Ол иһин оҥорор быһыытын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр уонна сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар аналлаах үөрэх буолар.

Олоххо элбэх уопуттаах киһи, эһэ оҕону сыыһа-халты туттубатыгар үөрэтэр күүһэ улахан. Оҕо улаатан иһэн сыыһа-халты туттубатаҕына эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар билэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ эһэ үөрэҕин туһана сылдьаллар.

Онон эһэ үөрэҕэ диэн оҕоҕо тулуурдаах буолууну, тохтотунар күүһү иҥэрэн биэрэргэ уонна бэрээдэги тутуһан үлэни табан үлэлииргэ үөрэтэр аналлаахтар.

ОҔО АЙМАХТАРЫ ЭЛБЭТЭР

Оҕо ийэлээх уонна аҕалаах буолан аймахтары икки төгүл курдук элбэтэн иһэр. Ол курдук, оҕо аҕатын уонна ийэтин аймахтара бары кини хаан аймахтарынан буоланнар ахсааннара эбиллэн иһэллэр. Онно эбии эбэтин уонна эһэтин аймахтара эбиллэннэр киэҥ аймахтар буолан тахсаллар.

Аҕыйах ахсааннаах омуктар бары кэриэтэ аймахтаһыылара чугаһаан биир аймах буолан иһэллэр. Бу уратыны туһанан элбэх ахсааннаах омук аҕыйах ахсааннаах кыра омугу кыараҕас сиргэ хаайан сотору симэлитэр кыахтанарын баһылыыр омуктар туһана сылдьаллар. Кыра омугу туспа олордуу, резервацияҕа хаайыы мөлтөөн-ахсаан барыытын үөскэтэн симэлийэрин түргэтэтэр.

Омук симэлийиитэ диэн аҕыйах ахсааннаахтар элбэхтэргэ булкуллан, омуктара уларыйан хаалыыта ааттанар. Сахалар “Тыал буолбуттар” диэн этиилэрэ симэлийэн хаалбыт омуктар былыргы кэмнэргэ элбэх эбиттэрин быһаарар.

Сэбиэскэй былаас биир, нууччалыы саҥарар омугу үөскэтэ сатаан кыра омуктары эһэр, симэлитэр суолу тутуспута. Ол иһин кыра омуктары былыргыттан үлэлиир үлэлэринэн арааран олохтоон атын сиргэ баралларын боболлоро, туспа үлэҕэ ылбаттара.

Сахалар төрүт дьарыктарынан тыа сирин үлэлэрин ааҕаннар бары, ол үлэлэри үлэлииллэрин олоххо киллэрбиттэрэ. Тыа сирэ сайдарын туһугар диэн ааттаан элбэх көмөнү оҥороллоруттан үөрэн уонна салайар былаас кэтэх, кистэлэҥ санаатын билбэттэриттэн, бу былааһы “үчүгэй” курдук саныыллара үөскээбитэ.

Омук олоҕор аймахтаһыыны үөскэтии кэлин тиһэҕэр эстиитигэр, симэлийиитигэр тиийэн хааларын, бэйэлэрин эрэ үөрэхтэрин туһаннаран кистии, саба сатыыллара.

Уһуннук биир сиргэ олорууларыттан тыа дьонун аймахтаһыылара чугаһаан барбыта. Аймахтары аан бастаан аҕаларынан ааҕан тутуһа сылдьалларыттан тыа сирин дэриэбинэлэрин олохтоохторо бары кэриэтэ, ийэлэринэн аймахтыылара өссө чугаһаабыта.

Ыаллар бары кэриэтэ уол оҕолонуохтарын баҕара саныыллар. Бу санаа төһө да үчүгэйин иһин кыыс оҕолору намтатар, туһалара аҕыйаҕын курдук сыыһа санааны үөскэтэрин ыал буолуу үгэстэрэ дакаастаан дьоҥҥо тириэрдэллэр. (7,52).

Кытай ыалларыгар биир оҕолонуу нуорматын киллэрбиттэригэр оҕолоро уол буолуон бары кэриэтэ баҕараллара биллэн тахсыбыт. Ол иһин уолаттар элбээн хаалыылара үөскээн сылдьар.

Уол оҕо бэйэтин аймахтарын элбэтэн аҕатын сайдыылаах буор кутун салгыы тарҕатар кыахтанар. Бу быһаарыы бастаан иһэринэн уол оҕолору ыаллар ордук сыаналыыллар. Уол оҕо төрүүрэ эр киһиттэн улахан тутулуктааҕын аныгы наука геннэри үөрэтэн быһаарбыта. Күүстээх, кыахтаах эр киһи элбэх уолаттары төрөтүөн сөп. Былыргы кэмнэргэ аҕа уустарын баһылыктара оннук кыахтаах эр дьон эбиттэр.

“Кыыс омук анала” диэн өс хоһооно олус былыргы да кэмҥэ үөскээтэр кыыс аналын билигин да табатык быһаарар. Ол курдук, кыыс атын аймахтарга эргэ баран кинилэри элбэтэрэ, сайдыылаах буор куттарын тарҕатара хаһан да уларыйбат.

Кыыс бу анала төрөппүттэригэр туһалыырын туһугар эргэ барарыгар энньэлээх буоларын ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар. Ол аата ыраас кыыс оҕо ыалы тэрийэн аймахтары сайыннарар, сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэр кыаҕын туһаныы буолар.

Киһи атыттарга маарыннаабат, оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр биллэр уратылара былыргы төрүттэриттэн улахан тутулуктаахтар. Ол уратылар манныктар: 1. Этин-сиинин уратылара.

2. Өйүн-санаатын уратылара.

Бу уратылары арыыйда кэҥэтэн быһаарыахпыт:

1. Эт-сиин уратылара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиилэрэ удьуордааһын диэн ааттанар. Киһи тас көрүҥэ, уҥуохтара, быччыҥнара уонна ис уорганнара барылара этин-сиинин уратыларыгар киирсэллэр. Күүстээх эр киһи оҕолоро күүстээх буолан төрүүллэрэ ону биллэрэр. Ону тэҥэ, этин-сиинин уларыппыт араас ыарыылара, бодоҥноро оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр эмиэ бэриллэн иһэллэр. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин туһанан мөлтөхтөрү эрдэттэн туоратыыны сахалар туһаналлар.

2. Өй-санаа уратылара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ утумнааһын диэн буолар. Оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр өй-санаа уратылара икки аҥы арахсаллар:

а. Үс куттарыттан биир эрэ кута, буор кута оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр.

б. Атын үөрүйэххэ кубулуйбут өйө-санаата, майгынын уратылара уонна сүрэ утумнаан салгыы бэриллэллэр.

Киһи бу уратыларын туһалаах, үчүгэй өрүттэрэ аймахтар сайдан иһиилэрин үөскэтэллэр, онтон куһаҕан, буортулаах өрүттэрэ сайдыыны төттөрү тардаллар. Ол иһин ыал буолааччылар саҥа билсиһэн эрэр кэмнэриттэн төрүччү үөрэҕин туһанан күтүөт киһи бары уратыларын үөрэттэхтэринэ табыллар. Бу үөрэтии көмөтүнэн эр киһини таба талан ылыы үгэс буолан туттулла сылдьарынан, таптал диэн аналлаах тылы үөскэтэн туһаналлар. Таптал диэн тыл ыал буолууга анаан эр киһини таба талан ылыыны биллэрэр суолталаах.

Удьуордааһын уонна утумнааһын уратылара кыыс оҕо эргэ барыан иннинэ туга да биллибэт эр киһини кытта сылдьыһарын тохтоторун ирдииллэр. Манна айылҕа бэйэтэ көмөлөһөн аналлаах чараас бүрүөһүнү кыыс оҕоҕо оҥорон биэрбитин ыал буолуохха диэри харыстааһын эрэйиллэр.

Төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буор куттаах буолан төрүөхтэрин баҕарар уол аймахтара кийииттэрэ ыраас кыыс буоларын ирдиир кыахтаахтар. “Төрүт-уус ыаллар” бэйэлэрин сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэр баҕа санаалара Кут-сүр үөрэҕин биллэхтэринэ өссө улаатар.

Ыал буолууга кыыс оҕо бастаан иһэр оруоллаах. Ол курдук, ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһи сайдыылаах буор кутун ылыммыт оҕону төрөтөрүнэн аймахтар, омук сайдарыгар ылар оруола аһара үрдүүр. Эргэ тахсар сааһын туолбут кыыс ыалы тэрийэргэ аналлаах баайын-малын, ол аата энньэтин мунньунан баран күтүөттүү кэлэр эр дьону талан ыларын саҕалыыр. Ол аата кыыс оҕо аан бастаан сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтөн баран салгыы үөрэҕинэн, үлэнэн дьарыктанара айылҕатыгар сөп түбэһэр.

Ыал буолууга эр киһини таба талан ылыыга этин-сиинин уонна өйүн-санаатын уратыларын аан бастаан төрүччү үөрэҕин туһанан дириҥник үөрэтии эрэйиллэр. Эдэр кыыс оҕо олоҕун уопута суоҕунан, бу талан ылыыга кыыс төрөппүттэрэ бэйэлэрин олохторун уопутун туһанан көмөлөһөллөрө хайаан да эрэйиллэр.

Кыыс оҕо эргэ тахсарыгар төрөппүттэрэ сөбүлүүллэрэ олох сайдыыны ситиһиитин ирдэбилэ буолар. Онтон кыыс көрөн күтүөтү сөбүлээтэҕинэ ыал буолуу тэриллиитэ саҕаланар. Оҕо кэлэр көлүөнэ киһитэ. Саха дьоно “Оҕо – оонньуур буолбатах” диэн өс хоһоонун үөскэтэн туһанан, оҕоҕо сыһыаны кыра эрдэҕиттэн киһи буолууга үөрэтииттэн саҕалыыллар. Кыра оҕо умнан иһэрэ элбэҕиттэн албынныы сатааччылар олус улахан куһаҕаны оҥороллор. Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн оҕо ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан өйө-санаата сайдан, үгэстэрэ үөскээн бараллар. Ол аата тугу билбитэ барыта ийэ кутун үөскэтэн ууруллан, иҥэн иһэллэр. Бу быһаарыыны аныгы наука эмиэ дакаастаан эрэр. Ол курдук, оҕо мэйиитигэр үс сааһыгар тугу билбитэ туспа дьаарыстанан сылдьар сирин булбуттар.

Киһи тас көрүҥэ өйүн-санаатын кыайан быһаарбат, арай этин-сиинин уратыларын сорохторун эрэ быһаарара кыаллар. Сахалар “Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа” диэн өс хоһоонноро киһи тас көрүҥэ үчүгэйэ ыал буолууга ситэтэ суоҕун биллэрэр. Ол иһин ыал буолууну тэрийиигэ биллэр төрүппүт Эллэй Боотур ойоҕун, Омоҕой Баай көйгө кыыһын талан ылбыт ньыматын уол оҕолор туһана сылдьыахтара этэ. (3,51).

Киһи олоҕу олороругар, оҕолорун иитэригэр, үөрэтэригэр өйүн-санаатын туруга ордук улахан суолталаах. Ол иһин ыал буолааччы үчүгэй үгэстэрдээх, үөрүйэхтэрдээх буоларын ситиһэргэ эр киһини таба талан ылыы туһаныллара табыллар.

Онон оҕо аймахтары элбэтэн иһэриттэн омук дьоно бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһалларын улаатыннарар уонна сыһыаннарын тупсарар, үчүгэй, биир санааланыы өттүгэр уларытар.

АҔА УУҺА

Биир эр киһи – аҕа үөскэппит оҕолоро, сиэннэрэ бары холбоон аҕа ууһа диэн ааттаналлар. Аҕа ууһун биир биллэр уратытынан сайдыылаах буор куттаах эр киһи төрөтөр оҕолоро, сиэннэрэ бары киниттэн ылыммыт, утумнаабыт буор куттаах төрүүллэрэ буолар. Маннык буор куттаах оҕолор, сиэннэр хамсаныылары оҥорор кыахтара улаханыттан кыайа-хото үлэлээннэр аймахтар сайдан иһэллэрин салҕаан иһэр кыахтаналлар.

Аҕа ууһун сайдан иһиитэ үөскэтээччи, тэрийээччи эр киһиттэн улахан тутулуктаах. Ол курдук, эр киһи этэ-сиинэ удьуордаан кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрин “Күүстээхтэн күүстээх төрүүр” диэн этии биллэрэр. Ол аата күүстээх киһи оҕолоруттан, сиэннэриттэн күүстээх киһи баар буолара кэтэһиллэр.

Киһи этэ-сиинэ удьуордаан кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэр, онтон өйө-санаата, буор кута утумнаан бэриллэн хамсаныылары оҥорор кыаҕын үөскэтэр. Киһи үс кутуттан бастакы кута, буор кута уонна араас үөрүйэхтэрэ эрэ утумнаан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэллэр. Ол аата хамсаныылары оҥорор кыаҕа уонна атын майгынын туһалаах үөрүйэхтэрэ оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллэн сайдыыны ситиһэрин улаханнык түргэтэтэллэр.

Ыал буолуу үгэстэрин тутуһа сырыттахха төрүүр оҕолор төрөппүттэриттэн ылыммыт буор куттаах буолан төрүүллэриттэн олохторугар тупсууну, сайдыыны ситиһэр кыахтара улаатар.

“Төрдө, ууһа суох” диэн ханнык эрэ хамначчыты, хантан эрэ кэлбит дьадаҥы киһини этэллэр. Сайдыыта суох буор куттааҕыттан төрөтөр оҕолоро эмиэ хамначчыт эрэ буолуохтарын сөп. Ол аата сайдыыны, тупсууну ситиһэр кыахтара аҕыйах буоларын иһин, ыал буолуу үгэстэрэ маннык дьону эрдэттэн туораталлар.

Былыргы кэмнэргэ хантан эрэ кэлии киһини үчүгэйдик билээри үс сыл устата үлэлэтэллэр эбит. Бу кэмҥэ киһи хайдаҕа; араас үлэни кыайара, өйө-санаата туруктааҕа быһаарыллан билиннэҕинэ, халыыма суох күтүөт оҥостоллоро биллэр. Кэлии киһиттэн үөскээбит аҕа уустара сир аайы бааллар.

Аҕа уустара хаан аймахтары үөскэтэллэр. Ол аата эттэрэ-сииннэрэ, хааннара биирин тэҥэ, буор куттара уонна араас үөрүйэхтэрэ барыларыгар биир буолар. Бу уратыны билигин медицинэ науката үөрэтэн билэн туһана сылдьар. Ол курдук, биир хаан аймахтарга хайа эрэ уорганнарын атастаһыннаран биэриини туһаналлар.

Аймахтар сайдыылара ыал буолуу үгэстэрин тутуһууттан улахан тутулуктаахтар. Олус былыргы кэмнэргэ ыал буолууга маннык үгэһи туһаналларын Г.В.Ксенофонтов сурукка киллэрбитэ:

- Тем временем он стал наблюдать за девицами, особенно обратил внимание на то, как они утрами мочились. Младшая, любимая дочь мочилась, будто дождем оросит, а моча дурной, старшей дочери оставляла большое количество белой пены. Эр-Эллэй думает про себя, что эти приметы весьма существенны и предуказывают в будущем многочисленное потомство. Однажды он сообщил старикам, что женится на Аан Чыҥый. (3,25).

Эллэй Боотуру улахан аҕа ууһун тэрийээччи диэн ааттыыр кыах баар. Ол курдук, билигин Эллэйтэн төрүттээхпит диэн ааттанааччы бүтүн улуустар баалларын тэҥэ, чуолкай аймахтыылара биллээччилэр элбээн сылдьаллар.

Олус былыргы кэмнэртэн сахалар аҕа уустарынан тутуллан олохторун олорбуттара. Олох бары уустуктарын эрэйдэрин, үлэни, саҥа ыаллары тэрийиини уонна буруйдаахтары сууттааһыны барытын аҕа ууһун баһылыга оҥороро. Ол иһин аҕа тойон диэн ааттанара уонна улахан салайар былаастаах этилэр. “Тойон талбыта” диэн этии ол кэмҥэ үөскээбит. Ф.Ф.Васильев аҕа ууһун туһунан маннык суруйар:

- Аҕа ууһа, состоящий каждый из нескольких ийэ ууһа, в свою очередь, сгруппировывались в крупные клановые образования “улуус” или в более архаичной форме “биис ууһа”. (8,44).

“Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун” диэн өс хоһооно киһи аҕа ууһун баһылыга, тойоно буолууга диэри сайдара, аймахтары үөскэтэрэ, үлэни тэрийэрэ олус ыараханын, элбэх үлэлээҕин, сатабылы ирдиирин уонна айылҕа эмиэ биэрэрин, көмөлөһөрүн таба туһанары биллэрэр. Элбэх оҕолордоох, сиэннэрдээх киһи оҕолорун киһи быһыылаахтык ииттэҕинэ, үлэҕэ үөрэттэҕинэ аҕа ууһун тэрийэр уонна тойон буолар кыаҕа улаатар.

Элбэх оҕолордоох ыаллар улахан оҕолоруттан үчүгэй салайааччылар иитиллэн, үлэҕэ үөрэнэн тахсаннар аҕа ууһун баһылыахтарын, сайдыыны, саҥаны киллэрэн иһиэхтэрин сөп. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕиттэн бырааттарын, балыстарын көрө-истэ, дьаһайа үөрэммитэ быһаччы туһалыырыттан элбэх дьону табан салайар, үлэҕэ сирдиир кыахтанар.

Аҕа ууһа диэн биир хааннаах, ол аата эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах, буор куттаах аймахтар ааттаналлар. Ол иһин сайдыыны, тупсууну, биир санааланыыны ситиһиигэ дьулуһар кыахтара ордук улаатар.

Аҕа уустарын баһылыктара, тойонноро аймахтара элбээн, баайдара мунньуллан иһэрин ситиһэ сатаан бары кыахтарын уураллара уонна ыал буолуу үгэстэрин тутуһаллара кэлэр көлүөнэлэрэ олоххо сайдыыны ситиһэн, тупсууну киллэрэн иһэр кыахтарын улаатыннарар.

Аҕа ууһа олох былыргы туһалаах үгэстэрин туһана сылдьары үөскэтэр уонна олоххо киллэрэр. Үлэни кыайар буолуу киһи буор кутуттан быһаччы тутулуктааҕын быһааран олоххо туһаныыны аҕа ууһа салайара ордук табыллар. Ыал буолуу үгэстэрин олоххо тутуһуу аҕа ууһа сайдарын, кэлэр көлүөнэлэрэ тупсан иһэллэрин үөскэтэрин иһин, олус былыргы кэмнэртэн тутуһа, толоро сылдьаллара билигин даҕаны хаала илик.

Саха омук сайдарыгар, уһун үйэлээх буоларыгар сүүнэ оруолун таба сыаналаан ыраахтааҕы былааһа аҕа уустарын суох оҥоро сатаабыта. Ол иһин нууччалыы ааттаныыны киллэрбиттэрэ уонна оҕо аҕатын аатын араспаанньа оҥосторун өссө үөскэтэн аҕа уустарын барыларын буккуйан кэбиспиттэрэ.

Ыраахтааҕы былааһа уонна сэбиэскэй былаас суох оҥорбут аҕа уустарын олоххо хаттаан киллэрии, аныгы сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолла. Үлэһит, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах саха эр дьоно аҕа уустарын тэрийэр, сайыннарар кыахтара бэйэлэригэр баарын Кут-сүр үөрэҕин туһанан олоххо киллэриэхтэрэ этэ.

Билигин нууччалар кэлиилэриттэн саҥалыы үөскээбит саха омуга сайдыыны ситиһэн иһэр. Ол иһин омук сайдыыта аймахтар уонна ыаллар ахсааннара эбиллэриттэн улахан тутулуктааҕа биллэриттэн ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаныы сайдан иһэр аҕа уустарыттан эрэйиллэр.

Ыалы аҕа салайар, эр киһи сайдыылаах буор кута кэлэр көлүөнэлэр үлэни кыайалларын үөскэтэрэ онно олук буолар. Элбэх оҕолордоох, сиэннэрдээх аҕалар; аҕа баһылык, тойон аҕа буолар кыахтара билигин, ырыынак кэмигэр баар буолла. Ыаллар чааһынай, бааһынай хаһаайыстыбалара сайдан иһиитэ онно тирэх буолар кыахтаах. Чааһынай хаһаайыстыба саамай улахан туһатынан оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтиини саҕалыыра буолар. Ол курдук, оҕо атаҕар туран хаамар буолаат даҕаны ону-маны таскайдаан туһа киһитэ буола улаатар кыахтанара үлэлииргэ баҕа санааны үөскэтэрэ улаатан баран үлэһит буоларыгар тириэрдэр. Ыаллар сайдан, ахсааннара эбиллэн үлэлэрэ тупсан иһиитэ аймахтар сайдыыларын үөскэтэр. Аймахтар сайдыыларын аҕа ууһа үөскэтэр кыаҕын туһаныы ирдэнэр буолла. Бэйэтэ кыайа-хото үлэлии сылдьар аҕа уолаттарын үлэҕэ үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэр кыаҕа улаатарын туһанара ордук табыллар.

Элбэх уолаттардаах аҕа ууһа сайдан тэнийэн, кэҥээн иһэрэ ситиһиллэр. Уолаттартан саастаахтара, улаханнара атыттарга убай диэн ааттанар. Аҕа ууһун аҕа саастаах эр дьоно бары кыраларга, балыстарга убай диэн буолаллар. Ону тэҥэ, аҕа саастаах дьахтар кыраларга аҕас эбэтэр эдьиий диэн ааттанар. Аҕа саастаах, олоххо элбэх уопуттаах киһини, бу курдук арааран ааттааһын эдэрдэр үтүктэр, батыһар кыахтарын улаатыннарар.

Улахан оҕо ыалга атыттар, кыралар батыһар, үтүктэр санааларын үөскэтэн олоххо киллэрэр. Оҕо улаатан иһэргэ баҕа санаата атын санааларын барыларын баһыйар. “Улахан оҕо” диэн хайҕаан ааттаммыт оҕо төрөппүттэригэр көмөлөһөрө, үлэҕэ үөрэнэрэ ордук улаатарын тэҥэ, улахан оҕону үтүктэн кыралар бары үлэлии үөрэнэллэрэ ситиһиллэр кыахтанар. Ол иһин оҕону “Улахан оҕо” диэн ааттааһын өйүгэр-санаатыгар оҥорор туһалаах дьайыытын сахалар оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр куруук туһана сылдьаллар.

Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан иһэргэ баҕа санаатын үөскэтэн биэриини сахалар туһаналлар. Оҕо тугу эмэ бэристэҕинэ “Улаатан, бачча буол” диэн үрдээн иһэр таһымы көрдөрөн улаатан иһэргэ баҕа санааны үөскэтэн биэрэллэр.

Улахан киһи буолар баҕа санаата үөскээтэҕинэ улахан диэн ааттаммыт оҕо бэйэтин өйө-санаата сайдыыта түргэтиирин тэҥэ, атыттарга, кыраларга көмөлөһөр, ыйан биэрэр, үөрэтэр кыаҕын биллэрдик улаатыннарар.

Элбэх оҕолоох ыаллар улахан уолаттарыттан аҕа ууһун баһылыга улаатан, сайдан тахсыан сөп. Ол курдук, дьону табан салайыыга, кыраларга көмөлөһүүгэ, сирдээн биэриигэ кыра эрдэҕиттэн үөрэммит уопута улаханнык туһалыыр кыахтанар.

Билигин саха омуга сайдыыны ситиһэн иһэринэн аймахтары сайыннарар кыахтаах аҕа уустарын тэрийэн олоххо киллэрии ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Онон аймахтар элбээн, баайдара мунньуллан иһэрин ситиһиигэ аҕа ууһун баһылыга, тойоно киллэрэр кылаата олус улаханын сайдан иһэр саха омуга туһанар кэмэ буолла.

АҔА УУҺА ҮӨСКЭЭҺИНЭ

Аҕа ууһун күүстээх, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах эр киһи үөскэтэн сайыннарар аналлаах. Кыахтаах эр киһи хас оҕону оҥорон төрөтөр кыаҕын ааҕан билии кыаллыбат. Дьоҥҥо биллэринэн элбэх курдук. Ону тэҥэ, эр киһи оҕо төрөтөр кыаҕа үйэтин тухары баарынан уонна сааһыран истэҕинэ өйө-санаата, буор кута өссө сайдан иһэриттэн төрөтөр оҕото өссө тупсан биэрэрэ биллэр.

“Сааһырбыт киһи оҕото өйдөөх буолар” диэн өс хоһооно киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата сайдан, тулуура күүһүрэн иһэрин биллэрэрэ уонна бу күүһүрбүт буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэрэ ордук улахан суолталаах. Бу өс хоһоонун саха күүстээх, кыахтаах эр дьоно туһанар кэмнэрэ тиийэн кэллэ. Ол курдук, дьахталлар ахсааннара элбээһинэ күүстээх, кыахтаах эр киһи хас да кэргэннээх буоларыгар сөбүлэһиини үөскэтэр кэмэ кэллэ.

Саха тылыгар аҕа ууһун үөскээһинэ уонна тэнийэн тарҕаныыта этиллэн сылдьар. Ол курдук, уус диэн тыл биир үлэни кыайар-хотор, сатабыллаахтык үлэлиир, элбэх туһалааҕы оҥорор сайдыылаах буор куттаах киһини быһаарар.

Биир сайдыылаах буор куттаах эр киһиттэн аҕа ууһа үөскээн тарҕанар. Аҕа ууһа диэн биир күүстээх, кыахтаах үлэһит эр киһиттэн үөскээн, тэнийэн тахсыбыт хаан аймахтар ааттаналлар. Аҕа ууһун дьоно биир буор куттаах буолан төрүүллэрэ өйдөрө-санаалара түмүллэн биир санааланыыны ситиһэр кыахтара улаатарын биллэрэр.

Улуус диэн тыл улуу уус диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Ол курдук, аҕа ууһа сайдан, тэнийэн, киэҥник тарҕанан, элбэх сирдэри баһылаан улуу ууһу үөскэтэрин улуус диэн тыл быһааран биэрэр.

Улуус диэн тылы туттан, сурукка киллэрэн туһаммыт биллэр киһинэн аатырбыт Чыҥыс Хаан буолар. Кини баһылаабыт сирдэрин 4 уолугар түҥэтэн 4 улууһу үөскэппитэ сайдыыны ситиспиттэрэ.

Сахаларга элбэх биллэр төрүттээх былыргы улуустар бааллар. Биир хаан аймахтар ыал буолан холбоһуулара көҥүллэммэтинэн туспа хааннаах аймахтары, атын улуустары кытта ыалы тэрийэллэрэ. Баайдар бары кэриэтэ атын улуустартан ойох ылаллара эбэтэр кыыстарын эргэ биэрэллэрэ хаан аймахтара сайдан иһэллэрин ситиһиигэ сыалланара.

Аҕа ууһун биир күүстээх, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар, сатыыр киһи үөскэтэр. Аҕа ууһун үөскээһинин туһунан ахтыы кэпсээнтэн билии ордук тиийимтиэ: - Номох быһыытынан, биир олус кыра уҥуохтаах Чооруос диэн ааттаах киһи Тааттаҕа Танда диэкиттэн үлэлии кэлбитэ үһү. Былыр күүстээх-уохтаах дьон сири-сибиири кэрийэ сылдьан, дьоҥҥо от- оттоон, мас-мастаан, тирии имитэн, ону-маны уһанан биэрэллэр эбит. Биһиги төрүппүт Таатта сиригэр оннук кэлээхтээбит. Таатта ыала Чооруоһу майгытын иһин олус сөбүлээн, көнөтүн иһин дэлби биһирээн, оҕолорун курдук таптаан бэйэлэригэр күтүөт оҥостон илдьэ хаалаллар.

Дьэ ити Чооруостан Заболоцкайдар диэн аҕа ууһа тэнийэн барар. Мин эһэм аах бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр. Өрүүнэ диэн балта соҕотох кыыс оҕоломмут. Онтон бу кыыстан 12 оҕо кэлбит. Ол оҕолоро улаатан ууһаан, Таатта улууһунан тарҕанан барбыттар. Эһэм бииргэ төрөөбүттэрин сыдьааннарын кытары барыбытын Чооруостар диэн ааттыыллара. (9,69). Сахалар киһи дьылҕатын туһунан билиилэрин Р.И.Бравина маннык суруйан бэлиэтээбит:

- Киһи дьылҕата кини оҕо буолан хайдах-туох оҥоһуллубутунан быһыллар. Киһи оҥоһуутун үөһээ айыылар кини удьуорун-хаанын, түөлбэтин сирин-уотун үөрэтэн-ырытан баран таҥаллар. Ойууннар-удаҕаттар оҕо төрүөн инниттэн оҥоһуутун эрдэттэн сылыктаан билэллэрэ үһү. (10,74).

Мин быһаарарбынан оҕо төрөппүттэриттэн этин-сиинин удьуордаан уонна өйүн-санаатын, буор кутун утумнаан төрүүр. Уол оҕо аҕа ууһун үөскэтэр, тэрийэр кыаҕын төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр буор кута салайан олоххо киллэрэр. Бу буор кут диэн өйдөбүлгэ киһи бары атын үөрүйэхтэрэ барылара холбуу киирсэ сылдьаллар.

Аҕа ууһун тэрийии диэн улахан салайааччы таһымыгар тиийэ сайдыы буолар. Ол иһин киһи ычатыттан ордук улахан тутулуктанан тахсар. Ыча диэн оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр өй-санаа, майгы үчүгэй үөрүйэхтэрэ ааттаналлар.

Аҕа ууһун тэрийэр кыахтаах эр киһи үлэни-хамнаһы табан, сатаан тэрийэрин тэҥэ, киэҥ ычалаах буолара ирдэнэр. Ол иһин сахалар киһи көрсүө, сэмэй майгылааҕын сөбүлүүллэр. Көрсүө, сэмэй майгылаах үлэһит киһи ыалы тэрийиигэ барыстарын кылгастык ырытыахпыт:

1. Көрсүө, сэмэй киһи тиэтэйбэт, ыксаабат, ол иһин оҥорор быһыылара барылара сыыһа-халты буолан хаалбакка табыллан, сатанан тахсалларын ситиһэр.

2. Тулуура улахан буолан ыал олоҕун ыараханнарын тулуйан уһун олоҕу ситиһэллэригэр тириэрдэрин тэҥэ, үлэни кыайарыттан ыалы барынан-бары хааччыйар кыахтанар.

3. Майгына сымнаҕаһыттан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ таба суолу тутуһан бэйэтин үтүгүннэрэриттэн оҕолоро сайдыыны, тупсууну бэйэлэрэ ситиһэллэригэр тириэрдэр.

Аймахтары көрсүө, сэмэй буолуу сайыннарарын тэҥэ, ахсааннарын элбэтэр. Ол курдук, киһи бэйэтин үйэтигэр көрсүө, сэмэй майгылаах, үлэһит аймахтар сайдан, ахсааннара элбээн иһэрин билэр кыахтанар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр үөрэҕи эккирэппэккэ дэриэбинэҕэ хаалбыт үлэһиттэр ахсааннара биллэрдик элбээбиттэрэ бэлиэтэнэр.

Биир аҕа ууһун дьоно бары биир буор куттаах буолан төрүүллэр. Сайдыылаах буор куттаах аҕа ууһун баһылыга бары кэлэр көлүөнэлэригэр буор кутун биэрэн иһэриттэн үлэни тупсаран сайдыыны ситиһэр кыахтара улаатара салҕанан иһэр.

Аҕа ууһа үөскээн сайдан иһэрин холобурун суруйуулартан булуохха сөп. Ол курдук, С.А.Слепцов сир ылан, дьиэ-уот туттан, кэргэнин кытары саха ынаҕын иитэн хаһаайыстыбаны тэрийиитэ аҕа ууһун үөскэтии холобура буолар. (11,29).

Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Ол курдук, киһи эти-сиинин эрчийэн, хамсаныылары оҥорорун тупсаран, сайыннаран иһэриттэн буор кута үөскүүрэ үлэни сатабыллаахтык оҥорууга тириэрдэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ оҕолор буор куттарын сайыннаран сайдыыны, тупсууну ситиһэллэрин түргэтэтэн, тулуурдарын улаатыннаран улахан туһаны оҥороро салҕанара ситиһиллэр.

Онон күүстээх, кыахтаах уонна сайдыылаах буор куттаах эр дьон аҕа уустарын үөскэтэн, тэнитэн, үлэни сайыннаран истэхтэринэ саха омук сайдар кыаҕа салҕанан иһэр кыахтанар.

“МИН ЭТТИМ, ЭҺИГИ ИҺИТТИГИТ”

Бары төрөппүттэр оҕолоро этэр тылларын истэр, толорор буола улаатыахтарын баҕараллар. Бу үтүө баҕа санаа туоларыгар сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ улаханнык туһалыыр. Ол курдук, оҕо ийэ кутун иитиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэн кини олоҕун хайдах олорорун төрүттүүр:

1. Үчүгэй иитиилээх.

2. Куһаҕаннык иитиллибит.

Оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан ыла саҕалаан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри иитиини оҕо “Ийэ кутун иитии” диэн сахалар туспа арааран ааттыыллар уонна былыргы кэмнэргэ бу кэмҥэ оҕону иитиини, үөрэтиини “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” эрэ оҥороллоро биллэр.

Оҕо ийэ кутун иитии икки өрүттэрин кылгастык ырытыахпыт:

1. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары оҥоро үөрэннэҕинэ, ол быһыыта түргэнник үгэс буолан иҥэн иһэринэн, үчүгэй быһыылаах оҕо буола улаатар кыахтанар. Бу кэмҥэ оҕо ийэ кута иитиллэриттэн оҕону иитии улаханнык уратыланар. Тугу саҥаны, уратыны билбитэ, оҥорбута барыта сонно үгэс буолан ийэ кутун үөскэтэн иһэр. Ол иһин аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэттэххэ үчүгэй иитиилээх буола улаатара ситиһиллэр.

Бу кэмҥэ оҕо төрөппүттэрин этэрин истэ, соннук толоро үөрэннэҕинэ истигэн, толоругас буола улаатара кыаллар. Оҕо улахан киһи этэрин истэрэ, толороро ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллэриттэн быһаччы тутулуктанар. Ол иһин аныгы төрөппүттэр арҕааҥҥы үөрэхтэр сыыһаларыттан, сымыйаларыттан босхолонон оҕо ийэ кутун иитиигэ ылсыһаллара эрэйиллэр.

2. Ийэ кута иитиллэр кэмигэр оҕо биир эмэ да куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна куһаҕан үгэстэнэн хаалыан сөп. Ол курдук, оҕо куһаҕан быһыыны оҥоруута угуйар, ыҥырар күүһэ улаханыттан өссө хатылаан оҥороору дьирээлэһиэн сөп. Ол иһин, бу кэмҥэ оҕо оҥорор быһыыларын көрө, кэтии сылдьаллар уонна куһаҕаны оҥордоҕуна сонно тохтотоллор. Ол барыта куһаҕаны элбэхтик оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбатын иһин оҥоруллар туһалаах быһыы буолар.

Киһини биир куттаах, “душалаах” диэн этэр арҕааҥҥы омуктар сыыһа үөрэхтэрин үтүктүүттэн оҕо өйө-санаата сайдыытын бу ураты кэмин хаалларан, ол-бу туһата суох оонньуурдарынан оонньото сылдьыы олоҕурда уонна оҕобут улаатан баран этэр тылбытын истибэт диэн айманаллара элбээтэ. Кут-сүр үөрэҕин олоххо киллэрии, бу сыыһаны көннөрөр кыаҕы биэрэр.

Олоххо элбэх уопуту ситиспит аҕа оҕолоругар, уолаттарыгар этэр тыла “Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэн эбиискэ көрдөбүллээх буолара табыллар. Ол аата аҕа тугу эппитин түргэнник, уһаппакка эрэ соннук толоруу ирдэнэрин биллэрэр.

Төрөппүт диэн олоххо элбэх уопуттаах буолууну ситиспит киһи ааттанар. Бу ситиспит элбэх уопутун оҕотугар тириэртэҕинэ оҕото сайдыыны ситиһэр кыаҕа биллэрдик улаатарын үөскэтэр.

Төрөппүтэ этэрин истэн, соннук толорор оҕо истигэн диэн ааттанар. Төрөппүт, улахан киһи этэрин истэн, соннук толорор буолуу оҥорор быһыы табылларыгар, сатанарыгар тириэрдэрин үлэҕэ үөрэтии оҕоҕо тириэрдэр кыаҕа улаатар.

Үлэҕэ үөрэнии биллэр уустуктаах. Ол уустуга улахан, үлэҕэ үөрэтэр киһи хайдах оҥорору кэпсээн, көрдөрөн биэрэрин үтүктэн, сол курдук оҥордоххо эрэ үлэ табылларын, сатанарын билии буолар. Үөрэтэр киһи эппититтэн атыннык, уларытан оҥоро сатааһын үлэ табыллыбатын үөскэтэрэ быдан элбэх.

Үлэни этиллибититтэн, урут оҥорулларыттан уратытык, туспатык оҥоро сатааһын саҥаны айыы буолан тахсарын биллэххэ табыллар. Суоппар суол быраабылаларын тутуһан айаннааһына киһи оҥорорун курдук оҥоруу, киһилии быһыылаах буолуу диэн ааттанар. Онтон суол быраабылаларын тутуспакка айаннааһын уратыны, саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Ол иһин сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн, куһаҕан буолан тахсан абаарыйаны үөскэтиэн сөп.

Саҥаны айыыны оҥоруу диэн киһи өссө билбэт, ол иһин оҥорбот ураты, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара биллибэт быһыыны оҥоруу буолар. Киһи оҥороруттан атыннык, туспатык оҥоруу саҥаны айыы буолан тахсарынан айыы диэн тыл куһаҕана элбэх, куһаҕаҥҥа тириэрдэр тылга киирсэр.

Оҕо улаатан иһэн араас уратыны, билбэтин оҥоро сатыыр санаата элбээн хааларыттан сыыһа-халты туттунара үксүүр. Ол иһин сахалар оҕолору “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр.

Үлэҕэ үөрэтии “Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэн этиинэн салайтардаҕына эрэ табыллар. Ол курдук, үлэни салайар киһи этэрин курдук оҥорботоххо үлэ табыллыбата, сатаммата үөскээн тахсан куһаҕаны элбэтиэн сөп.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута үчүгэй быһыыларга, төрөппүт этэрин истэргэ, толорорго иитилиннэҕинэ, үөрэннэҕинэ олору толорор кыаҕа улаатар уонна этэр тылы истэр “Истигэн” оҕоҕо кубулуйар.

Төрөппүт этэрин истибэт оҕо диэн атаахтык иитиллибит оҕо буолар. Атаахтык иитии оҕо бэйэмсэх санаатын улаатыннаран кэбиһэриттэн бэйэтэ билэринэн сылдьара, көҥүлүнэн барара элбээн хааларыттан куһаҕаны оҥороро үксүөн сөп.

Киһи сайдыыны ситиһэрин дьон саҥарар тылларын истэрэ уонна оҥорор быһыытын уларытара, тупсарара оҥорор. Сахалар ол иһин “Дьон этэрин истэ сырыт” диэн үөрэтэллэр уонна киһи өйө-санаата дьон саҥатын истэн уларыйар уратытын быһааран Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн түргэнник сайдар өйүн-санаатын салгын кут диэн ааттаабыттар.

Киһи өйө-санаата, салгын кута сайдар буолан үөрэтэр киһи этэр тылын истэн толорор кыахтанар. Бу кыаҕы туһаныы киһи өйө-санаата түргэнник сайдыыны ситиһэрин үөскэтэрэ ордук туһалаах.

Тыл дьайыыта киһиэхэ түргэнник тиийэн оҥорор быһыытын уларытар, тупсарар кыахтанар. Оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрин толору баһылааһыннарынан, салайыыларынан улаатар. Онтон улаатан салгын кута сайдар кэмигэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн өй-санаа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһара эрэйиллэр кэмэ кэлэр. Ол аата оҕо сайдан иһэр өйө-санаата бу кэмтэн саҕалаан үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор туһана үөрэнэрэ табыллар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии сахалар өй-санаа үөрэхтэрин төрүт тутулуга буолар. 2020 сыллаахха Россия конституциятын уларытарга анаммыт референдумҥа сахалар үгүс өттүлэрэ утаран куоластаабыттара төрүт өйдөрө-санаалара демократия тутулуктарын тутуһалларын Аан дойдуга биллэрбитэ.

Билигин сахаларга сэбиэскэй былаас кэмиттэн үөрэхтээхтэр үөскэппит ийэни “мама”, онтон аҕаны “папа” диэн ааттааһын үгүстүк туттуллар. Өй-санаа үөрэҕэ ыйарынан куһаҕан дорҕооннордоох тылларынан иитэр, үөрэтэр дьону ааттаан ыҥырыы сирэр, сөбүлээбэт буолууну оҕолорго үөскэтэринэн табыллыбат быһыы буолар.

“Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэн этии этэр тылы истэн соннук толорулларын эрэйэр уонна киһи биирдэ истээт да, ол курдук толорор кыахтааҕын биллэрэр. Субу кэмтэн ыла миигин аҕа диэн ааттаа, ийэҕин ийэ диэн ыҥыр диэн аҕа оҕотугар этэр кыаҕа хаһан баҕарар баар. Ону тэҥэ, оҕо аҕата этэрин тута толорор кыахтааҕын, бу этии биллэрэрэ ордук суолталаах.

Ийэтин ийэ, аҕатын аҕа, эбэтин эбэ уонна эһэтин эһэ диэн ааттаан ыҥырарга үөрэммит оҕо сахалыы өй-санаа үөрэҕин тутуһарын, саха буоларын биллэрэр.

Онон киһи кулгааҕынан истэн оҥорор быһыытын уларытара, тупсарара сайдыыны түргэнник ситиһэрин үөскэтэр өйүн-санаатын, салгын кутун биллэр уратыта буолар.

АҔА УУҺУН ААТА

Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиини олохторугар туһана сылдьаллар. Бу этии киһи санаата хайдаҕыттан оҥорор быһыылара быһаччы тутулуктаахтарын быһаарара улахан суолталаах. Ол иһин саха дьоно “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн этиини таҥараларын үөрэҕэр киллэрэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьаллар.

Оҕо үчүгэй быһыылары ийэ кута иитиллэр кэмигэр оҥорон үчүгэй үгэстэри иҥэринэр, онтон улахан киһи үчүгэй санаалардаах буолууну туһалаах алгыһы истэн элбэтэрин олохторугар туһаналлар.

Санаа туохтан да иҥнибэт, тугунан да тутуллубат уонна аһара түргэниттэн ханна баҕарар тиийэ охсоро биллэр. Аан дойду барыта санаа ситимнэринэн бүрүллэн сылдьар. Киһи атын дьон санааларын иһигэр сылдьар уонна олоҕун олорор. Ол иһин атын дьон тугу этэллэрин истэ, билэ сылдьара эрэйиллэрин сахалар үөрэхтэрэ быһааран “Дьоҥҥо үчүгэйи санаа” диэн ыҥырыыны туһанар. Атын дьоҥҥо үчүгэйи санааһын киһи санаатын тупсарарга улаханнык уонна түргэнник туһалыыр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэн санаа икки аҥы өрүттэргэ арахсар:

1. Үчүгэй санаа.

2. Куһаҕан санаа.

Санаа бу икки өрүттэрэ киһиэхэ хардары-таары дьайыыны оҥороллоруттан оҥорор быһыыны тосту уларытыахтарын сөп. Ол курдук үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥорор, онтон куһаҕан санаата киирэн хааллаҕына куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөбө хаһан да уларыйбат.

Бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ хардары-таары солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрэ киһи субу кэмнээҕи үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор туһана сылдьарын ирдиир. Ол курдук, ким эрэ бу “үчүгэй” диэн эппитэ, бүгүн кэлэн куһаҕаҥҥа кубулуйан, солбуллан хаалбыт буолуон сөбө өй-санаа үөрэҕин улахан уустуктара салҕанан иһэллэрин биллэрэр.

Дьон бары оҕолоругар үчүгэй диир ааттарын биэрэ сатыыллар. Үчүгэй аат киһиэхэ үчүгэй санаалары үөскэтэрин тэҥэ, атыттар үчүгэй сыһыаннарын үөскэтэн санаата көтөҕүллэригэр тириэрдиэн сөбүн оҕоҕо ааты биэриигэ, иҥэриигэ туһана сылдьаллар.

Санаа киһиэхэ олус улахан дьайыыны оҥорорун сахалар билэн туһаналлар, үчүгэй санаалардаах буол диэн үөрэтэллэр. Санаа киһиэхэ дьайыытын кылгастык ырытыахпыт: 1. Үчүгэй санаа киһи үчүгэй быһыылары оҥороругар тириэрдэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн этэн үөрэтэр. Атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарыы киһи үчүгэй санаалара элбииллэрин үөскэтэрин туһаныы эрэйиллэр.

2. Санаа тугунан да тутуллубат, хаайыллыбат. Ол иһин киһи араас санаалары саныыра хайдах да бобуллубат. Арай сахалыы таҥара үөрэҕэ куһаҕан санаа киһи куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэр диэн быһаарыытын тутуһан куһаҕан санаалартан ыраастана сылдьыы эрэйиллэр.

Үчүгэй дорҕооннордоох аат киһиэхэ үчүгэй санаалары үөскэтэр. Ол иһин аат киһиэхэ атын дьон хайдах сыһыаннаһалларыгар тириэрдэрин билэн оҕоҕо аатын биэриини табан оҥоруу эрэйиллэр.

Куһаҕан дорҕооннордоох аат киһиэхэ куһаҕан санаалары үөскэтэн атын дьону тэйитэр, чугаһаппат уратылаах. Куһаҕан ааты умна, хааллара сатааһын сотору кэминэн, бу аат симэлийэрин үөскэтэр.

Былыргы кэмнэргэ аҕа ууһун аата-суола улаханнык сыаналанара. Учүгэй ааттаах аҕа ууһун кытта атыттар бииргэ үлэлии, холбоһо, ыал буола, аймахтаһа сатыыллара элбиирэ. Бу аат-суол икки сүрүн тутулуктаах:

1. Аҕа ууһун төрүт киһитин аата.

2. Аҕа ууһа үлэҕэ оҥорбут ситиһиилэрэ.

Бу икки сүрүн тутулуктары арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Аат киэҥник тарҕанар. Ол иһин үчүгэй аат улаханнык сыаналанар. Дьон бары үчүгэй ааты ситиһэ сатыыллар. Аҕа ууһун төрүт киһитин аата этиттэн-сииниттэн, элбэх оҕолооҕуттан, үлэни төһө кыайарыттан уонна киһилии майгыныттан, оҥорор быһыыларыттан тутулуктанан үөскүүр.

Аныгы ырыынак үйэтигэр уонна саха дьоно сайдан иһии кэмигэр киирбиттэриттэн аймахтары сайыннарар сыалтан саҥалыы аҕа уустарын үөскэтэн, тэрийэр кэмнэрэ кэллэ.

2. Киһи үлэтинэн сыаналанан атын дьоҥҥо биллэр. Үчүгэй үлэһит киһини дьон бары билэллэр. Киһи үйэтигэр тугу оҥорбута, туппута “Олоҕун суолун” үөскэтэр уонна суола диэн ааттанан аатын кытта холбуу этиллэр. Үлэһит киһи оҕолоро үлэһит буола төрүүллэрин сахалар былыр-былыргыттан билэллэр, “Үлэһит киһи оҕото үлэһит буолуо” диэн этиини ыал буолууну тэрийиигэ туһаналлар.

Үчүгэй үлэһит аймахтары кытта атыттар кыттыһа сатыыллара элбэхтик үлэлииртэн үөскүүр буор кут оҕоҕо, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэринэн быһаарыллар.

Аҕа ууһун биллэр уратытынан хас да көлүөнэлэр усталарыгар үөскээн сайдар буор куттара буолар. Биир хаан аймахтарга аҕаларын буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн бары биир санаа ситиминэн холбонон сылдьаллар. Ол иһин аймахтартан ким эмэ улаханнык санааргыыра, хомойбута барыларын хабар.

“Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэн этии, бу аймахтар буор куттара сүрэҕэ суоҕун, ол иһин үлэҕэ таба суолу тутуһан ситиһиилэри оҥороллоро аҕыйах буолуон сөбүн быһааран дьоҥҥо тириэрдии буоларын туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Былыргы кэмнэргэ сахалар аҕа уустарынан арахсан олорор эрдэхтэринэ аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри үчүгэйдик билэллэрэ. Ыал буолууга тоҕус көлүөнэ иһигэр түбэһэр аймахтарын кытта холбоспотторо.

Нууччалар кэлэн сахалар аҕа уустарын үрэйээри саҥа фамилияны, кириэстээбит аҕаларын киэнин ылыннарбыттара. (3,154). Итини тэҥэ, оҕо аҕатын аатын фамилия оҥосторун киллэрэннэр хаан аймахтары барыларын булкуйдулар. Ыал буолууга аймахтары булкуйуу, чугаһатан кэбиһии араас ыарыһах оҕолор төрүүллэрин үксэтэриттэн нуучча омуга эстэрэ тиийэн кэллэ. Тэлэбиисэр бары ханаалларынан көстөр рекламаларга ыарыһах оҕолорго анаан көмө харчы көрдүүллэрэ элбээбитэ көрөөччүлэри хомоторун таһынан, ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ аһара үксээбитин биллэрэр.

Билигин аймахтар уларыйаллара дьон араспаанньалара уларыйан хааларыгар тириэрдэриттэн син араарыллан биллэрин иһин, биир араспаанньалаах эрээри, аймахтыы буолбатах дьон элбэхтэр, ол иһин хаан аймахтары булуу, билии уустугуран тахсар. Мөлтөөбүт аймахтар кыыс оҕолоноллоро элбээһиниттэн араспаанньалара эйэлээхтик атыҥҥа уларыйан хаалара эмиэ бэлиэтэнэр.

Сэбиэскэй былаас диэн дьадаҥылар, туга да суох умнаһыттар былаастара этэ. Ол иһин ыал буолууга энньэтэ, халыыма суох, ханна көрсүбүт сирдэригэр дьон ыал буолууларын олоххо киллэрбитэ. Бу дьахталлар көҥүллэринэн барыыларын түмүгэр аҕа уустарын ааттара-суоллара букатын умнуллан, хаалан сылдьар.

Дьадаҥы киһи тылга тииһэрэ элбэҕиттэн, сымыйаны, албыны кэпсиириттэн “үчүгэй” курдук көстөрү ситиһэн дьахталлар төбөлөрүн эргитэрэ кыаллар кэмэ кэлбитэ. Төрүүр оҕолор бары дьадаҥы дьон сайдыыта суох буор куттарынан сутуллубуттара. Ол түмүгэр дойду үрдүнэн үлэни үлэлээһин кыаттарбата үөскээн, ас-таҥас аҕыйаабытыттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ, атыҥҥа уларыйбыта.

Сахалыы ааттары ылыныы аҕа уустарын ааттарын аймахтарга төнүннэриини үөскэтэн удьуордары, утумнары харыстааһыны кытаатыннаран биэриэ этэ. Бу быһаарыы аймахтар сайдан ахсааннара эбиллэрин үөскэтэрин тэҥэ, аҕа ууһун сайдыылаах буор кутун тарҕатарга туһаны оҥоруо этэ.

Перестройка хамсааһынын кыайыытын кэнниттэн олохтоохтор ылар былаастара кэҥээн сэбиэскэй былаас уларыппыт улахан улуустарын ааттарын төннөрүү кыаллыбыта. Ол курдук, Ленинскэй оройуон диэн ааттаммыт Ньурба улууһа уонна Орджоникидзевскай диэн ааттаммыт Хаҥалас улууһа бэйэлэрин төрүт ааттарын төнүннэрбиттэрэ. Ону тэҥэ, улууһу оройуон диэн ааттыы сылдьыбыттара уларытыллан уруккутугар түспүтэ.

Сахалар аймахтарга сыһыаннаах үгэстэрин харыстыы, сүтэрбэккэ олороллор. Оҕоҕо ханнык ааты биэриини улаханнык ырытан, сүбэлэһэн баран оҥороллор. Олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорбут киһи өйө-санаата күүһүрэрин тэҥэ, аата эмиэ күүһүрэн кэлэр көлүөнэлэригэр көмөлөһөр кыахтанар.

Аат дьайыыта киһиэхэ улахан. Ол курдук, аат дорҕоонноро хас ааттаан ыҥырдах аайы киһи мэйиитигэр киирэн, дьайан өйүгэр-санаатыгар бэйэлэригэр сөптөөх уларыйыылары оҥорон иҥэрэн кэбиһэллэр.

Кытаанах дорҕоонноох аат киһи майгынын кытаатыннаран кэбиһиэн сөп. Ол курдук, чыҥ диэн тыастан үөскээбит Чыҥыс диэн аат майгыны кытаатыннарар кыаҕа атын ааттартан барыларыттан улаханын Чыҥыс Хаан оҥорбут ураты кыайыылара биллэрэллэр.

Оҕону улааппытын да кэннэ куруук кыра, таптал аатынан ааттыы сырыттахха улахан киһи өйө-санаата кыайан киирбэккэ хаалыан сөп. Ванька диэн ааттаах улахан киһи кыра оҕо курдук быһыыланара, ити кыччатар аатыттан улаханнык тутулуктанар.

Былыргы сахалара оҕоҕо улахан киһи аатын 7 сааһыттан биэрэн иҥэрэллэрэ. Бу кэмҥэ оҕо тулуура, туттунар күүһэ, сүрэ үөскүүрүттэн үлэҕэ үөрэтиллэр кэмэ саҕаланар.

Онон аҕа ууһун аатын харыстааһын диэн сахалары харыстааһын, уһун үйэлээһин буолар.

ИЙЭ УУҺА

Айыы буолуу диэн өлбүт дьон ураты өйдөрө-санаалара уһун кэмҥэ сүппэккэ сылдьаллара ааттанар. Бу өй-санаа киһи оҥорбут ураты быһыытыттан, төһө улахан суолталаах саҥаны айыыны оҥорбутуттан тутулуктанан үгэһи үөскэтэн өр кэмҥэ умнуллубакка сылдьыан сөп.

Сахалар былыргы үһүйээн кэпсээннэригэр Айыы намыһын удаҕаннар элбэхтик ахтыллаллар. Айыыһыттар диэн өбүгэлэри үөскэтэн, оҕо төрөппүт дьахталлар өлбүттэрин кэннэ ааттаналлар. Былыргы, дьахтар айылҕатынан төрүүр кэмигэр, айыыһыттар төрүүр дьахтарга көмөлөһөллөр диэн ааҕаллара санааларын бөҕөргөтөн, күүһүрдэн аһара ыараханы кыайалларыгар тириэрдэрэ.

Сахалар олохторугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһа сылдьалларын эр киһи уонна дьахтар олоххо ситиһэр сыаллара тус-туспаларын тутуһалларынан дакаастанар. Бу тутулукка сөп түбэһэн дьон олоххо сыаллара икки өрүккэ арахсаллар:

1. Эр киһи. Элбэхтик үлэлээн, оҥорон-тутан ыалы барынан-бары хааччыйар, омукка сайдыыны, тупсууну аҕалар аналлаах.

2. Дьахтар. Оҕо төрөтүүтэ, көрүүтэ-истиитэ уонна ийэ кута иитиллэн, өйө-санаата үөскээһинэ ийэтиттэн тутулуктанар. Омук ахсаана эбиллиитэ дьахтартан быһаччы тутулуктааҕын “Ыал ийэтинэн” диэн этии биллэрэр.

Дьон бу икки өрүттэрэ элбэх аймахтары үөскэтэр кыахтарын сахалар таба туһаналлар:

1. Эр киһи үөскэппит аймахтара аҕа ууһа диэн ааттаналлар.

2. Дьахтар үөскэтэр аймахтара ийэ ууһа буолан тахсаллар.

Сахаларга биллэр ийэ уустара бааллар. Элбэх уолаттардаах дьахтар ийэ ууһун тэрийэр кыахтанар. Дьаархан диэн тоҥус дьахтара элбэх уолаттары төрөппүтэ Бүлүү сахаларын үөскэппиттэрэ сурукка киирбиттэринэн биллэллэр. (3,219).

Дьон айылҕа биэрбит аналларын тутуһан олоҕу олорууларын, аҕа уонна ийэ уустарын үөскэтэллэрин сахалар туһана сылдьаллара, бу икки уустар билигин да баалларыттан биллэр. Сахалар төһө даҕаны дьахтары дьиэ хаҥас өттүгэр туппуттарын иһин өйүн-санаатын сайдыытын хаһан баҕарар сыаналыыллар. Бу уратыны суруйааччы Сиэн Чолбодук маннык быһаарар:

- Биһиги кыыспыт Далбар Даайа кыыһа буоллаҕа дии. Даайа майгыта маанытынан, мээнэ киһи тэҥнэспэт хоһуунунан “Далбар дуо?” дэппит дьахтар буоллаҕа дии. Ол Уоһук киһи билэр дьонун оҕото”, - дэһэннэр Татыйыктарын уоллааҕар ордороллор. (12,29).

Дьахтар уонна эр киһи эттэрин-сииннэрин уратылара өйдөрүгэр-санааларыгар дьайыытын сахалар таба сыаналаан туһаналлар. Ол курдук эр киһи дьахтарга биэрэр уратыта уонна дьахтар эр киһиттэн ылара өйдөрүгэр-санааларыгар тус-туспа уратыны киллэрэр. Ылыы, туһаныы дьайыытын уратыта дьахтар өйө-санаата түргэнник уларыйан иһэрин үөскэтэрэ өс хоһооннорун үөскэппит:

- “Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас” диэн өс хоһооно ылар, эбинэр санаата хаһан баҕарар баһыйа сылдьарыттан ырааҕы ырытан быһаара сатааһын диэн дьахтарга чахчы кыаллыбатын биллэрэр.

- “Оһоҕун төрдүттэн оронугар кэлиэр диэри дьахтар санаата түөрт уонна уларыйар” диэн өс хоһооно эр киһиттэн тутулуга улаханыттан санаата түргэнник уларыйан хааларын биллэрэрэ ордук суолталаах.

Айылҕаттан аналын быһыытынан дьахтар оҕо төрөтөр, көрөр-истэр уонна кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэр, үөрэтэр аналлаах. Бу аналын кыыс оҕо сааһа ситтэр эрэ толорбутунан барар кыахтанарын сахалар ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн туһаналлар. Ону тэҥэ, аналлаах кыыс оҕону харыстааһын диэн үөрэҕи туһанан сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэллэр.

Ыраас кыыс оҕо диэн эр киһини билэ, өссө сылдьыһа илик кыыс ааттанар. Сахалар ону бэлиэтээн -куо диэн эбиискэни кыыс аатыгар эбэн биэрэр этилэр. Ыраас кыыс оҕо эргэ барар кыаҕа биллэрдик улаатарын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ биллэрэр.

Эдэригэр эргэ тахсыбыт кыыс төрөтөр оҕолоро эттэрэ-сииннэрэ бөҕө уонна араас трамбалара суох буолуохтарын сөп. Ону тэҥэ, ыраас кыыс оҕо эр киһи сайдыылаах буор кутун ылыммыт оҕону төрөтөрүнэн аймахтары сайыннарар кыаҕа улаатар. Ол иһин сайдыыны ситиһиэхтэрин баҕарар аҕа, ийэ уустара кийииттэрэ ыраас кыыс буоларын ирдииллэр.

Ийэ оҕону кыра эрдэҕиттэн көрөрүттэн-истэриттэн ийэ кутун иитэр, үөрэтэр кыаҕа олус улахан. Ол курдук, оҕо аан бастаан тугу билбитэ, көрбүтэ ийэ кутун үөскэтэн иһэриттэн ийэ үчүгэй үгэстэри аан бастаан иҥэрэн, үөрэтэн биэрдэҕинэ оҕо ийэ кута үчүгэй иитиилээх буола улаатарын ситиһэр кыахтанар.

Оҕо иитиитэ, үөрэтиитэ, ол аата төрүт өйө-санаата сайдыыта ийэтиттэн быһаччы тутулуктанар. Ол иһин оҕо төрүт өйө-санаата ийэ кут диэн ааттанар. Ону тэҥэ, сахалыы саҥара үөрэнэрэ ийэтэ ханнык тылынан саҥаран, бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэриттэн саҕаланар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы дорҕооннору истэ, араара үөрэннэҕинэ сахалыы саҥара үөрэнэр кыаҕа улаатар. Ийэтэ тугу этэрин истэ, толоро үөрэнэрэ эмиэ кыра эрдэҕиттэн ийэ кута хайдах иитиллэриттэн тутулуктанар.

Дьахтар олоххо аналынан оҕо төрөтүүтэ, көрүүтэ-истиитэ уонна кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиитэ, үөрэтиитэ буолар. Сахалар оҕо иитиитин, үөрэтиитин бу улахан уратытын быһааран олохторугар таба туһана сылдьалларын көрсүө, сэмэй дьон элбэхтэрэ биллэрэр.

Дьахтар олоҕор оҥорор ситиһиилэрэ оҕолорунан сыаналанар. Доруобай уол оҕолору элбэхтик төрөттөҕүнэ уонна бу оҕолоро улаатаннар элбэх сиэннэннэҕинэ ийэ ууһун үөскэтэр кыахтанар.

Ийэ уустарын туһунан Сэһэн Боло бу курдук суруйар:

- Саха нэһилиэктэригэр, аҕаларын уустарыгар хос ийэ уустара диэн, ийэ уруулара, таайдара, биллэхтиилэрэ диэн ийэттэн ситимнээх аймахтар бааллара. (13,140). Дьахтар олоххо аналын туһунан К.Д.Уткин бу курдук суруйар:

- Ийэлэр аал уоту араҥаччылыыр үйэлээх үгэстэрин бигэтик тутуһаллар. Ол аата дьиэни-уоту тутуу, көрүү-истии, оҕолорун харайыы, ыччаты дьаһайыы, аһы-үөлү астааһын, таҥаһы-сабы бэрийии барыта – кинилэргэ тиксэр. Ол да иһин ийэ дьиэ кэргэҥҥэ таптал, ытыктабыл маанытынан, барҕатынан туһанар. (14,49).

Онон биллиилээх, олоҕор ситиһиилэри оҥорбут дьахтартан үөскээн тахсан тарҕаммыт аймахтар ийэ ууһун үөскэтэллэр.

ЫАЛ БУОЛУУ ҮГЭСТЭРЭ

Олоҥхо диэн сахалар тойуктара, олус былыргы кэмнээҕи олохторун кэпсээннэрэ буолаллар. Сахалар олоҥхо баар буолбут кэмин былыргы дьыллар мындааларыгар буолан ааспыттара диэн билинэн сурукка киллэрэн сылдьаллар.

Ыал буолуу үгэстэрин сахалар олоҥхо кэмиттэн ыла тутуһаллара олоҥхолорго бэйэлэригэр кэпсэнэллэр. Бу үгэстэри тутуһа сылдьыы аймахтар, омук сайдан, тупсан ахсааннара эбиллэн иһэллэрин үөскэтэрин тэҥэ, сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүллэрин ситиһиигэ аналланар. (7,52).

Кыыс оҕо эргэ барарыгар ыраас кыыһынан сылдьарын бэлиэтээн аатыгар –куо диэн тылы эбэн биэриини туһаналлара олоҥхолорго элбэхтик ахтыллаллар. Атын сайдыылаах буор куттаах аймахтар бэйэлэрин буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр тарҕатар туһугар ыраас кыыс оҕону кийиитинэн ылаллар.

Киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын, түүллэрин холбоон үөрэтэн сахалар Кут-сүр үөрэҕин олохтообуттар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугар сөп түбэһэн киһи бэйэтэ эмиэ икки өрүттэнэр:

1. Этэ-сиинэ.

2. Өйө-санаата. Өй-санаа үс кукка уонна сүргэ арахсар.

Киһи икки өрүттээх буолара сайдыыны, тупсууну ситиһэн иһэригэр айылҕа биэрбит анала буолар. Ол аата кэмэ кэллэҕинэ, бу икки өрүттэр хардары-таары, солбуйса сылдьан баһылаан салайыылара сайдыыны киллэрэр хамсааһыннары үөскэтэллэриттэн киһи этэ-сиинэ тупсан иһэрин тэҥэ, өйө-санаата сайдыыны ситиһэн иһэр кыахтанар.

Ыал буолуу үгэстэрэ киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэрин үөскэтэр аналлаахтар. Эт-сиин удьуордаан, онтон өй-санаа утумнаан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. Эр киһи үйэтин тухары сайдан иһэр буор кутун оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн истэҕинэ аймахтар сайдан, тупсан иһиилэрэ түргэнник ситиһиллэрэ кыаллар.

Буор кут сайдыыта киһи араас уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕын быһаарарынан үлэни оҥороро тупсарын ситиһиини үөскэтэр. Онтон үлэни оҥоруу сайдыыта аймахтар баайдарын-малларын элбэтэн, аһылыгы үксэтэн ахсааннара элбиирин үөскэтэр. Нууччалар кэлэннэр бурдугу үүннэриини сайыннаран сахалар ахсааннара биллэрдик эбиллэригэр тириэрдибиттэрэ.

Эр киһи атын туохха да мэһэйдэппэккэ үйэтин тухары үлэлээн, араас хамсаныылары элбэхтик оҥорон этигэр-сиинигэр үөскүүр буор кутун сайыннаран иһэр. Ону тэҥэ, эр киһи айылҕаттан оҕо оҥорор кыаҕа үйэтин тухары баар буоларынан сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр кыаҕа хаһан баҕарар баар. Ол иһин аймахтар, кэлэр көлүөнэлэр буор куттарын сайыннарар туһугар сааһырбыт эр киһи эдэр дьахтары кэргэн ыларын сахалар туһананнар иккис, үһүс кэргэннэрин ылаллар этэ. Сайдыылаах буор куттаах эр киһи аймахтар элбииллэригэр, тупсалларыгар ылар оруола ордук үрдүгүн туһана сылдьыы эрэйиллэр.

“Кырдьаҕас дьон оҕолоро өйдөөх буолар” диэн этиини сэбиэскэй былаас кэмигэр хаалларан кэбиһэннэр эр дьон сайдыбыт буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэллэрин суох оҥорбуттара. Бу былаас үөрэҕин тутуспут нууччалар билигин кэлэн эр дьоннорун мөлтүүллэрин үөскэттилэр. Күүстээх тустууктар нууччалартан суох буолбуттара букатын ырааппыта ону туоһулуур.

Дьахтар айылҕаттан оҕо төрөтөр уонна ийэ кутун иитэр, үөрэтэр аналлаах. Бу аналын кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ толорор кыахтанар. Сайдыылаах буор куттаах эр киһиэхэ ойох баран оҕо төрөттөҕүнэ эр киһи буор кута салгыы сайдарын ситиһиини оҥорор.

Дьахтар оҕо төрөтөр сааһа сүүрбэттэн эрэ тахса сыллары ылар. Ол иһин эдэригэр, сааһа ситтэр эрэ аан бастаан эргэ тахсан оҕолоноро айылҕатыгар сөп түбэһэн ордук табыллар. Эдэр дьахтар чэпчэкитик оҕолонор, ону тэҥэ, оҕото доруобай буолан төрүүрэ элбиир. “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этиини сахалар оҥорон оҕолонор кэмэ кылгаһын биллэрэн, умнан кэбиспэтин туһугар өйдөтө сатыыллар.

Киһи өйө-санаата маннык ааттаах үс куттарга арахсар:

1. Буор кут. Эт-сиин хамсыырыттан үөскээн иһэр өй-санаа үөрүйэх буоллаҕына буор кукка кубулуйар.

2. Ийэ кут. Ийэ кут үгэстэртэн хомуллан, мунньуллан иһэр.

3. Салгын кут. Үөрэх салгын куту үөскэтэр. (15,19).

Оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буор кут киһи сайдан, хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатан иһэрин үөскэтэр. Ол аата киһи өйө-санаата үөрэҕинэн ылынар билиитин үөрүйэххэ кубулутан кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы биэриитэ аймахтар уонна омук сайдан иһэрэ түргэтиирин үөскэтэрин туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Ыал буолуу үгэстэригэр сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыы улахан оруолу ылар. Киһи буор кута сайдыылааҕын быһаарарга төрүттэрин, төрөппүттэрин олохторун ырытыы, тугу үлэлээн ханнык ситиһиилэри оҥорбуттарын билии эрэ туһалыыр. Ол иһин ыалы тэрийиигэ, кыыс оҕо эргэ барарыгар күтүөтү таба талан ылыыга олоххо элбэх уопуттаах төрөппүттэр ылар улахан оруоллара быһаарыллар.

Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан кэбиспитэ бары уһун тыллаахтары, элбэх саҥалаах дьадаҥылары эккирэтэн эргэ тахсалларын үөскэтэн, төрүүр оҕолор сайдыыта суох буор куттаах буолуулара сайдан, үлэ кыаттарбата үөскээн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Бу кэмҥэ сайдан иһэр сахалар, бу быһаарыыны таба сыаналаан ыал буолуу үгэстэрин кыыс оҕолоох дьон олоххо киллэрэллэрэ ирдэнэр.

Дьон байан истэхтэринэ оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин туһунан санаан ылаллара элбиир. Ол курдук, үйэлэрин тухары үлэлээн мунньубут баайдарын сатаан, табан салайыы оҕолоруттан ирдэнэрин син билэн эрэллэр. Ол аата аймахтар сайдан, тупсан иһэллэрин туһугар аан бастаан баайдар кыһаналлара, оҕолорун ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан, үгэстэринэн иитэллэрэ эрэйиллэр.

Айылҕаттан киһи икки өрүттээх; эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах. Бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн улахан тутулуктанан сайдалларын билэн икки ардыларыгар тэҥнэһиини үөскэтэн биэрэ сырыттаҕына, олоҕо хайа эрэ өттүн диэки халыйбата ситиһиллэр.

Аҥардастыы эт-сиин баара өй-санаа сайдыытын ситиспэт, төттөрү баран киһини кыыл таһымыгар түһэрэн кэбиһэр. Сахалар киһи этин-сиинин баҕатын быстах санаанан ааҕан тохтотоллор, куруук туттуна сылдьаллар. Ол курдук, киһи ханнык эмэ өйө-санаата аҕыйах, тиийбэт буолан хааллаҕына – тиийиммэт эбэтэр аһара бардаҕына киһи буолбатах диэн сахалар өй-санаа үөрэхтэринэн этиллэр.

Өй-санаа аһара баран сайдыыта киһи аны, этин-сиинин быраҕарын, хаалларарын үөскэтэн кэбиһэрэ өссө улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Арыгы иһээччи киһи итирээри эбии арыгы көрдөөн булан иһэ сатыыра дьоҥҥо барыларыгар биллэр өй көтүүтүгэр тириэрдэр куһаҕан майгы биллиитэ буолар.

Өй-санаа хаһан баҕарар “үчүгэй” диэн ааттаммыт өттүгэр аһара баран, халыйан хааларын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини уонна киһи буолуу үөрэҕин тутуһуу тохтотор. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи олоҕун киһи быһыылаахтык олоруохтаах диэн этэрэ өй-санаа хайа да өттүгэр аһара барарын суох оҥорор.

Ыал буолуу үгэстэригэр “Хааны тупсарыы” уонна “Тэҥнээҕи булунуу” диэн эти-сиини тупсарыыга, өй-санаа аһара барарын тохтотууга аналлаах үөрэхтэр бааллар. (7,64). Бу үөрэхтэри ыалы тэрийиэх инниттэн кыыс оҕо билэрэ уонна төрөппүттэрин көмөлөрүнэн туһана сылдьара эрэйиллэр.

Онон ыал буолуу үгэстэрэ киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэригэр удьуордаан уонна утумнаан бэриллэн иһэллэрин үөскэтэн омугу сайыннарар аналлаахтар.

ДУРУУСКАЛААН ЫАЛЫ ТЭРИЙИИ

Ыал буолууга бэлэмнэнии кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланан барарын төрөппүттэрэ энньэтин булуна, бэлэмнии сылдьаллара биллэрэр. Кыыс оҕо ыалы тэрийэрин эрдэттэн билэ сылдьара ырааһын харыстанарыгар ордук улахан суолталаах. Кыыс бары өттүнэн үчүгэй, сайдыыны ситиһэр кыахтаах, үлэни кыайар эр киһиэхэ эргэ тахсарыгар төрөппүттэрэ баҕаран энньэтин бэлэмнииллэр.

Кыыс тас көрүҥэ уонна өйө-санаата холбоһоннор эргэ барар кыаҕын үөскэтэллэр. Ону тэҥэ, кыыс энньэтэ төһө кээмэйдээх буолара саҥа ыалы тэрийэригэр улахан көмө буолар. Ол курдук, энньэ диэн кыыс ыалы тэрийэр, барынан-бары хааччыйар баайа, кыаҕа буолар уонна бэйэтэ бас билэр баайынан ааттанар.

Уол оҕо улаата охсон ойох ылар баҕа санаатыттан үлэни кыайа-хото үлэлиирэ, халыымы мунньуна сылдьара ситиһиллэр кыаҕа улаатар. Бу баҕа санаата туоллаҕына уол саҥа ыалы туох баарынан барытынан хааччыйар кыахтанара аҕа ууһун тэрийэр аналын толороругар туһалыыр.

Кыыс оҕо энньэтэ уонна уол халыыма холбоһон саҥа ыал баайа-мала буолан ыалы хааччыйарга туһалыыллар. Ыалга оҕо төрөөһүнэ уонна көрүүтэ-истиитэ эбиллэн, элбэх ороскуокка киллэрэн, эр киһи кыайа-хото үлэлиирин эрэйэллэр. Ол иһин ыалы тэрийиигэ эр киһи төһө үлэһитэ бастакы оруолу ыларын иһин, күтүөтү талан ылыыга аан бастаан буор кута төһө сайдыылааҕа сыаналанар.

Көрсүө, сэмэй үлэни кыайар эр киһи киһиргэһэ суох, мээнэ кэпсэммэт, аҕыйах саҥалаах буолар. ”Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах” диэн өс хоһооно үлэһит, көрсүө, сэмэй киһини биллэрэр. Ону тэҥэ, элбэхтик саҥарыы үлэни оҥорорго туһата аҕыйаҕын “Тылга тииһии” диэн этии баара быһаарар.

“Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн этии элбэхтик ону-маны саҥарыы, киһиргэтии талан ылыыга оруола улаханын биллэрэр. Ол иһин дьахтары талыыга көрсүө, сэмэй, үлэһит киһи үтүрүттэрэн туораан хаалыан сөбүттэн билиһиннэрэр, дуруускалыыр киһи көмөтүн туһанара ордук табыллар.

Сахалар былыр-былыргыттан ыалы дуруусканан тэрийэллэрэ биллэр. Ол барыта ыал буолуох инниттэн киһи төрүччүтүн үөрэтиигэ, төһө үлэһитин быһаарыыга, майгынын-сигилитин билиигэ аналланара улахан туһаны оҥорор.

Ыал буолааччыны бары өттүнэн эрдэттэн үөрэтэн билии уонна сөп түбэһэр атын өрүтү талан ылан билиһиннэрии дуруускалааһыны олоххо киллэрбит. Дуруускалааһын туһатын туһунан билэр дьон маннык суруйаллар:

- Аҕабар убайа Тэрэппиин Кулаковскай: “Элбэх оҕолоох-уруулаах, доруобай төрүөхтээх Заболоцкайдар кыыстарын Таанньаны ойох ыл“, - диэн сүбэлиир эбит. Тэрэпиин биир күн туруммут да эһэбэр Папа Заболоцкайга тиийэн кыыһын быраатыгар ыйытааччы буолбут. Онуоха эһэм сөбүлэҥин биэрбит. Оччолорго ийэм 18 сааһын туола илик, оттон аҕам 21 саастаах эбит.

Ийэбэр уруу тэрийэр баҕа санаалаахтарын биллэрбиттэригэр, маҥнай ылыммат: “Ыал буолуом иннинэ, бастаан үөрэхтэниэм этэ”, - диэн аккаастыыр. Мин санаабар кини дьиҥэр, Арайааһы сөбүлүүр эбит, онтон сөбүлэспит.

Дьоммут төһө да дуруусканан холбостоллор, сыыйа бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээн, сыһыаннара салгыы сайдан тапталга кубулуйар уонна олус дьоллоохтук алта уонтан тахса сыл бииргэ олорбуттара. (9,72).

Ыал буолуу диэн кыыс уонна уол сөбүлэһии түһэрсэллэрэ буолар. Ол иһин эрдэттэн бэйэ-бэйэлэрин дириҥник билсэллэригэр туһалаах көмөнү дуруускаһыт оҥорон биэрэр кыахтанар.

Ааттаах-суоллаах аҕа уустара сайдыылаах буор куттарын саҥа ыаллары тэрийэн тарҕатыыга дуруускаһыт көмөтүн туһаналлара табыллар. Ол курдук, киһи төрүт өйүн-санаатын, буор кутун үчүгэйдик билии уһун кэми ыларынан тастан көмөнү ылыы улаханнык туһалыыр.

Дуруускаһыт диэн бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэр дьону булан билиһиннэрэн саҥа ыалы тэрийээччи киһи ааттанар. Эдэрдэр дириҥник билсиспэккэ эрэ онно-манна көрсүһэ түһээт ыал буола сатыыллара тас көрүҥҥэ уонна имэҥҥэ эрэ олоҕурарыттан уһун үйэтэ суох буолара элбэхтик бэлиэтэнэрин таһынан, ханнык буор куттаах оҕону төрөтөллөрө биллибэтиттэн куһаҕаны оҥорууга киирсэр.

Имэҥ диэн эт-сиин атын аҥарга баҕара саныыра күүһүрэн ыла-ыла мөлтөөн хаалара биллэр. Ону тэҥэ, дьон солумсах буолуулара улаатыыта имэҥнэрэ аһара баран хааларын үөскэтэрэ элбээтэ.

Тыл үөрэхтээхтэрэ сахаларга туһаны оҥорботторо былыргыттан баар төрүт тыллары уларыта сатыылларыттан биллэр буолла. Солун диэн киһи ханнык эрэ саҥаны, уратыны билэрэ этиллэр. Онтон аһара элбэх солуну, саҥаны билэ-көрө сатааһын киһини солумсах буолууга тириэрдэн кэбиһэрэ куһаҕаны үөскэтэриттэн, бу тыл куһаҕан өйдөбүллээҕэ дьону харыстыыр аналланар.

Солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан тыл үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла солбуйаннар дьон солумсах буолууларын улаатыннаран кэбистилэр. Эдэр ыаллар арахсыылара элбээһинэ солумсах буолуулара аһара улааппытыттан ордук улахан тутулуктаах уонна тыл үөрэхтээхтэрэ сахаларга оҥорор куһаҕаннарын таба арааран билиигэ туһаны оҥороро быһаарылынна.

Омугу кыыс оҕолоох ыаллар сайыннараллар. Кыыс оҕону сааһын ситтэр эрэ эргэ биэриини төрөппүттэр ырааҕы суоттанан оҥороллоро аймахтарга, омукка сайдыыны аҕалар. Ол курдук, эр киһи сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ иҥэрэн биэриигэ кыыс оҕо кыаҕын туһаныы табыллар.

Онон эдэрдэр ыал буолуохтарын инниттэн өйдөрүн-санааларын уратыларын дириҥник билсиһиини үөскэтиини дуруускаһыт оҥороро улахан туһалаах.

УДЬУОРДААҺЫН

Киһи айылҕаттан тутулугун этэ-сиинэ быһаарар. Ол курдук, эт-сиин уу истэҕинэ, аһаатаҕына, ол аата эньиэргийэ эбиннэҕинэ эрэ тыыннаах сылдьара кыаллар. Салгын, уу уонна аһылык киһи айылҕаттан быһаччы тутулугун быһаараллар.

Эт-сиин киһи тутаах чааһа. Айылҕаҕа аан бастаан киһи этэ-сиинэ үөскээн сайдыбыт. Эккэ-сииҥҥэ үөскүүр буор кут сайдан иһиититтэн киһи өйө-санаата эбиллибит, хамсаныылары оҥороро тупсубут. Киһи уонна сүөһү диэн тыллар үөскээһиннэрэ киһи кыыллартан, сүөһүлэртэн өйө-санаата салгыы сайдан, тупсан, арахсан бу, киһи буолуу диэн таһымы ситиспитин биллэрэ сылдьаллар.

Эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ылынан киһиэхэ өйө-санаата үөскүүр уонна салгыы сайдар. Ол аата эт-сиин өйү-санааны үөскэтэр. Бу быһаарыы арҕааҥҥы дойдулар “Сири-дойдуну таҥара айбыта” диэн этиилэрэ улахан албынын арыйан дьоҥҥо тириэрдэр.

Киһи тас көрүҥүн этэ-сиинэ үөскэтэр. Оҕо төрөппүтүгэр маарынныыр көрүҥнээх буолуута удьуордаабытын, ол аата этин-сиинин төрөппүттэриттэн ылыммытын бэлиэтиир көстүү буолар. Эт-сиин удьуордааһын көмөтүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр.

“Удьуор уустар” диэн этии хас да көлүөнэ дьон уустарын, ол иһин буор куттара сайдыылааҕын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин биллэрэр. Дьон уустары кытта ыал буолан холбоһон сайдыылаах буор куту салгыы ылынан иһэллэриттэн сахалар бары уус төрүттээх буолууну ситиспиттэр.

Эт-сиин күүстээх. Бу эт-сиин күүһүн өй-санаа үөскэтэрэ улахан уустугу киллэрэр. Тас көрүҥнэрэ күүстээх курдук көрүҥнээх буолан баран, мөлтөх дьон баар буолаллар. Ол барыта эт-сиин төһө да баарын иһин хамсаныылары оҥорор кыахтаах буор кута сайдыыта суоҕунан быһаарыллар.

Буор кут диэн киһи хас биирдии быччыҥнарыгар хамсаныылары оҥороруттан үөскээн иһэр өйө-санаата ааттанар. Бу өй-санаа, буор кут үөрүйэххэ кубулуйбутун бэлиэтинэн киһи санаатынан, бу быччыҥын хамсатар кыахтанара буолар.

Суруйааччы Сиэн Чолбодук киһи сайдыыны ситиһэрин маннык быһаарар:

- Былыр да, быйыл да сүрэхтээх, үлэһит киһи байар куолута, Бырыылар удьуор сүрэҕэ суохтар. Ол Уоһук даҕаны син биир Бырыы удьуора-хаана, сиэн Бырыы буоллаҕа дии. Үөрэх дуомнааҕынан өттөйдөҕүнэ, син туох эмэ тахсаа ини. (12,28).

Араас эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьар ыарыылар кэлэр көлүөнэлэргэ эмиэ бэриллэн хаалыахтарын сөп. “Бодоҥноохтон бодоҥ төрүүр” диэн өс хоһооно ону биллэрэр. Эргэ тахсарыгар эдэр кыыс оҕо араас төрүттэриттэн ыарыылаах, сүрэҕэ суох эр дьону билэр, араарар кыаҕа аҕыйах. Ол иһин кыыс оҕо ыал буоларыгар төрөппүттэрэ төрүччү үөрэҕин туһанан көмөлөһөллөрө хайаан да эрэйиллэр.

Бу быһаарыы сүрэҕэ суох киһиттэн сүрэҕэ суох оҕо төрүүрүн биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Удьуордааһын хас да көлүөнэ дьоҥҥо барыларыгар бэриллэн иһэриттэн сайдыыны ситиһэн иһэр аймахтар эрдэттэн сэрэниэ, харыстаныа, кыыс оҕолору көрүө-истиэ, кыра эрдэхтэриттэн бэрээдэккэ үөрэтиэ, сааһын ситтэр эрэ сөптөөх күтүөтү булан эргэ биэрэргэ кыһаныа этилэр.

Ыал буолуу үгэстэрэ араас ыарыылаахтары, мөлтөхтөрү эрдэттэн оҕо төрөтүүтүттэн туоратан кэлэр көлүөнэлэр сайдыылаах буор куттанан сайдан, тупсан иһэллэрин ситиһиини үөскэтэллэр.

Олох салҕанан истэҕинэ дьон хас көлүөнэ аайы солбуллан иһэллэриттэн удьуор эмиэ уларыйан иһэр. Ол иһин кинилэр ыал буолан бэйэлэрин солбуйар аналлаах оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин кэмин аһарбакка үөскэтэн истэхтэринэ эрэ аймахтар эбиллэн, омук сайдан иһэрэ ситиһиллэр.

Удьуордааһын диэн төрөппүт этин-сиинин уратылара оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы бэриллэн иһэрэ ааттанар. Ыал буолуу үгэстэригэр туттуллар “Хаан тупсарыыта” диэн үөрэх оҕо этэ-сиинэ төрөппүттэрин удьуордаан уларыйарын, тупсарын быһаарар. Ол курдук ыал буолууга атын, аймах буолбатах, туспа хааннаах киһини талан ылыы төрүүр оҕолор эттэрэ-сииннэрэ тупсалларын туһугар анаан, эрдэттэн оҥоруллар быһыы буолар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн атын омук киһитин кытта ыал буолуу икки өрүттэнэн тахсар:

1. Эти-сиини улаханнык тупсарар.

2. Өйгө-санааҕа улахан эрэйи үөскэтэр.

Тупсубут хааннаах оҕолор эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүттэн араас кыра ыарыыларга ылларбат кыахтаналларын таһынан, бэйэлэрэ элбэх оҕолонор кыахтара биллэрдик улаатар. Сахалар бу быһаарыыны тутуһан ыал буолууга туспа хааннаахтары холбооттуу сатыыллар.

Омук киһитэ саҥарар тыла туспатынан уонна итэҕэлэ атынынан оҕо атын омук буолан хаалыан сөбө улаатарын сахалар ийэ куту иитии диэн үөрэхтэрэ тохтотор кыахтанар. Ол аата саха дьахтара хайа да омук эр киһититтэн оҕоломмутун иһин, оҕото кыра эрдэҕинэ ийэ кутун сахалыы өйгө-санааҕа иитэн, сахалыы саҥардан саха оҥорор кыаҕа улаханын биллэрэр.

Хааны тупсарыыттан үөскүүр икки тылланан хаалыы хайа омук баһыйарыттан улахан тутулуктаах. Баһылыыр омук тыла кыра омук тылын симэлиппэтин туһугар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии ордук улахан туһаны аҕалар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөөбүт тылынан саҥара үөрэннэҕинэ хаһан да умнубат буолара үөскүүр. Ол курдук, оҕо ийэ кутугар иҥмит үөрэҕэ хаһан да умнуллубат. Бу быһаарыы саха дьахтара атын омук эр киһитигэр эргэ тахсан оҕолонноҕуна даҕаны, Кут-сүр үөрэҕин туһанан оҕотун саха оҥорор кыахтааҕын биллэрэр.

Сахаларга эрэ баар Кут-сүр үөрэҕин туһанан оҕо ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллэрин ийэ хаһан баҕарар ситиһэр кыахтаах. Саха дьахталлара саха омугу харыстыыр, уһун үйэлиир санаалара элбэҕиттэн оҕо ийэ кутун үчүгэй, туһалаах үгэстэринэн иитиигэ уонна киһи буолууну ситиһэригэр кыһаныахтара этэ.

Удьуордааһын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Киһи этин-сиинин араас элбэх үчүгэй өрүттэрэ удьуордаан оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллиитэ.

2. Эт-сиин араас куһаҕан өрүттэрэ бэриллэн хаалыылара.

Сахалар ыал буолуу үгэстэрэ киһи үчүгэй өрүттэрэ оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэрин үөскэтэллэр уонна куһаҕан өрүттэрин эрдэттэн быһааран ыал буолууттан туоратан аймахтар сайдан, тупсан иһэллэрин хааччыйаллар.

Онон эт-сиин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ удьуордааһын диэн ааттанар уонна сайдан иһэр аймахтар, аҕа уустара туһана сылдьаллара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

УТУМНААҺЫН

Киһи этин-сиинин уратылара удьуордаан оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэрин бары билэбит уонна оҕо тас көрүҥэ төрөппүтүгэр маарынныыр буоллар эрэ үөрэбит. Оҕо төрөппүтүгэр маарынныыра “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Этэ-сиинэ, тас көрүҥэ маарынныыра ааттанар.

2. Өйө-санаата, хамсаныылары оҥороро маарынныыра буолар.

Сэбиэскэй былаас ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорбутуттан билигин өй-санаа оҕолорго хайдах бэриллэрин умнан, хаалларан сылдьабыт.

Өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэрэ утумнааһын диэн ааттанар. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр өйө-санаата буор кута эрэ буолар, ону тэҥэ, араас туһалаах эбэтэр буортулаах, куһаҕан үөрүйэхтэрэ эмиэ бэриллэн иһэллэр.

Санаа киһи баһын иһигэр эрэ буолбакка таһынан таһымныы сылдьарын аныгы наука быһааран аура диэн ааттыыллар. Бу аура төһө улаханыттан уонна хайдах дьүһүннээҕиттэн өй-санаа дьайыыта төһө күүстээҕэ быһаарыллар.

Өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугар сөп түбэһэн хаһан баҕарар икки өрүттэнэн иһэр уратылаах. Ону тэҥэ, өй-санаа эбиллэн, мунньуллан төһө күүһүрэн, уларыйан иһэрэ саха тылынан этиллэ сылдьар:

- Үөрэх. Өй-санаа саҥа сайдан эрэр таһыма. Үөрэх элбэхтэ хос-хос хатыланнаҕына, оҥорон көрөн боруобаланнаҕына үчүгэйэ, туһалааҕа эбэтэр куһаҕана, буортулааҕа быһаарылларын тэҥэ, билиигэ, онтон үгэскэ кубулуйан хамсаныылары оҥорорго кыттыһыан сөп. Үөрэх билиигэ, умнуллубат буолууга диэри сайдан киһи салгын кутун үөскэтэр.

- Үгэс. Үгэс эмиэ икки өрүттэнэн тахсар. Ол иһин оҕо ийэ кутун иитиигэ улахан сэрэхтээх буолуу эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыылары оҥотторон үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрэллэр уонна куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтотон куһаҕан үгэстэнэн хааларын суох оҥороллор. Умнуллубат турукка тиийбит өй-санаа үгэһи үөскэтиэн сөп. Үгэскэ кубулуйбут өй-санаа эти-сиини хамсатар кыахтанар. Үгэстэр мунньуллан ийэ куту үөскэтэллэр.

- Үөрүйэх. Өй-санаа үөрүйэх буолууга тиийэ сайыннаҕына эти-сиини бэйэтин киһи санаатын хоту хамсатар кыахтанар. Үөрүйэх буолбут өй-санаа буор кут диэн ааттанар уонна эккэ-сииҥҥэ иҥэн хааларынан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. Үөрүйэхтэр мунньуллан буор куту үөскэтэллэр. Ону тэҥэ, араас элбэх үөрүйэхтэр майгы уратыларыттан уонна тулууртан үөскүүллэрин иһин төрөппүттэр майгыларын тупсара, тулуурдарын улаатыннара сылдьаллар.

Бытааннык хамсанар, сыылба, нэс дьон хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор куттара ситэ сайдыбатах буолуон сөп. Сайдыыта суох буор куттаах киһи кэлэр көлүөнэлэрэ хамсаныылары оҥорор кыахтара өссө мөлтөөн барыан сөп.

Имигэс, сыыдам хамсаныылары оҥорор киһи буор кута лаппа сайдыылааҕынан ааҕыллыан сөп. Хамсаныы тупсан, сайдан иһиитэ түргэтээн, табыллан иһэрин ситиһиигэ кыах биэрэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсаныыларынан дьарыктаннаҕына буор кутун сайдыыта түргэтээн биэриэн сөп. Ол курдук, оҕо атаҕар туран хаамар буолууну биир сааһыгар ситиһэр кыахтанара хамсаныыларга үөрэнэр кыаҕа, бу кэмтэн саҕаланарын биллэрэр.

Киһи олоҕун сыала диэн баҕа санаатыгар сөптөөх үөрэҕи ылынан баран, ону үгэскэ, ол аата умнуллубат турукка тириэрдэн этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан үөрүйэххэ кубулутан, буор куту үөскэтинэн олоҕор туһаныыта буолар. Ону тэҥэ, сайдыылаах эккэ-сииҥҥэ үөскээбит буор кут салгыы кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрэ кинилэр сайдыыны, тупсууну ситиһэллэрин түргэтэтиитэ улахан туһаны аҕалар.

Буор кут үлэттэн, эти-сиини табан хамсатыыттан сайдан иһэр. Ол иһин үлэһит, дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах дьон сайдыылаах буор куттаахтар диэн ааҕыллаллар. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ уонна кэлэр көлүөнэлэрэ эмиэ сайдыылаах буор куттаах буола төрүүр кыахтаналларын ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар.

Буор кут төрөппүттэриттэн оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ аймахтар, аҕа уустара түргэнник сайдыыны ситиһэллэрин үөскэтэр. Ол иһин ыал буолууга, оҕону төрөтүүгэ сайдыылаах буор куттанарын туһугар төрөппүттэр эрдэттэн, ыал буолуохтарын инниттэн кыһаналлара, кыыс оҕолор кыыстарын харыстыыллара уонна эр киһини, күтүөтү таба талан ылаллара эрэйиллэр.

Майгы араас үөрүйэх буолбут өрүттэрэ утумнааһынынан эмиэ бэриллэн иһэллэрэ биллэр. Ол курдук, кыыһырар, абарар майгы диэн дьоҥҥо былыргы кыыл өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр. Олох араас түгэннэригэр киһиэхэ туохтан эмэ көмүскэнии үөскээн таҕыстаҕына, бу майгы баара эмискэ биллэн кэлиэн сөп.

Сахалар киһилии киһи диэн этиилэрэ киһи майгына өссө тупсубутун, көннөрү киһи майгыныттан ордубутун биллэрэр суолталаах. Ол курдук, аныгы оҕо олоҕун сыалынан улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэн баран, салгыы сайдан киһилии майгыланан киһилии киһи буолууга тиийэрэ ааҕыллар.

Майгы киһиэхэ туһалаах, үөрүйэх буолбут өрүттэрэ холбоһоннор ыча диэни үөскэтэллэр. Ыча кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэринэн ыал буолуу үгэстэригэр күтүөтү таба талан ылыыга туһанылла сылдьар. Ыал буолууга, оҕону төрөтүүгэ атын аҥары таба талан ылыы туһата улаханын таптал диэн тыл үөскээбитэ биллэрэр.

Айылҕа киһини харыстаан араас көмүскэнэр түгэннэргэ эбии күүһү биэрэрин билигин наукаҕа быһааран хааҥҥа адреналин киирэр диэн этэллэр. Бу күүс дьайыытыттан куотан иһэр киһи үрдүк тииккэ ыттан тахсыбытын билбэккэ да хаалыан сөп.

Бу эбиискэ киирэр күүһү сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар уор диэн ааттыыллар. Уор киирэн хааллаҕына киһи уордайар, уордаахха кубулуйан хаалыан сөп. Уоруу диэн куһаҕан быһыы олус былыргы кэмнэртэн баара биллэр. Тугун эрэ уордарбыт киһи кыһыыта-абата киирэрэ уор диэн эбиискэ күүһү быһаарыыга туһалыы сылдьар.

Киһи сайдан, тупсан иһэрин бэлиэтинэн араас куһаҕан майгылара биллэн кэлиилэрин өйүн-санаатын, тулуурун күүһүнэн туһанан көннөрөн, тупсаран иһэрэ буолар. Ол аата куһаҕаны арааран билэн, олору тупсаран үчүгэй оҥордоҕуна олоҕо тупсарын ситиһэр.

Билигин дьоҥҥо киһи буолууну үгүстэр ситиспиттэрин кэнниттэн майгыларын тупсаран, киһилии майгылары үөскэтэллэрэ, киһилии киһи таһымыгар тиийэллэрэ эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Ол аата майгы араас куһаҕан өрүттэрин; өстөһүүнү, өһүөнү, уордайыыны салгыы тупсарыы эрэйиллэрэ өссө да аҕыйыы илик.

Майгы араас куһаҕан өрүттэрэ үөрүйэх буолбуттара оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ эмиэ бэриллэн иһэллэр. Ол иһин сахалар үйэлэрин тухары куһаҕан майгыларын тобохторо баалларын тупсаран биэрэ сылдьаллар уонна куһаҕан майгылаахтары ыал буолуу үгэстэрин туһанан эрдэттэн туораталлар.

Киһи саамай кэбирэх сиринэн өйө-санаата буолар. Өй-санаа киһиттэн көтөн, баран хаалыан сөбө хаһан баҕарар баар. Ону өй көтүүтэ диэн этэллэр. Быстах кэмҥэ көтө сылдьан баран тиийэн кэлиитэ “Өйдөннө”, “Өйө киирдэ” диэн этиллэр.

Өй элбэх ыарыылара эмтэммэт, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр ыарыыларга киирсэллэр. Ол иһин маннык ыарыылардааҕа биллибит киһини ыал буолууга эрдэттэн чугаһаппаттар. Араас эмтэммэт ыарыылар үөрүйэх буолбут өрүттэрэ оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ эмиэ бэриллэн иһэллэр. Ол иһин сахалар араас ыарыылаахтары ыал буолуу үгэстэрин туһанан туораталлар.

Киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ өйө көтөн туспа барара айыы буолуу диэн ааттанар. Киһи өллөҕүнэ уларыйбат турукка тиийбит ураты, атыттарга маарыннаабат өйө-санаата айыы буолар. Ол иһин айыы диэн тыл тыыннаах киһиэхэ анаан этиллибэт уратылаах. Тыыннаах киһини “Айыы буол” диэн этии өйүҥ көттүҥ диэн өйдөбүллэнэрэ үчүгэйи баҕарыы буолбатах, кырааһыҥҥа тэҥнэнэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы киһитэ буол” диэн алгыы сатыыллара олус улахан сыыһа, тыыннаах дьону өлбүттэри кытта тэҥнээн албыҥҥа киллэрии, өлүүгэ ыҥырыы буолар. Өй-санаа өлбүт эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ылара уурайан, арахсан туспа барыыта, уларыйбат турукка киириитэ уонна өр кэмҥэ сүтэн, симэлийэн хаалбакка эрэ сылдьыыта айыы буолуу диэн өйдөбүлү үөскэтэн, өлбүттэр өйдөрүн-санааларын тыыннаахтартан туспа араарыыны олоххо киллэрбит.

Киһи өйө-санаата, салгын кута көтөн, баран хааларын тулуура уонна туттунар күүһэ эрэ хам тутаннар киһи буолан, киһилии быһыыланан олоҕун олорор кыахтанар. Ол иһин сахалар оҕону иитиигэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун олохторугар туһанан өйүн-санаатын бөҕөргөтө, тулуурун улаатыннара сылдьаллар. (16,92).

Киһи өйүн-санаатын күүһэ сүр диэн ааттанар уонна өсөһүн, тулуурдаах буолуутун, туттунар күүһүн үөскэтэр. Сахалар киһи сүрэ өйүн-санаатын, куттарын холбуу тута сылдьар күүс буоларын билинэннэр тулууру дьарыктыыллар, эрчийэллэр. (17,70).

Сэбиэскэй былаас өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорон уонна дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олоххо киллэрэн утумнааһын диэн аналлаах үөрэх баарын умуннарбыта. Бу үөрэх умнуллан хаалбытынан туһанан дьахталлар хайа эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэттэрэ үксээн араас сүрэҕэ суохтар, бэлэмҥэ сылдьааччылар уонна сатаан хамсаммат ыарыылаахтар аһара элбээтилэр. Араас элбэх эмтэммэт ыарыылаах оҕолорго анаан тэлэбиисэр бары ханаалларынан харчы көрдүүллэрэ ону биллэрэр.

Үлэни кыайбат буолууга уонна ахсааннара аҕыйаан иһиигэ тиийбит омук эстэрэ, симэлийэрэ тиийэн кэлэр. Дьахталлар көҥүллэринэн эргэ барыылара тарҕаныыта, хайа эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэт буолуулара төрүүр оҕолору быста мөлтөтөн омугу эстиигэ тириэрдэрэ итинник дакаастанар.

Онон киһи сайдыылаах буор кутун уонна үчүгэй үөрүйэхтэрин кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы биэрэн иһиитэ аҕа уустара, аймахтар сайдан, тупсан иһэллэрин үөскэтэрин туһана сылдьыы эрэйиллэр.

АЙМАХТАР

Ыаллар сайдан оҕолоро элбээн, улаатан саҥа ыаллары тэрийэн истэхтэринэ аймахтар эбиллэн, кэҥээн иһэллэр. Аймахтар элбээн, тэнийэн иһиилэрэ омук дьонун ахсааннара эбиллэрин үөскэтэр.

Ай уонна махтал диэн тыллартан хомуллан үөскээбит аймах диэн тыл саҥаны айыыны оҥорууттан уонна онтон махтал үөскээн тахсарын биллэрэр. Саҥа ыал үөскээн саҥа аймахтары үөскэтэрэ олоххо саҥаны айыы буолар. Ол иһин ай диэн тыл туттуллар. Ону тэҥэ, аймахтар элбээн иһиилэрэ үчүгэйи, тупсууну аҕалара элбэҕиттэн махтал этиллэрэ тиийэн кэлэр.

Олус былыргы кэмнэргэ уус диэн тыл биир, үлэни сатабыллаахтык оҥорор киһини быһаарарга туттулла сылдьыбыт. Бу уус киһи ыал буолан оҕолоро элбээн аҕа ууһун үөскэтэн, аймахтары тэнитэн, тарҕатан барарыттан улуу уустар, улуустар үөскээбиттэр. Уус киһи элбэх оҕолоро ыал буолан атын аймахтары кытта уруурҕаһан тастыҥ аймахтары үксэтэн иһэллэриттэн саха омуга үөскээбит.

Уус диэн ханнык баҕарар үлэни табан, сатаан оҥорор киһи ааттанар. Бу киһи хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута сайдыылааҕыттан үлэни табан, сатаан оҥорор кыахтанарын былыр үйэҕэ быһааран аналлаах уус диэн тылы үөскэтэн туһаналлар.

Улуу уус диэн элбээн, киэҥник тарҕаммыт аймахтар ааттара. Бу тыллар кэлин уларыйан, холбонон улуус диэнинэн туттуллар буолбуттар. Улуус диэн тылы сурукка киллэрэн аан бастаан Чыҥыс Хаан туттубута биллэр, ону тэҥэ, хаан диэн улахан салайааччыны биллэрэр саха тылын атын омуктарга киэҥник тарҕаппыта. Улуу импиэрийэтин кэлэр көлүөнэлэригэр хаалларарыгар түөрт уолугар тус-туспа өлүүлээн, түөрт улууһу тэрийэн түҥэппит уонна хаан диэн үрдүкү чыыннары иҥэрбит.

Московскай княжествоны Чыҥыс Хаан сиэнэ Батый Хаан тэрийбитэ, олохтообута биллэр. “Ханы Золотой Орды называли Русь своим улусом”. (18,730).

Хаан диэн салайааччылаах былыргы дойдулар сахалар дойдуну салайар үөрэхтэрин туһанааччылар буолаллар. Сахалар дойдуну салайар үөрэхтэрэ диэн биир хаан аймахтар солбуйса сылдьан дойдуну салайыылара буолар уонна ханство диэн нууччалыы ааттанар. Ханствоны хаан диэн чыыннаах киһи салайара.

Омукка былыргы кэмнэртэн сайдыы, уларыйыы киирэн иһэрин биллэрэн тыллар уларыйан иһэллэр. Хаан диэн тыл оннугар саар диэн саха тылын булан нууччалар туһаммыттара. Бу саар, “царь” диэн тыл аһара улахан диэн сахалыы өйдөбүллээҕин таба туһанан үрдүкү салайааччыны бэлиэтииргэ туһаммыттара. Бу саар, аһара улахан диэн ааты ылынан саҥалыы үөскээбит нууччалар өр кэмҥэ дойдуларын үрдүкү салайааччытын саха тылынан ааттаан элбэх кыайыылары ситиспиттэрэ.

Аҕа ууһа аймахтары сайыннарар кыаҕын утумнаан бэриллэн иһэр буор куттара, сүрдэрэ уонна араас үчүгэй үөрүйэхтэрэ үөскэтэллэр. Бу кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр өй-санаа мунньустуулара аймахтарга сайдыыны ситиһэллэригэр кыах биэрэр.

Киһи өйүн-санаатын бу мунньустууларын уратыларын сахалар былыр үйэҕэ быһааран билэн ыча диэн өйдөбүлү үөскэтэн өй-санаа туругун билиигэ туһаналлар: - “Ычата кыра” диэтэхтэринэ, бу киһи уустук үлэни өйө-санаата туруга суоҕуттан уонна атын дьону кытта табан сыһыаннаспатыттан кыайбата, сатаабата быһаарыллан тахсар. - “Киэҥ ычалаах” аймахтар сайдыыны, тупсууну ситиһэр кыахтара атыттартан улаатарын ыал буолууга туһана сылдьаллар.

Киһи сайдыыны, тупсууну ситиһэригэр ыча итинник киэҥ суолталааҕын быһааран туһаныы киһи инникитин, олоҕор тугу ситиһиэхтээҕин быһаара сатааһыҥҥа улаханнык көмөлөһөр. Ол иһин ыал буолууга ыча киһи буор кутун кытта холбуу сыаналанар.

Сахаларга аймах диэн тыл киэҥ өйдөбүллээх:

1. Хаан аймахтар.

2. Тастыҥ аймахтар.

Аймахтар бу уратыларын арыыйда кэҥэтэн быһаарыахпыт:

1. Хаан аймахтар диэн биир хааннаах, эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах, биир буор куттаах уонна ычалаах аймахтар ааттаналлар. Бу аймахтар тэнийэн, тарҕанан улуу уустары үөскэппиттэрэ билигин даҕаны бааллар. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата удьуордааһын уонна утумнааһын көмөтүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин хаан аймахтар туһана сырыттахтарына эрэ хааннара булкуллан хааларыттан харыстаналлар.

Сайдыылаах буор куттаах хаан аймахтар олохторун устата таһаарыылаахтык үлэлээн ситиһиини оҥорор кыахтара улаатар. Биир хаан аймахтар дойдуну салайаллара Аан дойдуга биллэринэн династия диэн ааттанар уонна 300 сылга тиийэр эбэтэр кыратык ордор кэми ылыан сөп.

2. Тастыҥ аймахтар. Хаан аймахтартан атын аймахтар бары тастыҥ аймахтар диэн ааттаналлар. Аймахтаһыы ырааттаҕына, тоҕус көлүөнэттэн ордон бардаҕына ыраах аймахтарга уларыйыы тиийэн кэлэр. Ыраах аймахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолаллара көҥүллэнэр уонна тастыҥ аймахтарга кубулуйан барыахтарын сөп.

Ыал олоҕун сайдыыта саха дьоно былыргы кэмнэртэн ыла туһаммыт суолларынан бардаҕына оҕо төрүүрэ элбээн уонна киһи буолууга иитэллэрэ тупсан аймахтар ахсааннара үксээн иһиитэ үөскүүрэ ситиһиллэр. Эдэр дьахталлар төрүүр кыахтара улаханыттан, үгүстүк төрүөхтэрин сөбүттэн, доруобай оҕолору төрөтөллөрүттэн, сааһырдахпытына, кырыйдахпытына оҕолорбут иитиэхтэрэ диэн үчүгэй санаанан салайтардахтарына элбэх оҕону төрөтөр кыахтаналлар уонна оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ тупсан үлэһит, үлэни кыайар эдэрдэри элбэттэхтэринэ аймахтар, ону тэҥэ, омук сайдар кыаҕа улаатар.

Дьахтар эдэригэр оҕолонноҕуна, ол оҕолонууттан этигэр-сиинигэр баҕа санаата үөскүүрүттэн салгыы оҕолонор кыаҕа улаатар. Бу быһаарыы “Киһини санаата салайар” диэн этиигэ сөп түбэһэр.

Аймахтар уонна омук дьоно сайдыыларыгар, ахсааннара эбиллиитигэр сахалар “Хаан тупсарыыта” диэн үөрэхтэрэ улаханнык туһалыыр. “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно эт-сиин туругун быһаарара ордук суолталаах. Ол курдук, эт-сиин сылайыыта, ууһуур дьоҕура намтааһына аймахтар ахсааннара аҕыйаан, бэйэлэрэ мөлтөөн барыыларыгар тириэрдэр. Уһун үйэлээх сахалар ону билэн “Хаан тупсарыыта” диэн үөрэҕи олохтоон ыал буолуу үгэстэригэр киллэрэн туһанан төрүүр оҕолор эттэрин-сиинэрин тупсаран биэрэ сылдьаллар.

Элбэх аймахтартан хомуллан омук үөскээн тахсар. Леонид Попов саха буолууну маннык быһаарар:

- Эһэтэ ыһыыт атыыһыт, төһө да дьэбириэйин иһин, кини бэйэтин дьиҥнээх саханан билинэр: ийэтэ уу саха, оттон аҕата булкааһык. (19,72). Ийэ оҕотун өйө-санаата, саҥарар тыла сайдыытыгар ылар улахан оруолун сахалар быһааран, төрүт өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттаабыттара оҕо ийэтин элбэхтик үтүктэн, батыһан үөрэнэрин биллэрэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥара үөрэнэригэр ийэтэ үөрэтэр кыаҕа атыттардааҕар лаппа улахан.

Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу аймахтары элбэтэр, хааннарын тупсарар уонна өйдөрүн-санааларын, буор куттарын сайыннарар. Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан ыал буолуу үгэстэрин тутуспат буолууларын үөскэппитэ Россия баһылыыр омугар – нууччаларга ордук улахан охсууну, куһаҕаны оҥорор. Бу куһаҕаннар дьайыыларыттан нуучча омук эстэрэ, симэлийэрэ кэлэрэ чугаһаан иһэрэ сэриилэһэ сатыыра элбээбититтэн биллэр буолла.

Онон аҕа уустара, аймахтар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэрин ситиһиигэ ыал буолуу үгэстэрин тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.

ХААН АЙМАХТАР

Биир ийэттэн эбэтэр аҕаттан төрөөбүт оҕолор хаан аймахтар диэн ааттаналлар. Ол аата эттэрэ-сииннэрэ төрөппүттэриттэн бэриллэрин тэҥэ, өйдөрө-санаалара уонна буор куттара биир буолар.

Буор кут диэн киһи хас биирдии быччыҥнара хамсаныылары оҥороллоруттан үөскээн тахсан иһэр өй-санаа буоларынан эр киһиттэн оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэр. Оҕо аҕата сыыдам хамсаныылардаах буоллаҕына, оҕото кинини утумнаатаҕына эмиэ сыыдамнык хамсанар кыахтаах буолар. Ону тэҥэ, буор кукка киһи араас майгынын, сүрүн уратылара үөрүйэхтэргэ кубулуйбуттара эмиэ киирсэллэр.

Эллэй Боотур аймахтарын маннык билиһиннэрэр:

“Я тоже создан, живу по повелению Чынгыс-Хаана и Одун-Хаана, будучи связан с матерью-землей как бы тонкой волосяной бечевкой, а ко всей вселенной будучи прикреплен тонкою нитью. Был я кровью человека ханского звания, родовитого человека дитятей, порождением чтимого человека, знатного человека потомком”. (3,35).

Биир хаан аймахтар буор куттара биир буоларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэриттэн олохторугар ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн туһаналлар. Дьадаҥылар олохтообут сэбиэскэй былаастара дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын көҥүллээн, олоххо киллэрэн ыал буолуу үгэстэрин умуннара, хааллара сатаабыттара. Ол да буоллар дьон өйүгэр-санаатыгар үйэлэр усталарыгар иҥмит үгэс ыл да сотулла охсон, атынынан уларыйан хаалбатыттан үгүстэр, аймахтара сайдыахтарын баҕара санааччылар билигин даҕаны, сүрүн өттүлэрин тутуһа сылдьаллар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон төрүттэрин, уустарын билиммэт буолуулара үөскээһинигэр дьадаҥы төрүттээх суруйааччылар улахан куһаҕан оруоллаахтар:

- Ытык ыал ыччата буолуо диэбитим, аата суох аҕалаах, төрдө-ууһа суох киһи эбиккин дуу? – Кыл сэлээппэ кыһытардыы саҥарда. Онно эдэр киһи кыһаммата:

- Төрүккэ-ууска төрүт да наадыйбаппын, - диэтэ. (19,10). Бу этии дьадаҥыларга, хамначчыттарга, ким эрэ эппитин толоро сылдьар дьоҥҥо төрүт-уус диэн кырдьык туһата суоҕун биллэрэр.

Баайдар эрэ төрүккэ-ууска наадыйаллар диэн санаа олус улахан халыйыы буоларын сэбиэскэй былаас эстиитэ дакаастыыр. Ол курдук, дьадаҥы буор куттаах дьон үлэни табан, сатабыллаахтык үлэлээбэттэрин тэҥэ, кыайан табатык салайбаттарыттан төһө эмэ элбэх көмө баарын үрдүнэн ас-таҥас тиийбэтэ үөскээн, бу былаас ырыынагы тутуһар былааһынан уларыйбыта.

Ол барыта дьадаҥы төрүттээх дьон босхо кэлэр көмөҕө үөрэнэн хааланнар бэйэлэрэ оҥорор, тутар, быһаарыыны ылынар кыахтара кыччыырыттан тутулуктаах. Барыта бэлэмҥэ үөрэнии оҕону атаах оҕоҕо кубулутарын сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ быһааран “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар.

Аҕа ууһа аймахтар сайдан иһэллэриттэн күүһүрэр, кыаҕырар. Ол иһин аҕа ууһун баһылыга эдэрдэр ыал буолууларын тэрийиигэ ылар оруола лаппа улааттаҕына табыллар. Сэбиэскэй былаас кыра омуктары, ол иһигэр сахалары эһэн, симэлитэн нууччаларга кубулута сатаабыта билигин да салҕанан баран иһэриттэн оҕолору детсадтарга, оскуолаларга сахалыы үөрэтэри аҕыйатан иһэллэр.

Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыытыгар ханнык хайысханы тутуһара кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Оҕо иитиитэ икки өрүттээҕэ икки хайысханы үөскэтэн аймахтар, омук сайдыытыгар оҥорор уратылара маннык арахсаллар:

1. Атаах оҕо. Атаах буола иитиллэн хаалбыт оҕо, төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олоро үөрэнэн бэйэмсэҕэ улахан буолан хааларыттан аймахтар, омук сайдыыларыгар тугунан да көмөлөспөт, баар бэлэми эрэ туһанааччы буола улаатарын тэҥэ, тулуура, туттунар күүһэ суоҕуттан сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэрэ элбиир.

2. Көйгө оҕо. Үлэлии үөрэнии эрэйдээх. Бу эрэйдэри тулуйдахха, кыайдахха эрэ үлэлииргэ үөрэнии кыаллар. Көйгө оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэммититтэн, тулуура, өһөс санаата улаханыттан улааттаҕына элбэхтик, барыстаахтык үлэлээн уонна сыыһа-халты туттубакка ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйан аймахтары, омугу сайыннарар, элбэтэр кыахтанар.

Оҕо диэн кэлэр көлүөнэ киһитэ. Бу киһини бэлэмҥэ үөрэтэн, атаахтатан кэбистэххэ аймахтар сайдыыларыгар туох да туһаны оҥорбот, бэйэтин иннин эрэ көрүнэ сатыыр буола улаатан хаалыан сөп. Билигин ырыынак олоҕун кэмигэр оҕону кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтэн тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннаран биэрии эрэйиллэр буолла.

“Төрүт уус ыал” уонна “Удьуордаан туран уустар” диэн аймахтары эттэхтэринэ, хас эмэ көлүөнэлэр усталарыгар бары уустарын, оҕолоро эмиэ уус буолан төрүөхтэрин сөбүн билинэллэр. Ол иһин ыаллар уустары кытта холбоһон саҥа ыалы тэрийэллэрин сөбүлүүллэр. Ыалы маннык тэрийии аймахтар үлэлии үөрүйэх, сайдыылаах буор куттарын тарҕатарыттан салгыы сайдыыны ситиһэллэрин үөскэтэр.

Хаан аймахтар диэн хас да көлүөнэлэр усталарыгар биир эттээх-сииннээх, биир буор куттаах дьон ааттаналлар. Тоҕус көлүөнэлэр кэннилэриттэн аймахтаһыы ыраатан ыал буолуу көҥүллэнэр кэмэ тиийэн кэлэр. Хос хос эһэ кэнниттэн хаан аймахтаһыы өссө ыраатар, икки өттүттэн ааҕыы кэнниттэн тоҕус көлүөнэ ааһара ситиһиллэр.

Нууччалар икки өттүттэн ааҕан биир хос эһэлээх оҕолору ыал оҥорон холбуулларын сахалар ылымматтар, аймахтаһыыны чугаһатан кэбиһэр диэн ааҕаллар.

Удьуордааһын диэн эт-сиин, хаан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ ааттанар. Төрөппүттэриттэн удьуордаан оҕо тас көрүҥүн, этин-сиинин ылынан төрүүр.

Утумнааһын диэн өй-санаа; буор кут, сүр уонна араас үөрүйэхтэр кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиилэрэ ааттанар.

Оҕо төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин удьуордаабыта улаатан истэҕинэ тас көрүҥүттэн көрөн быһаарыллар кыахтаах буоллаҕына, өй-санаа утумнааһын көмөтүнэн бэриллэрэ хойутаан, улаатан истэҕинэ тугунан таптаан оонньууруттан уонна хамсаныылары хайдах оҥороруттан биллиэн сөп.

Хаан аймахтар биллэр бэлиэлэринэн үлэни кыайарга аналлаах буор куттара буолар. Ол курдук, буор кут диэн киһи хас биирдии быччыҥнарыгар хайдах хамсаналларыттан үөскээн иһэр өй-санаа буолан киһи хамсаныылары оҥорорун салайар өйө-санаата буолар. Сайдыылаах буор куттаах киһи диэн араас хамсаныылары табан, имигэстик, сымсатык оҥорор кыахтаах киһи ааттанар.

Дьону үлэ сайыннарар. Ол иһин киһиэхэ хамсаныылары табан оҥорор буолуута сайдыыны ситиһэригэр бастакы оруолу ылар. Уус киһи хамсаныылары табатык оҥорор кыаҕа улаханын сахалар быһаараннар уустары кытта ыал буолары ордороллор.

“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно баай киһи өйүн-санаатын улаханнык уларытарын, оннооҕор аймахтарын умуннарарын тэҥэ, байыыны ситиһиини сайдыылаах буор куттаах киһи ситиһэрин биллэрэр. Ол курдук, баайдар дьадаҥы аймахтарын үлэһит, хамначчыт оҥостоллоро былыргыттан биллэр.

Эр киһи төрөтөр оҕотугар удьуордаан этин-сиинин бары уратыларын биэрэрин тэҥэ, утумнаан өйүн-санаатын үөрүйэх буолбут өттүлэрин барытын биэрэр. Ол иһин саха дьоно куһаҕан быһыыны оҥорон, куһаҕан үөрүйэхтэнэн хаалбакка кыһаналлар уонна майгыларын тупсара сылдьаллар. Ол курдук, биир эмэ да куһаҕан быһыыны оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕан үгэһи, үөрүйэҕи үөскэтэн кэбиһиэн сөбүттэн харыстаннахха эрэ табылларын сахалар билэн туһана сылдьаллар.

Хаан аймахтар биир буор куттаах буоланнар ханнык эрэ дьыалаҕа биир санааланыылара дөбөҥнүк үөскээн ситиһиллэр. Ол курдук, хаан аймахтартан ким эмэ санааргыыр буоллаҕына, ол санаарҕабыл барыларыгар тиийиэн сөп.

Хаан аймахтыылар ханнык эрэ биллибэт күүс өйдөрүгэр-санааларыгар дьайыытынан бэйэ-бэйэлэрин билсэллэрин Дмитрий Таас “Кыһыл көмүс хоруоп” диэн сэһэнигэр уустаан-ураннаан суруйбута. (20,86).

Хаан аймахтар икки аҥы арахсаллар:

1. Чугас аймахтар. Тоҕус көлүөнэ иһинэн аймахтар чугас аймахтар диэн ааттаналлар. Саха дьоно чугас; аҕаларынан уонна ийэлэринэн аймахтарын барыларын билсиһэ сылдьаллар. Чугас аймахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолаллара былыргы кэмнэртэн бобуллар.

2. Ыраах аймахтар. Тоҕус көлүөнэ таһынан аймахтар ыраах аймахтар буолаллар. Ыраах аймахтары кытта ыал буолан холбоһуу бобуллубат. Бу аймахтар өссө тэйдэхтэринэ, ырааттахтарына тастыҥ аймахтарга уларыйан хаалыахтарын сөп.

Олох салгыы баран истэҕинэ аймахтар ахсааннара эбиллэриттэн бэйэ-бэйэлэриттэн ыраатан, тэйсэн иһэллэрин хардары-таары ыал буоланнар чугаһатан биэриэхтэрин сөп. Хаан диэн саха тыла Аан дойдуга киэҥник тарҕанан сылдьара сахалар олус былыргы үйэлэргэ киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыттарын биллэрэр. Биир хаан аймахтар салайар дойдулара ханство диэн ааттанар уонна элбэх дойдуларга тарҕана сылдьыбыта былыргы ааттарыгар иҥэн сылдьар.

Биир хаан аймахтар улуу уустары үөскэтэн сахалары салайа сылдьыбыт бэлиэлэринэн Хаҥалас улууһа баара уонна “Тойон ууһа” диэн ааттанара буолар. Нууччалар эмиэ сахалар дойдуну салайар ньымаларын, ханствоны туһана сылдьыбыттарын “царь” диэн ааттаах салайааччылар династиялара үөскээн үс үйэттэн ордук кэмҥэ салайан сайдыыны ситиһиннэрэ сылдьыбыттара биллэрэр.

Онон киһиэхэ эттэринэн-сииннэринэн уонна өйдөрүнэн-санааларынан саамай чугас дьонунан хаан аймахтара буолаллар.

ТАСТЫҤ АЙМАХТАР

Аҕыйах ахсааннаах омукка хаан аймахтар элбээн иһиилэриттэн тастыҥ аймахтара аҕыйаан, ыал буолууга уустуктар үөскээн бараллар. Сахалар кыахтаах өттүлэрэ былыргы кэмнэргэ ыраах улуустартан ойох ылан ыалы тэрийэллэрэ. Ол барыта төрүүр оҕолор эттэрэ-сииннэрэ бөҕө буоларыгар, “Хааннарын тупсарыыга” анаан оҥоруллар ыраахха тиийэр сыаллаах туһалаах быһыы буолара уонна “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһоонунан этиллэрэ.

Сэбиэскэй былаас төрдө-ууһа суох дьадаҥылар былаастара этэ. Ол иһин төрүүр оҕо төрүттэриттэн ылынар араас туһалаах өрүттэригэр, хаачыстыбаларыгар, үөрүйэхтэригэр урукку былааска өһүрбүттэрэ бэрдиттэн кыһамматтара чахчы этэ. Ыраахтааҕы былааһыгар дьахталлар баттана сылдьыбыт аатыраннар саҥа былаастан элбэх көҥүлү ылбыттара: - Эр дьону кытта бары өттүнэн тэҥнэһиини, үөрэниини уонна салайар былааска кыттыһыыны ылбыттара.

- Дьахталлар бэйэлэрэ талбыттарынан эргэ тахсалларын сокуонунан көҥүллээбиттэрэ уонна ыал буолуу былыргы үгэстэрин барыларын хаалынньаҥынан ааттаан бырахпыттара.

Олох салгыы баран иһиитэ салайар былаастартан быһаччы тутулуга кыра. Олох үөрэҕэ былаастартан тутулуга суох сайдар. Ол курдук, дьон ханнык баҕарар былааска олоруохтарын сөп. Арай олохторун хаачыстыбата уларыйарынан салайар былаас дьайыыта элбэх дьоҥҥо биллэр.

Уһун үйэлэргэ үөскээбит үгэстэр умнулла, хаала охсубаттар. Ол иһин саҥа үгэстэр олоххо киирэллэрин мэһэйдииллэр. Сахалар сэбиэскэй былаас да кэмигэр ыал буолуу былыргы үгэстэрин сүрүн өттүлэрин бэйэлэрэ тутуһа сылдьыбыттара.

Уол ойох ылыыта уонна кыыс эргэ барыыта саҥа аймахтары үөскэтэн иһэллэр. Бу саҥа аймахтары аан бастаан тастыҥ аймахтар диэн ааттыыллар, ол аата туспа хааннаах аймахтарын билинэллэр. Онтон оҕолор төрөөтөхтөрүнэ саҥа аймахтары кытта бииргэ холбоһуу, чугасаһыы үөскээн тарҕанар.

Биир чугас хаан аймахтар ыал буолууларын сахалар боболлор. Ол барыта аймахтаһыы үөскээн тахсарыттан төрүүр оҕолор төннүүлэрэ үөскүүрүттэн тутулуктаах. Ыраах эбэтэр тастыҥ аймаҕы кытта ыал буолуу көҥүллэнэр.

Сахалар үөрэхтэринэн ыал буолуу тус-туспа хааннаахтар икки ардыларыгар эрэ табыллар. Ол барыта төрүүр оҕолор эттэрэ-сииннэрэ уонна өйдөрө-санаалара атын хааннаахтары кытта холбоһууттан тупсарыттан, бөҕөргүүрүттэн тутулуктанар.

Бу быһаарыыны тутуһан “Хаан тупсарыыта” диэн үгэс үөскээбитин саха дьоно бары тутуһа сылдьаллар. Ол аата, атын омук киһитин кытта холбоһон, ыалы тэрийэн оҕо төрөттөххө, бу оҕо тупсарыллыбыт хааннаах оҕо буолан тахсарыттан этэ-сиинэ тупсара уонна бөҕөргүүрэ быһаарыллар.

Туспа омук киһититтэн төрөөбүт оҕону билигин бааһынай диэн ааттааһын олоҕурбут курдук буолла. Бааһынайдар омугу эт-сиин өттүнэн тупсараллара биллэр. Саха нууччаны кытта холбоһон төрөппүт оҕолоро эт-сиин өттүнэн сайдыылаах буолан тахсарын А.Е.Кулаковскай бэлиэтии көрөн суруйбута.

“Хаан тупсарыытыттан” эт-сиин тупсар, сайдар буоллаҕына, өй-санаа улахан уустук балаһыанньаҕа түбэһэр. Ол курдук, бааһынайдар үксээтэхтэринэ икки омук тылын холбуу туһанан саҥараллара элбиириттэн туспа, саҥа тылы үөскэтэн таһаарар кыахтаналлар. Бу туспа тыл салгыы сайдан иһиитэ саҥа тылы сайыннаран, саҥа омук үөскээн тахсарыгар олук буолан хаалыан сөп.

Оҕолор ыал буолуулара тастыҥ аймахтары элбэтэн иһэр. Саҥа ыаллар оҕолоннохторуна тастыҥ аймахтар өссө чугасаһан биир сыалы булуналлара үөскээн барар. Оҕо аймахтары холбуур, буор куттарын ылынан төрүүрүттэн бииргэ ситимнээн кэбиһэр.

Сэбиэскэй былаас ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорбутуттан уонна нуучча тылын улахан сабыдыалынан билигин саҥа аймахтары ааттааһын уларыйыах курдук буолла. “Сват” диэн нуучча тыла саҥарарга судургутунан сахалар ходоҕой, түҥүр диэн былыргы тылларын солбуйар куттала улаатта.

Икки омук тылын бииргэ туттуу кэмигэр тыл сайдан иһэрин туһугар эрэйэ суох, судургутук саҥарыллар тыл биир суолталаах атын тыллартан чорбойон, туттуллара элбээн, тарҕанан барыыта үөскээн тахсар. Сыбааттар диэн тыл дорҕоонноро сөп түбэһэллэриттэн сахалыы тыл буолан тахсар кыахтаах.

Олус былыргы кэмнэргэ ыал буолууну аймахтар икки ардыларыгар эйэлээх, иллээх сыһыаны олохтуурга анаан туһаналлара. Атын омуктары кытта эйэлээх сыһыаны олохтоору кыыс оҕону эргэ биэрэллэрэ. Эргэ барар кыыс оҕо ыраас кыыһынан буолара кытаанахтык ирдэнэрэ, аналлаах –куо диэн тылы кыыс аатыгар эбэн биэрэн ырааһын бэлиэтииллэрэ. Ол барыта ыраас кыыс оҕо сайдыылаах буор куттаах эр киһини удьуордуур, утумнуур оҕону төрөтөр кыахтааҕын быһааран олоххо киирбит.

Бу быһаарыыны тутуһан ыраас кыыс оҕо эбиискэ сыаналанар. Ол сыаната энньэтин сыанатыгар эбиллэр уонна анаан-минээн бэйэтин үчүгэйдик киэргэтэллэр. Билигин ырыынак кэмигэр, кыыстаах ыаллар бу сыана эбиллэрин туһанан кыыс энньэтин улаатыннаран уол киллэрэр халыымын элбэтиэхтэрин сөп.

Ыраас кыыс оҕо аймахтары, омугу сайыннарар кыахтааҕын туһаныы эрэйиллэр. Кыыс оҕолоох ыаллар элбэх баайы илдьэ сылдьалларын “Сыа сиэхпит” диэн этии былыргыттан баара биллэрэр.

Аймахтарын чахчы сайыннарыан баҕарар күтүөт ыраас кыыс оҕону халыымын төлөөн ойох ылара табыллар. Кыыстарын сүтэрбит эбэтэр хаттаан эргэ тахсар дьахталлар энньэтэ уонна халыыма суох ыал буолаллар. Кыыһын ылан баран бырахпыт эр киһи урукку кэмнэргэ “Саат куттарыыта” диэн ааттаах элбэх төлөбүрү төлүүрэ.

Кыыс оҕону эргэ барыар диэри харыстааһыны төрөппүттэр оҥороллор эрээри, сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн саҥа салайар былаас онно кыттыһара эрэйиллэр. Уолаттары уонна кыргыттары детсадтан саҕалаан оскуолаҕа эмиэ тус-туспа үөрэтэри омуктара сайдарын туһугар кыһанар депутаттар быһааран аналлаах сокуоннары ылынар кыахтаахтар. Кыыс оҕолору оскуолаҕа аһара уһуннук үөрэтии айылҕаларыгар сөп түбэспэт. Ол курдук, кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ барар, оҕо төрөтөр санаата аһара барарыттан уһуннук үөрэнэр оскуоланы эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэр буолбуттара быданнаата. Ол иһин оскуолаҕа кыыс оҕолору уһуннук үөрэтэ сатыыры сокуоҥҥа киллэрэн тохтотуу эрэйиллэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан оҥорбут “айыы үөрэхтэрэ” оҕо айыыны, уратыны оҥорорун аһара ыытан, эдэр кыргыттар айыыны оҥорор санаалара улаатан, биир кыайар айыыларын оҥоро охсоллор, кыыстарын хайа эрэ көрдөөбүт киһиэхэ биэрэн кэбиһэр буоллулар.

“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн сахалар этэллэр. Дьахтар оҕо төрөтөр сааһыгар эрэ дьахтар диэн ааттанар, бу кэм сүүрбэччэ эрэ сыллары ылар. Бу кэмҥэ дьахтар оҕотун аҕата буолар эр киһини тала сатыыр санаата атын санааларын барыларын баһыйар эбит. Ол аата кыыс аан маҥнай сааһа ситтэр эрэ эргэ баран оҕолору төрөтөн баран салгыы үөрэнэр уонна эр дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиир кыахтанарын урукку кэмҥэ таба быһааран туһана сылдьыбыттар.

Төрөөбөт кэмигэр тиийбит дьахтар санаата дьэ көнөн үлэ, үөрэх туһунан саныыра улаатарын сахалар ыал буолуу үгэстэрэ быһааран кыахтаах эр киһи иккис кэргэнин ыларын бобо сатаабат, барыта күүһүттэн уонна кыаҕыттан тутулуктанар.

Эр дьон аймахтара сайдан иһэллэрин туһугар ыраас кыыс оҕону эрэ ойох ылаллара табыллар. Ол курдук, дьахтар атын эр киһилиин сылдьыспыт буоллаҕына, ол киһи буор кута киирсэн дьахтар иһигэр иҥэн хаалар. Ол иһин кыыс оҕо эргэ барыар диэри улаханнык харыстанара эрэйиллэр көрдөбүл буоларын иһин, саастарын ситтэллэр эрэ эргэ бараллара табылларын төрөппүттэр билэн туһана сылдьыахтара этэ.

Кийиит кыыска күтүөт ийэтэ, аҕата хотун уонна тойон диэн буолаллар. Бу былыргы ааттар кыыс хайа аймахтары элбэтэриттэн тутулуктанан үөскээбиттэр.

Онон аймахтар сайдыыларыгар, ахсааннара эбиллэригэр тастыҥ аймахтар ылар оруоллара өссө улаатар.

АҔА АЙМАХТАРА

Аҕа аймахтара бары холбоһон аҕа ууһун үөскэтэллэр. Ол аата, бу аймахтар биир төрүттээбит аҕаттан ылыммыт сайдыылаах буор куттаахтарыттан уонна сүрдээхтэриттэн биир санааланаллара, бэйэ-бэйэлэригэр көмө, тирэх буолаллара элбиир.

Аймахтары тус-туспа арааран ааттааһын олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит буолуон сөп. Аҕа, ийэ, эһэ уонна эбэ диэн тыллар саха буолууну биллэрэр төрүт тылларынан ааттаналлар. Бу тыллар дорҕооннорун дьайыылара суолталарыгар сөп түбэһэриттэн оҕо сахалыы өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн төрүттүүллэр.

Ыал буолууга эр киһи аймахтара түҥүрдэр эбэтэр түҥүрэттэр, онтон кийиит аймахтара ходоҕойдор диэн ааттаналлар. Кийиит кыыс оҕо эр киһи аймахтарын сайдыылаах буор куттарын тарҕатар, элбэтэр аналлааҕынан кинилэргэ холбуу киирсэн хаалар.

Дьон сайдыыны, тупсууну ситиһэ сатыыллара ыалы тэрийиигэ араарыллан биллэр. Ол курдук, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах уонна баай аймахтары кытта уруурҕаһа сатыыллар. Уруу кэмигэр араас күрэхтэһиилэри тэрийэннэр хайа аймахтар бастаан, баһылаан иһэллэрин, күүстэрэ, кыахтара элбэҕин быһаарсаллар.

Саха дьоно үлэһиттэр, уустар. Ол иһин ыалы тэрийиигэ аймахтар хайдахтарын быһаарыыга буор куттара төһө сайдыылааҕын, үлэни хайдах үлэлииллэрин, олохторун устата тугу ситиспиттэрин аан маҥнай быһаарсан эр киһини талан ылыыга туһаналлар.

Аҕа диэн тыл төрөппүт эр киһини биллэрэрин таһынан, өссө тутаах суолтатынан олоххо элбэх уопуттаах, билиилээх киһини биллэрэрэ оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ улахан суолтаны ылар. Тыл бу суолтатынан элбэхтик туттулларын аҕас, аҕам диэн тыллар бааллара биллэрэр.

Аҕа диэн ааттанар элбэх билиилээх киһи оҕону үлэҕэ, тулуурдаах буолууга үөрэтэр кыаҕа улаатарын туһаныы эрэйиллэр. Ону тэҥэ, оҕо бэйэтиттэн уопуттаах, элбэх билиилээх киһини үтүктэ, батыһа сатыыра үөскээн тахсара үлэҕэ үөрэтии табылларыгар, түргэтииригэр тириэрдэрин туһана сылдьыы туһалыыр.

Оҕо иитиитигэр атаахтатан кэбиспэт буолуу олус улахан оруоллаах. Бары төрөппүттэр оҕолорун атаахтатан кэбиспэккэ кыра эрдэҕиттэн кыһаннахтарына эрэ, бу эрэйи кыайаллара табыллар. “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн өс хоһооно оҕону аһара атаахтатан кэбиһии өйүн-санаатын тосту уларытан, утары хайысхаҕа, сүрэҕэ суох буолууга, бэйэмсэҕэ улаатыытыгар тириэрдэн кэбиһэрин биллэрэр.

Аҕа диэн тыл кытаанах, дьарыйар суолталаах. Аҕатын аҕа диэн ааттыыр оҕо атаахтык улаатара аҕыйах буолуон сөп. Ону тэҥэ, аҕа дьарыйар күүстээҕиттэн үлэлииргэ үөрэтэр кыаҕа улаатар. Оҕо сааһынан аҕа элбэх уопуттаах, билиилээх киһини үтүктэр, батыһар күүһэ улаатара онно ордук туһалыыр.

Убай диэн аҕатын бэйэтиттэн аҕа саастаах аймахтара барылара ааттаналлар. Уол оҕо убайын үтүктэр, батыһар күүһэ аһара улахан. Ыал улахан оҕотун бары кыралар батыһан, үтүктэн үөрэнэллэр. Ол иһин элбэх оҕолоох ыаллар үлэҕэ үөрэтэр күүстэрэ улаатар. Аҕа саастаах киһи олоххо элбэх уопуттааҕа, билиилээҕэ бу тыл суолтатыгар холбуу киирсэн сылдьар.

Быраат диэн этиллэр киһиттэн кыра, балыс саастаах уол ааттанар. Бурят омуктар сахалары кытта бииргэ олорон саҥалыы үөскээн тахсалларыгар быраат омук диэн ааттана сылдьыбыт кэмнэрэ баар эбит. Ол иһин нууччалар кэлиилэригэр буряттары бастаан братскай диэн ааттыы сылдьыбыттара сурукка киирэн биллэр. Бурят диэн билиҥҥи ааттарын кэнники ылыммыттар. Сахалар бурут диэн буккуйан саҥарар диэн өйдөбүллээх тылларыттан үөскэппиттэр.

Эдьиий диэн аҕа саастаах дьахтар аймахтар бары ааттаналлар. Бу тыл суолтатыгар элбэх уопуттааҕа эмиэ этиллэн сылдьар. Кыыс оҕо эдьиийин үтүктэр күүһэ элбэҕиттэн, бу тыл суолтата улаатар.

Балыс диэн аҕыйах саастаах кыыс оҕо ааттанарын тэҥэ, бары аҕыйах саастаахтары холбуу этэллэр.

Нууччалыы ааттаныыны киллэрэн аҕа уустарын, аймахтары булкуйуу сахалар аймахтаһыылара чугаһаан хааларын үөскэтиэн сөп. Онно эбии сэбиэскэй былаас кэмигэр дэриэбинэлэргэ эрэ хаайаннар аҕыйах ахсааннаах омукка аймахтаһыыны үөскэтэ сатаабыттара.

Олох былыргы үгэстэрин тутуһар сахалар аҕаларын аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри билэннэр тутуһа сылдьаллар. Уол оҕо аймахтарын элбэтэр уонна күүскэ үлэлээн сайыннарар, байытар аналлаах. Ол иһин ыаллар бары уол оҕолонуохтарын баҕара саныыллара элбээн хаалар.

Оҕоҕо аҕатыттан этэ-сиинэ уонна буор кута бэриллэн иһэриттэн аҕатын удьуордуура уонна утумнуура элбэх. Эр киһи буор кута үйэтин тухары сайдан иһэриттэн оҕотугар элбэхтик бэриллэр. Ол иһин былыргы сахалар оҕо аатыгар ким оҕото буоларын холбуу этэллэр.

Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр оҕо аҕатын аатын араспаанньа оҥосторун киллэрэннэр нууччалар сахалар былыргы аҕаларын ууһун умналларын үөскэппиттэрэ. Кэлин сахалар үөрэхтэрэ кыайан аҕа ууһун аатын араспаанньа оҥостуу төннөрүллүбүтэ.

Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһалларыттан, дьахталлары баттаан туораппаттарыттан нууччалар курдук араспаанньаларыгар “а” буукубаны эбэн биэрбэттэр. Дьахталлары туспа арааран туоратыыны үөскэппэккэ, бу киһи уола эбэтэр кыыһа диэн ааттыыллар.

Онон аҕа аймахтара диэн эр киһини удьуордаан уонна утумнаан иһэр дьон ааттаналлар.

ИЙЭ АЙМАХТАРА

Оҕо өйө-санаата, ийэ кута ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕаланан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ үөскээһинин бу уратытын сахалар быһааран төрүт өйө-санаата, ийэ кута иитиллэр уонна сайдар диэн этэллэр. Ону тэҥэ, бу кэмҥэ ийэтэ бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥаран үтүгүннэрэн, оҕону сахалыы саҥарда үөрэтэр кыаҕа олус улаханын биллэрэр.

Оҕо ийэтин аймахтарын эр дьонноро бары таайдара диэн ааттаналлар. Ийэтин аймахтара оҕоҕо быдан чугас сыһыаннаах буолаллара ийэ кутун ийэтэ иитэринэн дакаастанар. Ол курдук, оҕо ийэ кута улааппытын да кэннэ оҥорор быһыыларыгар дьайыыта тиийэ сылдьарыттан ийэ кутун иитии улахан суолталанар. Кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо улаатан баран итирдэҕинэ атаахтыыра киирэн кэлэрэ ону биллэрэр.

Олус былыргы кэмнэргэ Кытай сирдэригэр сахалар дьоппуон омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара сабаҕаланар. Ол курдук, сахалар дьоппуоннары таайдарбыт диэн ааттыыллара элбэх дьоппуон дьахталларын ойох ылбыттарын уонна саҥа омугу, таайдары үөскэппиттэрин биллэрэр.

Бу ааты иҥэрии дакаастанар кыахтаах. Сахаларга дьөппөн диэн ааттаах аҕа уустара бааллар. Олус былыргы кэмнэртэн тимир ууһа дьөппөннөр сорохторо Япония сирдэрин баһылаабыт, дьахталларын ойох ылбыт буолуохтарын сөп уонна саҥа үөскээбит омуктары таайдарбыт диэн ааттаабыттара табыллар. Ону тэҥэ, дьоппуоннарга “сегун” диэн сэрии улахан салайааччытын ааттыыллар. Бу тыл сөҕөр, сөҕүмэр диэн саха тылыгар суолтатынан да, саҥарылларынан да сөп түбэһэриттэн дьоппуон байыаннайдара уонна тимири уһанааччылара сахалартан төрүттээхтэрин чуолкайдык быһаарар.

Ийэтин аймахтара эр дьон бары оҕоҕо таайдар диэн буолаллар уонна саастарыттан көрөн улахан, кыра диэн араарыллаллар. Оҕоҕо ийэтин үөрэҕэ баһыйарыттан таайдарыгар ордук чугас сыһыаннаах буола улаатара кыаллар.

Ыал буолууга дьахтар аймахтара ходоҕойдор диэн ааттаналлар. Ааттаах-суоллаах аймахтар буоллахтарына, уруу кэмигэр илин былдьаһыы араас күрэхтэһиилэригэр кыттан бэйэлэрин күүстэрин, кыахтарын саҥа аймахтарыгар биллэрэллэр.

Биир хаан аймах дьон биир буор куттаах буолалларынан дьахтар бэйэтин аймахтарын кытта сыһыана чугас, өйдөһөрө элбэх буолар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрүт өйүн-санаатын, ийэ кутун үгэстэринэн иитэн биэрэр ийэтин өйө-санаата оҕоҕо элбэх буоларын былыргылар бэлиэтээн ийэ кут диэн ааттаабыттар. Ол аата оҕо ийэтиттэн өйүн-санаатын ылынан ийэ кутун үгэстэрин үөскэтинэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсаллар:

1. Үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит.

2. Куһаҕан үгэстэрдэнэн хаалбыт.

Оҕо ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ үчүгэй иитиилээх диэн ааттанар уонна үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир кыахтанар.

Куһаҕаннык иитиллибит диэн кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбыт оҕо ааттанар. Аныгы кэмҥэ оннук оҕолор элбээннэр “Маргиналлар”, “Макбеттар”, “Трудные подростки” диэн туоратан ааттыыллар.

Оҕо иитиитигэр дьахтар ылар оруола үрдүгүн “Кыра оҕо атаах буолар” диэн этии баара биллэрэр. Оҕону куруук кыра, улаатан испэт курдук санааһын, оннук ааты, өйү-санааны иҥэрии атаахтыырын улаатыннарар. Ону тэҥэ, ыал оҕолоруттан кыралара, бары аһара көрөн-истэн, бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэллэриттэн атаах буола улаатан хаалара биллэр.

Оҕону кыра диэн ааттааһын өйүн-санаатын мөлтөтөр, кыаҕын кыччатар, кыайарын да кыайбат оҥорор. Элбэхтик аһыннара үөрэммит оҕо бэйэтэ ону-маны оҥорор кыаҕа кыччыыр. Ону тэҥэ, оҕо бэйэтин аһына сылдьара аһара бардаҕына ханнык да үлэни кыайан үлэлээбэтэ үөскүөн сөп.

Кыра диэн ааттаммыт оҕо аһыннара үөрэнэн хааллаҕына бары аһына сылдьыахтарын баҕарар санаата олохсуйан үгэс буолан хааллаҕына атаахтааһыҥҥа тиийэн хаалыан сөп.

Дьахтар үһүс оҕотун эрэ “Улахан оҕо буоллуҥ” диэн этэр кыахтанара оҕолорун иитэригэр уустуктары киллэрэр. “Биир оҕо атаах буолар” диэн өс хоһооно оҕону хайдах иитэртэн тутулуктанан өйө-санаата атаах буолан хааларын быһаарар. Бу өс хоһооно соҕотох оҕону бары көрөн-истэн, бүөбэйдээн, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан кэбиһэллэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.

Ийэ оҕотун кыра эрдэҕиттэн куруук көрөрүттэн-истэриттэн бары баҕатын барытын толорон биэрэн иһэриттэн атаахтатан кэбиһэрэ элбээн хаалар. Ол иһин оҕо аҕата баар буолара эрэйиллэрин сахалар былыргы үйэлэртэн билэн ыал арахсарын, үрэллэрин эр киһи иккис кэргэнин ыларын үөскэтэн тохтото сатыыллар.

Оҕо аҕата суох буолуута өйө-санаата сайдыытыгар улахан охсууну, халыйыыны оҥороруттан уонна аҥардас хаалбыт дьахтар оҕотун араас баҕа санааларын толоро сатыыра улаатарыттан атаахтык иитиллэрэ үөскүөн сөп. Ол иһин соҕотох хаалбыт дьахтарга аймахтара, таайдара көмө оҥороллоро эрэйиллэр. Улахан таайдар оҕо аҕатын суохтаппакка иитиэхтэрин, үөрэтиэхтэрин сөп.

Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар таай диэн тыл маннык быһаарыллар. Киһиэхэ ийэтин аймаҕа эр киһи. (21,463). Ийэтин аймаҕа эр киһи оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр улахан оруолу ыларын таба сыаналаан таай диэн ааттаабыттар.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата, куттара үөскүүллэрин таба быһааран төрүт өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттыыр. Ол аата оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллэр, үөрэтиллэр даҕаны, оннук өйдөөх-санаалаах буола улаатара быһаарыллар.

Дьахтар бэйэтин аймахтарын хаһан баҕарар үчүгэйдик сыаналыыр, чугастык, иһирэхтик сыһыаннаһар. Оҕо өйө-санаата, ийэ кута ийэтэ хайдах иитэриттэн, үөрэтэриттэн улахан тутулуктаах. Ол иһин оҕо ийэтин аймахтарын үрдүктүк, чугастык сыаналаан улаатар.

Ыал буолууга аймахтаһыы чугаһаан хаалыыта ийэтин аймахтарын эмиэ 9 көлүөнэҕэ диэри билэрин, тутуһа сылдьарын эрэйэр. Биир дэриэбинэ олохтоохторо бэйэ-бэйэлэрин кытта хаан аймахтыылара ийэлэринэн ордук чугас буолан хаалара биллэр.

Онон оҕо ийэтин аймахтара ордук чугас сыһыаннаах буолан тахсаллара ийэтин үөрэҕэ өйө-санаата сайдыытыгар бастаан иһэриттэн тутулуктанар.

АЙМАХТАР САЙДАН ИҺИИЛЭРЭ

Олоххо сайдыы, тупсуу кэлиитэ уларыйыыны киллэрэн иһэр. Бу уларыйыы кэмэ кэлиитин таба быһааран сыыһа туттубакка, сөптөөх суолу тутустахтарына омук сайдыыны ситиһэрин үөскэтэллэр.

Сахалар былыр-былыргыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһалларыттан нуучча казактара кэлиилэригэр икки өрүттэн биирин талан ылыыны оҥорбуттара:

1. Улаханнык утарылаһан бары бүттүүн сэриилэһии.

2. Сайдыылаах, кыахтаах сэрииһиттэргэ бэринии.

Бу икки утарыта өрүттэртэн сахалар иккис өрүтүн талан ыланнар, сайдыылаах сэрииһиттэргэ бэринэн эйэлэһиини үөскэтэн, кэлии казактардыын кыттыһа охсон атыттары үтүрүйэн туоратан олорор сирдэрин олус улаханнык кэҥэппиттэрэ.

Россия кыра омуктарын нуучча казактара сэриилээн кыайаннар бас бэриннэрэн дьаһаах хомуйуутун оҥороллоро. Ол кэмҥэ Европаҕа күндү түүлээх сыаната үрдүгүттэн барыһы биэрэр эргиэни олохтоору дьаһааҕы күндү түүлээҕинэн ылаллара. Күндү түүлээҕи бултуур сахалар бу туһалаах быһыыны табан туһаммыттара. Дьаһааҕы хайдах хомуйалларын туһунан С.Михеенков “Студеное море” диэн романыгар суруйар. (22,72).

Нуучча казактара дьаһааҕы хомуйа нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан дьахталлары туһаналларыттан саха омук саҥалыы үөскээһинэ саҕаламмыта. Туспа хааннаах омук дьоно оҕо төрөтүүлэриттэн бөҕө эттээхтэр-сииннээхтэр элбээн тарҕаммыттара. Бу быһаарыы сахалар “Хаан тупсарыыта” диэн үгэстэрэ аймахтарга оҥорор туһатын толору дакаастаабыта. Ыраахтааҕы былааһа салайбыт үс үйэтин устата сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибитэ.

“Хаан тупсарыыта” диэн үгэс киһи этэ-сиинэ сайдыылаах омуктан этин-сиинин уратыларын быһаччы удьуордуурун тэҥэ, буор кутун ылынан өйө-санаата түргэнник сайдарын ситиһиигэ тириэрдэр. Сахалар нууччалардыын холбоһуулара омук сайдарыгар, этэ-сиинэ тупсарыгар туһалыырын туһунан өссө А.Е.Кулаковскай суруйбута.

Туспа хааннаах аймахтары кытта ыал буолуу тупсубут хааннаах оҕолор төрүүллэригэр тириэрдэр уонна уол оҕолоро элбэх буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дэриэбинэҕэ нуучча биэлсэрин ойох ылбыт эр киһи сиэннэрэ атыттартан биллэ элбээтилэр.

Аҕа ууһугар элбэх уол оҕолор төрөөтөхтөрүнэ аймахтар, аҕа ууһа сайдар кыаҕа улаатар. Ол иһин аймахтарга уол оҕо үрдүктүк сыаналанар. Сайдыылаах буор куттаах эр киһи оҕолоро эмиэ төрөппүттэриттэн бэриллэр буор куту ылынаннар уонна аймахтара, аҕа ууһа үлэни кыайа-хото үлэлээннэр сайдыыны ситиһэллэр.

Үлэ аймахтары, омугу сайыннарар. Сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар аймахтар байан-тайан иһэллэрин тэҥэ, ахсааннара эбиллэрин ситиһэр кыахтаналлар.

Аймахтар сайдан, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргөөн, ахсааннара эбиллэн уонна өйдөрө-санаалара тупсан, тулуурдара эбиллэрин туһугар маннык көрдөбүллэри олоххо киллэрии эрэйиллэр:

1. Ыраахтааҕы уонна сэбиэскэй былаас суох оҥорбут аҕа уустарын саҥалыы тэрийэн сайыннарыы сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолла. Кыахтаах, үлэни кыайар эр дьон аҕа уустарын тэрийэн сайдыылаах буор куттарын тарҕатар кыахтарын олоххо киллэрэн туһаныы эрэйиллэр кэмэ кэллэ.

Сахалыы ааттаныы аҕа уустара саҥалыы үөскээн тахсалларын үөскэтиигэ улаханнык туһалыыр. Ол аата саҥа үөскүүр аҕа ууһа сахалыы ааттанар кыахтанар.

2. Ыал буолууга энньэни уонна халыымы туһаныыга киллэрии эдэрдэр күүлэйдии таарыйа ыал буола оонньуулларын суох оҥорон төрүүр оҕолор чахчы сайдыылаах эттээх-сииннээх уонна буор куттаах буолалларын саҕалыа этэ.

Олоххо туһалаах былыргы үгэстэри энньэни уонна халыымы туһаныы ыал олоҕо туруктаах буоларыгар аналланан аҕа уустара, аймахтар сайдалларыгар кыах биэрэр.

3. Кут-сүр үөрэҕин олоххо киллэрэн туһаныы эр дьон сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэллэрин үөскэтэн уонна оҕо иитиитигэр кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитиини олоххо киллэрэн аймахтар өйдөрө-санаалара киһилии быһыыны тутуһан сайдарыгар тириэрдэр.

Ийэ кут диэн киһи төрүт өйө-санаата буолар. Бу кут хаһан баҕарар киһи оҥорор быһыыларын хонтуруоллуу сылдьарын төрөппүттэр туһаналлара эрэйиллэр. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн, быһыыларынан иитилиннэҕинэ оҕо үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

4. Ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаныы төрүүр оҕолор туһалаах өрүттэрин элбэтэргэ аналланар:

а. Сайдыылаах буор куттаах оҕо ханнык баҕарар, ыарахан да үлэни кыайар кыаҕа улаатар.

б. Хааннара тупсан, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргөөн төрөөбүт оҕолор улааттахтарына элбэх оҕолонор кыахтаналларын таһынан үлэни кыайаллара ситиһиллэр.

в. Үчүгэй үөрүйэхтэри утумнаан төрөөбүт оҕолор тулуурдара улаатар уонна майгыларын үчүгэй өрүттэрэ элбииллэр.

5. Сахалыы таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии оҕо улаатан иһэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэн, киһи буолууну ситиһэн олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэр.

Бу көрдөбүллэри олоххо тутуһуу аймахтар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэрин үөскэтиигэ тириэрдэр. Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр, бу көрдөбүллэр бары этиллэн сылдьаллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕин этиилэрин, ыал буолуу үгэстэрин олоххо тутуһуу аймахтар, аҕа уустара сайдыыны ситиһэллэригэр туһалыыр. Күүстээх, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэрин үөскэтэн үлэни кыайалларыгар тириэрдэр.

Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы таҥара үөрэҕин көрдөбүллэрин тутуһуннаран көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарыгар үөрэтии улаатан иһэн сыыһа-халты туттунарын суох оҥорон үлэни оҥороругар туһалыыр.

“Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалыы таҥара үөрэҕин билии оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарын үөскэтэн бэйэтэ үчүгэйи оҥорорун элбэтэр. Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар буоллаҕына, киһи буолууну ситиһэр кыахтанарын тэҥэ, сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.

Онон эрдэттэн былааннаммыт үчүгэй өрүттэрдээх; бөҕө эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах оҕону кыыс төрөтөрө аҕа уустарын, аймахтары сайыннарарга аналлаах тутаах көрдөбүл буолар.

АЙМАХТАР БИИР САНААЛАНЫЫЛАРА

Сахалар “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэрэ сир-дойду барыта санаа ситимнэринэн бүрүллэн турарын биллэрэр. Ол курдук, дьон баҕа санаалара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэриттэн, хайа диэки халыйан барар даҕаны, оҥорор быһыылара оннук уларыйаллар:

1. Үчүгэй санааланан үчүгэй быһыылары оҥоруу.

2. Куһаҕан санаалар мунньустан куһаҕан быһыылары элбэтиилэрэ.

Санаалар бу уратыларын арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Үчүгэй эбиллэн иһэр. Дьон бары үчүгэй санааланан бэйэлэригэр туһалаах, үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥороннор үчүгэйи элбэтэн иһэллэрэ омук кырдьан, мөлтөөн барар кэмигэр аһара барыыны үөскэтиэн сөп. Дойдуну салайар былаастара уһуннук уларыйбатаҕына дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта “үчүгэй” диэн ааттаммыт диэки аһара халыйан барыыта түргэтээн хаалыан сөп. Ол иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун туһанан салайар былааһы кэмигэр уларытан үчүгэйи аһара ыыппаттара, кэрэ диэҥҥэ тириэрдибэттэрэ эрэйиллэр. Демократия үөрэҕин олоххо туһаныы куһаҕаны аан бастаан билиини үөскэтэн үчүгэйи аһара ыыппаты ситиһиигэ тириэрдэр.

2. Киһи тугу сирбитин, сөбүлээбэтэҕин куһаҕан диэн ааттаан туоратан иһэр. Ол иһин куһаҕан диэн төһө да аҕыйаабытын иһин суох буолан хаалбат. Үчүгэй уонна куһаҕан бэйэ-бэйэлэриттэн тутуллан сылдьаллар. Куһаҕан диэн баарын билииттэн үчүгэй баара биллэн, быһаарыллан тахсарын тэҥэ, биллэр куһаҕаны үчүгэй оҥоруу, тупсарыы диэн киһи олоҕун тутаах сыала үөскээн тахсар.

Киһи олоҕун сыалынан куһаҕаны арааран билэн, ону көннөрөн, тупсаран үчүгэй оҥорон биэриитэ буоларын сахалар тутуһаллар. Ол иһин аналлаах “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн этиини туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыны таҥара үөрэҕэр киллэрбиттэр. Киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоҕор туһанара сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэрин аҕыйатар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону үөрэтиигэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанар. Ол аата оҕо аан бастаан тоҕус эрэ ахсааннаах дьон оҥорор содулу үөскэтэр куһаҕаннарын билэн, олору оҥорботоҕуна киһи буолууну ситиһэрин биллэрэр. Аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны билэн оҥорбот буолуу киһи үчүгэйи оҥорорун элбэтэр.

Биир санааланыы үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууга аналлаах буоллаҕына киһиэхэ, аймахтарга үчүгэйи оҥорууну элбэтэр кыахтанар. Ону таһынан атын дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга аналлаах биир санааланыы үөскээн хааллаҕына аймахтар, ону ааһан омук эстиитигэр, симэлийиитигэр тириэрдиэн сөп.

“Киһини санаата салайар” диэн этии санаа бастаан иһэринэн уонна киһиэхэ баҕа санааны үөскэтэринэн оҥорор быһыыны быһаччы салайарын биллэрэр. Ол курдук, айылҕаҕа үөскүүр араас тыастар киһи мэйиитигэр бэйэлэригэр сөп түбэһэр санаалары быһаччы үөскэтэн иһэллэрэ киһи айылҕаттан тутулуктаныытын быһаарар. “Р” дорҕоон хатыланан “рр” диэҥҥэ тиийдэҕинэ ырдьыгынааһын үөскээн тахсан атыттары тэйитэргэ туттуллар. Кыраттан кыыһыран иһэр киһи атыттары кытта сыһыана ыарахан, иннэ-кэннэ биллибэт буолар.

Айылҕаҕа дьон бары араас санаа ситимнэринэн холбуу баайылла сылдьаллар уонна бэйэлэригэр үчүгэйи оҥостунар баҕа санаалара элбэҕиттэн үчүгэй быһыылары тохтоло суох үксэтэн иһэллэр.

Сахалар киһи үс куттаах диэн этэллэрэ санаа уларыйан, күүһүрэн иһэрин быһаарыыттан тутулуктанан үөскээбит:

1. Буор кут. Хамсаныылартан үөскүүр уонна үөрүйэххэ кубулуйар өй-санаа буор кут диэн ааттанар. Үөрүйэхтэр киһи хамсаныылары табатык оҥороругар тириэрдэллэр. Оҕо саҥа улаатан истэҕинэ этин-сиинин элбэхтик хамсатарыттан, онно өй-санаа үөскээн үөрүйэхтэргэ кубулуйан араас уустук хамсаныылары оҥорууну баһылаан иһэр. Эти-сиини хамсатыыга үөрүйэх буолуу үөскээбитин чуолкай бэлиэтинэн оҕо санаатынан быччыҥнарын хамсатан кыбыытын кыанара буолар.

Хамсаныыга үөрүйэхтэр үөскээн иһэр бэлиэлэринэн оҕо сыыллара, ат буолара, онтон атаҕар туран хаамара, санаатынан быччыҥнарын сатаан салайа үөрэнэрэ буолар.

Үөрүйэхтэр буор куту үөскэтэн иһэллэриттэн киһи этин-сиинин санаатын хоту хамсатара табыллар. Ол курдук, оҕо оҥорор туһалаах хамсаныыта тупсан, түргэтээн, имигэс буолан иһиитэ буор кута сайдан иһэрин биллэрэр.

2. Ийэ кут. Үгэстэр киһи ийэ кутун үөскэтэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэтин таба көрөр кэмиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри тугу саҥаны билбитин, оҥорбутун сонно үгэс оҥостунан иҥэринэн иһэр уратылаах. Бу үгэстэр үөскээн мунньуллан иһэллэрэ ийэ кутун үөскэтэллэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута улааппытын да кэннэ оҥорор быһыыларын хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьарын сахалар билэн Кут-сүр үөрэҕэр киллэрбиттэр уонна киһи өйүн-санаатын салайар ийэ куту төрүт кут диэн ааттаабыттар.

3. Салгын кут. Үөрэх, билии киһи салгын кутун үөскэтэр. Салгын кут оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан сайдан, эбиллэн барар. Оҕо салгын кута сайдан иһэрэ тугу оҥоруохтааҕын умнубат буолуута үөскээһиниттэн саҕаланар уонна салгыы сайдан иһэр.

Салгын кут түргэнник сайдара киһи атын тыынар-тыыннаахтартан биллэр уратыта буолар. Бу уратыны сахалар былыр үйэҕэ быһааран киһиэхэ эрэ салгын кута, ол аата үһүс кута сайдар диэн этэллэр уонна Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Салгын кут биир эрэ киһи үйэтигэр тиийэрин тэҥэ, олус кэбирэх. Киһи мэйиитин тас сарыытыгар үөскүүр диэн ааҕаллар. Араас уустук кэмнэргэ уонна доргуйууттан көтөн, баран хаалыан сөп. Киһи өллөҕүнэ салгын кута үс хонугунан ыһыллар, үрэллэр.

Ийэ кут үгэстэртэн үөскүүрүнэн мэйиигэ дириҥник олорор, ол иһин умнуллан хаалара аҕыйаҕын тэҥэ, көтөн барбат. Киһи өллөҕүнэ тус-туспа ыһылыннар даҕаны симэлийэн, сүтэн хаалбат. Уһун кэмҥэ айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьар кыахтаах.

Киһи бу үс куттарыттан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн, утумнаан иһэр өй-санаа буор кут диэн ааттанар уонна араас үөрүйэхтэр мунньустубуттара буолар. Ол курдук, үөрүйэхтэр эти-сиини уларытан, бэйэлэригэр сөп түбэһэр оҥороллоруттан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтаналлар. Ол иһин буор кут кэлэр көлүөнэлэр сайдыыны түргэнник ситиһэллэрин үөскэтэр уонна аҕа уустарынан, аймахтарынан тарҕанан иһэр.

Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ утумнаан бэриллэн иһэрэ биир хаан аймахтар буор куттара биир буоларыгар тириэрдэр. Сайдыылаах буор куттаах аҕа ууһун тэрийбит киһи оҕолоро, сиэннэрэ кини курдук буор куттаах буолан төрүүллэриттэн сайдыыны ситиһиини салҕаан иһэр кыахтара улаатар.

Аймахтыылар үгүстүк биир санааланыыны ситиһэллэрэ буор куттара барыларыгар биириттэн тутулуктанар. Ону тэҥэ, биир үлэни үлэлээтэхтэринэ буор куттарын сайдыыта эмиэ биир тэҥҥэ баран иһэр кыахтанар. Оҕо төрөппүттэрэ баһылаабыт үлэлэрин үлэлээтэҕинэ ылыммыт буор кутун салгыы сайыннаран иһэрэ табыллар. Ол иһин хас да көлүөнэлэр усталарыгар буор кут сайдан, тупсан иһэрэ ситиһиллэр.

“Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэн быһаарыы, бу аймахтар буор куттара төһө сайдыылааҕын биллэрэр. Ол аата бу аймахтар кыайа-хото үлэлээн буор куттарын сайыннараллара эрэйиллэр.

Омукка биир санааланыыны аҕа уустара элбээн, тэнийэн саҥа аймахтары үөскэтэн ситиһэр кыахтара улахан. Былыргы кэмнэргэ аҕа уустара тэнийиилэрин, тарҕаныыларын уонна биир санааланыыларын саҥа ыалы тэрийэн иһиилэрэ үөскэтэрэ.

Онон биир хаан аймахтар буор куттара барыларыгар биириттэн түмсүүлээх, биир санаалаах буолууну ситиһэр кыахтара улаатар.

ТУСТУУКТАР – БООТУРДАР

Былыр-былыргыттан улахан аймахтар, аҕа уустара күөн туттар, күүстээх, кыахтаах дьонноох буолаллар этэ. Күүстээх, кыахтаах, сэриигэ киирсэргэ аналлаах үөрэхтээх эр дьону ол кэмнэргэ боотурдар диэн ааттыыр этилэр. Араас сир былдьаһыыларыгар кинилэр бастаан тиийэн быһаарсаллара.

Уолаттары кыра эрдэхтэриттэн аналлаах боотур үөрэҕэр үөрэтэн бэлэмнииллэрэ. Эдэрдэри араас элбэх күрэхтэһиилэргэ кытыннаран ким күүстээҕин, кыахтааҕын быһааран иһэллэрэ.

Ыһыахтан саҕалаан бары уруулар күрэхтэһиилээх ыытыллар этилэр. Бу күрэхтэһиилэргэ кыайыыны ситиһии аҕа ууһун аатын киэҥник тарҕатара, атыттар бары бу, күүстээх, кыахтаах дьонноох аҕа ууһун кытта кыттыһа, ыал буола сатыыллара үксүүрэ.

Күүстээх, кыахтаах дьону араас күрэхтэһиилэргэ быһааран биллиигэ таһаараллара. Былыргы кэмнэргэ саамай тарҕаммыт көрүҥнэринэн атах оонньуулара, сүүрүү, сыал ытыыта, тустуу, мас тардыһыыта, таас көтөҕүүтэ уонна ат сүүрдүүтэ буолаллар этэ. Билигин араас күрэхтэһиилэр элбээн тураллар.

Уолаттарга, эр дьоҥҥо хаһан баҕарар биир-бииргэ быһаарсыы тирээн кэлиэн сөп. Дьахтар былдьаһыыта биллибэтинэн да буоллар баарынан ханнык эрэ көрүҥҥэ күрэхтэһиини эрэйэр. Күрэхтэһии эр киһи кыайыыга дьулуурун улаатыннарарынан олоххо сыалы ситиһэргэ туһалыыр оруоллаах. Ону тэҥэ, дьахталлар күүстээх, кыахтаах, олоххо ситиһиилэри оҥорорго дьулуурдаах эр киһини сөбүлүүллэрэ хаһан да хаалан хаалбат.

Биир-бииргэ быһаарсыыга улахан туһалаах оруолу тустуу ылар. Ол курдук тустууга кыайыы эр киһи күүһүн уонна кыаҕын толору быһааран кыаттарбыкка өйдөтөрө ордук улахан туһаны оҥорор.

Сахаларга тустуу бастакы миэстэҕэ турар. Ол иһин сахалар бары кыра эрдэхтэриттэн тустуунан дьарыктаналлар. Олус былыргы кэмнэртэн хапсаҕай диэн тустуу көрүҥүн сахалар үөскэтэн киэҥник тарҕаппыттар. Бу тустууга сири таарыйдахха кыаттарыы буолара тустааччы сэрэҕин өссө улаатыннарарын таһынан кыаҕын, хамсанара түргэнин уонна сымсатын быһаарар эбиискэ суолталанар.

Хап уонна саҕай диэн тыллартан үөскээбит хапсаҕай диэн ааттаах тустуу сахалар үөскэппит тустуулара буолар. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин тас таҥаһы устан баран тустубутунан, быһаарсыбытынан барыллара биллэрэр.

Көҥүл тустуу диэн сайдыбыт, тупсубут, кэнники тарҕаммыт тустуу көрүҥэ буолар. Аналлаах сымнаҕас маакка тустулларынан уонна эбиискэ тэрээһинэ элбэҕинэн хапсаҕайдааҕар тарҕаныыта аҕыйах.

Күүс диэн эккэ-сииҥҥэ үөскээн иһэр эньиэргийэ буолар. Арай бу эньиэргийэни таба туһаныы улахан уустуктары үөскэтэр. Ол курдук, күүс дьайыыта төһө түргэтээн иһэр даҕаны туһуламмыт күүһэ эбиллэн биэрэрэ сахаларга былыргыттан биллэр. “Сыыдам хамсаныы” диэн күүстээх эрээри, түргэн хамсаныы ааттанар.

Киһи этин-сиинин күүһүн табан туһанарыгар буор кут диэн өйө-санаата улахан туһалаах. Буор кут диэн эт-сиин хамсаныылары оҥороруттан үөскээн тахсар өй-санаа буолар уонна үөрүйэххэ кубулуйдаҕына эти-сиини киһи санаатын хоту хамсатар кыахтанар.

Киһи күүстээх уонна түргэн хамсаныылары оҥорорун буор кута төһө сайдыылааҕа быһаарар. Эр киһи төһө сайдыылаах буор куттаах даҕаны араас уустук үлэлэри табан, сатаан оҥорорун тэҥэ, хамсаныылара күүстээх уонна сыыдам, сылбырҕа буоланнар тустууга ситиһиилээхтик кыттар кыахтанар.

Сахалар былыр-былыргыттан күүстээх, кыахтаах эр киһи оҕолоро, сиэннэрэ кинини удьуордаатахтарына уонна утумнаатахтарына кини курдук күүстээх уонна кыахтаах буолан төрүөхтээхтэрин билэллэр. Ол иһин эр киһи ыраас кыыһы кэргэн ылара ирдэнэр көрдөбүл буолара.

Бэйэтэ күүстээх, кыахтаах эр киһи оҕолоро, сиэннэрэ кини курдук күүстээх, кыахтаах буолалларын киһи бэйэтин үйэтигэр кэтээн көрөн да билэр кыахтанар. Ол курдук, күүстээх, кыахтаах киһи сиэннэрэ тустууга биллэр ситиһиилэри оҥорбуттара биллэллэр:

- Биллэр күүстээх Бөҕө Тараҕай сиэнэ кылгастык сбордана түһээт Россияҕа тиийэн ситиһиилээхтик тустан кэлэрэ.

- Күүстээх киһи Уйбаан Морфунов үс сиэннэрэ үрдүк кылаастаах тустууктар буола үүммүттэрэ.

Россияҕа нууччалар чемпион тустууктара суох буолбута ыраатта. Тустууну барытын Кавказ омуктара баһылаан иһэллэр. Омук мөлтөөн иһиитэ дьахталлар бэйэлэрин көҥүллэринэн эр киһини талан ылан эргэ барыыларыттан саҕаланан тарҕанан барарын тохтоттоххо эрэ эр дьон күүһүрэллэрэ кыаллар. Кыахтаах, күүстээх тустууктара суох буолбут омук симэлийиигэ тиийэр.

Күүстээх, кыахтаах эр дьон элбээһиннэрин буор куту харыстааһын олоххо киллэрэр. Ол курдук, ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһини удьуордуур уонна утумнуур оҕону төрөтөрүн сахалар билэн ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаналлар. (7,87).

Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан, оскуолаҕа уонна араас үөрэхтэргэ уһуннук үөрэтэрэ кыыстарын харыстаабат буолууларын сайыннаран кэбистэ. Итини тэҥэ, сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар була сатаан “айыы үөрэҕин” айаннар, ол-бу айыыны оҥорууну “үчүгэй” диэн этэннэр, эдэр кыргыттар улаатталлар эрэ биир сатыыр айыыларын оҥоро охсоллорун, кыыстарын харыстаабаттарын үөскэттилэр.

Аймахтар сайдалларын туһугар билигин элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕиттэн” босхолонуу сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Аймахтар сайдан, буор куттара күүһүрэн, кыаҕыран иһэллэрин аҕа ууһун баһылыга оҥоро сылдьара ордук табыллар. Аҕа ууһун баһылыга аймахтара сайдыылаах буор куттаах буолалларын ыал буолуу үгэстэрин тутуһан хааччыйара эрэйиллэр.

Биир хаан аймахтар буор куттара биир буолар. Күүстээх, кыахтаах эр киһиттэн кинини удьуордуур, утумнуур оҕолор төрүүллэрин ситиһии аймахтар сайдан иһэллэрин үөскэтэрин туһанар кэм кэллэ.

Онон аймахтарга тустууктар уонна араас спортсменнар бааллара сайдан, күүһүрэн иһэллэрин биллэрэр биир тутаах бэлиэ буолар.

КЫЫС ОҔОЛООХ ЫАЛЛАР

Былыргы кэмнэргэ эргэ тахсар кыыс оҕо энньэ баайын бэлэмнээн баран анаан-минээн киэргэтиини, симээһини оҥорон саҥа ыалы тэрийэр аналын бэлиэтииллэрэ. Кыыс ыалы тэрийэрин, эр киһиттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтөр аналлааҕын кыра эрдэҕиттэн билэн улаатарын ситиһэллэрэ.

Кыыс оҕо бу айылҕаттан аналын кыра эрдэҕиттэн билэн, ийэ кутун иитэн улааттаҕына өйө-санаата сайдан кыыһын харыстанар кыаҕа улаатар уонна кыратыттан үөскээбит ыалы тэрийэр, оҕо төрөтөр баҕа санаатын толорор кыахтанар. Кыыс оҕо энньэтэ улаатан истэҕинэ бэлэмнэнэн иһэриттэн эргэ барарын билэ сылдьара үөскүүр.

Билигин кыыс оҕо айылҕаттан аналын тутуспат буолууттан кыыс оҕолоох ыаллар айылҕаттан баттаммыт курдук сананыылара үөскээн сылдьар. Кыыс оҕону улаатыннаран эмиэ уол оҕо курдук үлэһит оҥостууну сэбиэскэй былаас киллэрэн кэбиспитин уларытан, урукку оннугар киллэрии ирдэнэр буолла. Ол курдук, кыыс оҕону үлэһит оҥостуу олоххо аналын сыыһа сыаналааһынтан үөскээн тахсыбытын көннөрдөххө эрэ омук ахсаана эбиллэн сайдыыны ситиһэрэ кыаллар.

“Кыыс омук анала” диэн өс хоһооно кыыс оҕо атын аймахтарга эргэ баран ол аймахтарга сайдыыны аҕаларын биллэрэр аналлаах. Ол аата аҕа уустара, аймахтар сайдыылаах буор куттарын оҕолоругар биэрэн ахсааннарын элбэтэрин тэҥэ, үлэни кыайалларын үөскэтэрэ үрдүктүк сыаналанар. Ыраас кыыс оҕо эргэ барарыгар энньэтин сыаната биллэр үрдүк буолар.

Кыыс оҕо ыалы тэрийэр. Сааһын ситтэҕинэ энньэтин бэлэмнэнэн баран сөп түбэһэр халыымы мунньуммут эр киһи кэлэн ыйыттарарын кэтэһэр. Эргэ тахсан эр киһи сайдыылаах буор кутун ылыммыт оҕолору төрөтөн аҕа уустарын аан маҥнай сайыннарар. Ол аата аймахтары, омук ахсааннарын элбэтэр аналын толорор уонна “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этиигэ сөп түбэһэн кэлэр олоҕун оҥостор. Ону тэҥэ, оҕо ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэн төрүт өйүн-санаатын олохтоон биэрэринэн олоҕун хайдах олорорун төрүттүүр. Ол курдук, оҕо ийэ кута хайдах иитиллэр да олоҕун соннук олороро үөскүүрүнэн ийэтин оруола ордук улаатар. Сахалар ону быһааран оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттар.

Айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэр тутулугу тутуһан сайдан иһэр. Уол оҕо бэйэтин аймахтарын сайыннарар буоллаҕына, кыыс оҕолоох ыаллар атын аймахтар ахсааннарын элбэтэр, сайдыылаах буор куттарын тарҕатар аналлара омук сайдыыны ситиһэрин үөскэтэр. Ол иһин кийиит кыыһы киэргэтэллэр, симииллэр уонна энньэтин эрдэттэн бэлэмнииллэр.

Кыыс оҕо айылҕаттан сааһын ситтэр эрэ оҕо төрөтөр аналлаах. Бу аналын таба туһаннаҕына олоҕун сыалын ситиһэр кыахтанар. Ол курдук, дьахтар эдэригэр оҕо төрөтөр кыаҕа улаханын таһынан оҕото доруобай буолан төрүүрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Сахалар дьахтар оҕо төрөттөҕүнэ дьиэ үлэтиттэн атын үлэни үлэлээбэтин туһаналлар. Оҕо улаатан истэҕинэ туһа киһитэ оҥорон үлэни үлэлииргэ үөрэтиини ийэ кута иитиллэр кэмигэр ийэтэ иитэн биэрэрэ табыллар. Ол курдук, оҕо өйө-санаата сайдыыта ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан ыла 5 сааһыгар диэри күүскэ сайдарыттан, бу кэмҥэ ийэтин үөрэҕэ оҕоҕо үйэтин тухары туһалыы сылдьар.

Сэбиэскэй былаас дьону барыларын үөрэхтии сатаан албыҥҥа киллэрэн дьахталлар олохторун сыалын тосту уларытан кэбиспитэ. Бары араас үөрэхтэри баһылыы сатааннар айылҕаттан анаммыт олохторун сыалын умнан сылдьалларыттан саха омуга ахсаана эбиллэрэ быста аҕыйаата. Билигин ырыынак кэмигэр бу сыыһаны көннөрүү, урукку оннугар төннөрүү, ол аата ыал буолуу үгэстэрин туһаныы эрэйиллэр буолла.

Оскуолаҕа уонна үрдүк үөрэххэ уһуннук үөрэтии кыыс оҕолорго оҥорор куһаҕаннара манныктар:

1. Оскуолаҕа кыыс оҕолору аһара уһуннук уолаттары кытта үөрэтэллэриттэн кыргыттар бары бэйэ-бэйэлэрин үтүктэннэр эдэр дьахталларга кубулуйаллар. Ону тэҥэ, үрдүк үөрэххэ үөрэтэ сатааһын аһара уһууруттан боруоба устааччыга кубулуйара элбээтэ.

2. Дьахтар уһуннук үөрэтиллэр үөрэҕи ситиһээри хойутаан эргэ тахсан оҕолонуута ыарыһах оҕолору төрөтөрүн элбэтэр уонна оҕолорун буор кутун, утумнааһынын буккуйан кэбиһэр.

3. Хойутаан баран онтон-мантан булунан оҕоломмута буор кута буккуллан сатаан саҥарбат, хамсаммат оҕо буолан хаалара таҥара накааһыгар түбэһэригэр тириэрдэр.

4. Бүппэт үөрэҕи эккирэтэ сатаан уонна “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн өс хоһоонун тутуспаттан үгүстэр төрүүр саастарын аһаран кэбиһэн баран сааһырдахтарына соҕотохсуйан эрэйдэнэллэр.

Россияҕа олохтоох кыра омуктары мөлтөтө сатааһын ыраахтааҕы былааһын кэмиттэн ыла саҕаламмыта. Кыра омуктары мөлтөтүүгэ анаан сэбиэскэй былаас үөрэҕи тарҕатабыт диэн албыны туһанан дьахталлары эргэ тахсалларыгар көҥүллэринэн ыыппыта улахан хамсааһыны оҥорбута салҕанан аһара баран эрэр. Ол курдук, дьахталлар бэйэлэрин талбыттарынан эр киһини талан ылалларын олохтооһун имэҥи бастакы оруолга тахсарын үөскэтэн төрүүр оҕолорун туһунан санааларын суох оҥорон сылдьар.

Аҕа уустара, аймахтар сайдан иһиилэрэ эр киһи уонна дьахтар айылҕаттан аналларын толорон олохторун олордохторуна эрэ ситиһиллэр кыахтаах:

1. Эр киһи үлэлээн, хамсаан туһалааҕы оҥорон, баайы-малы булунуута уонна үлэни сайыннарыыта.

2. Дьахтар элбэхтик төрөөн аҕа уустарын, аймахтары элбэтиитэ.

Эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэриттэн олоххо сайдыыны баһылаан иһиилэрэ хардары-таары кэлэн иһэр. Ол курдук, эр дьон баһылыыр кэмнэригэр омук үлэни кыайара улаатан, саҥаны айыылары оҥорон олоххо киллэрэн иһэллэрэ ситиһиллэр. Онтон дьахталлар баһылыыр кэмнэригэр омук дьонугар уларыйыылар, атын хааннаах дьону кытта холбоһуулара эбиллэн саҥалыы үөскээһин кэмэ тиийэн кэлиэн сөп.

Омук уларыйыыта, атын саҥа омугунан солбуллуута этэ-сиинэ мөлтөөһүнүттэн, буор кута буккуллуутуттан, үлэни кыайбат кэмэ кэлэриттэн тиийэн кэлэрин таба сыаналааһын ирдэнэр көрдөбүл буолар. “Хоро салаҥ” диэн үлэни кыайбаттарын бэлиэтээн, сирэн хос ааттаабыттарын кэнниттэн хоро омуктар сахаларга уларыйбыттар.

Кыыс оҕолоох ыаллар аҕа уустарын, аймахтары сайыннарар аналлаахтар. Бу аналларын толорор туһугар эр киһиэхэ уонна дьахтарга айылҕа биэрбитин таба туһаналлара эрэйиллэр. Саха омук сайдыыны ситиһии кэмигэр киирэн сылдьар. Омук сайдыыны ситиһэрэ салҕанан иһэрин туһугар көҥүлүнэн барбыт дьахталлары бэрээдэккэ киллэрдэххэ эрэ табыллар. Дьахталлар көҥүллэринэн бардахтарына ыарыһах оҕолору, үлэни кыайбаттары төрөтөн элбэтэллэр уонна кыайан ииппэккэ бас-баттах быһыылаах эдэрдэри үксэтэллэрэ сайдыыны ситиһиигэ тириэрдибэт.

Мусульманнар итэҕэллэрэ күүстээх, былыргы кэмҥэ үөскэппит олохторун үөрэҕин диктатураҕа кубулутан тутуһа, толоро сылдьаллар. Ыал буолуу үгэстэрин тутуһан кыыс оҕону сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэллэриттэн эр дьон сайдыылаах буор куттарын тарҕатан, күүстээх, кыахтаах дьонноро элбээн иһэллэриттэн атыттарга баттааһыннары үөскэтэллэр. Билигин ахсааннара эбиллибэт буола муомурбут Европа дойдуларыгар тиийэн үлэһитинэн киирэллэрэ элбээн иһэр.

Онон кыыс оҕо аҕа уустарын, аймахтары эр киһи сайдыылаах буор кутун тарҕатан сайыннарар аналлааҕын туһанар омуктар сайдыыны, ахсааннара эбиллиитин ситиһэллэр.

АЙМАХТАР МӨЛТӨӨН БАРЫЫЛАРА

Айылҕаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии кэмэ кэллэҕинэ, бу икки өрүттэр уларыйан, солбуйсан биэриилэрэ тиийэн кэлэрин биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Ол курдук, аҕа уустара, аймахтар төһө эрэ кэмҥэ сайдан, ахсааннара эбиллэн иһиилэрин кэнниттэн сыыйа мөлтөөн, атын аймахтарга, аҕа уустарыгар уларыйан барыылара син-биир тиийэн кэлэн иһэр.

Аҕа уустарын уһун үйэлэниилэрэ эттэрэ-сииннэрэ мөлтүүрүттэн кыаллыбат кэмэ кэлэр. Араас эмтэммэт ыарыылар буланнар аан бастаан эр дьонноро мөлтүүллэр. Улахан аймахтарга бу, атын аҕа уустарыгар уларыйыы кэмэ кэлиитэ мин быһаарыыбынан 300 сыллар кэннилэриттэн кэлэр. Ону биир кэмҥэ улахан дойдулары баһылыы сылдьыбыт династиялар, ол аата аҕа уустара уларыйыыларыттан быһаарыы ордук табыллар.

Москва княжествотын сайыннаран Россия импиэрийэтин үөскэтэн баһылаан олорбут Романовтар династиялара 1613 сыллаахтан саҕаланан баран 1917 сыллаахха Улуу Өктөөп өрө туруутунан суулларыллыбыта. Бу династия 304 сылынан эстибитэ мин быһаарыыбар холобур буолан туһалыыр.

17-с үйэҕэ нууччалар кэлбиттэрин кэнниттэн сайдыыны ситиһэн саҥа нэһилиэктэри тэрийбит аҕа уустара билигин мөлтөөн-ахсаан, ахсааннара аҕыйаан атын араспаанньаларга уларыйан сылдьаллара элбэх. Бу уларыйыы кэлиитэ эмиэ 300 сылтан ордук кэми ылар.

Элбэх аймахтартан, аҕа уустарыттан хомуллан үөскүүр омук үйэтэ аймахтар үйэлэриттэн быдан уһун буолар. Саҥа омук үөскээн биллэн тахсыыта биир аҕа ууһун үөскээһиниттэн уһаан биэрэр. Ол курдук, биир аҕа ууһуттан сайдыы хамсааһына атын аҕа уустарыгар тарҕаныыта, тэнийиитэ уһун кэми ылар.

Династиялар солбуллууларын кэмин туһанан мин омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийэр диэн быһаарыыны оҥордум:

1. Омук саҥалыы үөскээһинэ, 300 сыл курдук кэми ылар. Бу кэм буккуллуу кэмэ диэн ааттанар уонна омуктартан хайалара сайдыыны баһылыырын быһаарсыыга, үтүрүссүүгэ тириэрдэр.

2. Омук сайдыыны ситиһэр кэмэ, 300 сылга тиийиэн эбэтэр кыратык ордуон сөп. Сайдыыны баһылаан ахсааннара эбиллибит омук ону атыттарга тарҕатыыта импиэрийэни үөскэтиэн сөп.

3. Омук мөлтөөһүнүн кэмэ, 300 сыл курдук буолуон сөп. Омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнэ, ахсааннара аҕыйаан барыыта, үлэллии кэмэ кэлиитэ саҕаламмытын биллэрэр. Нуучча казактара кэлиилэриттэн саҥалыы үөскээбит саха омуга 300 сыллар ааспыттарын кэнниттэн сайдан, ахсааннара эбиллэн, бэйэлэрин билинэллэрэ билигин улаатан сылдьар кэмэ кэллэ.

Б.Хмельницкэй кэмигэр саҥа сайдан эрэр нууччаларга кыаттаран 1653 сыллаахха холбоспут, оччолорго “русы” диэн ааттанар Украина норуота билигин күүһүрүү, кыаҕырыы кэмигэр киирэн олорор.

Омук сайдыыны ситиһэр кэмэ 300 сылга тиийэр. Бу кэмҥэ былыргы үйэлэргэ киэҥ сирдэри баһылыыр, сэриилээн атыттары бас бэриннэрэр этилэр. Сайдан, күүһүрэн иһэр омук мөлтөөбүт, эстэр турукка тиийбит омугу кытта сирдэрин былдьаһан сэриилэһиэхтэрин сөп. Манна сайдан, күүһүрэн иһэр омук кыайыыны ситиһэр кыаҕа этэ-сиинэ бөҕөтүттэн биллэрдик улаатыан сөп.

Элбэх улахан аймахтартан, аҕа уустарыттан хомуллан омук үөскүүр. Кинилэр мөлтөөн барыылара, уларыйыылара омук бэйэтэ мөлтүүрүн, уларыйарын үөскэтэр.

Аҕа ууһун мөлтөөһүнэ кэлиитин биир былыргы аҕа ууһун холобурунан дакаастыыр ордук табыллар. Урукку ыраахтааҕы былааһа саҥа кэлиитигэр нэһилиэккэ үс аҕа ууһа баһылыыр эбиттэр. Бу аҕа уустарыттан Улахан аҕа ууһа диэн ааттаммыт Хааһах аҕатын ууһа элбэх сири бас билэринэн уонна таҥара дьиэтин бэйэлэрин алаастарыгар туттаран баһылыыр оруолу ылар эбит.

Кашинка диэн ааттаммыт кинээс Хааһах аҕатын ууһун киһитэ Ньукулай диэн ааттаах эбит. Бэйэтэ бас билэр Арыылаах диэн улахан алааһыгар кэлин таҥара дьиэтин туттаран дэриэбинэни үөскэппит.

Куйбаада, икки Балык Хатарбыттар, Саадахтаах, Таастаах, Уһун Өлөҥ, Нэлэгэр, Чопчулаахтар, Хааһах Алааһа диэн киэҥ алаастары тэҥэ, Арыылааҕы эмиэ Улахан аҕа ууһун дьоно бас билэллэр эбит. Дэриэбинэ икки өттүгэр Дулҕа уонна Эргэ Сурт диэн улахан сайылыктары туһана сылдьыбыттар.

Улахан аҕа ууһуттан аан маҥнайгы кинээс талыллан бэйэтин алааһын түмсэр сир оҥорон дэриэбинэни олохтообут, таҥара дьиэтин туттарбыт уонна нууччалыы араспаанньа ылынан Попов Николай диэн ааты ылыммыт. Олохтоохтор аҕатын ууһун аатын уларыппытын сөбүлээбэккэлэр Кыймаҥ Ньукулай диэн хос ааты иҥэрбиттэр.

Нэһилиэк үөскээбитин кэнниттэн Хааһах аҕатын ууһун баайдара урукку аҕа уустарын аатын умнаннар бары кэриэтэ Попов диэн араспаанньаҕа көспүттэр уонна элбэх хамначчыттарын эмиэ Поповтарынан сурукка киллэрбиттэр.

Улахан аҕа ууһугар хайдыһыы үөскээн тус-туспа араспаанньалар олоххо киирбиттэриттэн мөлтөөһүннэрэ саҕаламмыт. Баай уонна дьадаҥы Поповтар икки аҥы арахсаннар тус-туспа хос ааттаныыны үөскэппиттэр:

- Баайдар бэйэлэрин Үрдүк Поповтарынан ааттаммыттар.

- Дьадаҥылары Борооччуктар диэн ааттыыр эбиттэр.

- Былыргы аҕаларын ууһун Хааһах диэн аатын көмүскүү сатаабыттарга Каженкиннар диэн араспаанньаны иҥэрбиттэр.

Аҕа ууһа мөлтөөтөҕүнэ элбэх кыыс оҕолор төрүүллэр. Бу кыргыттар атын аҕа уустарыгар эргэ тахсалларыттан күтүөт дьоно элбээн тахсаннар олорор сирдэрин бас билиилэригэр ылыылара салҕанан баран иһиитэ, бу сири атын аймахтарга былдьатыыга тириэрдэрэ элбэх айдааны таһаарар эбит. Улахан аҕа ууһун дьоно Балык Хатарбыттар диэн икки улахан алаастарын уонна Орто Сурт диэн сайылыктарын күтүөт аймахтарыгар былдьатан бэйэлэрэ соҕуруу алаастарга көспүттэр.

Николай Петрович диэн киһи Ефим диэн соҕотох уола биир уолу уонна сэттэ кыыһы төрөппүт. Бу Ефим Василий диэн соҕотох уола үс кыыһы төрөппүтэ улааппыттар. Аҕа ууһугар уолаттар төрөөбөт буоллахтарына, бу аймахтар мөлтөөннөр атын аймахтарга уларыйар кэмнэрэ кэлбитэ быһаарыллар.

Олохтон үөскээн тахсар итинник холобурдары дьон бары билэ сылдьаллар эрээри, сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбутуттан кыһаммакка, хаалларан сылдьаллар. Уол оҕо аймахтары, аҕа ууһун сайыннарар аналлаах. Уол оҕону күүстээх, кыахтаах эттээх-сииннээх эр киһи эрэ төрөтөр. Аймахтары, аҕа ууһун эр дьон сайыннараллар. Эр дьон мөлтөөн барыылара аҕа ууһа, аймахтар мөлтүүллэригэр тириэрдэр. Элбэх аймахтар мөлтөөтөхтөрүнэ омук мөлтөөһүнэ саҕаланар.

Мөлтөх диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлү үөскэтэр:

1. Эт-сиин мөлтөөһүнэ.

2. Өй-санаа мөлтөөһүнэ.

Мөлтөөһүн бу икки көрүҥнэрин арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Киһи этэ-сиинэ мөлтөөһүнэ күүһэ, кыаҕа аҕыйыырыттан биллэр. Күүстээх, кыахтаах уолаттар төрөөбөт буолуулара аймахтары, аҕа ууһун мөлтөтөн иһэр. Бу мөлтөөһүн кэлиитин эр дьон араас күрэхтэһиилэргэ кыаттарыылара бигэргэтэр.

Сахалар эт-сиин мөлтөөн барыытын “Хаан тупсарыыта” диэн үгэһи туһанан суох оҥороллор. Туспа хааннаах дьон холбостохторуна оҕолоро бөҕө эттээх-сииннээх буолан төрүүллэрин былыргы кэмнэртэн ыла билэн туһана сылдьаллар.

2. Аймахтарга, аҕа ууһугар өй-санаа мөлтөөһүнэ биир тылы булуммат буолуу үөскээн тарҕаныытыгар саһан сылдьар. Дьон атын, күүстээхтэр, кыахтаахтар диэки тардыһыылара, бу санааны өссө улаатыннаран кэбиһэр.

Дьахталлар көҥүллэринэн барыылара онтон-мантан булан оҕолоноллорун элбэтэн эр дьон мөлтүүллэрин саҕалыыр, онтон эр дьон мөлтөөһүннэрэ аҕа ууһа, аймахтар үрэллиилэрин үөскэтэр. Аймахтар, аҕа уустара мөлтөөн, ыһыллан барыылара омук барыта мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрии омук күүһүрэн иһэрин үөскэтэрин туһаннахха табыллар.

Онон айылҕаҕа уларыйыылар киирэн иһэллэрин курдук аймахтарга, аҕа уустарыгар сайдыыны ситиһии кэнниттэн мөлтөөһүн кэмэ эмиэ тиийэн кэлэрин билэн ыал буолуу үгэстэрин туһанан эрдэттэн харыстана сылдьыы эрэйиллэр.

АЙМАХТАҺЫЫ

Атын хааннаах аймахтар, аҕа уустара саҥа ыалы тэрийэннэр аймахтыы буолан иһиилэрэ ахсааннарын элбэтэр уонна хааннарын тупсаран эттэрэ-сииннэрэ сайдарын үөскэтэр. Аймахтыы буолуу төһө да үчүгэй курдугун иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэн үчүгэй уонна куһаҕан суолталаах икки өрүккэ арахсар:

1. Атын хааннаах дьону, тастыҥ аймахтары кытта ыал буолуу саҥа аймахтары үөскэтэн уонна элбэтэн иһэринэн олоххо туһалаах, үчүгэй өрүтүнэн ааҕыллар.

2. Аймахтаһыы куһаҕан өрүтүнэн биир хаан аймахтыылар ыал буолууларыттан итэҕэстээх оҕолор төрүүллэрэ элбээһинэ буолар. Ол иһин, бу иккис өрүтүн бобо, хаайа сатыыллар.

Ыалы тэрийиигэ аймахтаһан хаалыыны үөскэппэт буолууну хаан аймахтарын 9 көлүөнэҕэ диэри үчүгэйдик билэр төрөппүттэр эрэ хааччыйар, саҥа улааппыт кыыс оҕону үөрэтэр, такайар кыахтаахтар. Ол иһин кыыс оҕолоох ыаллар кыыстарын харыстыыллара, эргэ барыан иннинэ онно-манна сырытыннарбаттара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Ол курдук, сиппит кыыс оҕо этин-сиинин баҕата аһара улаатан хааларыттан араас, элбэх уу-хаар саҥалаах албынньыттарга, киһиргэтээччилэргэ киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хаалара харыстааһыны туһана сылдьыыны эрэйэр.

Араас албыннааччылар, туһана сатааччылар хаһан баҕарар бааллар. Ханна эрэ сылдьар эдэр кыыс онно-манна түбэһэрэ элбэхтик кэпсэнэр. Кыыс оҕо олоххо аналын кыра эрдэҕиттэн чуолкайдык билэр буоллаҕына, бэйэтэ харыстанара улаатара уонна сааһын ситтэр эрэ эргэ тахсыыны ситиһэрэ туһалыыр.

Кыыс оҕо ыалы тэрийээччи буолар. Эр киһи сайдыылаах буор кутун оҕолоругар тириэрдэринэн ыраас кыыс оҕо ордук сыаналанар. Ааттаах-суоллаах аймахтар, аҕа уустара сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһиэхтэрин баҕарар санаалара ырыынак үйэтигэр ордук улаатар. Бу үчүгэй баҕа санаа дьон баайдара үксээн истэҕинэ улаатан иһэринэн, ыраас кыыс оҕо сыаната, энньэтэ өссө үксээн иһэрин тэҥэ, эргэ барар, ыалы тэрийэр кыаҕа баайа элбэҕиттэн биллэрдик улаатан биэрэр.

Сайдыылаах буор куттаах эр киһини олоххо элбэх уопуттаах төрөппүттэр эрэ таба быһааран кыыстарыгар тириэрдэн, өй уган биэрэр кыахтаахтар. Ол иһин кыыс оҕо ыалы тэрийэригэр төрөппүттэрин этэн, ыйан биэриилэрин тутуһа сылдьара эрэ табыллар. Төрүччү үөрэҕин туһаннахха эр киһини, күтүөтү таба талан ылыы кыаллар кыахтанар.

Чугас аймахтар оҕолоро ыарыһах буолан хаалара элбэҕин былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэннэр аймахтаһыы сокуона диэни үөскэтэн ыал буолууну тэрийиигэ туһаналлар. Сахалар чугас, биир хаан аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ, билсиһэ сылдьаллара, бу сокуону билиигэ уонна олоххо тутуһууга көмө буолар кыаҕын улаатыннарар.

Ыал буолуу үгэстэрин кытаанахтык тутуһа сылдьыы аймахтар эбиллэн, сайдан иһэллэрин үөскэтэрин сахалар билэн былыр-былыргыттан туһана сылдьаллар. (7,26).

Төрөппүттэр төрүччү үөрэҕин тутуһалларыттан ыраах, чугас хаан аймахтарын арааран билэллэриттэн, оҕолоро атын аҥарын талан ыларыгар улахан көмөнү оҥороллоро эрэйиллэр. Сэбиэскэй былаас туох да баайа суох дьадаҥылар былаастара этэ. Оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар, хайдах майгылаах, буор куттаах буолан төрүүллэригэр кыһамматтара.

Дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олохтооннор элбэх саҥалаах, тыллаах, үлэни сирэр дьадаҥылар энньэ уонна халыым диэни суох оҥорбуттарынан улаханнык туһаммыттара, ханна көрсүһэ түстэллэр эрэ бары ыал буолар, оҕолору төрөтөр кыахтаммыттара. Ол иһин төрүүр оҕолор бары дьадаҥы буор куттарынан сутуллан хааланнар үлэни сирэллэриттэн, кыайан үлэлээбэттэриттэн, бу албын былаас 74 сыллар кэннилэриттэн бэйэтэ эстибитэ.

Ыалы кыыс оҕо тэрийэр. Кыыс оҕо энньэтин төрөппүттэрэ улаатан истэҕинэ бэлэмнээн биэрэллэриттэн саҥа ыалы тэрийиигэ улахан кыттыгастаах буолаллар. Энньэ диэн кыыс оҕо улаатыар диэри саҥа ыалы тэрийэригэр анаан олоҕор туһалаах баайы-малы мунньунара ааттанар. Ол иһин энньэтин кээмэйэ эрдэттэн биллэр буолар.

Уол улаатан, кыайа-хото үлэлээн баайы мунньунан ойох ыларга бэлэмнэнэр. Эргэ барар кыыс энньэтин кытта уол киллэрэр халыыма тэҥ буолаллара эрэйиллэр. Ыал баайын бу тэҥнэһиитэ оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр тэҥнэһиини үөскэтэн өйө-санаата туруктаахтык сайдарын төрүттүүр. Ону тэҥэ, эр киһи элбэхтик үлэлиириттэн буор кута сайдара оҕолоругар бэриллэр кыахтанар.

Халыым диэн уол оҕо ыалы тэрийиигэ кыттыһан бэйэтин өлүү баайын-малын холбооһуна ааттанар. Ол аата саҥа ыалы тэрийиигэ киллэрэр кылаата, өлүү баайа буолар. Билигин ырыынак кэмигэр кыыс оҕо ыраас кыыһынан эргэ тахсарыгар энньэни уонна халыымы туһаныы ыал олоҕо туруктаах буоларын ситиһиигэ көмөлөһүө этэ.

“Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн этии ханнык баҕарар албынньыт, сымыйыаччы, элбэх саҥалаах эр киһи хайа баҕарар дьахтар төбөтүн бэйэтин баҕатын хоту эргитэр кыахтааҕын биллэрэр. Ону тэҥэ, улаатан, этэ-сиинэ сиппит кыыс баҕата эмиэ улахана эр дьону кытта бииргэ сылдьарын уустугурдарыттан сааһын ситтэр эрэ эргэ тахса охсоро олоҕор улахан туһаны оҥорорун сайдыыны ситиһэн иһэр саха омук дьоно туһаналлара эрэйиллэр.

Биһиги кыыс оҕолору детсадтан саҕалаан оскуолаҕа уолаттартан туспа үөрэтэри туруорсабыт. Ол курдук, айылҕа аналын быһыытынан кыыс оҕо этэ-сиинэ ситтэр эрэ эргэ баран оҕолору төрөтөр аналлааҕын таба туһаннахха олоҕо табыллара ситиһиллэр.

Кыыс оҕо эргэ барарыгар сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыытыгар төрөппүттэрин көмөлөрө олус туһалаах буолара быһаарыллар. Ол курдук, сайдыылаах буор куттаах эр киһини быһаарарга төрүччү үөрэҕин туһанан төрөппүттэрэ, аймахтара үлэни төһө кыайалларын эрдэттэн биллэххэ эрэ табыллар.

Билигин дьахталлар көҥүллэринэн барыылара тохтуу, уларыйа илигинэн эдэрдэр үлэни кыайар буолуулара өссө да үөскүү илик. Ол аата сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар эдэрдэр төрүүллэрэ өссө да ыраах. Бу үтүө баҕа санаа саҥа ыал буолааччылар Кут-сүр үөрэҕин олоххо туһанан сайдыылаах буор куттаах аймахтары таба талан ылар кыахтаннахтарына эрэ олоххо киирэр кыахтанар.

Олох салҕанан, саҥа көлүөнэлэр үөскээн инникилэри солбуйан истэхтэринэ аймахтаһыы эмиэ уларыйан биэрэн иһэр. Ол барыта хаан атын хаанынан булкуллан, ыраатан, тэйэн иһэринэн быһаарыллар.

Хаан аймахтар икки аҥы арахсаллар:

1. Ыраах аймахтар. 9 көлүөнэ таһынан тахсыбыт аймахтар ыраах аймахтар диэн ааттаналлар уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолан холбоһуулара, оҕо төрөтүүлэрэ бобуллубат.

2. Чугас аймахтар. Хаан аймахтар 9 көлүөнэ иһинэн чугас аймахтар диэн ааттаналлар. Бу аймахтар ыал буолан холбоһоллоро аймахтаһыыны үөскэтэн кэбиһиэн сөбүттэн бобуллар.

Аймахтаһыы диэн өйдөбүл биир өрүтэ аймахтары элбэтэн үчүгэйи үөскэтэр буоллаҕына, иккис өрүтэ куһаҕаҥҥа, эмтэммэт ыарыыларга тириэрдиэн сөбүттэн биир хаан аймах дьон ыал буолан оҕо төрөтөллөрө бобуллара эрэйиллэр. Бу бобуу кинилэр ыал буолан оҕо төрөттөхтөрүнэ оҕолоро араас эмтэммэт ыарыылаах буолан хаалара үөскүүрүн тохтото сатааһын буолар.

Дьон ыалы тэрийэн иһэллэрэ тохтообот. Биир сиргэ олорор ыаллар оҕолоро ыал буолан иһэллэриттэн бары аймахтыылара чугаһаан хаалар. Аймахтаһыы аҕаларынан уонна ийэлэринэн, икки өттүттэн чугаһаан иһэрин билэ сылдьыы эрэйиллэр.

Ыал буолааччылар аймахтыылара чугаһаан хааллаҕына үгүстүк кыыс оҕолор төрүүллэр. Аныгы наука быһаарарынан уол оҕолор төрүүллэрэ эр киһиттэн быһаччы тутулуктаах. Ол аата аймахтары, омугу кыахтаах эр дьон ахсааннарын элбэтэллэрин тэҥэ, сайдыылаах буор куттарын тарҕаталлар. Ол иһин сахалар былыр-былыргыттан ыраах сирдэртэн ойох ылан “Хааннарын тупсарыыларын” куруук оҥоро сылдьаллара саха омук уһун үйэни ситиһэрин үөскэтэр.

Аймахтаһыыны үөскэтэн кэбиспэт туһугар сахалар бэйэлэрин хаан аймахтарын 9 көлүөнэ устата билэн аймахтыы сыһыаннарын тутуһа, билсиһэ сылдьаллар. Чугас аймахтары билии, билсиһэ сылдьыы аймахтаһыы үөскээн тахсарын суох оҥорорго туһалыыр.

Онон аймахтар эттэрэ-сииннэрэ уларыйара кэмэ кэллэҕинэ тиийэн кэлэринэн хаан тупсарыытын туһанан омук кыралаан уларыйыыта салҕанан баран истэҕинэ үйэтэ уһуура ситиһиллэр.

САХАЛАРЫ МӨЛТӨТӨ САТЫЫЛЛАР

Ыраахтааҕы былааһа сэриилээн кыайбыттар былаастара этэ. Нуучча казактара Сибиири сэриилээн ыланнар ыраахтааҕыга бас бэриннэрбиттэрэ. Ол иһин “Кыайбыт көҥүлэ”, “Кыайбыттары сууттаабаттар” диэн өс хоһоонноругар сөп түбэһэр быһыылары оҥороннор бэйэлэрин салайар былаастарын олоххо киллэрбиттэрэ.

Сэриигэ кыайбыттар салайар былаастара кыаттарбыт, бэриммит кыра омуктары бэйэлэригэр бас бэриннэрэр, өрө көрдөрбөт сыалларын олоххо киллэрэн испиттэринэн сахалар аҕа уустарын былаастарын эһиилэрэ уонна православнай таҥара үөрэҕин ыган, хаайан киллэриилэрэ буолар.

Анаан-минээн Саха сирин үрдүнэн барыларыгар таҥара дьиэтин олохтоохтор туталларын көҥүллээбиттэрэ. Олус былыргы кэмнэртэн таҥара үөрэҕэ диэн эр дьону бөҕөргөтөр, үлэни тупсарар аналлааҕын билэр сахалар таҥара дьиэлэрин элбэҕи туппуттара.

Бу Европаҕа тиийэн сайдан, тупсан төттөрү эргийэн кэлбит сахалар киһи таҥараларын үөрэҕэ салайааччыларга туһалаан бэйэлэрин диктатураларыгар кубулуйан, элбэхтик уларыйан, баһылыыр омук өйүн-санаатын тарҕатыыга туһалаабыта. Саха тойотторо, бу таҥара үөрэҕэ баайдарга улаханнык туһалыырын билэн элбэх таҥара дьиэлэрин тутууларыгар көмөлөспүттэрэ.

Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр дьадайыылара уонна уһун кэмнээх сэриигэ хотторуу сабыдыала холбоһоннор Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыытыгар тириэрдибиттэрэ. Бу былаас уларыйыыта дьон олоҕор улахан хамсааһыннары үөскэппитэ.

Сахалар сэбиэскэй былааска утарылаһа сатаан баран кыаттаран билинэргэ тиийбиттэрэ. Ол курдук, олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕин баһылаан олоххо туһаналларыттан үлэни кыайан үлэлээбэт, сүрэҕэ суох дьадаҥылар салайар былааһы ылбыттарын букатын сөбүлээбэтэхтэрэ.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылар былаастара этэ эрээри, ыраахтааҕы былааһа ыыппыт сахалары мөлтөтөр үлэлэрин салҕаан ыыппыта. Бу былаастар Россия дьонугар оҥорбут улахан куһаҕаннарын туһунан үлэлэр өссө да бэчээттэнэ иликтэр. Ол барыта сахалыы өй-санаа үөрэҕэ оннун булуна илигиттэн буолар.

Ыраахтааҕы уонна сэбиэскэй былаастар сахалар аймахтара сайдыыларыгар оҥорбут улахан куһаҕаннара манныктар:

1. Аҕа уустарын суох оҥоруу, аймахтары буккуйуу.

2. Ыал буолуу үгэстэрин суох оҥоруу.

3. Дьахталлар көҥүллэринэн баран, бэйэлэрэ талан ылан эргэ тахсалларын олоххо киллэрии буолар.

4. Уол уонна кыыс оҕолору детсадтартан саҕалаан бииргэ үөрэнэллэрин тэрийиилэрэ.

5. Оскуолаҕа кыыс оҕолору аһара уһуннук үөрэтии.

6. Үөрэҕи аһара өрө тутан үлэни куһаҕаҥҥа кубулутуу.

7. Олоххо туһата суох тыл үөрэхтээхтэрин элбэтии.

8. “Айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр дьон ону-маны, туһата суоҕу айа, оҥоро сатыылларын элбэтэ сылдьаллар.

9. “Устуоруйа” диэн сахаларга суох тылы буланнар былыргы олохторун үөрэҕин умуннаран эстиигэ тириэрдэллэр.

Бу куһаҕаннар бары мунньустан, көмөлөөн саха эр дьоно мөлтөөн барыылары үөскэтэллэр. Ол иһин арыыйда кэҥэтэн ырытыылары оҥоруу туһата улахан буолуоҕа:

1. Православнай таҥара үөрэҕин сахаларга киллэрии аҕа уустарын суох оҥорууга тириэрдибитэ. Нууччалыы ааты саҥа төрөөбүт оҕоҕо иҥэриини таҥара дьиэтэ оҥорор буолбута. Ону тэҥэ, оҕо аҕатын нууччалыы аатын араспаанньа оҥосторун олоххо киллэрэннэр, былыргы аҕа уустарын ааттарын букатын симэлиппиттэрэ.

Омугу сайыннарарга аналлаах аҕа уустарын ааттарын суох оҥоруу уонна нууччалыы араспаанньаны, ааттаныыны киллэрии саха дьонун өйдөрүн-санааларын улаханнык буккуйан сайдыылаах буор куттаах төрүттэрин, уустарын умуннаран сылдьар.

Билигин сахалыы ааттаныыны олоххо киллэрии уонна урукку аҕа уустарын аатын араспаанньа оҥостуу, бу уларытыыны көннөрүө этэ.

2. Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан энньэтэ уонна халыыма суох эргэ тахсалларын олохтоон, ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорон, кыыс оҕо эргэ тахсарыгар сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар, көрсүө, сэмэй майгылаах, халыымы төлүүр кыахтаах эр киһиэхэ эргэ тахсарын тохтоппута. Ол иһин көрсө түспүт эр киһилэриттэн оҕолонон иһиилэрин элбэтэн Россия дьоно бары дьадаҥылар сайдыыта суох буор куттарынан сутуллан сылдьаллар. Ырыынак кэмэ олоххо киирбитэ отуттан тахса сыллара аастылар эрээри, үлэни кыайа-хото үлэлээһин кыалла илик.

Үлэни кыайар күүстээх, кыахтаах эр дьон иккис, үһүс ойохторун ылалларын олоххо киллэрии сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэрин элбэтиэ этэ.

3. “Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн этии эдэр кыргыттар араас уһун, минньигэс тыллаах албынньыттарга киирэн биэрэллэрэ элбэҕин биллэрэр. Араас туга да суох, үлэни сөбүлээбэт дьадаҥы дьон тылга тииһэллэрин истэн албыҥҥа киирээччилэр элбээтилэр, ону тэҥэ, оскуолаҕа уһуннук үөрэниини олохтооннор эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан тулуйбаккалар кыыстарын көрдөөбүт эр киһиэхэ биэрэн иһэллэрэ тарҕанна.

Кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ тахсан сайдыылаах буор куттаах эр киһиттэн оҕолонноҕуна күүстээх, кыахтаах оҕолору элбэтиэн сөп.

4. Эр киһи уонна дьахтар олоххо ситиһэр сыаллара тус-туспалар. Детсадка уонна оскуолаҕа оҕолор бииргэ сылдьалларын тэрийии олохторун сыалын буккуйан кэбиһэллэрин үөскэтэр. Арыыйда эрдэлээн этэ-сиинэ сайдар кыыс оҕо уолаттары баһылыыр курдук сыыһа санаатын үөскэтэн кэбиһэрэ өйдөрө-санаалара халыйарыгар тириэрдэр. Ону тэҥэ, уол оҕолору кыра эрдэхтэриттэн кыыс оҕоҕо бас бэринэргэ үөрэтии улааттаҕына бэйэтэ быһаарынан олоххо туһалааҕы оҥорорун аҕыйатар.

Биһиги детсадтартан саҕалаан кыыс уонна уол оҕолору туспа иитэри уонна үөрэтэри туруорсабыт. Олоххо тус-туспа сыалларын ситиһэллэригэр өйдөрө-санаалара кыра эрдэхтэриттэн салалларын үөскэтии, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии туһалыа этэ.

5. Кыыс оҕо этэ-сиинэ уол оҕотооҕор эрдэлээн сайдар. Сааһын сиппит, эргэ барара буолбут кыыс оҕо уолаттары кытта бииргэ сылдьара кыыһын харыстаабатын улаатыннаран кэбиһэр. Ол курдук, кыыс оҕо этин-сиинин оҕо оҥотторорго баҕата элбэҕиттэн араас албынньыттарга, туһана сатааччыларга киирэн биэрэрэ элбиир. Ону тэҥэ, элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секта “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэрэ кыыс оҕолор биир сатыыр айыыларын оҥорон, кыыстарын харыстаабаттарын элбэтэр буолла.

Тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан оҥорбут элбэх сыыһалардаах, өйтөн булуулардаах “айыы үөрэҕин” тохтотуу эрэ сахалар сайдыыны ситиһэр кыахтарын үөскэтэр.

6. Үөрэх төһө да туһалааҕын иһин, аһара баран хаалбыта иккис өрүтүн, үлэни, куһаҕаҥҥа түһэрэн кэбиспитэ. Дьадаҥы төрүттээх үлэни сөбүлээбэт, сүрэҕэ суох дьон солумсахтара элбээн хаалан үөрэҕи эрэ эккирэтэ сатааннар, үлэни букатын хаалларбыттара.

Дьон солумсахтарын улаатыннарыыны тыл үөрэхтээхтэрэ оҥоро сылдьаллар. Ол курдук солун диэн саҥаны, уратыны биллэрэр уонна аһара бардаҕына солумсах буолуу үөскүүрүн биллэрэр тылы, “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйаннар дьон солумсах буолууларын улаатыннаран кэбистилэр.

7. Кыра омуктары мөлтөтүүгэ анаан араас туһалара кыра гуманитарнай үөрэхтэри тарҕата сатааһыны олоххо киллэрбиттэрэ. Нууччалыы үөрэтиини күүһүрдэргэ анаан элбэх учууталлары үөрэппиттэрэ. Ону тэҥэ, суруйааччылар арбыылларын, айхалларын элбэтээри тыл үөрэхтээхтэрин өрө туппуттара уонна сахалары мөлтөтө сатаан олохторун үөрэҕэр буккуйуулары киллэрбиттэрин көннөрүү ирдэниллэр. (23,57).

8. Сахалары улаханнык мөлтөтүүнү билигин сэбиэскэй былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар оҥоро сылдьаллар. Улуу Өктөөп өрө туруутун “үчүгэй” айыынан ааҕаннар элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айан оҥорон сахалары барыларын албынныыллар. “Айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр эдэрдэр буолар-буолбат, ол-бу айыылары оҥоро сатыылларыгар тириэрдэннэр, киһи быһыытын тутуспаттарын үөскэтэн сыыһа-халты туттуналларын, куһаҕаны оҥороллорун элбэттилэр. Ол иһин элбэх эдэр уолаттар сыыһа-халты туттунан уонна саҥаны айыыны оҥорон, наркотиктары боруобалаан хаайыыга түбэһэллэрэ үксээтэ. (24,140).

9. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар остуоруйа диэн саха төрүт тылын “устуоруйа” диэн сахаларга суох саҥа тылы булан уларытан, солбуйан сахалар былыргы олохторун умналларын, хаалларалларын оҥоро сатыыллар. Ону тэҥэ, саҥа “устуоруйалаах”, саҥа омугу үөскэтэн сахалары үрэйэр, ыһар санаалаахтар.

Билигин сахаларга сэбиэскэй былаас үөскэппит ити куһаҕан быһыыларыттан босхолонуу ирдэнэр кэмэ кэллэ. Бу куһаҕаннартан түргэнник босхолонуу эрэ саха омук сайдарыгар тириэрдэриттэн Ил Дархантан саҕалаан бары ылсыһаллара эрэйиллэр буолла.

Ыал буолуу үгэстэрин кытаанахтык тутуһар мусульманнар билигин ахсааннара эбиллэн Аан дойдуга биллэр баттааһыннары оҥорор буолан эрэллэр. Ону тэҥэ, эр дьоно күүстэрэ, кыахтара элбэҕинэн үлэни, олох ыараханнарын тулуйар күүстэрэ улаханын Афганистантан АХШ сэриилэрин үүрүүлэрэ дакаастыыр. Ол иһин сахалар ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаналлара ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Онон уһун үйэлээх сахалар баһылыыр омук киллэрэ сатыыр уларытыыларын ылыммакка, туораталлара уонна бэйэлэрин туһалаах үгэстэрин олоххо киллэрэн туһана сылдьаллара эрэйиллэр.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. “Open” журнал. №3 (3), апрель-июнь 2013.

2. Ойунский П.А. Көҥүл ырыата. – Якутск: Якуткнигоиздат, 1968. – 440 с.

3. Г.В.Ксенофонтов. Эллэйада. – М.: Издательство “Наука”, 1977. – 248 с.

4. Якутскай Н. Төлкө. (Судьба. Роман в 3-х книгах. Сокращенное издание.) Якутск: Кн. изд-во, 1973. – 768 с.

5. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010, - 100 с.

6. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 96 с.

7. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.

8. Васильев Ф.Ф. Военное дело якутов. - Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1995. – 224 с.

9. “Чолбон” сурунаал. Кулун тутар / 2022.

10. Бравина Р.И. Киһи уонна Дьылҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 160 с.

11. “Саха сирэ” хаһыат. 2022 с. Алтынньы 6 күнэ.

12. Сиэн Чолбодук. Күнүскү күн аннын диэки / Сиэн Чолбодук. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 144 с.

13. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену. – Якутск: Нац.кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 352 с.

14. Уткин К.Д. Хомуурунньук. 16 кинигэ. 2-һэ: Төрүт культура: утумнар, ситимнэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 272 с.

15. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

16. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

17. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

18. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. – М.: Эксмо; Форум, 2007. – 960 с.

19. Попов Л. Тоҕой Сэлэ (Тогой Сэлэ. Роман. 1-ая книга). Якутск: Кн. изд-во, 1976. – 256 с.

20. Таас Д. Сэһэннэр. Хос таһаарыы. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1990. – 336 с.

21. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

22. “Роман-газета”, 2020. №3.

23. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.

24. Каженкин И.И.- Уйбаан Хааһах. Оҕо өйө-санаата сайдыыта. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Аймахтар тустарынан былыргылар билиилэрэ

Уус

Аҕа

Ийэ

Эбэ

Эһэ

Оҕо аймахтары элбэтэр

Аҕа ууһа

Аҕа ууһа үөскээһинэ

“Мин эттим, эһиги иһиттигит”

Аҕа ууһун аата

Ийэ ууһа

Ыал буолуу үгэстэрэ

Дуруускалаан ыалы тэрийии

Удьуордааһын

Утумнааһын

Аймахтар

Хаан аймахтар

Тастыҥ аймахтар

Аҕа аймахтара

Ийэ аймахтара

Аймахтар сайдан иһиилэрэ

Аймахтар биир санааланыылара

Тустууктар - боотурдар

Кыыс оҕолоох ыаллар

Аймахтар мөлтөөн барыылара

Аймахтаһыы

Сахалары мөлтөтө сатыыллар

Туһаныллыбыт литература

Иһинээҕитэ