Иһинээҕитигэр көс

Аһылык уратылара (Каженкин И.И.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

АҺЫЛЫК УРАТЫЛАРА Дьокуускай 2007

Автор бу үлэтигэр олох сайдан истэҕинэ араас абылаҥнар, минньигэс аһылыктар, арыгылар ордук дэлэйэннэр киһи куруук тулуурун уонна дьулуурун сайыннара сырыттаҕына эрэ биирдэ бэриллэр олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтааҕын арыйар. Итини тэҥэ автор экономика сайдан, олох тупсан истэҕинэ араас абылаҥнар элбээннэр саха дьонун «Олох ыарахан» диэн этиилэрэ табата арыллан иһэрин быһаарар.

В народе бытует мнение, что человек явно превышающий свою весовую норму, получает определение «здоровяк» или «кровь с молоком». Здоровяк-то здоровяк, но вот кровь у него явно не с молоком, а с кучей совершенно ненужных для организма веществ.

Kаженкин Иван Иванович

ААН ТЫЛ

Олус тымныы, уһун кыһыннаах дойдубутугар былыргы кэмҥэ сахалар ас-үөл тиийбэтиттэн куруук эрэйдэнэр эбиттэр. Кыыдааннаах тымныы кыһыны улахан кыһалҕанан этэҥҥэ туорааһын дьылы тахсыынан ааҕыллар кэмнэрэ бааллара. Ол иһин сахаларга сыл кыһыны туорааһынынан бүтэн сайын кэлиититтэн саҥалыы саҕаланар этэ.

Сахалар билигин от-мас көҕөрөн, Айылҕа саҥалыы тиллиитин, ас-үөл дэлэйиитин, сайын кэлиитин, олус улахан бырааһынньык быһыытынан ааҕаллар уонна айылҕаҕа сүгүрүйүү – Ыһыах бырааһынньыгынан бэлиэтииллэр.

Саха дьоно аһылыктарыгар олус талымастар, сириксэннэр диэххэ сөп. Ол иһин аһылыкка ханнык да үөннэри, тыҥырахтаах көтөрдөрү, кыыллары хаһан да туһамматтар, иһэр ууларын анаан-минээн үгүс үлэнэн-хамнаһынан бэлэмнэнэн муус уутун эрэ иһэллэр.

Былыргы кэмҥэ сахаларга ас-үөл дэлэйиттэн, элбэҕи аһааһынтан үөскээн тахсар уойан ыарыыларга биир эмэ, олус баай дьон ыалдьар, эрэйдэнэр эбиттэр. Kэлин кэмҥэ олох көнөн, ас-үөл дэлэйэн барыытыттан үөскээн тахсар уойууттан уонна да атын ис-үөс ыарыыларыттан саха дьоно эрэйдэнэллэрэ элбээтэ.

Биһиги бу кыра үлэбитигэр киһи олох олорон, олоҕун сыалын толоруутугар этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспа санаалаахтарын, ол иһин көрдөбүллэрэ эмиэ тус-туспаларын быһаара сатаатыбыт. Ол быһаарыыларбытыгар былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сүрүн төрүттэрин туһанныбыт. Итини тэҥэ бэйэбит саҥалыы быһаарыыларбыт олоххо үөскүүр балаһыанньаларга сөп түбэһэллэрин эмиэ бэрэбиэркэлээтибит.

Kиһиэхэ өйө-санаата сайдан, күүһүрэн этин-сиинин аһыыр-сиир баҕатын кыайа тутан салайа үөрэнэригэр улахан тулуурдаах уонна дьулуурдаах буолара эрэйиллэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн бэйэтин быстах баҕа санааларын тулуйан тохтоторугар үөрэтии улахан оруолу ылар кэмэ кэллэ. Бу тулуурдаах буолуу үөрэҕэ саҕаланыытынан оҕо минньигэс аһылыгы кэмнээн, сөбүлээн көрөн сииргэ үөрэниитэ буолар. Kиһи бэйэтэ олус тулуурдаах, дьулуурдаах буоллаҕына эрэ сайдан иһэр олох араас абылаҥнарын тулуйан олоҕор бары киһилии баҕа санааларын ситиһэр кыахтанар.

Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилээхтэр. Олох тупсан, ас-үөл саҥа дэлэйэн истэҕинэ бу этии соччо-бачча өйдөммөт курдук этэ. Ол эрээри экономика күүскэ сайдыыта аһы-үөлү олус дэлэтэн, минньитэн дьон иҥсэлэрин көбүтэрэ эбиллэн биэрэр. Үгүстэр тулуурдара тиийбэккэ аһыыллара эбиллэн бэйэлэрэ уойан-тотон бараллар. Кэнники кэмҥэ биһиэхэ эмиэ ас-үөл дэлэйэн минньигэс аһылыгы кэмнээн аһыырга үөрэниигэ улахан тулуурдаах буолуу эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Билигин үгүс сайдыылаах дойдулар маннык кэмҥэ кэлэннэр үгүс дьонноро уойар ыарыыттан эрэйдэнэллэр.

Дьон бары уһуннук уонна дьоллоохтук, бары баҕаларын толорон олохторун олоруохтарын баҕараллар. Уһун үйэлээх буолууну ситиһии киһи олоҕуттан уонна тугу аһыырыттан быһаччы тутулуктааҕын эдэр эрдэхпититтэн аахайбакка сылдьабыт, олох көннө диэн сыыһа санааҕа оҕустараммыт тулуурбутун ситэ сайыннарбаппыт. Өй-санаа сайдыыта киһини тулуурун сайыннаран баҕа санаатын ситиһэригэр кыах биэрэрин таба сыаналаан олохпутугар туһаммаппыт.

Саха дьоно кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга аналлаах кынаттаах этиилэринэн «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн баар. Kэнники сэбиэскэй былаас салайан олорбут кэмнэригэр бу этиини таба сыаналаабат буола сылдьыбыппыт. Сахалыы өһөс диэн тыл тулуурдаах, дьулуурдаах, кэннинэн кэхтибэт, ылбытын ыһыктыбат кытаанах майгылаах диэн олус киэҥ өйдөбүллээх. Сэбиэскэй былаас тэриллиэҕиттэн дьон олохторун тупсаран, чэпчэтэн иһиитин түмүгүн сыыһа сыаналааһынтан аныгы көлүөнэлэр кыра да тулуурдара суох, бэйэлэрин быстах баҕа санааларын кыайан тохтотуммат дьон буола улааттылар.

Төрөппүт оҕотун көрөр-истэр харыстыыр санаата олох тупсан истэҕинэ ордук эбиллэн биэриитэ оҕону иитиигэ улахан уустуктары үөскэтэр. Манна аныгы ыаллар биир эмэ оҕолоохторо, харыстыыр, көмүскүүр санаалара өссө улаатарыгар тириэрдэрин олох уоппутунан уонна өй-санаа, билии эбиллибитинэн туһанан тэҥнээн биэрдэххэ эрэ оҕону киһи быһыылаах буола улаатарыгар тириэрдэр кыахтаахпыт. Аһара көрүү-истии, маанылааһын, минньигэс аһынан хатаҕалааһын атаах киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарарын букатын да умнан сылдьабыт.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн минньигэс аһы сөбүлээн көрөн сииргэ үөрэниитэ кинини тулуурдаах, аһыырга-сииргэ быстах баҕатын тулуйар киһи оҥорор. Тулуурдаах, дьулуурдаах, олохторугар сыаллаах дьон арыгыга ылларбаттар. Онтон кэлэн иһэр көлүөнэлэр өссө ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс буоллахтарына эрэ сайдан иһэр олох араас элбэх абылаҥнарын кыайан тулуйар кыахтаналлар.

Былыргы умуннара сыспыт өспүт хоһоонун «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэни саҥалыы өйдөөммүт кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ быһаччы тутуннахпытына эрэ сахабыт норуота салгыы сайдан иһэрин ситиһэр кыахтаахпыт.

Барыгытыгар тулуурдаах, дьулуурдаах буолуугутун күнтэн күн аайы өссө сайыннаран,эрчийэн биэрэн иһэргитигэр баҕарабыт.

АҺЫЛЫК

Киһи Айылҕаттан биир сүрүн тутулугунан аһыыр аһылыга буолар. Kиһи этэ-сиинэ Айылҕаҕа үүммүт эбэтэр үөскээбит аһылыгы эрэ бэйэтин туһугар туһанарга аналлаах. Аһаабакка эрэ киһи олус өр сылдьыбат.

Сир үрдүгэр аһылык саппааһа төһө элбэҕиттэн дьон-аймах ахсааннара олус улаханнык тутулуктанар. Урукку, дьахталлар бэйэлэрин харыстаммат кэмнэригэр ас-үөл эбиллэн биэрдэҕинэ дьон-аймах ахсааннара түргэнник эбиллэр этэ. Сахалар уруккута, аҥардастыы бултаан уонна ынах, сылгы ииттэн олорор эрдэхтэринэ ахсааннара 30 тыһыынчаттан ордубат эбит. Кэлин нууччалар кэлэннэр бурдугу үүннэрии саҕаланыаҕыттан, аһыыр аһылык саҥа көрүҥнэрэ арыллыахтарыттан ыла саха дьонун ахсааннара биллэрдик эбиллибитэ бэлиэтэнэр.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, аһы-үөлү дэлэтии олус элбэх ыарахаттардаах. Ол курдук Айылҕабыт олус тымныы уһун кыһына, сайын ортото хаһыҥнар түһэллэрэ, сылаас, үүнээйи үүнэр кэмэ кылгаһа, сирбит-уоппут, почвабыт мөлтөҕө үүнээйилэр үүнэллэригэр үгүс уустуктары оҥороллор.

Амарах санаалаах сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун үксүлэрин аҥардастыы соҕурууттан таһан аҕалыллар кэ¬лии аска көһөрбүттэрэ. Ханна эрэ Украинаҕа үүннэриллибит бурдугунан, Орто Азия фрукталарынан, Новосибирискэй хортуоппуйунан хааччыйа сатаабыттара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун үйэлэрэ кылгааһына аһыыр аһылык тосту уларыйыытыттан быһаччы тутулуктааҕа билигин дакаастана сылдьар.

Киһи олоҕор иһэр уута уонна аһыыр аһылыга сүрүн оруолу ылаллар. Тыыннаах буолуу, улаатыы, араас үлэни-хамнаһы оҥоруу киһиттэн элбэх эньиэргийэтэ ороскуоттанарын таһаарар. Ити ороскуоттары барыла¬рын киһи аһыыр аһылыгынан толорон биэрэн иһэрэ ирдэниллэр.

Киһи олоун ханнык кэмнэригэр төһө эньиэргийэни, аһылыгы ороскуоттууруттан көрөн үс тус-туспа кэмнэргэ араарыахха сөп:

1. Оҕо улаатар, этэ-сиинэ эбиллэр кэмэ.

2. Киһи күүскэ үлэлиир-хамсыыр, элбэх эньиэргийэни ороскуоттуур кэмэ.

3. Кырдьан барыы, эньиэргийэ ороскуота лаппа аҕыйаан иһэр кэмэ.

Оҕо улаатан иһэр кэмин ханнык да эбии быһаарыыта суох, элбэх битэмииннээх, иҥэмтэлээх аһылыкка наадыйар кэмэ диэн ааҕаллар. Бу кэмҥэ оҕону сөптөөх аһылыгынан хааччыйыы оҕо этэ-сиинэ ситэри сайдан, улаатан, доруобу¬йата бөҕөргүүрүгэр туһалыыр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин эмиийин эмэрин тэҥэ туох аһылыгы аһаан-сиэн улааппыта этигэр-сиинигэр, өйүгэр-санаатыгар барытыгар дьайар. Сэрии кэнниттэн төрөөбүт элбэх оҕолоох ыаллар уолаттара саастарынан кэккэ¬лэһэн турдахтарына, кыра бырааттара уҥуоҕунан барыларыттан улаатан, үрдээн турара дьон аһыыр аһылыктара кэлин кэмҥэ сыыйа көнөн испиттэрин быһаччы туоһулуур көстүүгэ киирсэр.

Илиинэн үлэ элбэх эньиэргийэни, күүһү-күдэҕи эрэйэрин бары би-лэбит. Тото-хана, иҥэмтэлээх аһылыгы аһаан биэрдэҕинэ эрэ киһи күүстээх үлэни үлэлиир кыахтанар. Дьахталлар эр киһилэрин хатаҕалаан аһата-сиэтэ сатыыллар. Кинилэр эр киһилэрэ саппаас эньиэргийэлэнэрин ситистэхтэринэ бэйэлэригэр үчүгэй буоларын, туһа тахсарын билэллэр. Элбэх эньиэргийэтин ороскуоттаабат да киһини «Баҕар туох эмэ тахсыа»,- диэн санааттан аһата, хатаҕалыы сатыыллара аһара баран хаалара эмиэ баар суол.

Эдэр дьахталлар ый аайы аҕыйыыр хааннарын толорон биэрэллэрин тэҥэ, бэйэлэрин эньиэргийэлэрэ эмиэ көҕүрүүр. Ону эмиэ аһылыгынан толорон биэрэн иһиэххэ наада. Киһи аһылыга олоҕор тахсар араас ороскуоттарын барыларын сабар, көҕүрээбит эньиэргийэлэрин толорон биэрэрэ ирдэнэр. Тымныы сиргэ олохтоох дьон аһылыктара олус иҥэмтэлээх буолуохтааҕа эньиэргийэ ороскуотунан эмиэ быһаарыллар. Киһи этин-сиинин биир тэҥ итиинэн хааччыйарыгар эмиэ аһылыгы ороскуотуур. Аһылык киһиэхэ бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр, олорор олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сөп түбэстэҕинэ киһи олоҕо табыллар, уһуур кыахтанар.

Айылҕа киһиэхэ дьайыыта дьыл кэмнэрин аайы уларыйан биэрэн иһэр. Ол курдук сайын итиинэн дьайан киһиттэн ордук уутун ыган таһаарар буоллаҕына кыһын тымныынан дьайан эт-сиин бэйэтин ититинэрэ элбиирин үөскэтэр.

Айылҕа ити уларыйан биэрэр көрдөбүлүн тутустахпытына киһи аһыыр аһылыга сыл устата куруук биир тэҥ уонна биир көрүҥнээх буолара сатаммат, эмиэ уларыйан биэриэхтээх. Урукку кэмҥэ сахалар уһун үйэлээх эрдэхтэринэ аһыыр аһылыктара дьыл, Айылҕа уларыйан биэрэр кэмнэрин дьайыыларыгар сөп түбэһэр буола уларыйан биэрэр эбиттэр. Сайын элбэх уулаах аһылыктары аһыырыттан этэ-сиинэ ыраастанан туһата элбиир буоллаҕына кыһын сыалаах-арыылаах астартан киһи этин-сиинин ититинэр, тымныыны тулуйар кыахтанар. Тымныыга уһуннук сылдьар киһи элбэхтик сыалаах-арыылаах аһы аһыыра хайаан да наада.

Дьыл кэмэ уларыйан биэриитигэр аһыыр аһылык эмиэ уларыйан биэрэрин ситиһиэххэ наада. Дьыл хайа кэмигэр ханнык аһылыктары киһи хото сиэхтээҕин быһаарарга бу кэмҥэ Айылҕаҕа үүнэр уонна Айылҕа биэрэр аһылыктарын билиэххэ наада. Бу үүнэр аһылыктары сибиэһэйдии, бэйэтин кэмигэр элбэхтик аһааһын Айылҕаны кытта тутулугу бөҕөргөтөрүн таһынан эккэ-сииҥҥэ ордук туһалаах.

Сааскы кэмҥэ саха дьоно бэрт аҕыйахтык аһыыллара биллэр. Саас, халлаан сылыйан барыытыгар киһи аһылыктан туттунан аҕыйахтык аһыыра ордук. Бу кэмҥэ киһи аҕыйахтык аһаатаҕына этигэр-сиинигэр кыһын устата, элбэхтик хамсаммат кэмҥэ, мунньуллубут араас сыалар симэлийэллэр, кирдэр, туустар таска таһаарыллаллар. Саас уонна күһүн киһи хайдах көрүҥнээхтик аһыыра ордугун быһаарар этиинэн «Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн баар. Бу этии киһи сааскы кэмҥэ кыратык аһаан сылдьарын, куруук аччыгын, аһыан баҕатыттан салбанарын, онтон күһүн элбэхтик аһыырын, идэһэтин этин сиэтэҕинэ тотон, санаата көнөн күлэ-үөрэ сылдьарын быһаарар. Сааскы аһылык иҥэмтэлээх буолан баран түргэнник иҥэрэ, аҕыйах соҕус буолара ордук.

Сайын күөххэ үрүҥ ас, үүт элбээн үүттэн оҥоруллар астары саха дьоно дэлэччи аһыыллар. Куйаас кэмҥэ сиэнэр аһылык аһыыта баһыйар соҕус буолара ордук туһалаах. Аһыы соҕус аһылык кэнниттэн киһи элбэх ууну иһэрэ кыаллар. Сайын саҕаланыытыгар аан маҥнай үүнэн, ситэн сиэнэр оттортон аһыы чочунаах, кииһилэ, араас оттор үрүҥ аһы кытта буккуспуттара, ымдааннар, үөрэлэр элбэхтик сиэнэллэрин тэҥэ балык ыыр кэмэ кэлэн киһи элбэхтик балыгынан аһылыктанара ирдэнэр. Сайын күөххэ сүөһү улаатар кэмэ буолан былыргы сахалар эти бэрт аҕыйахта, бэлиэ кэмнэргэ эрэ сииллэрэ биллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ биирдэ-эмэтэ онтон-мантан булуу, булт эҥин этин сиэһини «Туох эмэ хараны сиэһин» диэн этэллэр.

Күһүн араас бытархай булт-ас этин сиэһини тэҥэ отон арааһа ситэн, олору киһи элбэхтик сиэн битэмииннэри хаһаанар кэмэ. Кыһын тымныы кэмҥэ сыалаах-арыылаах астары, эти сиэһин киһи тымныыны тулуйарын күүһүрдэр, эньиэргийэтин элбэтэр.

Былыргы кэмҥэ сахалар сиикэй арыы уһуннук кыайан хаһааныллыбатыттан дьэҥкир арыыны хаһаанан сылы быһа сииллэрэ. Дьэҥкир арыыны ынах арыытын уулларан ылыллар. Бу арыы киһиэхэ ордук туһалааҕын кытайдар аһылыкка элбэхтик тутталлара биллэрэр.

Киһи этэ-сиинэ, килиэткэлэрэ төһө эмэ кэминэн эргэрэн саҥа үөс-кээн иһэр килиэткэлэринэн солбуллан биэрэн иһэллэр. Ол аата, киһи ханнык аһылыгы сиир даҕаны этэ-сиинэ ол аһылык састааптарыттан хо¬муллан саҥалыы үөскээн, толорунан биэрэн иһэр. Дьон кырдьа баран истэхтэринэ үлэлээн-хамсаан, хамсанан-имсэнэн эньиэргийэни көүрэтэллэрэ аҕыйаан биэрэр. Бу кэмҥэ киһиттэн аһылыктан туттунууга ураты тулуурдаах буолуу эрэйиллэр кэмэ кэлэр. Урукку, элбэх эньиэргийэни ороскуоттуур кэмнэрин курдук аһыы-сии сырыттахтарына ыйааһыннара эбиллэн, уойан-тотон бараллара саҕаланар.

Уойбут-топпут киһи көрүҥүн сыыһа сыаналааһын биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар былыргыттан иҥэн хаалбыт. Ол сыыһа сыаналааһын дьон бары байа-тайа сатыыр, баай киһини үтүктэр баҕа санааларыттан үөскээбит. Баай-тот дьон аһы-үөлү иҥэриммит, ньалҕарыйбыт көрүҥнэрэ, үчүгэй, баай киһи көстөр көрүҥүн үөскэппитэ, үгүс дьон өйүгэр-санаа¬тыгар олохсуйан хаалбыт. Ол хаалбыт өйү-санааны дьон билигин дааны тутуһа сылдьаллара хомолтолоох. Yөрэх-билии сайдыбытынан туһанан бу көстөр көрүҥ сыыһатын таба өйдөөн, бэйэлэрэ билинэн, аһара аһаабат туһугар кыһаналлара буоллар доруобуйаларыгар улахан туһаны оҥоруо этилэр.

Киһи сааһыран истэҕинэ бэйэтин көрүнэн этэ-сиинэ эбиллэн иһиитин билэ сылдьара ордук. Ол курдук киһи бэйэтигэр сөп буолар этин-сиинин быһаарыыны ыйааһынын үрдүгүн кытта тэҥнээн көрүүнэн оҥоруллар уонна ыйааһына үрдүгүттэн 100-н кыра буолуохтаах. Ол аата 170 сантиметр үрдүктээх киһи ыйааһына 70 киилэ буолара ордук. Арай бу кээмэйтэн киһи ыйааһына 20 бырыһыантан ордуннаҕына уойбут киһиэхэ киирсэр.

Элбэҕи аһааһынтан бэйэтин сөптөөх быһыытыттан улаатан, эбиллэн хаалбыт эккэ-сииҥҥэ эбиискэ хааны хачайдыырыгар киһи сүрэҕэ эбии үлэни оҥорор буолан эрдэ сылайар, мөлтүүр. Ол иһин киһи олоҕо уһуурун туһугар эбиискэ этэ-сиинэ суоҕа ордук диэн этиигэ бары үөрэхтээхтэр сөбүлэһэллэр.

Салайар, дьаһайар дьон эмис-тот көрүҥнэрэ бэйэлэрин доруобуйа¬ларыгар букатын да кыһамматтарын көрдөрөр. Итини тэҥэ бу көстүү салайар, дьаһайар, дьон-норуот туһугар үлэлиир-хамсыыр ааттаах киһибит аһааһын-сиэһин диэки хайысхалаах быһаа¬рыылары урутаан ылынарын илэ көрдөрөр. Соччо ыллыктаах, кэскиллээх санаата суох киһитин этин-сиинин баҕатын кыана туттубакка хос моохтоммута уонна халыйа сылдьар хаһалааҕа көрдөрө сылдьар. Уойбут-топпут киһи доруобуйата мөлтөһүөр соҕуһун анал үөрэхтээхтэр эмиэ бэлиэтииллэр.

Ханнык баҕарар таҥара үөрэхтэрэ дьон уһун кэмҥэ үөрэтэн баһы¬лаабыт олохторун үөрэхтэрин холбуу киллэринэ сылдьаллар. Олох үөрэҕин таҥара үөрэҕиттэн туспа арааран ылыы биир омук олоҕун устатыгар кыаллымыан сөп. Бу үөрэхтэр холбуу ситимнэнэн хаалбыттарын араарыы бэйэтэ туспа уустуктардаах. Омук олоҕо сайдыытыгар, дьонун өйдөрө-санаалара холбоһууларыгар таҥара ылбыт оруола ордук үрдүк буоллаҕына, бу омук дьоно бэйэлэрэ уларыйдахтарына, атын омукка холбостохторуна эрэ олохторун үөрэҕэ таҥараларын үөрэҕиттэн араарыллыан сөп. Ол курдук олох үөрэҕин бары үчүгэй өрүттэрин барытын таҥараны кытта сибээстээһин олохсуйбута бу араарыы табылларын, кыАллАрын өссө уустугурдар.

Экономика сайдан иһиититтэн, аһыыр аһылык дэлэйиититтэн үөскээ¬бит олох үөрэҕин биир үчүгэй өрүтүнэн аһылыктан туттунууга ыҥырара буолар. Дьон уһун олохторун тухары үөрэтэннэр киһи өйө-санаата аһыыр аһылыгыттан улахан тутулуктааҕын быһаарбыттар. Бу олус туһалаах билиини бары таҥаралар үөрэхтэрэ ылан бэйэлэрин ааттарыттан туһаналлар. Ол курдук аһылыктан туттунууну таҥара үөрэҕэ бэйэтигэр ылынан араас постары оҥорон элбэхтик аһыыры аҕыйатарга ыҥырар. Бу үөрэх олус былыргы кэмҥэ арыгы иһиитэ өссө күүһүрэн дьон өйдөрүн-санааларын буортулуон иннинэ үөскээбититтэн киһи куһаҕан өрүттэрэ аҥардастыы элбэҕи аһыыртан тахсаллар диэн быһаарар.

Бары таҥара үөрэхтэрэ киһи аһыыр аһылыктан туттунарыгар ыҥыраллар. Итэҕэйэр дьону сөп-сөп кэлэн иһэр постары тутуһуннаран¬нар оннооҕор күһэйэ, күүһүлүү эҥин сатыыллар. Бэйэтэ өйө-санаата мөлтөх киһини күһэйии эрэ күүһүнэн араас постар кэмнэригэр аҕыйахтык аһаан аһылыктан этин-сиинин сынньатан ыларын ситиһэллэр. Сөбүлээн көрөн аҕыйахтык аһааһыны киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн тулуйан, этин-сиинин күһэйэн кыайара олус уустугун, ыараханын иһин итинник постары, аһылыктан туттунар кэмнэри оҥорон көмөлөһөллөр.

Киһи сөбүлээн көрөн, этигэр-сиинигэр сөп буоларынан аҕыйахтык аһыырын ситиһиитэ, кини өйүн-санаатын олус улахан кыайыытыгар тэҥнэнэр, өй-санаа олус күүһүрбүтүн быһаарар. Ол аата, киһини өйө-санаата кыайа-хото салайан этигэр-сиинигэр, доруобуйатыгар туһалааҕы оҥороругар тириэрдэр. Сорох дьон бэйэлэрин өйдөрө-санаалара мөлтөөн кыаммакка таҥара үөрэҕин көмөтүгэр, постары оҥорон аһыылларын хааччахтыылларыгар наадыйаллар. Ити курдук бары таҥара үөрэхтэрэ аһара аһаабат буолуу киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар туһаны оҥорорун итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыллар.

Биһиги бу үлэбит сахалыы тылынан суруллан саха дьонугар аһылыктан туттунар, төһө сөп буоларынан көрөн эккэ-сииҥҥэ туһалаах аһылыгы аһыыры-сиири, ууну иһэри өйгө-санааҕа иҥэрэр сыаллаах-соруктаах сурулунна.

Аһыыр аһылыкка туттунар буолуу үөскээһинэ, аан бастаан өйү-санааны күүһүрдэн, эт-сиин көрдөбүллэрин тулуйарга тириэрдэр. Ол аата, сөбүлээн көрөн, аһара барбакка аһааһын эти-сиини бөҕөргөтөр, өйү-санааны күүһүрдэр, ол иһин киһи уһун үйэлэниини ситиһэн олоҕун уһатарыгар олук буолар.

Экономика сайдан, олох тупсан иһиитэ ас-үөл дэлэйэригэр тириэрдэн дьоҥҥо эбии көрдөбүллэри үөскэтэр, үчүгэй, сымнаҕас, бары баҕара саныыллара барыта баар олоҕун ситиспит дьон ураты тулууру, дьулууру үөскэтиннэхтэринэ, өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтүннэхтэринэ эрэ минньигэстэн минньигэс аһылыгы аһара элбэҕи сиэбэккэ үөрэнэр кыахтаахтар. Бу кэмҥэ өй-санаа мөлтөөн, сымнаан, бэйэ этигэр-сиинигэр көҥүлү биэрэн, элбэхтик аһааһын диэки охтон хаалыыта киһи доруобуйата мөлтөөн үйэтэ лаппа кылгыырыгар тириэрдэр.

Онон, олох тупсан, ас-үөл дэлэйэн иһиитэ киһиттэн тулуура, дьулуура өссө эбиллэн биэрэн иһиитигэр күһэйэр. Ол иһин хас биирдии саҥа көлүөнэ дьон төрөппүттэринэээр ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, ол аата өссө өһөс буоллахтарына эрэ, өйдөрө-санаалара мөлтөөн-ахсаан хаалбакка, салгыы олохторугар сай-дыыны ситиһэр кыахтаналлар. Былыргы сахалар олох итинник үөрэҕин арааран билэннэр, баһылааннар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун оҥороннор, оҕолорун иитэллэригэр быһаччы туһана сылдьы¬быттар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр бу өс хоһооно төрөппүттэринэээр өссө тулуурдаах, дьулуурдаах дьону иитэн улаатыннарарын утараннар, бобоннор, куһаҕан өйдөбүллээх, өһөс майгылаах, салайааччыга аанньа бас бэриммэт киһини иитэр диэн этэллэрэ.

Билигин ырыынак кэмэ кэлэн, киһи бэйэтин кыаҕа төһөнөн үрдүк даҕаны тугу эмэ ситиһиитэ эмиэ соннук буоларынан уонна олох сайдан иһиитэ түргэтээн, бу өс хоһоонун көрдөбүллэрин төрөппүттэр дьэ таба өйдөөннөр, оҕолорун иитиигэ хайаан да тутуннахтарына эрэ, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдыыны ситиһэр кыахтанар кэмнэрэ кэлэн турар.

АҺЫЛЫК УЛАРЫЙЫЫТА

Билигин тутуһулла сылдьар аһылык үөрэҕэр сыалаах эти, арыыны аҕыйахтык сиэтэххэ эккэ-сииҥҥэ холестерин аҕыйах буолар дииллэр. Сааскы уонна сайыҥҥы кэмҥэ эти аҕыйахтык, биирдэ-эмэтэ сиэһин киһи этэ-сиинэ кыһын устата мунньуллубут холестеринтан ыраастанарын үөскэтэр. Ол иһин сахалар былыргы аһылыктарын үөрэҕин билигин туһаныы доруобуйаҕа туһалаах буолуо этэ.

Былыргы сахалар үөрэхтэригэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэригэр сөп түбэһэринэн аҥардастыы үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн айылҕаҕа туох да суох. Кэмэ кэллэҕинэ сырдык уонна хараҥа атастаһалларын, солбуйсалларын курдук үчүгэй уонна куһаҕан эмиэ эргийэн биэрэллэр. Ол иһин олоххо сыыһа хайысханы тутуспат туһугар киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан үчүгэй уонна куһаҕан, туһалаах уонна туһата суох диэн быһаарыылары табатык оҥорон, икки аҥы арааран олоҕор туһанар буолара наада.

Холестерин киһиэхэ туһалаах дуу, буортулаах дуу диэни быһаарыыга туох барыта икки өрүттээҕин курдук икки утарыта өйдөбүллээх быһаарыылар билигин баар буоллулар.

Бу быһаарыылартан бастакытынан уонна уһун кэмҥэ дьон өйүгэр-санаатыгар иҥмитинэн холестерин киһиэхэ олус улахан буортулаах диэн этииттэн аһыыр аһылыкка букатын да суох буолара ордук диэн этээччилэр баһылаан иһэллэр. Кэнники кэмҥэ холестерин киһи этигэр-сиинигэр баар буоларыттан дьайыыта эмиэ икки өрүттээҕэ дакаастана сылдьар. Киһи этигэр-сиинигэр холестерин аҕыйааһына аҥардастыы үчүгэй буолуутугар тириэрдэрэ аны өйүгэр-санаатыгар куһаҕаннык дьайарын учуонайдар билигин дакаастаан эрэллэр.

Эккэ-сииҥҥэ үчүгэй буоллун диэн букатын даҕаны холестеринэ суох аһылыгы оҥорон таһааран атыылааһын дэлэйбитэ. Холестерин куһаҕанын туһунан бары, хаһыаттар, сурунааллар, араадьыйалар, тэлэбиисэрдэр суруйан, этэн, көрдөрөн, бары кыахтарын уурбуттара. Дьон бары холестериннэрин кээмэйдии, нуормаҕа түһэрэ сатаабыттара.

Холестерин киһи этигэр-сиинигэр суох буолуута сүрэх, тымыр ыарыыларын аҕыйаппытын да иһин өйүн-санаатын туруга суох оҥорон быстах быһыыларга киирэн биэрэригэр тириэрдэр диэн этии баар буолла.

Америка учуонайдара бу этии төһө табатын сүүрбэттэн тахса сыл устата бэрэбиэркэлээн көрө сырыттылар. Кинилэр 25 тыһыынчаттан тахса киһи анализтарын сиһилии үөрэппиттэрин түмүгэр бу этии дакаастанар кыахха киирэн эрэр.

Бу этии төрдүттэн сымыйа диэҕи уруккуттан холестерин эккэ-сииҥҥэ аҕыйаатаҕына киһи майгыта-сигилитэ куһаҕан өттүгэр уларыйара биллэр эбит. Элбэх эбисийэээнэлэри холестерина суох диетаҕа өр олортоххо, атын диетаны тутуспат эбисийээнэлэрдээҕэр майгылара куһаҕан өттүгэр уларыйарын кэтээн көрөн дакаастаабыттар.

Калифорниятааҕы атеросклероһу үөрэтэр-чинчийэр фонда доктора Энгельберг быһаарыытынан эккэ-сииҥҥэ холестерин аҕыйааһына мэйии киһи майгынын хонтуруоллуурга аналлаах веществону оҥорон таһаарарын аҕыйатар эбит. Бу вещество аҕыйааһыныттан киһи майгынын хонтуруола мөлтөөн араас быстах быһыылары оҥорор кыаҕа элбиир диэн доктор быһаарбыт.

Дьон аһылыктарыгар холестерины улаханнык аҕыйатыы үгүс дьон майгылара куһаҕан өттүгэр уларыйыытыгар тириэрдэрэ олус кутталлаах буолуон сөп диэн доктор сэрэтэр.

Сахалар «Топпут киһи майгына көнөр» диэн былыргыттан баар этиилэрин холестерин киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыытын билигин кэлэн наука дьоно үөрэппиттэрэ бигэргэтэр.

«Уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ» диэн киһи кыыһырбыт, кыынньыбыт майгынын тосту көннөрөргө аналлаах этии аһылыкка быһаччы сыһыаннаах. Бу элбэх холестериннээх аһылыктары аһаабыт киһи сотору майгына көнөн, санаата тупсарын былыргы сахалар билбиттэрэ кырдьык быданнаабыт.

Аччык киһи киҥэ-наара бэрт кыраттан хойдор, майгына алдьанар. Тот киһи майгына биллэрдик тупсар, киэҥ көҕүстэнэр, санаата ырааҕынан далааһыннанар. Урукку кэмҥэ ыал аҕата үлэтиттэн кэлэн тото-хана аһаабытын, сынньаммытын кэнниттэн кыра уол оҥорбут буруйдарын ааҕыы, сууттааһын буолара. Маннык дьаһаныыттан тото-хана аһаан киэҥ көҕүстэммит аҕата буруйу-сэмэни туттара арыыйда сымнаһыар соҕус буоларынан сиэрдээх быһаарыы ылыллар кыахтанарын сахалар былыргыттан билэн олоххо туһаналлар эбит.

Көтөх киһи кыыһырымтаҕай, өһүргэс, татым өйдөөх-санаалаах, өйүгэр хатаммытын умнугана суох, этэ-сиинэ итэҕэһэ дьайан санаата туолбатаҕа майгынын куһаҕан өттүгэр уларытар.

Аһылыгы аһааһын диэн эмис киһиэхэ баар-суох бырааһынньыга, этин-сиинин баҕа санаатын туолуута, дьоллонуута буолар. Эмис киһи аһыан баҕата ураты күүстээх. Эмис дьон майгылара аһылыктарыттан тутулуга күүһүрэр, тоттор эрэ санаата көнөр, киэҥ көҕүстэнэр, майгына тупсар.

Холестерин киһи этигэр-сиинигэр аһара мунньуллан хаалыытын куруук күн аайы, сылы быһа арыылаах-сыалаах, эттээх аһылыктары аһааһын үөскэтэр. Холестерин кыайан ыраастаммакка куруук эбиллэ турарыттан эккэ-сииҥҥэ буортуну оҥороро, тымырдары бүөлүүрэ дакаастаммыт чахчы. Ол иһин медицинэ үлэһиттэрэ холестерин киһи этигэр-сиинигэр сөптөөх нуорманы аһара барбатын хонтуруоллуу сатыыллар.

Уһун үйэлэр тухары сахалар аһылыктара дьыл кэмиттэн тутулуктанан уларыйан биэрэн иһэллэр этэ. Аһылык бу уларыйан биэриитин арҕааҥҥы аһылык культуурата киирэн уларыппыта саха дьонун олохторун кылгатта. Билигин уһун үйэлээх саха дьоно урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмнээҕэр лаппа аҕыйаатылар.

Сахалар аһылыкка үөрэхтэрин быһыытынан сыалаах эти киһи күһүҥҥү, кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ элбэхтик сиирэ көрүллэр. Арыы, сыа, эт киһи тымныыны тулуйарыгар көмө буолаллар.

Сайыҥҥы куйаас кэмҥэ киһи элбэх уулаах-хаардаах үрүҥ аһы үгүстүк аһыыра көрүллэр. Бу кэмҥэ киһи этиттэн-сииниттэн холестерин аҕыйаан биэриитэ аһылык уларыйыытынан, атын туох да эрэйэ, аһаабакка эрэйдэниитэ суох ситиһиллэр кыахтанар.

Онон холестерин киһи этигэр-сиинигэр сыл устата эргийэр, сайын устата аҕыйаан, онтон кыһыҥҥы кэмҥэ эбиллэн биэрэр кэмнэрдээҕин таба туһаныахха наада. Кыһын эти, арыыны элбэхтик сиир наадаҕа сайыҥҥы куйаас кэмнэргэ сыалаах эти, арыыны сиири тохтотон үрүҥ астарынан уонна балыгынан аһылыктаныы олоҕурара доруобуйаҕа, эккэ-сииҥҥэ ордук туһалаах буолуо этэ.

Этин-сиинин күүскэ хамсатан үлэлиир, сүүрэр-көтөр киһи аһаабыт аһын туох да тобоҕо суох туһанар, симэлитэр, ол иһин этэ-сиинэ ыраастанан, чэбдигирэн иһэр. Yлэлээн-хамсаан, сүүрэн-көтөн аһаабыт аһы тарҕатан, аччыктаан баран дьэ аһыахха диэн саха үлэһит дьонун аһылыктарын үөрэҕэ этэрин тутуһарбыт эбитэ буоллар ханнык да холестерин баарын билбэккэ эрэ сылдьыа этибит.

Аһаан баран үлэлиэххэ диэн аһылык түөрүйэтэ сарсыарда утуйан турбут, сынньанан эньиэргийэ бөҕөтүн бэйэтэ да мунньуммут киһини сарсыардааҥҥы аһылыгы хайаан да аһатарынан аччыктаан баран аһыахха диэн сахалар аһылыктарын үөрэҕэр сөп түбэспэт.

Саха үлэһит дьонун аһылыкка сыһыаннаах этиилэринэн «Аччыктаан баран аһыахха» диэн буолар. Бу этии киһи үлэлээн-хамсаан этин-сиинин күүскэ хамсаттаҕына киһи этигэр-сиинигэр иҥэн сылдьар аһылык араас саппаастара бары бүтэннэр, үгүс кирдэр-хохтор эмиэ ыраастаналлар. Ол иһин киһи этэ-сиинэ ыраастанан үйэтэ уһуур диэн этэллэр.

МИННЬИГЭС АС

Сайдыылаах дойдулар науканы, экономиканы күүскэ сайыннараннар дьон аһыыр аһылыктара олус сайдан иһэллэр. Киһи бэйэтин олоҕун дьон-аймах бу кэмҥэ, бу таһымҥа диэри ситиспит ситиһиилэринэн туһанан, тирэх ылан саҕалыыр уонна бэйэтин кыаҕынан, өйүн-санаатын сайдыытынан салгыы сайыннарар кыахтаах.

Аһылык састааба кэлин кэмҥэ үчүгэй өттүгэр биллэрдик уларыйда. Сэрии кэнниттэн улааппыт элбэх оҕолордоох ыал¬лар кэнники оҕолоро уҥуоҕунан бастакы оҕолорунааҕар улаатан иһэллэрэ аһылык уларыйыытыттан, тупсуутуттан быһаччы тутулук-таах. Элбэх бииргэ төрөөбүт уолаттары саастарынан кэккэлэһиннэрэ туруортаатах¬ха уҥуохтарын үрдүгэ өрө тахсан иһэр кирилиэс курдук буо¬лан көстүүтэ бу оҕолор ханнык аһылыгы аһаан улааппыттарын илэ көрдөрөр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан иһэн олоххо туох үчүгэй баарыттан туһанан иһэр кыахтанар. Билигин кыра оҕолор омук сиригэр оҥоруллар араас суол минньигэс астары сиэн улааталлар, олох сайдыыта тугу ситиспититтэн туһанарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэ-нэллэр.

Оҕо бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕиттэн аан маҥнайгы тулуурдаах буолууга үөрэҕинэн минньигэс аһылыгы сөбүн көрөн сииргэ үөрэниитэ буолар. Оҕону бу быһыыга үөрэтиигэ төрөппүттэр оруоллара ураты үрдүк буолара эрэйиллэр. Оҕо миинньигэһи сиэри ытаан, көрдөөн иһэрин кыайа тутан бэйэтин баҕатын кыанарыгар үөрэтии олус уустук эрээри кыаллар дьыала. Оҕо кыра эрдэҕиттэн араас ньымалары туһанан төрөппүттэр утумнаахтык дьарыктаннахтарына, элбэхтик тулуйдахтарына бу дьыаланы кыайар кыахтаналлар.

Төрөппүттэр хаһан баҕарар оҕолорун туһугар сымнаан биэ¬рэр майгыларын быһаарар этии: «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр»,- диэн баар. Олус дириҥ суолталаах этиини ситэ өйдөөн туһаммакка сылдьабыт. Дьон өйдөрүн-санааларын күүһүнэн буолбакка, арай олох ыараатаҕына эрэ тулуурдаах, дьулуурдаах буолуула¬ра эбиллэн омук күүһүрэн, сайдан тахсарын бу этии быһаарар. Били¬гин биһиги сайдыыбыт түргэтээн, олох тупсан, тулуурдаах буолууга оҕону үөрэтии оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланан баран өссө улаатан, кэҥээн, дириҥээн биэрэн истэҕинэ, ол аата өссө күүһүрэн биэрдэҕинэ сатанар үйэтигэр кэлэн олоробут.

Улаатан иһэр оҕо бары баҕатын толорор буолууга баай уонна дьа¬даҥы дьон биллэр уратылаахтар. Оҕо иитиитигэр баай уонна дьадаҥы дьон оҕолорун өйдөрө-санаалара арахсыылара бу минньигэһи элбэхтик сиир кэмтэн ыла саҕаланар. Дьадаҥы, аҕыйах харчылаах дьон оҕолорун минньигэһи элбэхтик сииртэн туттунарга, ол аата, бэйэтэ ту¬луурдаах буолуутугар, минньигэһи биирдэ эмэтэ сииригэр үөрэтэллэр. Дэлэй харчы суоҕа, тулуурдаах буолууга үөрэниигэ олус ула¬хан туһаны оҥорон, оҕолору эт-сиин аһыан-сиэн баҕатын тулуйар буо¬лууга үөрэтэр, олус минньигэс аһылыктартан туттунан аҕыйахтык сииллэригэр күһэйэр.

Онон, ханнык эмэ үөрэҕи ситиһиигэ кыра эмэ күһэйэр майгы баар буолуута өй-санаа күүһүрүүтүгэр тириэрдэр. Былыргы кэмнэргэ күһэйэр майгыны «Кыһалҕа кыһайар» диэн этэллэрэ. Кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга үөрэммит киһи бэйэтин ханнык баҕарар быстах, этин-сиинин баҕаларын кыана туттар кыахтааҕа олох уустук кэмнэригэр түбэстэҕинэ хайаан да туһаны аҕалар.

Баай, элбэх харчылаах дьон оҕолорун ханнык да аска хааччахтыы сатаабаттар. Оҕолоро истэрэ уйарынан, баҕалара ханыар диэри мин¬ньигэс астарынан аһыыллар, ол үрдүнэн өссө эбии хатаҕалаан биэрэл¬лэр. Бары баҕатын толотторо үөрэммит оҕо улаатан иһэн бэйэтин быс¬тах баҕа санааларын уруттаан толорорго үөрэнэр, этин-сиинин быстах баҕаларын толорор иһин ураты кыһанар киһи буола улаатар. Билигин сайдыылаахтар диэн ааҕыллар арҕаа дойдулар оҕолоро бэйэлэ¬рин быстах баҕа санааларын олус толорорго дьулуһууларын, ол дойдуларга секс аһара сайдан иһиитэ быһаарар. Онтон секс диэн киһи бэйэтин этин-сиинин баҕата буолан быстах баҕа санааҕа киирсэр быһыы буолар.

Улахан баай дьон уһун үйэлээх буолбуттара саха дьонун ханнык да кэпсээннэригэр, суруйууларыгар бааллара биллибэт. Хата ол оннугар «Баай дьон тоҕус көлүөнэнэн уларыйаллар» диэн этии баара, бу дьон үйэлэрэ аҕыйах көлүөнэнэн муҥурданалларын быһаарар. Бу этии быһаа¬рыыта баай дьон оҕолоро атаах, тулуура суох, эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан салайбат буола улаатыыларыгар, ол иһин олохторо кылгыырыгар олоҕурар.

Дьон байан истэхтэринэ өйдөрө-санаалара уларыйыытын быһаарар «Бил баһыттан сытыйар» диэн этиини бары билэбит. Бу этии баай, салайааччы киһи баайга-талымҥа күөнэхтии сылдьыыга үөрэнэн хаалыытыттан минньигэстик аһааһын, бэйэни көрүнүү, быстах баҕа санаалары толоруу диэки өйө-санаата салаллыытын арыйар. Бу дьон мин эрэ бэппин диэн санаалара аһара барыыта кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүн-санааларын өссө аһара ыытарыттан өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталлар.

Онон, оҕо минньигэс аһы баҕата ханыар диэри сииргэ үөрэниитэ тулуура суох, атаах буолуутугар тириэрдэр. Бэйэтин быстах баҕа санааларын кыана туттуммат киһи олоҕор элбэх ыарахаттары көрсөрүн, сыыһа-хал¬ты суолларга киирэн биэрэрэ элбэҕин криминальнай хроникаттан билэбит. Ол аата атаах буола улааппыт оҕо өйө-санаата баһылаан киһи быһыытынан салайарын оннугар этин-сиинин көрдөбүлэ, быстах баҕа санаата баһылыыр киһи буола улаатар. Бары уоруулар, халааһыннар, дьону кырбааһыннар барылара бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин көрдөбүллэрин кыайан туттуммат дьон оҥорор быһыыларыгар киирсэллэр. Быстах, билигин эрэ, бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн өйгө-санааҕа оҕустарыы ити курдук өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо элбэхтик киирэн ааһар көстүү буолар.

АҺЫЙБЫТ YРYҤ АС

Саха дьонун тылларыгар-өстөтүгэр киһи өйүн-санаатын буккуйан итирдэр утахтар, арыгылар тустарынан тыллар былыр-былыргыттан үөскээннэр, иҥэн сылдьаллар. Дьон дьиэ сүөһүтүн ииттэн үрүҥ аһы аһылыкка туһаныахтарыттан ыла бу тыллар үөскээбиттэригэр сөп. Арыгы уонна итирик диэн тыллар төрүт сахалыылар. Тымныы, кытаанах айылҕалаах хоту сир олохтоохторо арҕаа, соҕуруу сирдэргэ олох түргэнник сайдан иһиититтэн ыраах хаалан хаалбыттарын үрдүк кыраадыстаах, кытаанах арыгыны оҥостубат эбиттэрэ эмиэ туоһулуур. Итини тэҥэ бу быһыы саха дьоно соҕуруу дойдуттан кытаанах, көөнньөрүүлээх арыгы өссө оҥоруллар буола илигинэ хоту дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрин быһаарар.

Сылгыны уонна ынах сүөһүнү сахалар былыр-былыргыттан иитэн туһаналлар. Ити иһин кинилэр аһыыр астара барыта бу дьиэ сүөһүлэриттэн тахсар аһылыктар. Урукку кэмҥэ саха дьоно аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыр эбиттэр. Ол эбэтэр кинилэр сылы быһа суораты, ымдааны, тары, быыппаҕы уонна кымыһы куруук аһыы, иһэ сылдьаллара. Бу астартан ордук тэнийбит уонна элбэхтик аһаныллар астарынан суорат, ымдаан уонна тар эбиттэр. Уһун үйэлэр тухары саха дьонун истэрэ-үөстэрэ, эттэрэ-хааннара аһый-быт үрүҥ аска үөрэнэн хаалбыттар, ону баара бу кэнники кэмҥэ аан-ньа ахтыбакка, дьон аһыыр аһылыгын тосту уларытыы түмүгэр араас ис-үөс, язва уонна рак ыарыылара олус тэнийдилэр. Ордук бу ыарыыларга отой арыгы диэни биирдэ эмэтэ амсайар уонна аһыйбыт үрүҥ аһы аһаабат куорат эҥэр олохсуйбут үтүө дьон ыллараллар. Аһыйбыт үрүҥ аһы дьон аанньа аһаабаттарыгар сэбиэскэй былаас кэминээҕи суруйааччылар көмөлөрүнэн киллэриллибит өйдөбүл: бу суорат, ымдаан уонна тар диэн быстыбыт саха дьадаҥытын аһыыр аһа буолар диэн этии ордук күүскэ көмөлөстө быһыылаах. Итинник этиини итэҕэйэн саха дьоно суо¬раты, ымдааны уонна тары сиэбэт буолбуттара кырдьык да ыраатта.

Медицина науката аһыйбыт үрүҥ аска, суоракка эмиэ, кыра кээмэй¬дээх арыгы баар диэн уонна киһи иһэ, куртаҕа араас суол наадалаах астары үчүгэйдик тус-туспа араартаан, аһытан туһаҕа таһаарарыгар аҕыйах кээмэйдээх арыгы хайаан даҕаны наада буолар диэн дакаастаа¬быта өр буолла. Кэнники кэмҥэ саха дьонун аһыыр астара биллэрдик уларыйан, аһыйбыт үрүҥ аһы соччо аһаабаттар. Ол иһин кыра кээмэйдээхтик чэпчэки арыгыны иһии киһиэхэ аһыйбыт үрүҥ ас дьайыы¬тын солбуйуон сөп диэн эмиэ этэллэр.

Онон, саха дьоно ис, куртах ыарыыларыгар ылларыыларын биир сүрүн биричиинэтинэн дьон доруобуйаларыгар туһалаах аҕыйах кээмэйдээх арыгыны көннөрү бурдук астан, аҥардас эттэн куртахтара кыайан арааран ылбаттарын ааҕабыт. Саха дьонун истэрэ-үөстэрэ үчүгэйдик үлэлииригэр аһыйбыт үрүҥ ас биллэр көмөнү оҥорорун умнан сылдьабыт. Оннооҕор билиҥҥи аһааһын науката үрүҥ аска үөскүүр бактериялар киһи куртаҕа аһы буһарарыгар олус туһалаахтарын билинэн маннык бактериялары сии сылдьарга сүбэлииллэр. Ол иһин арыгы диэни отой испэт бар дьоммутугар аһыйбыт үрүҥ аһы кыра эрдэххититтэн, быраҕан кэбиспэккэ, кыаххыт баарынан аһыы сылдьыҥ диэн этиэ этибит.

Сир үрдүгэр оҥоруллар арыгы арааһа олус элбэх. Араас сиргэ үүнэр отоннортон оҥоруллубут арыгы элбэх битэмииннээх, элбэх калорийдаах, истэххэ түргэнник киһи санаатын көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр, сылайбытын күүһүрдэр көөнньөрүллүбүт, иҥэмтэлээх ас буолар. Арыгы туохтан уонна хайдах оҥорулларын быһааран, ырытан көрдөххө: дьон аһыыр астара сайдан, тупсан, күүһүрэн иһиитин түмүгэр оҥоруллар эбит. Ол курдук элбэх битэмииннээх виноград отоннорун ууларыттан көөнньөрөн кыһыл арыгыны оҥороллор. Ол иһин дьон доруобуйаларыгар туһата уонна иҥэмтэтэ эмиэ элбэх.

Арыгылары туох астан уонна хайдах оҥоруллалларыттан көрөн маннык үс бөлөххө араарыахха сөп:

1. Кыра кыраадыстаах дьон аһыыр астарыттан оҥоруллубут кы-мыстар, пиибэлэр уонна араас суол кыһыл арыгылар.

2. Сиргэ үүнэр элбэх битэмииннээх отоннортон көөнньөрөн оҥоруллубут үрдүк кыраадыстаах кыһыл, үрүҥ арыгылар.

3. Химия наукатын көмөтүнэн оҥоруллар испииртэн ылыллар үрүҥ арыгылар.

Ити көстөрүн курдук төһө даҕаны биллэр куһаҕаннардааҕын иһин арыгы диэн үчүгэй астартан оҥоруллар ордук иҥэмтэлээх ас буолар эбит диэн билинэрбитигэр тиийэбит уонна бу астан ханна да куотан быыһаммаппытын эбэтэр күрүөлэнэн хааччахтам-маппытын билэн тураммыт, мантан ыла бу арыгы диэн аһы кытта хайдах салгыы бииргэ тапсан олорорбутун саҥалыы быһаарыннахпытына табыллыа этэ. Ол курдук аан маҥнайгынан аһыйбыт үрүҥ астары, кымыһы, пиибэни, кыра уонна үрдүк кыраадыстаах кыһыл арыгылары дэлэтиини саҕалыырбыт ордук буолуон сөп. Ол аата, кыра кыраадыстаах пиибэттэн, арыгылартан иһэ үөрэнэн, дьон бары бэйэлэрин быстах, арыгы иһэр баҕаларын өйдөрүн-санааларын күүһүнэн кыана туттан арыгыны аһара испэттэрин сыыйа-баайа, хас да көлүөнэ дьон олоҕор ситиһиэххэ сөп.

Урукку кэмҥэ кымыс уонна быыппах саха дьонун куруук аһыыр, төрөөбүт астара этэ. Оччолорго хас дьиэ аайы баар эмээхситтэр син ону-маны булкуйан, аһытан оҥороннор дьону барыларын аһаталлара. Билигин даҕаны, хас киһи айаҕа амтаны эмиэ арааран билэр диэн өйдөбүлүнэн туһанан уонна үрүҥ ас биир туһалаах өрүтүн, төһөнөн аһыйан иһэр даҕаны оччонон тупсан, туһата эбиллэн иһэр диэни эмиэ билэн, бу астарынан дьарыктаныан баҕалаахтары олус хааччахтаабакка, ол оннугар өйүүр, көмөлөһөр эбитэ буоллар сотору кэминэн аһыйбыт үрүҥ аһы дэлэтиэ этилэр.

Үүттэн оҥоруллар астары: сүөгэйи онтон арыыны, суораты уонна иэдьэгэйи, тупсаран нууччалыы аатынан кэфир уонна творог диэтэллэр даҕаны, билигин син оҥороллор, ол гынан баран бу астар сорохторун, аһыйбыт үрүҥ астары оҥорорго аналлаах чаастарын, иэдьэгэй, сүөгэй ууларын туох да туһаҕа туруорбаттар. Ити хаалан хаалар астартан үтүө бэйэлээх ымдааны уонна быыппаҕы оҥоруу кыһаннахха кыаллар суолларын саха эмээхситтэрэ бэркэ билэллэр этэ. Былыргы кэмҥэ, саха дьоно уһун үйэлээх эрдэхтэринэ сайыҥҥы кэмҥэ элбэхтик ымдааны уонна от үөрэни элбэхтик иһэллэр эбит.

Онон, төһө элбэх киһи дьону аһатыынан дьарыктанар даҕаны, оччонон ас хаачыстыбата тупсан иһиэхтээх диэн ырыынак тутаах сокуонунан туһанан эрэ аһыйбыт үрүҥ аспытын дэлэтиэхпитин сөп. Бу туһалаах ырыынак сокуона бэйэбит оҥорон таһаарар пиибэбитигэр эмиэ сыһыаннаах, ол курдук пиибэни үчүгэй өттүттэн кыратык эмэ рекламалыахха да син. Араас суол кыһыл арыгылар куруук атыыга тахсыыларын хааччыйыы уонна итилэр сыаналара аһары үрдээбэтин ситиһии үөһээҥҥи салайааччылартан улахан тутулуктаах, маны ситиһэргэ эргиэн тэрилтэлэригэр таһаҕаһы тиэйэн аҕалыыга көмөнү киллэриэххэ сөп этэ.

Элбэҕи аһааһын киһи этигэр-сиинигэр дьайарыттан уойан барыы, эт-сиин эбиллиитэ буолар. Онтон арыгы киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар холбуу дьайар утахтарга киирсэр. Арыгыны элбэхтик иһии эт-сиин, доруобуйа уонна өй-санаа барылара мөлтүүллэригэр тириэрдэр. Арай өй-санаа урутаан арыгыга ылларар, мөлтүүр.

Манна кэлэн сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһооно хайаан да туттуллара наадалааҕа быһаарыллар. Арыгыга ылларбат, арыгыһыт буолбат туһугар кытаанах санаалаах, тулуурдаах, өһөс, арыгыны аһара испэттэн туттунар күүстээх буолуохха наада.

Дьон олохторугар чуолкай сыаллаах, соруктаах буоллахтарына хаһан даҕаны арыгыны эккирэтэн испэттэр, буор арыгыһыкка кубулуйбаттар.

САРСЫАРДААҤҤЫ АҺЫЛЫК

Сарсыарда уһуктан туруутугар киһи этэ-сиинэ сынньанан, эньиэргийэтэ мунньуллан күүһүрэр-уоҕурар, эрчимирэр. Киһи утуйа сыттаҕына күүс киирэр курдук. Утуйа сыттахха кырдьык эт-сиин сытар, сынньанар. Бу кэмҥэ ис уорганнар үлэлээннэр киэһээҥҥи аһылыгы буһаран үллэрэннэр эти-сиини эньиэргийэнэн толору хааччыйаллар.

Сарсыарда утуйан туруохтан ыла үлэлээн-хамсаан иһии ордук таһаарыылаах. «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, онтон хойутаабыт хараҕын хастар» диэн өс хоһооно сарсыардаттан үлэлэммит үлэ ордук табылларын, киһи эрдэ туран үлэлээтэҕинэ барыһа элбиирин быһаарар.

Сарсыардаттан үлэлиир ордук туһалааҕын өй үлэтинэн дьарыктанар дьон үчүгэйдик билэллэр. Сарсыарда «Өй сытыы буолар» диэн этии баар. Киһи мэйиитэ сарсыарда сынньаммыта, күүһүрбүтэ чуолкайдык биллэр, урут тугу эмэ умнан кэбиспити кытта өйдөөн кэлиэххэ сөп. Сарсыарда киһи тугу билбитэ-көрбүтэ ордук өйүгэр түһүмтүө, хатанымтыа, уһуннук умнуллубат.

Дьон бары кэриэтэ сарсыарда тураат даҕаны үлэҕэ барыахтарын иннинэ тото аһыырга үөрэнэн хаалбыттар. Бу быһыы кинилэргэ букатын үгэскэ кубулуйбут. Киэһэ тото-хана аһаан, утуйан, сынньанан туран баран сарсыарда эмиэ тото аһыыллар. Буолан баран олус иҥэмтэлээх астары: кофены, саахардаах чэйи иһэллэр, ветчинаны, сыалаах халбаһыыны, ыһаарыламмыт хортуоппуйу, сымыыты, булочкалары, вафляны, мармелады, торту, шоколады сииллэр. «Сарсыардааҥҥы аһылыгы илии күүстээх үлэтинэн эрэ дьарыктанар дьон сөбүн көрөн аһыыллара ордук»,- диир уһун үйэлэниини дириҥник үөрэппит П.Брэгг.

Күнүскү кэм киһи кыайа-хото таһаарыылаахтык үлэлиир кэмэ. Элбэх аһы тото аһаабыт киһи мөлтөх үлэһит буолара ордук өйүнэн үлэлиир дьоҥҥо биллэр суол. Кини олоро түстэр эрэ уута кэлэр, сүрэҕэлдьиир, нэһиилэ хамсанар, барыга-бары ээл-дээл сыһыаннаһар, тугу да аахай¬бат. Сарсыардаттан тото аһаабыт киһи өйө-санаата эмиэ сыппыыр, утуктууруттан соло булбат, этэ-сиинэ элбэх аһы буһарарыттан илис¬тэн, үлэлииригэр-хамсыырыгар өр кэмҥэ күүһэ-кыаҕа тиийбэт. Киһи сылайдаҕына, күүһэ-кыаҕа тиийбэтэҕинэ сылааргыыр, утуктуур. Урукку кэмҥэ киһи маннык быһыытын ситэ утуйбакка, уута хаммакка, этэ-сиинэ эбиэккэ диэри уһуктубат диэн оннооҕор анал үөрэхтээхтэрбит быһаарыылара баар этэ.

Киһи аһаабыт аһылыга ханнык да суола суох сүтэн хаалбат. Үлэт-тэн, хамсаныылартан үөскүүр эньиэргийэлэр ороскуоттарын кэнниттэн киһи этэ-сиинэ аһылыктан туох ордон хаалбытын аны төттөрү эргитэн, сыаҕа кубулутан уурунан иһэр оҥоһуулаах. Ол аата, киһи аһаабыт аһыттан, испит уутуттан туох ордон хаалбытын этэ-сиинэ мунньунан уурунан иһэр эбит. Сыа мунньуллуута, бүөргэ, үөскэ таастар үөскээһиннэрэ барылара аһылык эбэтэр туох эмэ туһата суохтар ордон хаалыыларыттан саҕаланаллар. Сүһүөххэ мунньуллар араас туустар эмиэ, итинник аһылыкка туус элбэҕиттэн үөскүүллэр.

Олус күүстээх, ыарахан, элбэхтик хамсанар үлэҕэ сылдьар дьон эрэ элбэхтик аһыахтарын наада. Ону даҕаны төһө аччыктыылларыттан көрөн, сөптөөхтүк аһаатахтарына эттэрин-сииннэрин туруга үчүгэй буолуо этэ.

П.Брэгг лаппа аччыктаан, ас наада буолбутун кэннэ биирдэ аһыах¬ха диэн сүбэлиир. Кини бу сүбэтин хайдах толорору эмиэ үөрэтэр. Ол курдук киһи киэһэ аһаан сынньанан сарсыарда туруутугар этэ-сиинэ эньиэргийэнэн толору хааччыллан үлэҕэ-хамнаска бэлэм буолан турар диэн этэр. Ол иһин кини сарсыарда букатын да аһаабакка эрэ үлэлээ¬битинэн барыахха сөп диир. Түүн устата мунньуллубут эньиэргийэ ороскуоттаннаҕына, симэлийдэҕинэ эбиэт кэмигэр дьэ аһаан биэрдэххэ ас ордук иҥэмтэлээх буолар диэн быһаарар.

П.Брэгг бэйэтэ олус эрдэ туран сүүрэн-көтөн зарядка оҥорон, тымныы ууга сөтүөлээн кэлэн баран суруйар, ааҕар үлэтинэн 11 чааска диэри дьарыктанан баран биирдэ оҕуруот аһын эрэ сиир. Онтон 12 чаас кэнниттэн толору эбиэтэ дьэ буолар эбит.

Үчүгэйдик аччыктаабыт киһи аһылыгы иҥэринэр дьоҕура улаатан биэрэрин П.Брэгг ордук кичэйэн бэлиэтиир. Киһи ис уорганнара ас киирэригэр бэлэмнэнэн, аһы буһарар ферменнэрин бэлэмнэнэллэрин эмиэ быһаарар. Ол иһин киһи аһылыгы куруук биир кэмҥэ аһыырга үөрэниитэ ас иҥэригэр эмиэ улахан суолталааҕын бэлиэтиир. Итини тэҥэ аһылык тобохторо ыраастанан киһи этиттэн-сииниттэн сөптөөхтүк таһаарыллан иһэллэрэ ас тобоҕо суох иҥэн иһэрин бэлиэтиир быһыы буолар.

КҮНҮСКҮ АҺЫЛЫК

Былыргы кэмҥэ сахалар күнүс элбэхтик аһаабаттар эбит. Кэпсээннэргэ сурулларынан от үлэтигэр күүстээх үлэни үлэлии сылдьар киһи тууйаска ымдаан уонна буспут эт куһуогун илдьэ барара кэпсээннэртэн биллэр. Утаттаҕына ымдааныттан иһэн кэбиһэ-кэбиһэ уһун күнү быһа, өҥүрүк куйааска күүстээх үлэни үлэлиир. Көлөнү туһанан үлэлиир дьон көлөлөрүн сынньата түһээри иккитэ омурҕанныыллара эмиэ кэпсэнэр.

Күнүскү аһылыкка былыргы сахалар ханнык да улахан суолтаны биэрбиттэрэ биллибэт. Сынньана таарыйа утаҕы ханнаран чэй эбэтэр ымдаан иһиититтэн уонна лэппиэскэ дуу, буспут эт дуу сиэһининэн эбиэккэ аһааһын бүтэр. Билиҥҥи аһылык үөрэхтээхтэрин этиилэринэн уонна эньиэргийэ ороскуотун ааҕан таһаарар ньыма үөскээбитигэр сахалар итинник аһыыллара олус сөп түбэһэр. Күнүскү кэмҥэ киһи үлэлээн-хамсаан үгүс эньиэргийэтин быччыҥнарынан ороскуоттуур кэмигэр элбэх аһы иһигэр толору хаалаан буһара сылдьара сыыһа. Элбэх аһы аһаан баран ону буһара сылдьан өссө эбии үлэлээтэххэ киһи сүрэҕэр, этигэр-сиинигэр олус элбэх эньиэргийэ ороскуотун таһаарарыттан киһи сылайан утуктуур, ис уорганнара эбиискэ ноҕуруускаланар эбиттэр.

Сэбиэскэй кэм саҕана киһи сүрүн аһылыгын эбиэккэ сииргэ сүбэлииллэр да, күһэйэллэр да этэ. Оччотооҕу медицинэ науката эбиэккэ элбэхтик аһыахха наада диэн сүбэлэри биэрэрэ күһэйиигэ тэҥнэнэрэ. Ол курдук бары аһыыр сирдэргэ элбэх аһылыгы эбиэккэ бэлэмнээн аһаталлара.

Өй үлэтинэн дьарыктанар киһи эбиэккэ тото аһаатаҕына эбиэт кэннэ утуктаан улахан эрэйи көрөрө чахчы баар суол этэ. Ону дэлэҕэ даҕаны букатын өс хоһооно оҥоруохтара суоҕа дуо? Бу өс хоһооно маннык этэ: «Вся жизнь борьба; до обеда - с голодом, с обеда - со сном». Бу кэмҥэ арҕаа дойду үлэһиттэрин эбиэттэрин кэмин уһуна икки чаастан кырата суох буолара. Тото аһаабыт киһи аһын буһаран, өссө кыратык утуйан, сынньана түһэригэр кыах биэрэннэр эбиэт кэмин итинник уһун оҥороллор эбит.

Билигин үөрэхтээхтэр киһи аһаабыт аһын буһарарыгар элбэх эньиэргийэтэ барар диэн ааҕаллар. Эбиэккэ тото аһаабыт киһи утуктуура итинэн быһаарыллар. Олус тото аһаан эбиэт кэнниттэн бэйэтэ мөлтөөбүт киһини күүһүлээн туран хамсата, үлэлэтэ сатааһын букатын сыыһа. Үлэттэн-хамнастан төһө эньиэргийэ ороскуоттанарын быһааран, онтон аһара барбат гына аһыыры аныгы олох көрдөбүлэ ирдиир. Ол курдук аһыыр ас эмиэ тупсан эньиэргийэтэ эбиллэн иһэр. Элбэҕи аһаан эти-сиини эрэйдиэх, буортулуох кэриэтин аҕыйаҕы аһаатахха доруобуйаҕа ордук туһаны аҕалан, уһун үйэлэнэри ситиһиэххэ сөп. Былыргы сахалар аһылыкка талымаһа суох олохторо уонна ол кэмҥэ ордук уһун үйэлээх эбиттэрэ аҕыйаҕы аһааһынтан киһи үйэтэ уһуурун дакаастыыллар.

КИЭҺЭЭҤҤИ АҺЫЛЫК

Сахалар былыр киэһэ эттэрин сиэхтэрин иннинэ чэйдэрин иһэллэр этэ дииллэр. Үлэлээн бүтэн дьиэлэригэр кэлэн баран күөстэрэ буһарын кэтэһэ таарыйа, утахтарын ханнаран чэйдэрин иһэллэрин кэпсээннэртэн билэбит.

Үлэттэн кэлээт да «Утахтарын ханнараары» чэйдэрин эрдэ иһэллэрэ сахалар аһылыктарын культуратын биир биллэр уратыта. Бу аата, үчүгэй иҥэмтэлээх аһылыгы аһыахтарын иннинэ ууну, чэйи иһэн утахтарын ханнаран кэбиһэллэрэ доруобуйаларыгар ордук туһалаах эбитин билэн үгэс оҥостон туһаналлар эбит.

Үлэттэн кэлэн баран сынньанар кэмҥэ тото-хана аһааһын киһи этин-сиинин көрдөбүллэригэр ордук сөп түбэһэр. Тото аһаабыт киһи утуйуон баҕарар, хараҕа сабылла сылдьар буолуор диэри уута кэлэр, ханнык да хамсааһыннары оҥорор кыаҕа аҕыйыыр, сынньанарга, сытарга, утуйарга сөп буолар. Этэ-сиинэ үлэттэн сынньанар кэмигэр тото аһаабыт киһи ис уорганнара эрэ үлэлииллэр, эньиэргийэтин ороскуота ас буһарыыга эрэ ороскуоттанан, аһаабыт аһа лаппа үчүгэйдик буһар. Ол аата, сынньана, сытан эрэ, атын эньиэргийэ ороскуота суох кэмигэр киһи этэ-сиинэ аһы ордук иҥэмтэлээхтик буһаран туһанар.

Саха дьоно былыр киэһэ аһыыллар этэ диэн арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр хомуруйаллар. Оччотооҕу эмп-том суох кэмигэр сахалар бүтүн Россия үрдүнэн биллэр уһун үйэлээх, ол аата бөҕө доруобуйалаах дьон эбиттэрин умнан кэбистилэр. Сахалар уһун үйэлээхтэрин билигин, арҕаа омуктардыы аһааһыны киллэрэннэр кылгаттылар, ортотунан ыллахха нууччалардааҕар хас да сылынан кылгас үйэлэммиппитин уонна эр дьоммут олохторун уһуна 58, дьахталлар – 72 сылга эрэ тиийэллэрин саҥа билэн соһуйабыт.

Саха дьонун үйэлэрин ким кылгатта диэн чуолкай боппуруоска билигин эппиэти хайа да наука кыайан биэрбэт, билбэтэҕэ буолаллар. Нууччалар аһылыктарын үөрэхтэрэ сахалар үйэлэрин кылгатар диэтэххэ соччо сөбүлүөхтэрэ суоҕа эрээри, ити барыта кырдьыгын архив докумуоннара бигэргэтэллэр. Ыраахтааҕы кэмин саҕана сахалар тустарынан суруйбут үөрэхтээхтэр бары сахалар уһун үйэлээх кырдьаҕастара олус элбэхтэрин уонна доруобуйалара бөҕөлөрүн бэлиэтээбиттэрэ сурулла сылдьаллар.

Билигин арҕаа дойдулар үөрэхтээхтэрэ П.Брэгг киһи үлэттэн сынньанар кэмигэр, киэһэ эрдэ тото аһаатаҕына аһылыга утуйуор диэри буһан, тарҕанан бүтэрин бэлиэтиир. Ол курдук киһи сөптөөх аһылыгы буһарар кэмэ балтараа чаастан улаханнык ордубат диэн быһаарар.

Киэһэ киһи үлэттэн-хамнастан сынньанар кэмигэр элбэх соҕус аһылыгы аһыыра этин-сиинин көрдөбүллэригэр ордук сөп түбэһэр. Бу кэмҥэ киһи элбэх эньиэргийэтин аһылыгы эрэ буһарыыга аныырыттан ас буһуута түргэтиир уонна аһылык ордук иҥэмтэлээх буолар. Киһи Айылҕаттан аналын быһыытынан күнүскү кэмҥэ сылдьар анал¬лаах. Бу кэмҥэ кини күүһэ-уоҕа, эньиэргийэтэ элбэх. Элбэх хамсааһыннары, үлэни-хамнаһы оҥорор кэм - күнүскү кэм. Онтон түүн үчүгэйдик утуйан, сынньанан бэҕэһээ киэһэ тото-хана аһаабыт аһын иҥэринэн күүһэ-уоҕа эбиллэрин ситистэҕинэ сарсын күнүһүгэр ордук күүскэ үлэлиирэ табыллар.

АҺЫЛЫКТАН ТУТТУНУУ

Коммунистар салайан олорбут кэмнэригэр киһи бэйэтин бэйэтэ бас билиммэт этэ. Ол курдук киһи хайаан да үлэлиэхтээх, үөрэниэхтээх, киһи барыта биир тэҥ диэн өйдөбүллэр аһара бараннар хайаан да оннук эрэ буолуохтааҕын курдукка кубулуйбуттара. Туох баары барытын государство бас билэрин тэҥэ, хас биирдии киһи доруобуйата эмиэ государство бас билиитэ буолбута. Ол курдук ыалдьыбыт киһини государство бэйэтин эмчиттэринэн көрдөрөн, босхо, государство харчытыгар эмтиир этэ. Хас биирдии киһи тугу үлэлээн туһалыан сөбүн аналлаах комиссия эмиэ быһаарара.

Дьон доруобуйаларын харыстааһыны үтүө санаалаах государ-ство оҥоро сатыыра, оннооҕор үлэ быыһыгар производственнай гимнастиканы киллэрэн эти-сиини дьарыктыыра, сарсыардааҥҥы гимнастиканы күн аайы араадьы¬йанан биэрэн, оскуолаҕа оҕолору эрчийэн туох баар кыаллары барытын оҥоро сатаабыта. Ол эрээри маннык аһара көрүүгэ-истиигэ дьон сыыйа үөрэнэннэр бэйэлэрин доруобуйаларын, эттэрин-сииннэрин аан маҥнай бэйэлэрэ эрчийэллэрин, харыстыылларын умнан, барытын государство кинилэргэ анаан оҥоруохтааҕын курдук саныыр буолан хаалбыттара.

Дьон доруобуйаларын харыстааһыны государство бэйэтигэр ылыытыттан дьон эрчиллэн, итиини-тымныыны тулуйарга үөрэнэн, элбэхтик хамсанан, сүүрэн-көтөн доруобуйаларын тупсаралларын оннугар туох да эрэйэ суох, босхо кэлэр эмтэри элбэхтик иһэргэ, аҥардастыы медицинэ көмөтүгэр сыҥаланарга, төлөбүрдээх сынньалаҥҥа сытарга үөрэммиттэрэ.

Кэлин сэбиэскэй государство дьадайан үрэллибитин кэннэ киһи бэйэтин доруобуйатын харыстыыр, тупсарар туһугар аан бастаан бэйэтэ кыһанан үлэлиэхтээх диэн этэллэрин үгүстэр соччо сөбүлээбэттэр, тириилэрин таһынан истэллэр. Киһи бэйэтин доруобуйатын бөҕөргөтөөрү элбэхтик тымныыга сылдьарын, тымныынан эрчиллэрин уонна гимнастиканан дьарыктанарын сүрэҕэлдьээбэккэ эрэ оҥороро бэйэтиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолбутун өссө билинэ иликтэр. Бөҕө доруобуйалаах, үчүгэй эрчиллиилээх киһи кыра, тымныйан ыарыыларга ыалдьыбакка элбэхтик эмтэнэргэ бэйэтэ үлэлээн-хамсаан булуммут харчытын ороскуоттаабата, атын дьон бары араас эрчиллиилэринэн, доруобуйаларын бөҕөргөтүүнэн дьа¬рыктаналларыгар ыҥырар, угуйар. Ол аата бэйэтэ эрчиллии, дьарыктаныы көмөтүнэн этин-сиинин, доруобуйатын тупсарбыт киһини атыттар үтүктэн, батыһан эрчиллэллэрэ, дьарыктаналлара бэйэлэригэр туһаны аҕалар.

Былыр ыраахтааҕы дьаһайан олорбут кэмигэр саха дьонун үгүс өттүлэрэ дьадаҥы эбиттэр. Оччотооҕу кэмҥэ бары хаһаастарын барытын сиэн бүтэрэн, сааскы кэмҥэ олус аҕыйахтык аһаан, сороҕор чуут хоргуйа сыһан, дьылы нэһиилэ туорааһын олус улахан үөрүүнү аҕалар кэмнэрэ бааллара. Саха дьонугар дьылы этэҥҥэ туорааһын сыл бүтүүтүгэр тэҥнэһэн улахан бырааһынньыкка – ыһыахха кубулуйуута итинтэн төрүттэммит. Бу быһаарыыны сөп диэтэхпитинэ саха үлэһит дьоно боростуой аһылыгы олох аҕыйахтык, кэмчилээн аһыыллара кырдьык. Ол иһин олохпут усулуобуйата ыараханыттан, ас-үөл саппааһа аҕыйаҕыттан сахаларга аһылыктан туттунуу үөрэҕэ үөскээбэккэ хаалбыт.

Саха сиригэр бурдугу үүннэрии сайдыыта ас-үөл саппааһа эбиллиитигэр тириэрдибитэ. 19-с үйэҕэ сахалар ахсааннара лаппа эбиллиитигэр ити ас-үөл саппааһа элбээһинэ ордук улахан оруолу ылбыта. Оччотооҕу ханнык да эмп-том суох кэмигэр саха дьонун ахсааннара лаппа биллэр гына эбиллибит. Бары Саха сиригэр сылдьыбыт үөрэхтээхтэр суруйалларынан ол кэмҥэ уһун үйэлээх кырдьаҕастар олус элбэх эбиттэр. 100 саастарын ааспыт дьон өссө үлэлии-хамсыы сылдьалларын элбэхтик суруйан бэлиэтээбиттэр. 1822 сыллаахха от ыйыгар Санкт-Петербурга тахсыбыт «Северный архив» диэн сурунаалга: «Сахаларга сүүс саастарын туолбут кырдьаҕастар олус элбэхтэр. Бары үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу омуктар бэйэлэрэ бөҕө оҥоһуулаахтар уонна уһун үйэлээхтэр»,- диэн суруйбуттар. «Долгожители Якутии» диэн кинигэҕэ бэриллибит таблицаҕа Саха сиригэр олорор дьон ахсааннарын уонна ол дьонтон 100 саастарын төһө киһи ааспыттарын суоттаан таһаарбыттар. (1,9).

Сыла Киһи ахсаана 100 сааһын ааспыт киһи ахсаана

1897 269880 90

1959 479600 120

1998 1033300 30

Биир үйэ устата саха дьонун олохторун сайдыыта төһө үрдээбитин бу таблица арыйан көрдөрөр. Сайдыы, арҕааҥҥы дойдулар үөрэхтэрин аҥардастыы батыһыы туохха тириэрдибитэ эмиэ бу таблицаттан ырылыччы көстөр. Ол курдук бу таблица сыыппаралара саха дьонун үйэлэрэ лаппа кылгаабытын арылхайдык быһаараллар.

Биһиги бу үлэбитигэр ыраахтааҕы салайар кэмэ үчүгэй эбит диэн дакаастаары оҥостубаппыт. Арай «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн биллэр этиини өйдөөн кэлэммит, оччотооҕу ыарахан олох туох үчүгэйдээх эбитин булан ыларбыт туһалаах буолуоҕа.

Айылҕаҕа ханнык баҕарар кыыл ыарыйдаҕына сууланан баран сытынан кэбиһэр. Ыт хас да күн аһаабат, куоска эмиэ. Аһаабакка сытаннар сотору кэминэн көнөннөр, ыарыылара ааһан үтүөрэллэр. Дьиэҕэ олорор кыыллар ханнык да эми булан испэттэр эрээри, бэйэлэрэ ыарыыларын аһарыналлар, арай хонууга сылдьар ыттар ханнык эрэ оттору булан ыстыы сылдьаччылар. Кыыллар аһаабакка сырыттахтарына эттэриттэн-сииннэриттэн араас мунньуллубут кирдэр, дьааттар ыраастанан тахсаннар үтүөрүү буолан барар эбит. 2,34). Айылҕаттан бэриллибит бу өйү-санааны кыыллар сатаан туһаналларын итинник, аһаабакка эрэ сылдьан эмтэнэллэрэ быһаарар. Онтон дьон төһө да өйдөрө-санаалара сайдыбытын иһин аһыыр-сиир баҕаларын оннооҕор улаханнык ыалдьа да сылдьан кыайан кыана туттубаттара, үтүө холобуру батыһан үтүктүбэттэрэ олус хомолтолоох. Ол курдук христианскай таҥара дьиэтэ итэҕэйэр дьонун икки тыһыынча сылтан ордук кэм устата үөрэтэ, модьуйа, оннооҕор күһэйэ сатыыр даҕаны элбэҕи аһаан уойан ыалдьааччылар хата аҕыйаабаттар.

Айылҕа айбытын быһыытынан киһи аһылыгын чааһыгар төһө эмэ элбэх саппаастаах сылдьар. Олох араас ыарахан кэмнэригэр аһылыгы булунуу олус ыараханынан Айылҕа киһиэхэ ити чааһыгар олус элбэх саппааһы биэрбит. Эбиискэ аһаабакка, аҥардастыы ууну эрэ иһэн киһи ыйы быһа сылдьыан сөп диэн үөрэхтээхтэр этэллэр.

Омук үөрэхтээхтэрэ киһи аһаабакка эрэ сылдьыытын дириҥник үөрэтэн эрэллэр. Поль Брэгг диэн учуонай анаан-минээн аччыктааһынынан уһун кэмҥэ бэйэтэ дьарыктанан, маннык эмтэнии туһунан үөрэҕи арыйбыт. Кини суруйбут кинигэтэ бэйэтин доруобуйатын туһугар бэйэтэ кыһанар киһиэхэ олус туһаны аҕалыан сөп. Биһиги бу үлэбитигэр П.Брэгг үлэтэ уонна сахалар аһылыкка сыһыаннаах этиилэрэ сүрүн төрүт буоллулар.

Сахалар аһылыкка сыһыаннаах этиилэрин биһиги эбэбит Лөкүө эмээхсин элбэхтик туһанар этэ. Кини этиилэрэ уонна аһааһын уратылара учуонай П.Брэгг үөрэҕэр сөп түбэһиилэрэ сахалар аһылыгы туһаныылара дириҥ төрүттээҕин быһаарар.

Киһи атын аһы аһаабакка ууну эрэ истэҕинэ бэйэтин этигэр-сиинигэр мунньуммут саппааһынан аһылыктанар. Этиттэн-сиинииттэн аан маҥнай мунньуллубут сыа саппааһын уларытан эньиэргийэҕэ кубулутан туһаммытынан барар. Мунньуллубут сыатын саппааһа бүттэҕинэ, биирдэ эрэ быччыҥнарыттан сыыйа көҕүрэтэр. Ол аата, киһи этэ-сиинэ лаппа аҕыйыар диэри аһаабакка сылдьар кыахтаах. Ити барыта киһи айылҕаттан айыллыаҕыттан аһылыгар олус улахан саппаастааҕынан, эт-сиин барыта айылҕа эттиктэриттэн хомулларынан быһаарыллар.

Доруобуйата үчүгэй, бөҕө буолуон баҕарар киһи минньигэстик аһааһын уонна туһалаах аһааһын диэн өйдөбүллэр икки ардыларынан өйүн-санаатын күүһүнэн салайтаран аһыырын ситиһэрэ наада. Ол аата аһааһын «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар быһаарыыларыгар эмиэ сөп түбэһэр уонна киһиттэн эмиэ тулуурдаах буолууну ирдиир. Соччо минньигэһэ суох да буоллар доруо¬буйаҕа олус туһалаах аһылыгы быстыбакка-ойдубакка эрэ, үөрэ-көтө сиэн кэбиһии киһиттэн эмиэ эрэйиллэр тутаах көрдөбүл буолар.

Олус элбэх минньигэс аһылыктар киһиэхэ аҕалар туһаларын билэн, сөбүлээн көрөн, аһара барбакка туһанар буолуу аныгы үйэ үөрэхтээх киһититтэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл. Бу көрдөбүлү толорор наадаҕа киһи син-биир улахан тулуурдаах, этин-сиинин сиир-аһыыр баҕатын кыайа-хото тулуйар кыахтаннаҕына эрэ табыллар. Ол аата, аһылык эмиэ киһиттэн олус тулуурдаах буолуутун эрэйэр. Христианскай уонна мусульманскай таҥара үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата ити мөлтөх өрүтүн билэннэр көмөлөһө сатыыллар. Kинилэр сотору-сотору кэлэн иһэр аһылыктан туттунар кэмнэри, постары оҥороннор уонна онон күһэйэннэр таҥараны итэҕэйэр дьон аҕыйахтык аһыылларын ситиһэ сатыыллар.

АҺЫЛЫГЫ НААРДААН АҺААҺЫН

Киһи этигэр-сиинигэр, доруобуйатыгар туох аһылыгы аһыыра олус улаханнык дьайар. Айылҕаҕа үөскүүр уонна үүнэр аһылыктар киһи этигэр-сиинигэр ордук иҥэмтэлээхтэр. Итини тэҥэ киһи уһун үйэтин тухары ханнык аһылыгы аһыырга үөрэммитэ этигэр-сиинигэр эмиэ улахан оруолу ылар.

Кэнники кэмҥэ дьон аһыыр аһылыктарын үөрэтэр учуонайдар араас суол астары тус-туһунан наардаан аһаатахха, киһиэхэ ас иҥэмтэтэ уонна туһата улаатар диэн этэллэр. Кинилэр ити арыйыыларын, киһи иһэ-үөһэ аһы буһарарга аналлаах үлэлэрин дириҥник чинчийэн үөрэтэннэр олохтоохтук дакаастаан эрэллэр. Кинилэр быһаарыыларынан дьон аһыыр астарын ханнык төрүккэ олоҕурбуттарыттан көрөн маннык түөрт суол көрүҥҥэ араартыахха сөп:

1. Уулар. Манна араас көрүҥнээх убаҕас, иһиллэр астар барылара киирсэллэр уонна итилэри хайаан даҕаны аһыах төһө эмэ иннинэ, барыларын бииргэ иһэргэ сүбэлииллэр. Оччоҕуна уу бастаан киирэн киһи куртаҕын сайаан, ыраастаан саҥа аһылык киирэригэр бэлэмниир. Онтон ууну хойутаан, аһыы олорон эбэтэр аһаан бүтэн баран истэххэ, уу куртахха киирэн аналлаах симэһининэн, силинэн буккуллан, ыстанан буһарарга бэлэмнэммит аһылыктан симэһини суурайан туһалыаҕынааҕар буортуну оҥорор. Ити иһин ууну, аһыыр кэмҥэ эбэтэр аһаан баран испэккэ, хайаан да аһыах иннинэ эбэтэр аһылык быыһыгар иһэргэ сүбэлииллэр.

2. Эт уонна балык астар. Бу астары атын астары кытта буккуйбакка бэйэлэрин эрэ эбэтэр оҕуруот астарын кытта холбуу булкуйан сиэтэххэ буһарыыта табыллан туһата элбиир дииллэр.

3. Оҕуруот астара. Балары эт, балык эбэтэр бурдуктан оҥоруллубут астары кытта холбуу буккуйан эбэтэр бэйэлэрин да сиэтэххэ киһиэхэ сөптөөхтүк иҥэллэр эбит.

4. Бурдуктан оҥоруллар астар. Маннык астары бэйэлэрин аҥардастыы эбэтэр оҕуруот астарын эрэ кытта холбуу сииргэ табыллар диэн этэллэр. Кэлин кэмҥэ бурдуктан оҥоруллар аһылыктары кыратык арыыны кытта булкуйан сиэтэххэ ордук иҥэмтэлээх буоларын быһаардылар.

Ити курдук аһылыгы үөрэтэр наука дьоно бу курдук тус-туһунан т±рүккэ олоҕурбут астары бэйэ-бэйэлэрин кытта букатын булкуйбакка эрэ аһаатахха, ас киһиэхэ ордук туһалаах уонна иҥэмтэлээх буолар диэн дакаастыыллар. Биһиги, кинилэр ити арыйыыларыгар хаһыспаккабыт эрэ, тус-туһунан төрүттээх астары киһи иһэ-үөһэ буһаран туһаҕа таһаарарыгар эмиэ тус-туһунан ферменнэри туһанар эбит диэн өйдөөтүбүт. Ити иһин, маннык аһааһын саҥа көрүҥүн дьон бары туһаннахтарына, сорох ис-үөс ыарыылара көҕүрүөхтэрин сөп эбит диэн баҕа санаалаахпыт.

Маннык үөрэх баар буолбутун биһиги «перестройка» кэнниттэн биллибит. Ол гынан баран былыргы саха дьоно эттэрин, балыктарын уонна олор мииннэрин, атын аһылыктарыттан туспа арааран буһаран сииллэрин кырдьаҕастартан истэн билэбит. Кыра эрдэхпитинэ кырдьаҕас эбэбит Лөкүө ити курдук тэрийэн аһатара. Эт эбэтэр балык аһылыктары биир аһылыкка тотуохха диэри сиир этибит. Ол аата эт сиир киэһэҕэ биирдии кыра кырбас эти кытта миинин тото иһиллэрэ.

Биир көрүҥнээх аһы тотуохха диэри сиэһин холобурун кэлин ыаллар кууруссалары иитэннэр сымыыты элбэхтик сиир кэмнэриттэн булуохха сөп. Эбэбит сымыыттарын аһылыкка биирдии киһиэхэ түөртүү эбэтэр биэстии тиксэр буолуор диэри мунньан баран биирдэ буһаран тото сиэтэрэ. Оччоҕуна бу аһылык аҥардастыы сымыыты сиэһин аһылыга буолара. «Сымыыты арыылаан сиир үчүгэй»,- диэн этэрэ эрээри билбэппитигэр тэптэрэн туустаан сиэһин ордук табыллар курдук этэ.

Бу соторутааҕы кэмҥэ диэри саха ыалларыгар киэһээҥҥи аһылыктара ханнык аһылык бэлэмнэ¬нэриттэн тутулуктанан икки тус-туспа араастаах этэ:

1. Дьоро киэһэ. Ол аата, эт эбэтэр балык аһылыгы тото сиир үөрүүлээх киэһэ буолбутун бэлиэтэ. Маннык ураты эт эбэтэр балык аһылыгы тото сиир туспа киэһэ баара былыргы сахалар аһылыгы тус-туспа наардаан аһааһын ньымата доруобуйаларыгар ордук туһалааҕын үчүгэйдик билэллэрин көрдөрөр. Кинилэр ити билиилэрэ, эт уонна балык аһылыктарын хас аһылык аайы кыра-кыратык, атыттары кытта булкуйан буолбакка, биир аһылыкка тотуохтарыгар диэри сииллэригэр олоҕурар. Хата, ол оннугар үөрүүлээх дьоро киэһэлэр кэлиилэрэ, ыаллар төһө эт уонна балык саппаастаахтарыттан быһаччы тутулуктанан сөп буола-буола кэлэллэрэ биллэр.

2. Ньыха киэһэ. Үгүс саха ыалларыгар маннык киэһэлэр куруук кэ-риэтэ буолаллар. Бу киэһэ көннөрү арыылаах лэппээскилээх чэйи эбэтэр ханнык эмэ үрүҥ ас үөрэтин иһэн эбэтэр суораты тото сиэн баран утуйуу буолар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ сахалар аһылыктарын сүрүн көрүҥүнэн арыылаах лэппээски буолара дииллэр. Ордук сыаналанар бурдук аһылыгынан арыылаах алаадьы буолара. Алаадьыны ууллубут арыыга уган, булкуйан сиэниллэрэ. Билигин бурдук астар арыыны кытта булкустахтарына ордук иҥэмтэлээхтэрэ быһаарыллыбытын кэнниттэн сахалар аһылык туһунан билиилэрэ дириҥ төрүттээҕэ быһаарыллар.

Сылгы уонна ынах сүөһүлэри сахалар былыр-былыргыттан иитэн туһаналлар. Ити иһин кинилэр аһыыр астара барыта бу дьиэ сүөһүлэриттэн оҥоруллан тахсар аһылыктар. Урукку кэмҥэ саха дьоно аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыр эбиттэр. Ол эбэтэр кинилэр сылы быһа суораты, ымдааны, тары, быыппаҕы уонна кымыһы куруук аһыы, иһэ сылдьаллара. Бу астартан ордук тэнийбит уонна элбэхтик аһаныллар астарынан суорат, ымдаан уонна тар буолалларын бэлиэтииллэр. Уһун үйэлэр тухары саха дьонун истэрэ-үөстэрэ, эттэрэ¬-сииннэрэ аһыйбыт үрүҥ аска үөрэнэн хаалбыттар. Билиҥҥи аһааһын науката этэринэн аһыйбыт үрүҥ аска үөскүүр араас бактериялар киһиэхэ аһылыгы буһарарыгар быһаччы көмөлөһөллөр.

Былыргы сахалар аһылыктарын биир биллэр уратытынан бары аһылык¬тар кэннилэриттэн аһыйбыт үрүҥ аһы, суораты, утуйуох эрэ иннинэ сиэниллэрэ буолар. Итини кырдьаҕас эбэбит Лөкүө: «Суоратта сиэн искитин үрүҥнээн»,- диэн ааттыыра. Оччоҕуна, үрүҥ ас куртахха кэнники киирэн, атын астар буһууларыгар көмөлөһөр диэн этэрэ. Билигин аһылык үөрэхтээхтэрэ үрүҥ аска үөскүүр бактериялар ас буһуутугар олус туһалаахтарын билэн, аһылыкка эбиискэ туттарга сүбэлииллэрэ бу быһаарыы олус таба буоларын бэлиэтиир.

Сахалар былыр-былыргыттан ынах арыытын уулларан дьэҥкир арыы оҥорон хаһаанан туһаналлара. Кэлин сэбиэскэй былаас кэмигэр арыыны маннык уулларан туһаныы суох буолбута. Кытайдар аһылыктарыгар билигин даҕаны ууллубут арыыны киэҥник туһаналлар уонна улахан туһалаах диэн билинэллэр.

Биһиги саха дьоно, урукку кэмҥэ олорбут төрүттэрбит уһун үйэ-лээх эбиттэрин билигин бэчээттэн эрэ билэбит. Билигин баар саха дьоно Россия атын омуктарыттан саамай кылгас үйэлээххэ кубулуйбуттар. Маннык балаһыанньа үөскүүрүгэр, кэнники кэмҥэ быраҕан кэбиспит, урукку төрүт аһылыктарбыт киһи үйэтэ уһууругар чахчы көмөлөһөллөр эбиттэрин умуннарыылара тириэрдибитин өссө да итэҕэйэ иликпит. Ол иһин ханнык баҕарар омуктар ас буһарар куукуналарын үөрэҕин аҥардастыы үтүктэ сылдьыбакка, кинилэртэн дириҥник үөрэтиллибит уонна чахчы туһалаах өрүттэрэ өр кэмҥэ дакаастаммыт эрэ саҥаны киллэриилэри ылынарбыт эбитэ буоллар, үгүс сыыһалары оҥостуо суоҕа этибит. Ол курдук кэнники аҕыс уон сыл устата кырдьаҕас эбэлэрбит билиилэринэн уонна бэлэмнээһиннэринэн аһаан-сиэн кэлбиппит эбитэ буоллар араас элбэх ис-үөс ыарыыларыттан босхолонуо эбиппит буолуо.

154 саастаах Зора Агха диэн Турция олохтооҕо уһун үйэтин ту-хары бэрт аҕыйах араастаах аһы аһаабыт. Ол курдук кини сүрүн аһы¬лыгынан күн уотугар хатарыллыбыт хара килиэп уонна араас оҕуруот астара буолар эбиттэр. Эти уонна сымыыты олох аҕыйаҕы сиир эбит. Кини уһун үйэтин тухары үрүҥ килиэби, саахары сиэбэтэх, арыгыны да испэтэх, олус боростуой уонна биир аһылыгынан аһылыктаммыт. Бэйэтин 154 сааһыгар олус доруобай, бэйэтин кыанар, куруусчутунан үлэлээн ыарахан да таһаҕастары таһа сылдьыбыт. Кэлин кэмҥэ дьон олохторо тупсан иһиититтэн, ол аата, аһылык арааһа элбээһиниттэн биир киһи олоҕо хайдах кылгаан иһэрин сүрэх ыарыыларын үөрэтээччи доктор Поль Уайт маннык быһаарар:

- Эр дьон 45 саастарыгар тиийиилэригэр араас аһы кыайа-хото аһааннар, уойаннар, ыйааһыннара 10 эбэтэр 15 киилэнэн эбиллэр. Онно эбии массыынанан эрэ сылдьыы уонна сытан эрэ телевизор көрүүтэ эбиллэн бу киһи сүрэх эбэтэр бүөр ыарыһах буолар. Бу кэмҥэ кини инсульт эбэтэр инфаркт буолан өлөн да хаалыан сөп. Эр дьон үйэлэрин кылгааһынын сэкириэтэ итиннэ сытар. Дьон доруобуйалара мөлтөөн барыыта хас да уонунан сыллар усталарыгар ити курдук сыыйа бэлэмнэнэн иһэр.

Биһиги «Оҕус оту эрэ сиир эрээри – улахан»,- диэн этиини таба сыаналыы иликпит. Олус уһун үйэлээх дьон үйэлэрин тухары наар биир аһылыгынан аһылыктанар эбиттэр. Киһи куртаҕа биир аһылыгы куруук буһарарга үөрэнэн, бу үлэни кыайыылаахтык оҥорор, онтон куртахха араас аһылыктар бииргэ симиллэн хааллахтарына ханнык да кыаҕа, наукаҕа чугаһатан эттэххэ, аһы буһарар ферменнэрэ тиийбэтэ чахчы. Аһылыгы наардаан аһааһын туһата итиннэ саһан сылдьар.

Бурдук ас куртахха буһуутугар арыы баар буолуута аһылык ордук иҥэмтэлээхтик иҥэрин хааччыйар. Ол аата арыылаах лэппээски, арыылаах алаадьы киһиэхэ хайа да Атын астааҕар ордук иҥэмтэлээхтик иҥэллэрэ быһаарыллар.

Эт уонна балык астары бурдуктан оҥоруллар астары кытта буккуйбатахха буһуу¬та табыллан ордук иҥэмтэлэнэр диэн этэллэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан сылгы, ынах сүөһүлэри иитэннэр эт аһылыкка үөрэммиттэр. Кинилэр сүөһү этин ханнык чаастара киһиэхэ ордук туһалаахтарын уонна иҥэмтэлээхтэрин быһааран аһылыктарыгар туһаналлар.

Сүөһү этиттэн көм этэ улаханнык сыаналаммат ас. Көм эккэ быччыҥтан ураты араас туһалааҕа аҕыйах. Өссө маннык эти «Хара эт» диир этэ эбэбит. Оҕо сылдьан уҥуоҕу тиниктии олоруоҕу сүрэҕэлдьээн оонньуу бара охсоору көм эти уурдараары гыннахха эбэбит бу хара эт, киһиэхэ туһата аҕыйах диэн этэрэ уонна уҥуохтааҕыттан үллэрэн биэрэ сатыырын оччолорго соччо аахайбакка аһаран иһиллэр этэ. Урукку кэмнэргэ уҥуохтаах уонна сыалаах эт сахаларга ордук сыаналанар этэ. Киһи этэ-сиинэ аҥардас көм эккэ эрэ буолбакка уҥуох силгэлэригэр, өҥүргэстэргэ уонна силиигэ ордук наадыйар. Уҥуох силгэлэрэ уонна силиитэ киһи этигэр-сиинигэр, сүһүөхтэригэр туһалара ордук улахан.

Сахалар аһылыктарыгар дырыһааҥкы диэн ас баар. Бу ас туйахтан уһуннук буһаран оҥоруллар уонна киһи сүһүөхтэригэр, уҥуоҕар быһаччы тиийэр олус туһалаах ас буолар.

Биир кэпсээҥҥэ ыаллартан дьахтар ордук тупсан, үчүгэй көрүҥнэнэн, онтон эр киһи төһө да улаханнык ыалдьыбатар да мөлтөөн-ахсаан испиттэр. Ытыктанар кырдьаҕастан тиийэн анаан-минээн сүбэлэтээри ыйыппыттар:

- Хайдах манныгый? Ас үтүөтүн эр киһибэр хатаҕалаан аһата сатыыбын, эт көмүн куду анньан биэрэбин, бэйэм уҥуоҕун тиниктиибин,- диэн дьахтар кэпсээбит.

Ону кырдьаҕас истэн баран аны эккитин атастаһан сиир буолуҥ диэн сүбэлээбит.

Билигин дьон эти аҕыйаҕы сиир буолла. Yксүгэр маҕаһыынтан аҕыйах киилэ эти атыылаһан аҕалан атын аһы кытта булкуйан сииллэр. Аҕыйах киилэ эти дьахталлар атыылаһалларыгар уҥуоҕа суоҕуттан талан ыла сатыыллар. Сыыһа аһыырбыт саҕаланыыта итиннэ саһан сылдьар. Аҕыйаҕы атыылаһарбытыгар көм этиттэн ыла сатыырбыт эппит ордук туһалаах өттүлэрин туһаммакка хаалларарбытыгар тириэрдэр.

Киһи кырдьа баран истэҕинэ бэйэтин этин-сиинин туругун сатаан быһаарарга үөрэнэр. Ол иһин ханнык аһылыгы хаһан аһаатахха куртахха хайдах дьайарын быһааран билэр кыахтанар. Ол аата, хас киһи барыта киниэхэ ханнык аһылык ордук табылларын үөрэтэн билэ сылдьара туһалаах. «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этии ордук улахан өттө ханнык аһылыгы хаһан аһыыры билиигэ ананар. Онон, сааһыран истэхпитинэ сайдан иһэр өйбүт-санаабыт көмөтүнэн куруук бэйэбит эппитин-сииммитин кэтээн көрө сылдьарбытын, туох эмэ уларыйдаҕына көннөрөн биэрэрбитин умнубаппыт ордук буолуо этэ.

ИҺЭР УУ

Сиргэ ордук элбэхтик тарҕаммыт ууга, олох төрүттэммит диэн этэллэрэ оруннаах. Уу бары хамсыыр-харамайдар олохторун процес¬тарыгар барыларыгар сүҥкэн суолталаах. Уу аҥардас клеткалар уонна тканнар тутулуктарын сүрүн сорҕотунан эрэ буолбакка, олору тула¬лыыр эйгэ. Бары олоххо наадалаах, олоҕу хааччыйар араас көрүҥнээх физиологическай уларыйыылар ууттан үөскүүллэр. Киһи организма - 70 бырыһыаныгар тиийэ уу. Аҥарын кэриҥэ, 50-ча бырыһыана клеткалары кыйа молекулярнай силбэһиктээх, онтон атына клеткалары тула тканнар убаҕастарын быһыытынан биллэр.

Киһи ууну испэтэинэ өр барбат. Сөрүүн кэмҥэ - 10-ча хонукка, онтон куйааска 2 күнтэн ордук олорор кыаҕа суох. Ити усулуо-буйаларга киһи өссө үлэлээтэҕинэ, этиллибит кэмнэр лаппа кылгыылларыгар тириэрдэр.

Уу – айылҕа улууканнаах бэлэҕэ, бары харамайдар тыыннаах буолар төрүттэрэ. Киһи суукка устатыгар кыһыҥҥы кэмҥэ 2,5 л, сайын 4 л ууну иһэр, ити барыта убаҕас астары кытта киирэр уулары холбоон ааҕыллар. Ону таһынан сууккаҕа эттиктэр атастаһыыларын түмүгэр 400 г итэҕэһэ суох уу организмҥа бэйэтигэр үөскүүр, ол эндогеннай уу диэн ааттанар.

Иһэр уу, дьиктиргэтиэн иһин, айахха да куртахха да иҥэриллибэт, сүрүн иҥэриллэр сиринэн суон, ол иһигэр көнө оһоҕостор буолаллар. Ууну аһыах иннинэ истэххэ куртаҕы сайҕаан ыраастыыра итинэн эмиэ быһаарыллар.

Ол эрээри уу төһө да күндүтүн иһин арыт араастаах, ол иһигэр улахан кутталлаах ыарыылар ууттАн тараныахтарын сөп, онон түбэһиэх ууну мээнэ иһэр табыллыбат. Иһэр уу үрдүк хаачыстыбалаах, ыраас, ханнык да химическэй, биологическэй, о.д.а., киртийиилэрэ суох, бэрэбиэркэлэммит, иһэргэ көҥүллээһиннээх буолуохтаах диэн медицина үөрэҕэ быһаарар.

Хотугу сир олохтоохторо кыһыҥҥы кэмҥэ, арыт төгүрүк сыл устата муус, хаар уутун иһэллэрэ элбэх. Үгүс автордар маннык уулларыллыбыт, «магниттаммыт» уу доруобуйаҕа ордук туһалааҕын туһунан суруйаллар.

Дьон олох былыргыттан үрдүк хайалар альпийскай хонууларыгар ирбэт муустар тастарынааҕы үүнээйилэр ордук хойуу, ордук сиэдэрэй, чаҕылхай өҥнөөх, Хотугу эргимтэ тас өттүгэр үүнэр оттор ордук мүөттээхтэрин бэлиэтии көрөр, эмтээх уулаах үрүйэлэр, күөллэр элбэхтэригэр боломтолорун уурар эбиттэр.

Кэнники кэмҥэ чинчийээччилэр итинник уу үрдүк активноһын кистэ¬лэҥин молекулярнай тутулугар сытар дииллэр. Кристаллическай уу эбэтэр муус син ханнык баҕарар кытаанах эттиктэр курдук бэрээдэктээх геометрическэй структуралаах. Өскө кыра муус тоорохойун инфракраснай сардаҥанан тыктаран көрдөххө олус кэрэ, сиэдэрэй уон икки кырыылаах эрэһээҥки - додекаэдр буолан көстөр.

Киһи этигэр-хааныгар уу ити кристаллическай тутулун сүтэрбэт, ол кини автономнайдык сылдьыбатыттан - белоктары, липидтэри, ДНК, РНК молекулаларын кытта силбэһиктээхтэриттэн уонна итиннэ уу молекулалара олор нарын эрэһээҥкилэрин быыстарыгар кыбыллан сылдьыыларынан быһаарыллар.

Сорох үөрэхтээхтэр этэллэринэн, киһи этигэр-хааныгар муустуу структуралаах уулар тиийбэттэрэ атеросклекроз ыарыы үөдүйүүтүн биир төрүөтүнэн буолар. Саха сирин төрүт олохтоохторугар, кырдьык, ити ыарыы сэдэх. Ол иһин үгүс автордар атын сир олохтоох-торугар кыһыҥҥы кэмҥэ, ордук сааһыран эрэр дьоҥҥо, муус уутун иһэллэригэр сүбэлииллэр.

Хотугу дойдулар олохтоохторо наар хаар эбэтэр муус уутун иһэр кэмнэригэр минеральнай эттиктэр организмҥа киириилэрин уунан бэриллибэт ингредиеннэринэн баай астарынан: үүт астарынан, фруктала¬рынан ситиһиннэриэхтээхтэр.(3,41-45).

П.Брэгг киһи олус ыраас ууну иһэрэ ордук диэн этэр. Киһи олус ыраас ууну истэҕинэ бу уу ис уорганнартан араас туһата суох, буортула¬ах, даҕАны туустары суурайан таһаарар эбит. Онтон кирдээх, элбэх суураллыбыт туустардаах ууну киһи истэҕинэ төттөрү, ол уутун бэйэтэ ыраастаан таһаарар үһү. Араас бүөргэ үөскүүр таастар, сүһүөхтэргэ мунньуллар туустар бары кирдээх, араас булкаастаах ууну иһэртэн үөскүүллэр. Киһи сүһүөхтэрэ ситэ хамсаабат, көһүйэн иһиилэрэ сүһүөх уута буорту буолан, туустанан иһиититтэн диэн учуонай быһаарар.

П.Брэгг олус ыраас уу диэн дистиллированнай эрэ ууну ааҕар. Бу ууга сөп түбэһэр ырааһынан ардах уонна муус ууларын эмиэ ааҕыахха сөп эбит. Ардах уонна муус ууларыгар суураллыбыт туустар суох эбэтэр олус аҕыйах буолалларынан дистиллированнай ууну солбуйуон сөп диэн быһаарбыттар. (2,58).

Уу аһылык буолбатах. Уу киһи этин-сиинин биир тутаах сүрүн чааһа. Ол иһин иһэр уу олус ыраас буолара көрдөнүллэр. Уу киһи этиттэн-сииниттэн тахсыытыгар эти-сиини өссө ыраастаан, куһаҕан, туһата суох эттиктэри суурайан таһаарар аналлаах. Киһи төһө ыраас ууну иһэр даҕаны соччонон этэ-сиинэ ыраастанара ордук буолар. Биһиги иһэр уу ити сүрүн аналын кэнники кэмҥэ туһаммаппыт саха дьоно үйэлэрэ кылгааһыныгар улаханнык көмөлөспүт буолуон сөп. Ол курдук сахалар ордук уһун үйэлээх эрдэхтэринэ ыаллар бары сайыны быһа хаһааммыт муустарын уутун иһэллэр этэ.

Ууну аһылыктар икки ардыларыгар иһэр ордук туһалаах. Өссө аһылык 10 эбэтэр 15 мүнүүтэ иннинэ сөп буолар ууну, утах ханыар диэри иһэн кэбистэххэ киһи аһыы олорон ууну эбии иһэргэ наадыйбат.

Аһылыгы киһи элбэхтэ ыстаан, илдьиритэн, мэлийэн, силинэн дэлби биһэн, булкуйан куртахха киирэн буһарыгар бэлэмниир. Тиис үчүгэй, бөҕө буолуута доруобуйа туругун быһаарар. Былыргы сахалар үлэһити талан ылалларыгар аан маҥнай аһатан көрөллөрө. Кыайа-хото аһыыр киһи этэ-сиинэ күүстээҕиттэн, доруобайыттан элбэхтик кыайыылаахтык үлэлиирэ быһаарыллар. Көлүнэр көлө, ынаҕы эбэтэр сылгыны тииһин көрүү талан ылыыга сүрүн көрдөбүл буолар.

Тииһи сууна, көрүнэ сылдьыы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл. Кытаанах аһылыгы лаппа үчүгэйдик ыстаан илдьиритии куртахха олус көмөлөөх. Киһи аһыы олорор кэмигэр ууну иһэрэ төрүт даҕаны наадата суох. Аһыы олорон эбэтэр аһаан баран убааһы истэххэ уу киһи куртаҕар киирэн били илдьи ыстаан уонна силинэн булкуйан буһарарга бэлэмнэниллибит аһылыгы дэлби суурайан үчүгэйдик буһарын мэһэйдиир, бытаардар.

Киһи ас буһарар сүмэһиннэрэ барылара 90 бырыһыаннара уу буолар. Онно эбии ууну иһэн биэрэн бу сүмэһиннэри өссө убатан, суурайан кэбиһии ас үчүгэйдик, иҥэмтэлээхтик буһарын мөлтөтөр.

Арҕааттан кэлбит аһылык туһунан үөрэххэ аһаан бүтэн баран убаҕаһы дьэ иһэн утаҕы ханнарарга этэллэр. Аһаан бүтүүгэ иһэргэ анаан убаҕаһы; чэйи, компоту аналлаах менюларга суруйаллар. Бу үөрэх ситэтэ суоҕуттан куртах ыарыыта ордук элбэх диэтэхпитинэ улахан сыыһа буолбата буолуо.

Киһи эдэр эрдэҕинэ аһылыкка улахан суолтаны биэрбэккэ эрэ төрөппүттэрэ эбэтэр иитээччилэрэ эппиттэрин хоту аһыыр. Эдэрдэр үксүгэр тиэтэйэннэр, аанньа ыстаабакка эрэ ыйыстыталыы охсор иһин, уу иһэн илитэн биэрэллэрин өссө сөбүлүүллэр. Ол иһин эдэрдэри тиэтэйбэккэ эрэ аһылыгы үчүгэйдик ыстаан аһыырга үөрэтии наада. Аһыы олорор киһини тиэтэтии букатын табыллыбат быһыынан ааҕыллар. Ол барыта ситэ ыстамматах аһылык кини этигэр-сиинигэр куһааннык иҥэриттэн тутулуктаах. Маннык быһыыны хас биирдии киһи билэн бэйэтин олоҕор туһана сылдьара наадалаах.

Аһылык кэнниттэн балтараа чаас буолан баран ууну төһө баҕарар иһиэххэ сөп. Бу кэмҥэ аһылык куртахха буһан бүтэн салгыы оһоҕоско ааһа барар. Аһылыктан ыраастаммыт куртаҕы уу киирэн ас тобохторуттан өссө ыраастаан туһалыыр.

Ууну иһии сүрүн туһатынан аһыах иннинэ 10 эбэтэр 15 мүнүүтэ иннинэ истэххэ уу киирэн куртаҕы ыраастаан, үчүгэйдик ыстаммыт, мэлиллибит, силинэн буккуллубут саҥа аһылык куртахха киирэн буһарыгар атын туох да тобохтор мэһэйдээбэттэрин үөскэтэр.

Yлэҕэ-хамнаска сылдьар киһи аһыыр кэми көтүтэн кэбиһэрэ элбэх. Биир кэмҥэ аһыырга үөрэммит куртах симэһиннэрин эмиэ биир кэмҥэ таһааран, бэлэмнэнэр. Кураанах куртахха аҥардас ас буһарар симэһиннэр мунньустуулара туох да үчүгэйи аҕалбат. Ол иһин аһылык кэмэ кэлиитигэр сөп буолар ууну иһэн куртаҕы хайаан да ыраастыыр, сайгыыр наада.

Былыргыны кэпсээтэхтэринэ саха ыала киэһэ эттэрин сиэхтэрин иннинэ чэйдэрин иһэллэрин туһунан этэллэр. Ол аата, «Утахтарын ханнараары» чэйи эрдэ, иҥэмтэлээх Аһылыгы аһыахтарын иннинэ иһэллэр. Саха дьонун бу билиилэрэ аһылык саҥалыы үөрэҕэр эмиэ сөп түбэһэр.

Айылҕаҕа уу элбэх. Саха сиригэр уу үрэхтэргэ, өрүстэргэ уонна күөллэргэ мунньустар. Сахалар ууну мунньустар сирдэринэн арааран тус-туспатык ааттыыллар. Күөл уута, өрүс уута, муора уута, ардах уута, муус уута, ону тэҥэ киһи эрэ иһэригэр аналлаах иһэр уу диэннэргэ араа¬раллар. Ол аата, иһэр ууну саха дьоно былыр-былыргыттан туспа арааран анаан-ми¬нээн бэлэмнээн туһаналларын бэлиэтиир.

Иһэр уу киһиэхэ олус наадалаах. Киһи этин-сиинин улахан өттө, аҥарыттан лаппа ордуга - уу. Уу - киһи этин-сиинин сорҕото. Ол иһин олус ыраас ууну иһэр буолуу киһи этигэр-сиинигэр быһаччы туһаны оҥороро быһаарыллан тахсар.

Иһэр уу уонна аһылык туһунан быһаарыыны оҥоруохпут иннинэ Айылҕаҕа баар веществолар икки тус-туспа араастаахтарын билэрбит наада. Химия наукатын быһаарыытынан Сиргэ баар бары веществолар органическай уонна неорганическай диэннэргэ арахсаллар.

Айылҕаҕа үүнэр бары күөх үүнээйилэр, үөннэр уонна тыынар-тыыннаахтар эттэрэ-сииннэрэ барылара органическай веществолар диэн ааттаналлар. Ол веществолартан киһи сииригэр сөп түбэһэллэринэн бары оҕуруот астара, фрукталар уонна эт, балык, үүт, сымыыт аһылыктар эбиттэр. Ол аата, Сир неорганическай веществоларыттан үүнээйилэр Күн уотун туһананнар, уларытан органическай веществолары оҥорон таһаараллар. Үүнээйилэр почваттан иҥэринэн ылан бэйэлэрин эттэригэр-сииннэригэр уларытан туһаммыт эттиктэрэ органическай буола уларыйаллара быһаарыллар. Үүнээйилэртэн салгыы сайдыбыт тыынар-тыыннаахтар уонна дьон органическай вешестволары эрэ бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин туһатыгар туһанар кыахтаахтар.

Сир үрдүгэр баар бары органическайтан атын веществолар неорганическайдар диэҥҥэ киирсэллэр. Ол курдук киһи сииригэр туттуллар туус састаабыгар баар натрий «Быһалыы киһи этигэр-сиинигэр тиийдэҕинэ туох да туһата суох буолар»,- диир киһи олоҕун уһатыынан утумнаахтык дьарыктаммыт Америка физиотерапева П.Брэгг бэйэтин «Формула совершенства» диэн үлэтигэр. П.Брэгг киһи этигэр-сиинигэр оҕуруот астарыттан, фрукталартан эбэтэр эттэн, балыктан ылыллар натрий эрэ туһалыыр диэн быһаарар.

Былыр Кытайга улахан хоргуйуу буолбутугар хам аччык дьон буору сии сатаан баран өлөн хаалалларын П.Брэгг бэйэтэ көрбүт. Кини ханнык да неорганическай веществолар ууга да суураллыбыттара киһиэхэ туох да туһаны аҕалбаттарын бэлиэтиир. Хата туһалыахтарын оннугар киһи этигэр-сиинигэр киирэн мунньуллан хаан сүүрэр тымырдарын эркиннэрин хатырдан, кытаатыннаран кэбиһэллэр диир. Бүөргэ, үөскэ үөскүүр таастар барылара ити араас суураллыбыт туустар, минераллар мунньустуулара буолаллар диэн кини быһаарар.

Киһи этэ-сиинэ органическай диэн ааттыыр үүнээйилэртэн эбэтэр тыыннаах харамайдартан үөскээбит эттиктэри эрэ аһылыкка, бэйэтин этин-сиинин туһатыгар кыайан туһанар диэн этэр П.Брэгг.

Иһэр ууга олус элбэх минераллар сууралла сылдьаллара дьон ыарыһах буолууларын үөскэтэр. П.Брэгг улааппыт Вирджиниятыгар иһэр ууларыгар натрий, тимир уонна кальций суураллыбыттара элбэх эбит. Кини билэр дьоно уонна аймахтара бүөр ыарыытыттан эдэрдэригэр өлүтэлээбиттэр. Бу дьон бары кэриэтэ эрдэ баҕайы кырдьыбыттар, хааннарын сүүрдэр тымырдара барылара кытааппыттар, ол иһин эдэрдэригэр өлбүттэр.

Биллиилээх физиотерапев Поль Брэгг киһи дистиллированнай ууну эрэ иһэригэр сүбэлиир. (2,58). Дистиллированнай ууга тэҥнэһиэх¬тэрин сөптөөх ыраас ууларынан ардах уута уонна муус уута буолаллар. Ардах эбэтэр муус уутугар ханнык да суураллыбыт туустар, минераллар суохтарынан олус ыраас уунан ааҕыллаллар.

Оҕуруот астарын эбэтэр фрукталар соктарыгар элбэх туһалаах суураллыбыт веществолар бааллар. Олорго суураллыбыт саахар, витаминнар уонна араас элбэх бытархай элеменнэр бары кэриэтэ киһи этигэр-сиинигэр туһалаахтар.

Тиэхиникэ сайдыыта Айылҕаны киртитэн иһэр. Өрүстэр уулара ордук киртийдилэр. Элбэх суураллыбыт туустардаахтар. Үгүс карь-ердартан, шахталартан дьон доруобуйаларыгар буортулаах ыарахан металлар туустара, араас минераллар элбэхтик суураллан өрүстэргэ уонна күөллэргэ киирэллэрин тэҥэ, үгүс булкуспут веществолар ууга эмиэ элбээн иһэллэр.

Билигин үгүс саха ыаллара күөллэр уонна өрүстэр ууларын ыраастаабакка эрэ иһэргэ күһэллэллэр. Арҕааттан кэлбит ууну ыраастаабыта буолан баран иһэр кэлии дьон үөрэхтэрэ баһыйан былыргы олохтоох дьон курдук мууһу хаһаанан иһии хаалан эрэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан үөрэтэн саҥа тоҥмут күөл эбэтэр өрүс мууһа олус ыраас уу буоларын билэннэр ону уулларан иһэр уу оҥостон туһанар эбиттэр. Былыргы кэмнэргэ ыаллар бары үлэлээн-хамсаан мууһу булууска хаһаанан муус уутун сайыннары иһэллэрин куорат, улахан дэриэбинэлэр олохтоохторо умнан сылдьаллар.

60-с сыллардаахха атомнай буомбалары салгыҥҥа эһэн боруобалыы сылдьыбыттарыттан ардах уута радиациянан сутуллубут кэмнэрэ бааллара. Билигин аан дойду сайдыылаах дьоно биир тылы булунаннар уонна бобуу-хаайыы көмөтүнэн атомнай буомбалары сир үрдүгэр, салгыҥҥа, ууга боруобалаабат буолбуттара дьон Айылҕаны харыстыыр, көрөр-истэр туһугар биир сыалга түмсүүлэрэ син кыаллыан сөбүн бигэргэтэр. Атомнай буомбалары салгыҥҥа боруобалаабаттан салгын уонна уу радиациянан киэҥник сутуллаллара кэлин кэмҥэ суох буолла.

Уу киртийиитэ эмиэ икки өрүттээх: бастакытынан - суураллыбыт туустар, иккиһинэн – булкуспут, булааспыт кирдэр. Ардах уутугар муус уутун курдук ханнык да суураллыбыт туустар суохтарыттан эмиэ олус ыраас ууга киирсэр. Суураллыбыт туустара суоҕуттан үчүгэйдик сиидэлээн ыраастаатахха олус ыраас уу буолан тахсар.

Муус уута бары өттүнэн олус ыраас уу буолуоҕун арай биир эрэ мэһэйдиир. Ол радиация буолар. Радиациянан сутуллубут ууга радиацияны урут иҥэринэр ыарахан уу эттиктэрэ үөскүүллэр эбит. Тымныы күүһүрэн барыытыгар бу эттиктэр аан маҥнай тоҥоллор. Ол иһин радиация баар сиригэр тоҥмут мууска элбэх радиация мунньуллан хаалыан сөп. Дьон бары муус уутун иһэр дойдулара радиацияттан олус ыраас буолуохтааҕа итинэн быһаарыллар уонна аан бастакынан учуоттанан радиациянан киртитии букатын таһаарыллыбатаҕына табыллар.

Муора кыра арыыларыгар олорор омуктар куруук ардах уутун иһэллэр эбит. Кинилэр доруобуйалара ордук бөҕө буоларын П.Брэгг үөрэппит. Ардах уонна кокос эриэхэтин уутун эрэ иһэр кырдьаҕастар доруобуйалара эдэр дьонтон туох да итэҕэһэ суох бөҕө эбиттэрин медицинэ үөрэхтээхтэрэ эмиэ көрөн итэҕэйбиттэр.

П.Брэгг Марокко кумах куйаардаах сирдэрин олохтоохторун эмиэ чинчийбит. Бу дьон эмиэ ардах уутун эрэ иһэллэр эбит. Сахалар баттаҕы ардах эбэтэр муус уутунан сууйдахха ордук ырааһырарын уонна тупсарын бэлиэтииллэр. Дьахталлар сайын ардах уутун баттахтарын суунарга билигин да тутталлар.

Киһи этигэр-сиинигэр уу олус туһалаах. Эт-сиин үгүс өттө уу. Ол иһин киһи олус ыраас ууну иһиэхтээх диир П.Брэгг. Айылҕаҕа баар уулартан саамай ыраас уу - ардах уута, дистиллированнай уу буолар. Дистиллированнай ууга чугаһыыр ыраас ууга муус уута эмиэ киирсэр. Дириҥ уу аан маҥнай үрдүттэн тоҥоругар саамай ыраас өттө, биир да суураллыбыт тууһа суох өттө тоҥор. Ол иһин муус уута олус ыраас ууга киирсэрэ быһаарыллар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан муус уутун эрэ иһэллэр этэ. Хас биирдии ыаллар дьиэлэрин таһыгар муус угарга аналлаах умуһаҕы тутталлара. Сайыны быһа хаһааммыт муустарын умуһахтан таһааран иһиттэргэ уулларан, иһэр уу оҥорон туһаналлара. Күһүн муус тоҥон сөп соҕус халыҥнаах буолуутугар муус ылыытын үлэтэ саҕаланар. Элбэх мууһу ылан хаһаанан, дьиэлэрин таһыгар таһан кэбиһэллэр. Кыһын тымныы кэмҥэ мууһу умуһахха толору хаалаан баран сабан кэбистэхтэринэ сайыны быһа тоҥ сытар. Бэйэлэригэр сөп буоларынан умуһахтан таһааран иһиккэ уулларан, ыраастаан иһэллэр этэ.

Былыр ыраахтааҕылаах Россия кэмигэр саха дьоно олус уһун үйэлээхтэринэн биллэллэр этэ. Үйэлэрин уһунунан Кавказ омуктарын кэннилэриттэн иккис миэстэни ылалларын быһаарбыттар. Кинилэр уһун үйэлэниини ситиһэллэригэр аһыыр аһылыктара уонна иһэр уулара олус улахан оруоллаах эбиттэрин билигин умнан сылдьабыт. Ол барыта саха дьонун олохторун, аһылыктарын үөрэҕин хаалларан, атын сөп түбэспэт үөрэҕи эккирэтииттэн таҕыста. Билигин, 70-тан тахса сыл устата сэбиэскэй былааска олорон кэлэн баран саха дьонун олохторун уһуна бүтүн Россия үрдүнэн саамай кылгас буолбута биллибитин кэннэ үгүс дьон дьэ тоҕо маннык буолла диэн санааҕа түстүлэр.

Улахан дэриэбинэлэргэ уопсай дьиэлэргэ олорор дьон муус угар умуһахтара суохтарынан сайыҥҥы кэмҥэ массыынанан күөлтэн баһан аҕалыллыбыт ууну иһэргэ күһэллэллэр. Өрүстэр биэрэктэригэр олохтоохтор кэлин кэмҥэ улаханнык киртийэн эрэр өрүс уутун ханнык да эбии ыраастааһына суох иһэллэр.

Бу ыараабыт балаһыанньаны көннөрөр суолу көрдөөһүн саха дьону¬гар олус суолталаах. Саха дьонун олохторун уһуна биллэрдик кылгаабытыгар иһэр уу олус улахан оруолу ылар. Ол иһин иһэр уу хаачыстыбатыгар улахан суолтаны биэриэххэ сөп этэ. Саха сиригэр ирбэт тоҥ буор баарын таба туһаннахха, мууһу элбэхтик хаһаанан, муус уутун сылы быһа иһэргэ толору кыах баар. Муус уута ордук ыраас, эти-сиини ыраастыыр уонна биһиэхэ туһанарга ордук табыллар, бэйэ кыаҕын иһинэн баар уу буолар.

Билигин саха дьонугар иһэр уу суолтата олус улаатта. Саха дьоно төбүрүөннээн, мунньустан олорор сирдэригэр иһэр ууну быһаарыы олус суолталаах. Дьоҥҥо барыларыгар муус уутун эрэ иһэр буолуу өйдөбүлүн иҥэрии бу боппуруоска хамсааһыны таһаарыа этэ.

Дьон бары бэйэлэрин доруобуйаларын туһугар аан бастаан бэйэлэрэ кыһанар кэмнэригэр тиийдэхтэринэ ыраас муус уутун иһэргэ үөрэниэхтэрин сөп. Сэбиэскэй былаас саҕана дьон доруобуйаларын харыстааһыны государ¬ство илиитигэр туттаран кэбиспиттэриттэн, государство сороҕор, кыах суоҕунан быһааран, кирдээх, ыраастамматах да ууну иһэллэригэр күһэйэр этэ. Иһэр уу ыраас эбитин дьоҥҥо көрдөрөөрү хайа эрэ салайааччы киһи биир эмэ ыстакаан ууну баһан ылан иһэн кэбиспитин дакаастабыл оҥостуу биһиэхэ билигин да баар суол. Биирдэ эмэтэ улахан кирдээх да ууну иһэри киһи этэ-сиинэ тулуйан, ыраастанан, билиммэтэҕинэ, оннук ууну куруук иһэр буолуу дьон доруобуйаларыгар кыайан көммөт улахан буортуну оҥорорун ситэ билбэккэ сылдьар курдукпут.

Иһэр уу боппуруоһун быһаарыы Саха сирин олохтоохторугар олус туһалаах буолуо этэ. Билигин тыа сирин олохтоохторо күөл, өрүс ууларын соччо-бачча ыраастаабакка эрэ иһэргэ күһэллэн олороллор. Киһи иһэр уута араас туустардаах буолуутун «Минеральнай уу» диэн тупсаран ааттааһын олус дэлэйдэ. Аныгы медицинэ науката суураллы¬быт туустардаах ууну иһэри аҥардастыы туһалаах эрэ өттүнэн быһаарар буолуута итиннэ олук буолан көмөлөһөр. Бу ууларга суураллыбыт туустар бары кэриэтэ неорганическай эттиктэр суурадаһыктара. Ол иһин П.Брэгг быһаарыытынан киһиэхэ букатын туһата суохтар, үөскэ, бүөргэ мунньулланнар ыарыы төрүөтэ буолаллар.

Ыраас уу, дистиллированнай уу, муус уута киһи этиттэн-сииниттэн араас туһата суох, буортулаах холбоһуктары суурайан таһаарар буолан ордук туһалаах. Онтон кирдээх, элбэх суураллыбыт туустардаах ууну истэххэ киһи этэ-сиинэ ол ууну төттөрү ыраастаан таһаарар курдук буолар эбит. Ол иһин киһи бүөрүгэр, үөһүгэр араас таастар үөскүүллэр диэн быһаарар П.Брэгг.

Ууну суураллыбыт туустартан ыраастыыр тэриллэр сыаналара да ыарахан уонна олус түргэнник киртийэннэр уларыйан биэрэн иһиэхтээхтэр. Бу тэриллэр ууга көстөр кирдэрин кыайа-хото ыраастыыллар, онтон ууга суураллыбыт туустары кыайан арааран ылбаттар, көннөрү аҕыйатар эрэ кыахтаахтар. Ол иһин күөл, өрүс, сир аннынааҕы уулары ситэ-хото ыраастаабаттар. Кыах суох диэн ааттаан ситэ ыраастамматах ууну иһэргэ күһэйэр буолуу дьон барыларын эттэрин-сииннэрин сыыйа-баайа буорту оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буоларын ситэ арааран билэ иликпит.

Ыраас, муус уутун эрэ иһэр буолуу саха дьонун уһун үйэлиэ, доруобуйаларын ордук бөҕөргөтөн үлэни-хамнаһы кыайалларыгар олук буолуо этэ. Элбэх дьон олорор сирдэригэр мууһу элбэхтик хаһаанан сайын ус¬тата иһэр уунан, муус уутунан хааччыйыы ордук туһаны аҕалыа. Сөбүгэр көмөнү оҥордоххо кыра тэрилтэлэр дэриэбинэлэргэ мууһу хаһаанан иһэр уунан хааччыйыыны бэйэлэрэ да кыайыа этилэр.

ТУУС

Сахалар тууһу олус былыргыттан билэр буолуохтарын сөп. Ол курдук «Туус» диэн тылы сахалар туттар буолбуттара ырааппыт быһыылаах. Ол эрээри саха дьоно ханнык кэмтэн ыла туус туһунан билэн, хостоон аһылыгы тупсарарга анаан тутталларын биһиги чуолкайдык билбэппит.

Ф.Ф.Захаров «Омоҕой баай» диэн былыргы кэмнээҕи олох туһунан үлэтигэр сахалар хоту сиргэ көһөн кэлиэхтэрин инниттэн ыла тууһу билэллэрин, аһылыгы тупсарарга анаан тутталларын уонна дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар атыыга, эргиэҥҥэ туһаналларын бэлиэтиир. Кини суруйарынан хоту сир олохтоохторо тууһу хостоон атыыга-эргиэҥҥэ туһаналлар эбит.

Билиҥҥи кэмҥэ туус аһылык амтанын тупсарар буолан дьон бары астарын туустаан сииргэ үөрэнэн хаалбыттар. Итини тэҥэ туус аһылык өр кэмҥэ сытыйан, буорту буолбатын хааччыйарын учуоттаан ордук элбэхтик аһы хаһаанарга туһаналлар. Куруук сибиэһэй аһылыгы сиир кыаллыбатыттан өр кэмҥэ ууруллубут, хаһааныллыбыт олус туустаах аһылыктары дьон эмиэ сииргэ күһэллэллэр.

Хайа баҕарар киһиэхэ: «Бу дьаат, маны эн сии сырыт»,- дии-дии тууһу биэрдэххэ олус улаханнык өһүргэниэн, хоргутуон сөп. Өссө тыыннаах киһиэхэ дьааты сиэтэн букатын буоратаары гыналлар дии саныаҕа. Химия үөрэҕиттэн билэр натрийбыт олус аһыы щелочь буолар. Онтон хлору ыллахха букатын күүстээх дьааттаах гаас. Бу веществолар холбоһоннор киһи сиир тууһун үөскэтэллэрин бары билэбит.

Туус – аһылык буолбатах, аһыы буолан амтаны эрэ тупсарааччы. Киһи этигэр-сиинигэр туус туох да туһаны аҕалбат диэн этээччилэр кэлин син элбээн эрэллэр. Тууска ханнык да витаминнар уонна органическай, киһи этигэр-сиинигэр туһалаах эттиктэр суохтар. Туус киһи бүөрүгэр, үөһүгэр, хабаҕар, сүрэҕэр, хаан сүүрэр тымырдарыгар олус куһаҕан сабыдыалы оҥорор диир П.Брэгг.

Туус сүрэххэ ордук куһаҕаны оҥорорун быһаарбыттар. Киһи санаатын тымырдарын эмиэ күүрдэр. Туус киһи этигэр-сиинигэр олус туһалаах кальцийи суурайан таһаарар. Киһи айаҕын аһытан силин үлэтин уларытар, булкуйар, сили убатар. Ол иһин ас буһарыытын буортулуур.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон тууһу олох да сиэбэттэр эбит. Билигин эскимостар тууһу төрүт да сиэбэттэр эрээри онтон туохтара да итэҕэстийбэттэр. Аны тууһу элбэҕи сиэтэхтэринэ дьиэ кыыллара, сибиинньэ эҥин өлөллөрө биллэр. Ол иһин дьон-аймах тууһу сииргэ үөрэниилэрэ тыһыынча сыллааҕыта олоххо сыыһа киирэн киирэн хаалбыт үгэс эбит диэн быһаарыахпытын сөп.

Дьон тоҕо тууһу сииргэ үөрэммиттэрин биохимик Бунге маннык быһаарар. Сиртэн, хонууттан натрий тууһа суураллан көҕүрээн иһиитэ үүнээйилэргэ натрий аҕыйыырыгар тириэрдибит. Ол иһин аҕыйаабыт натрийы оннугар түһэрэн биэрээрилэр дьон ити тууһу буланнар туһанар буолбуттар.

Сир үрдүгэр баар бары неорганическай эттиктэр киһи этигэр-сиинигэр быһаччы киирэн кыайан туһалаабаттар диир П.Брэгг. Киһи тууһу айаҕар угарын кытта тууһу сиэһин куһаҕана, туһата суоҕа сонно биллэр. Айахха туус киирэрин кытта олус күүскэ киһи сыраана сүүрэн бу тууһу суурайан таһаара сатыыр. Киһи ис уорганнарыттан тууһу сиэһинтэн ордук күүскэ эрэйдэнээччи бүөр буолар. Бүөр кыайан суурайан таһаарбатах туустара киһи сүһүөхтэрин уутугар мунньулланнар, сүһүөхтэр кыайан хамсаабат буолан иһэллэр. Итини тэҥэ туус киһи этигэр элбэх ууну тутарынан атах үллэн хаалыытын эмиэ үөскэтэр.

Туус киһи сүрэҕэр ордук куһаҕаны оҥороро биллибит. Ол курдук туус элбэҕиттэн киһи хаанын баттааһына үрдээһинэ уонна сүрэх түргэнник тэбиэлиирэ тутулуктааҕа быһаарыллыбыт. Уойбут дьон үксүгэр хааннарын баттааһына үрдүк буолара биллэр. Туус тыынар тыыннаахтарга уонна киһиэхэ хайаан да наада буолар диэн этиини быһаарарынан кыыллар төһө эмэ ыраах сиртэн кэлэннэр тураҥы булан сииллэрин ааҕаллар. Маннык сирдэри булан Брэгг чинчийэ сылдьыбыта киһи сиир тууһа онно суох буолар эбит. Тураҥҥа арай атын туһалаах эттиктэр баалларын кини быһаарбыт.

Ынах сүөһүгэ элбэх тууһу сиэтэллэриттэн ууну элбэхтик иһэннэр үүттэрэ элбиир. Ол эрээри бу ньыма ынах сүөһү үүтэ элбэх туустаах буоларын үөскэтэр диир Брэгг. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн олус туустаах үүтүнэн аһатыы кинилэр олус суон, этиргэн буола улааталларыгар тириэрдэр курдук. Тууһу элбэхтик сииртэн Америка дьоно сүрэхтэрэ ыалдьара элбээһинэ быһаччы сибээс¬тээх.

Киһи тириттэҕинэ көлөһүнүн кытта элбэх туус тахсар. Көлөһүн туустаах буолар. Сорох үөрэхтээхтэр бу итии кэмҥэ көлөһүнү кытта көҕүрээбит тууһу оннугар түһэрэн биэрэн иһэххэ наада диэн этэллэр. Ол иһин сорох сирдэргэ олус куйаас кэмҥэ үлэһиттэргэ аналлаах туус таблеткаларын биэрэллэрин П.Брэгг улахан сыыһанан ааҕар. Бу этиитин дакаастаары П.Брэгг Калифорнияҕа баар «Өлүү хонуутун» саамай куйаас кэмҥэ түбэһиннэрэн туоруурга былааннаммыт.

Олус куйаас, күнүскү кыраадыс 41-тэн 54-кэ диэри сылыйбыт. Бу хонуу туорааһына 48 километр. Айаннааччылар икки бөлөх буолан тус-туспа өйүөлээх айаннаабыттар. 10 эдэр спортсменнар уу, ас ылыммыттарын тэҥэ элбэх туустаах таблеткалары ылбыттар. Онтон Брэгг иһэр уу эрэ ылыммыт. Кини өссө бу туорааһын кэмигэр аһаабакка эрэ сылдьар санааламмыт.

Куйаас кэмҥэ туустаах ууну испит уолаттар бары кыайан туораабакка аара охтубуттар. Онтон Брэгг тууһа суох ууну иһэ-иһэ өссө кэлбит сиринэн төттөрү барбыт. Инньэ гынан олус куйаас да кэмҥэ киһиэхэ туус букатын да наадата суох буоларын бэйэтин холобурунан дакаастаабыт.

Аан дойду сэриитин саҕана немецтэр Африкатааҕы сэриилэрэ хотторон кумах куйаарга үтүрүллэн хаалбыттар. Кэлин англичаннарга бэриммиттэрин кэнниттэн саллааттар туруктара үчүгэйэ бэлиэтэммит. Бу кэмҥэ немецтэр туустаах таблеткалара суох буолАн тууһу букатын да сиэбэккэ сылдьыбыттар.

Наука үөрэтэн быһаарбытынан киһи үөрэннэҕинэ көлөһүнүн кытта туус тахсыбат туругар тиийэр. Ол курдук киһи этэ-сиинэ туус аҕыйаҕар үөрэнэн аны тууһу көҕүрэппэт буоларга үөрэнэр эбит.

Киһиэхэ наадыйарыгар сөптөөх натрий оҕуруот астарыгар, эккэ уонна балыкка баар буолар. Урукку кэмнэргэ сахалар, эт, балык уонна үрүҥ астарынан аһыыр эрдэхтэринэ, тууска наадыйбаттар эбит. Америка индеецтэрэ европеецтэр кэлиэхтэригэр диэри тууһу туһамматахтар. Индеецтэр эттэрэ-сииннэрэ олус доруобай, сайдыылаах эбиттэрин Ко¬лумб уонна да атын чинчийээччилэр бары таба көрөн бэлиэтээбиттэр. Кэлин ин¬деецтэр мөлтөөһүннэрэ тууһу, атын аһылыгы сииргэ уонна арыгыны иһэ үөрэниилэриттэн саҕаламмытын П.Брэгг бэлиэтиир.

Брэгг Аан дойдуну барытын кэрийэн үгүс тууһу сиэбэт омуктары көрсөн кэпсэппит. Бу дьон бары хааннарын баттааһына нуорматыгар сылдьар уонна сүрэх, бүөр ыарыыларынан ыалдьыбаттарын быһаарбыт.

Медицина науката киһи биир күҥҥэ төһө тууһу сиэн сөбүн кыайан быһаара илик. Ортотунан 0,5 эбэтэр 1 грамм тууһу сиэххэ сөп диил-лэр. Итиччэ тууһу киһи этэ-сиинэ суурайан таһаарар кыахтаах эбит. Билигин Америка дьоно ортотунан ити нуорманы 15 эбэтэр 30 төгүл аһара элбэх тууһу сииллэр.

Кэлин кэмҥэ аһыыр ас барыта аһара элбэх туустаах буолла. Тууһаммыт оҕуруот астара, ветчиналар, бэконнар, тушонкалар, балыктар, сибиинньэ сыалара бары аһара туустаахтар.

«Киһи олоҕун уһатыан баҕарар буоллаҕына, кылгаппата ордук буолуо этэ»,- диир П.Брэгг. Кини быһаарыытынан киһи Айылҕаттан бэриллибит олоҕун уһуна 120 сылтан ордук буолуохтаах. Дьон үйэлэрэ сити кэмҥэ кыайан тиийбэтин үгүс өттө тугу аһыылларыттан уонна хайдах олороллоруттан эрэ тутулуктаах диэн быһаарар П.Брэгг.

П.Брэгг биэс уонтан тахса сыл устата аһаабакка сылдьыыны үөрэппит. Кини түөрт хонукка аһаабакка сырыттахха эккэ-сииҥҥэ мунньуллубут ордук туустар тахсаллар диэн этэр. Бу түөрт хонук устата кини аҥардастыы дистиллированнай эбэтэр муус уутун эрэ иһэн сылдьар. Аһаабакка сылдьар кэмҥэ ууну төһөнү баҕарар, сөп буоларынан иһэ сылдьыахха наада диэн кини сүбэлиир.

Киһи иһиттэн туустар иигин, көлөһүнүн кытта тахсаллар. Туустар суураллан таҕыстахтарына киһи бүөрэ ордук ыраастанар. Аһаабакка сылдьан эти-сиини ыраастаныы кэнниттэн тууһу букатын да сиэбэтэххэ доруобуйа тупсуон эрэ сөп.

Аһаабакка сылдьыы кэмигэр киһи ас буһарарыгар туттар эньиэргийэ¬тин этин-сиинин ыраастыырга туһанар диир П.Брэгг. Аһаабакка сыл¬дьыы кэнниттэн эт-сиин араас туустартан эҥин ыраастанан киһи эдэригэр түһэр кыахтанар.

Киһи этигэр-сиинигэр сөп түбэһэр аһылыгы аһааһын эт-сиин ыраас буолуутун хааччыйар. Аһыыр остуолга туус турар буоларын Брэгг отой сөбүлээбэт. Кини этэринэн сиргэ үүнэр астар бэйэлэрэ сөп буолар туустаахтар.

Билигин ханнык баҕарар аһылыкка туус кыра да буоллар баар. Ол туустары таһааран иһэр наадаҕа хас нэдиэлэ аайы биирдии күн аһаа¬бакка сылдьыахха сөп. П.Брэгг үйэтин тухары тууһу сиэбэккэ сылдьы¬быт. Ас амтанын тупсарар наадаҕа Айылҕа аһыы үүнээйилэрин, луугу, чесногу эҥин туһанарга кини ыҥырар. Kиһи олоҕо бэйэтиттэн, кини өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Ханнык аһылыгы сиири быһаарыыга үөрэх-билии көмөтүнэн сайдыбыт, элбэхтик эрчийииттэн күүһүрбүт өй-санаа бастаан, салайан иһэрэ ордук буолуо этэ. Минньигэс эрэ буолбакка, эккэ-сииҥҥэ ордук туһалаах аһылыгы сиир буоллахха доруобуйа тупсан кырдьык даҕаны уһуннук олорору ситиһиэххэ сөп.

ЭТ - СИИН уонна ӨЙ – САНАА

Былыргы кэмҥэ сахалар улахан күүстээх хомуһуннаах ойууннара кут-сүр үөрэҕинэн, киһи өйүн-санаатын үөрэтиинэн утумнаахтык дьа¬рыктаммыт эбиттэр. Олус дириҥник хасыһан уонна гипноһу туһанан үөрэтэннэр киһи өйө-санаата, куттара уонна этэ-сиинэ тус--туспаларын арааран билбиттэр. Кинилэр киһи кутун уонна сүрүн үөрэ¬тиилэрин салгыы сайыннараннар киһи өйүн-санаатын үс аҥы, үс кукка эмиэ араарбыттар.

Биһиги бу үлэбитигэр аҥардастыы киһи этин-сиинин туспа арааран үөрэтиэхпит. Ол иһин бу эт-сиин диэн өйдөбүлгэ киһи ханнык чаастара киирсэр эбиттэрин быһаарыахпыт.

Сахалар киһи этин-сиинин хаһан баарар өйүттэн-санаатыттан туспа буоларын бэлиэтээн этэллэр. Ол иһин киһи этин-сиинин баҕа санааларын быстах баҕа санаалар диэн арааран ааттыыллар. Киһи этэ-сиинэ дьиҥнээх биологическай төрүтэ буолар. Бу этин-сиинин киһи төрөппүттэриттэн, аймахтарыттан быһаччы утумнуур. Эт-сиин Сир үрдүгэр баар Айылҕа эттиктэриттэн хомуллар уонна утумнаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салгыы бэриллэн иһэр. Итини тэҥэ киһи этин-сиинин үгүс өттө, 70 бырыһыаныгар тиийэ уу, биһиги аһы-лыкпытыгар иһэр уубут буолар. Айылаҕа туох баар барыта эргийэн, уларыйан биэрэн иһэринэн эт-сиин бары эттиктэрэ эмиэ уларыйан, эргийэн биэрэн иһэллэрэ эрэйиллэр. Киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ ийэ буо¬ругар төннөн салгыы атын көрүҥҥэ кубулуйуута хааччахтаммата ордук этэ.

Киһи тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата кэнэҕэски көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрин кини оҕолоро, сиэннэрэ тас көрүҥнэринэн төрөппүттэригэр ханан эмэ маарынныыллара чуолкайдык быһаарар. Ити тас көрүҥ бэриллэн иһиитэ барыта Айылҕа биэрбитинэн, эт-сиин утумнаан иһиитинэн быһаарыллара сөбүн бэлиэтиир. Онон, киһи этин-сиинин оҥоһуу¬лара кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар утумнаан, быһаччы бэриллэн иһэллэр.

Эт-сиин утумнаан төрөппүттэриттэн оҕолоругар бэриллэн иһэрэ оҕо хайа эрэ төрөппүтүгэр эбэтэр чугас аймаҕар тас көрүҥэ маарынныырынан быһаарыллар. Оҕо этэ-сиинэ маарыннааһына төрөппүттэрин өйдөрө-санаалара оҕолорун өйүгэр-санаатыгар эмиэ быһаччы бэриллэрэ буолуо диэн санааны сорох дьоҥҥо олохсуппут. Кэнники кэмҥэ төһө эмэ үөрэх-билии сайдыбытын үрдүнэн ити санаа кыайан хаала илик.

Киһи киһиэхэ маарынныыра билиҥҥи, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон өйдөрүгэр атыннык киириэн сөп этэ. Өй-санаа сайдан үрдүк таһымҥа тахсыбытынан кут-сүр үөрэҕэ эмиэ сайдан киһи кэлэр көлүөнэлэригэр этин-сиинин оҥоһуутун кытта бэйэтин буор кутун сорохторун эрэ биэрэр, онтон ийэ кута иитиллэр, салгын кутун өйүн-санаатын барытын үөрэтии көмөтүнэн иҥэринэр диэн өйдөбүл бастаан иһиэн сөп этэ. Ол аата, оҕо саҥалыы өйү-санааны иитиллэн уонна үөрэтиллэн эрэ ситиһэр кыахтаах диэни билэр кэммит кэлбит буолуон сөп.

Саха дьонугар төрүт-уус ыаллар диэн өйдөбүл баар. Хас эмэ, элбэх көлүөнэ үлэһит дьон маннык төрүт ыал диэн өйдөбүлү үөскэтэл-лэр. Бу өйдөбүл үтүө, үлэһит ыаллар оҕолоро, ол оҕолорун оҕолоро эмиэ кинилэр курдук өйдөөх-санаалаах, үлэһит киһи буола улаатыахтааҕын быһаарар. Бу быһаарыы үлэҕэ-хамнаска, хамсаныыга быһаччы сыһыан¬наах буолан, илиилэринэн үлэлээбэт баай дьоҥҥо букатын сыһыана суох. Бу этии, киһи үйэтин тухары үлэлээн-хамсаан, этин-сиинин хамсатан олус уһун кэмҥэ буор куту үөскэтэн, сайыннарарын быһаарар. Бу үөскээбит буор кут киһи мэйиитигэр дириҥник иҥнэҕинэ, мэйиигэ, эккэ-сииҥҥэ бэйэтигэр сөптөөх уларыйыылары үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэр кыахтаныыта, ити төрүт ыал диэн өйдөбүлүнэн бэриллэр.

Буор кут дьайыытыттан төрүт уус киһи оҕото уһаныынан дьарыктаннаҕына этэ-сиинэ хамсаныыларга үөрүйэҕэ таайан, дьоҕура арыллан бу үлэни сотору кэминэн толору баһылыыр кыахтанар.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһиэхэ буор кут араас хамсаныылартан үөскүүрүн быһаарар. Олус үгүстүк хатыланар хамсаныылары элбэхтэ хатылаатахха үгэс буолбут хамсаныылар үөскүүллэр. Бу үгэс буолбут хамсаныылар киһи этигэр-сиинигэр иҥнэхтэринэ буор кут диэн ааттаналлар уонна үөрүйэх буолууну үөскэтэллэр. Буор кут олус уһун кэмҥэ, хас да көлүөнэ устата үөскүөҕүн сөп. Билигин дьон үксэ үөрэх-билии олус түргэнник ситиһиллэриттэн, былыргыттан үөрэхтээх, элбэх өйдөөх киһи оҕото эмиэ өйдөөх буолуохтаах дии саныы үөрэммиттэрин кыайан хаалларбаттар. Yөрэҕинэн, салгын кутунан бэриллэр үөрэх-билии өйө-санаата кыра оҕоҕо быһаччы бэриллэрин биллэрэр холобурдар дьон олоҕор суохтар диэххэ сөп.

Өйдөөх дьон оҕолоро төрөппүттэрин курдук өйдөөх-санаалаах буола улааталлара аҕыйаын сахалар быһааран биэрэр этиилэринэн «Бил баһыттан сытыйар» диэн этии баар. Бу этии элбэх билиилээх бас-көс, салайааччы дьон элбэх баайы-малы мунньуннахтарына өйдөрө-санаалара куһаҕан өттүгэр уларыйарыттан оҕолорун өйдөрө-санаалара мөлтөөн, сытыйан барарын чаҕылхайдык быһаарар этии буо¬лар. Ол аата, быстахтык байбыт дьон бэйэлэрэ оҕо эрдэхтэринээҕилэрин таһы-быһа умнан, оҕолорун сымнаастык, баайдык, тоттук иитиилэрэ, атаах буола улааталларын үөскэтэн, бэйэлэригэр тиийбэт өйдөөх-санаалаах дьону иитэн улаатыннараллар.

Биһиги санаабытыгар саҥа үөскээн, үүнэн иһэр оҕо мэйиитэ кураа¬нах буолуон сөп. Төрүөҕүттэн улахан киһи курдук өйдөөх оҕо баара биллибэт. Арай аҕыйах буор кут өйдөбүллэрэ эрэ иҥэн сылдьаллара улаатан дьарыктаннаҕына эрэ биллэллэр. Бу өйдөбүллэр оҕо улаатан араас хамсаныылары оҥороругар көмөлөһөн биэрэр кыахтаахтарын маннык холобур быһаарар. Уол улаатан истэҕин аайытын нүксүҥнээн хаамара аҕатыгар маарынныыр буолан иһиитэ улаатар эбэтэр уус киһи оҕото уһанан истэҕинэ тутара-хабара сыһыамаҕа биллэр. Оҕо улаатан мэйиитэ сайдан ис¬тэҕинэ буор кут дьайыыта эбиллэн биэрэн иһэр.

Кыра оҕо мэйиитэ ырытар, быһаарар кыаҕа суоҕа биллэр. Ол барыта мэйиигэ мунньуллан иһэр өй-санаа олох аҕыйаҕыттан эбэтэр суоҕуттан буолуон сөп. Итинник быһаарыы дакаастабыла кырдьаҕас киһи өйө-санаата, ырытар, сыаналыыр, быһаарар дьоҕура өй үлэтинэн дьарыктанан истэҕин аайытын эбиллэн иһэригэр олоҕурар. Төһө элбэх өй-санаа киһи мэйиитигэр киирэн мунньуллан иһэр дааны соччонон мэйии тэҥнээн көрөр, быһаарар күүһэ эбиллэн иһэрин киһи барыта билэр.

Киһи этэ-сиинэ өйүн-санаатын кытта биир биллэр тутулуктаах. Ол тутулугунан киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыы буолар. Киһи этин-сиинин ханнык эмэ өттүн туохха эмэ дэҥнээтэҕинэ эбэтэр эт-сиин бэйэтэ туох эмэ буоллаҕына онно ыарыы үөскээн өйүгэр-санаатыгар тиийэр. Киһи өйө-санаата бу үөскээбит ыарыыны суох оҥорор санааҕа түһэр, хайдах эмэ хамсанан дуу, хайаан дуу бу ыарыыны суох оҥоро сатааһынынан дьарыктаммытынан барар.

Итинник туспа сибээс, тутулук баара эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспаларын өссө төгүл бигэргэтэр бэлиэнэн буолар. Өй-санаа эттэн-сиинтэн араҕыстаҕына киһи этэ ыарыыны билбэт турукка киирэр. Ыарыылартан көмүскэнэр кыаҕа сүтэр. Итини тэҥэ киһи бэйэтин өйүн-санаатын, салгын кутун күүһүнэн ханнык баҕарар ыарыыны тулуйан, кыччатан кэбиһэр кыахтанара эмиэ биллэр. Былыргы күүстээх ойууннар эттэрин ханан баҕарар быһаҕынан дуу, анньыынан дуу анньынан баран эмтээн, оһорон кэбиһэллэрин элбэх кэпсээннэртэн билэбит.

Онон, киһи этэ-сиинэ өйүттэн-санаатыттан туспа көрүҥ буолар. Эт-сиин өйө-санаата суох бэйэтэ туспа сайдан барыан сөп. Бу быһаарыыны улахан да кыыллар өйдөрө-санаалара аҕыйах буолуута уонна букатын да өйдөрө суох дьон эмиэ бааллара халбаҥнаабат гына дакаастыыр.

Биир хааннаах, чугас аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир оҥоһуулаахтар. Бу быһаарыыны медицина науката билэн билигин туһана сылдьаллар. Эт-хаан сөп түбэһиитин таба туһанан киһи чаастарын саппаас чаас оҥостон атастаһан биэриигэ киэҥник туттар буолан эрэллэр.

Аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир тутулуктааҕын былыргы сахалар билэллэрин чопчу этиилэрэ бигэргэтэллэр. Ол курдук аһара кырдьыбыт киһи бэйэтин эдэр аймахтарын доруобуйаларын баттыырын кырдьаҕастар билэллэр. Кырдьаҕас киһи өллөҕүнэ, эдэр ыарыһах аймаҕа арыычча буолан тупсан хааларын сахалар былыргыттан бэлиэтии көрбүттэр.

Саас халтараан суолга массыына абаарыйатыгар түбэһэн эдэр кыыс улаханнык оһоллонон, хаста да эппэрээсийэлэнэн мөлтөх туруктаах балыыһаҕа сыттаҕына, аата көрсө киирэн иһэн соһуччу, астмата көбөн өлөн хаалар. Ыарахан туруктаах кыыс сайын үтүөрэн, күһүнүгэр ыраах сиргэ кэргэн тахсан, ыал мааны ийэтигэр кубулуйар.

Кырдьаҕас эбэ ыалдьа сыттаҕына кыыһа абаарыйаҕа түбэһэн өлөн хаалар. Бэйэтэ иэдэйэ сытар эмээхсин сотору үтүөрэн сиэннэрин көрөн-харайан улаатыннартыыр кыахтанар.

Хаан аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ биир оҥоһуулаах буолара хас да көлүөнэ дьоҥҥо тарҕанан иһэр ыарыы оҕолоругар эмиэ баар буоларынан өссө дакаастанар. Ыарыы буор кукка кубулуйан киһи мэйиитин бэйэтигэр сөп гына оҥостон уларытыытыттан итинник салгыы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр кыахтанар.

Өйүнэн-санаанан салайтаран хас да көлүөнэ устата биир дьарыгынан дьарыктаныы дьоҥҥо буор кут буолан ууруллан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитин суола итинник салҕанан иһэр. Ол аата уһана үөрүйэх буолуу буор куту үөскэтэн хас эмэ көлүөнэ дьоҥҥо барыларыгар тарҕанар кыахтаах. Саха дьоно ити иһин былыргы уус төрүттэринэн киэн тутталлар. Биир аймах дьону буор куттара холбуу ситимниир.

Эт-сиин тутаах көрдөбүлүнэн аһылык буолар. Киһи тыыннаах сылдьаары аһылыкка наадыйар. Экономика сайдан иһиититтэн киһи сиир минньигэс аһылыктара элбээбиттэрин сиэн баҕарара эмиэ эбиллэр. Аһылык тупсан иһиититтэн киһи элбэҕи аһыыра кырдьык да эбиллэр. Эт-сиин аһыырга-сииргэ көрдөбүллэрин өй-санаа утарыласпакка толорон истэҕинэ, олус элбэҕи аһааһын кэнниттэн эт-сиин эбиллэн, уойуу буолан барар. Бэйэтин улаханнык, үрдүктүк сананар өйө-санаата иһэ улаатарын тэҥэ улаатан иһэр.

Эмис киһи бэйэмсэх, бэйэтин уратытын, эмиһин харыстыыр. Этин-сиинин көрдөбүллэрэ өйүн-санаатын сыыйа баһыйан бараллар. Бары ылынар быһаарыылара этигэр-сиинигэр туһалаах эрэ буоллахтарына табыллар, санаата оччоҕуна көнөр.

Аһылыгы аһааһын диэн эмис киһиэхэ баар-суох бырааһынньыга, этин-сиинин баҕа санаатын туолуута, дьоллонуута буолар. Эмис киһи аһыан баҕата ураты күүһүрэр.

Уойбут киһи көрүҥэ мөлтөөн, кыаҕа кыччаан барыытыттан өй-санаа санааргыыр, хайдах эрэ аһыыр аһылыгы аҕыйатан, аҕыйаҕы аһааһыҥҥа, диетаҕа киллэриэн баара саныыр буолар. Эт-сиин көрдөбүлүн кытта өй-санаа сөбүлэспэт быһыыта үөскүүр. Бу утарыта турсууга хайалара кыайара өссө биллибэт, киһи өйө-санаата бөҕө, тулуурдаах буолан, эт-сиин баҕатын кыайан, сабырыйан бардаына киһи диетатын тутуһан, этин-сиинин көннөрөрө, тупсарара быһаарыллар. Онтон эт-сиин баҕата кыайдаҕына киһи элбэҕи аһыырыттан кыайан босхоломмокко өссө эбии уойан иһэригэр тиийэр. Ити курдук эт-сиин уонна киһи киһилии өйө-санаата куруук ута¬рыта турсар, сөп түбэспэт өйдөөхтөр-санаалаахтар.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата утарыта турар санаалаахтарын киһини үөрэтэр үөрэхтээхтэр эмиэ бигэргэтэн эрэллэр. Биллиилээх физиотерапевт Поль Брэгг киһи улахан тулуурданнаҕына эрэ этин-сиинин көрдөбүллэрин сатаан салайар буола үөрэнэрин быһаарар. (2,53). Ол аата, киһи аҕыйаҕы аһыыры эбэтэр аһаабакка сылдьары кыайан тулуйарга үөрэниитэ өйө-санаата бөҕөтүн, тулуура элбэҕин быһаарар биир сүрүн бэлиэ буолар.

Киһи уһун олоҕун тухары бэйэтин ис, быстах санааларын кытары охсуһара элбэх. Этин-сиинин быстах баҕа санааларын тулуурдаах буолан кыайдаҕына эрэ, киһи өйө-санаата салгыы сайдыытын ситиһэр, киһи буолар, киһилии быһыыланар кыахтанар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан эт-сиин көрдөбүллэрин быстах баҕа санаанан ааттыыллар. Киһи олоҕор быстах баҕа санаалара ылар оруоллара быдан намыһахтар, кыратык сыаналанар көрдөбүллэргэ киирсэллэр. Ол аата, киһи олоҕор өй-санаа көрдөбүллэрэ быдан үрдүктүк сыаналаналлар, ордук туһалаахтара, ыраахха тиийэ дьайаллара быһаарыллар. Киһи өйүн-санаатын күүһүнэн саҥаны арыйыылары, үрүҥ айыыны оҥорон олох инники диэки сайдыытын үөскэтэр. Өй-санаа сайдан, тупсан, күүһүрэн иһиитэ быстах баҕа санаалары кыайа-хото тутан салайыыга, ол аата киһи буолууну ситиһэн, киһилии быһыыланарга тириэрдэр.

Саха дьоно оҕолоро улаатан өйө-санаата эбиллэн киһи быһыылаах киһи буоларын ситиһэ сатыыллар. Бу үөрэх сүрүн, төрүт өйдөбүлэ – киһи буолуу диэн ааттанар. Ол аата, киһи буолууну ситиһиигэ быстах баҕа санаалары сатаан кыана туттар буолуу эбэтэр олору салайыы быһаччы киирсэр эбиттэр. Киһи бэйэтин этин-сиинин көрдөбүллэрин кыайан салайар, өй-санаа көрдөбүллэринэн салайтаран олоҕун оҥостор буолуута сахалыы – киһи буолуу диэн ааттанар.

П.Брэгг киһи этин-сиинин көрдөбүллэрэ өйүн-санаатын быһаарыыларыгар сөп түбэспэттэрин ырытар. Кини бэйэтэ олус өр кэмҥэ дьарыктанан этин-сиинин эрчийэн, этэ-сиинэ өйүн-санаатын көрдөбүллэрин халбаҥнаабакка толороругар үөрэппит. Бу үөрэтиитин түмүгүнэн кини хас баҕарар хонукка аһаабакка эрэ сылдьар, бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр туһалаах астары эрэ сөбүлээн көрөн аһыыр уонна араас эрчиллиилэри утумнаахтык оҥоро сылдьар кыахтаммыт.

Элбэх аһылык киһи этигэр-сиинигэр куһаҕаны эрэ аҕаларын үөрэхтээхтэр бары бэлиэтииллэр, элбэҕи аһыыр буолуу киһи үйэтин биллэрдик кылгатар диэн ааҕаллар. Былыргы кэмнэргэ саха дьоно бары кэриэтэ ас-үөл аҕыйах, татым кэмигэр олороннор элбэх аһылык буортуну оҥорорун туһунан туспа үөрэҕи кыайан сайыннарбатахтар. Аһылыктан туттунуу үөрэҕин, араас постары кэлии православнай таҥара дьиэтэ киллэрэ сатаабыта да хата кыаллыбатаҕа. Сахаларга араас постары киллэрэ сатааһын ити таҥараны букатын итэҕэйбэттэрин үөскэппитэ. Саха дьоно үйэлэрин тухары аһаан кэлбит эт, балык аһылыктарын аһаабакка ыҥырар православнай таҥараны олох сөбүлээбэтэхтэр, букатын ылымматахтар.

Ол да буоллар бары таҥара үөрэхтэрэ аһылыктан туттунарга ыҥырыылара дьон уһун кэмнээх олохторун үөрэҕэ буолар. Экономикаҕа сайдыыны ситиһэн аһыыр аһылыктара дэлэйбит дойдулар олохтоохторо элбэҕи аһаан кэбиһэллэриттэн үгүстүк уойан ыалдьалларын иһин таҥараларын үөрэҕэ кинилэр доруобуйаларын харыстыы сатыыр. Бу үөрэх олус уһун кэмҥэ чочуллан элбэх көлүөнэ дьон олохторунан бигэргэтиллэн, туһалааҕа дакаастанан турар. Дьон бары араас минньигэс аһылык дэлэччи баар буоллаҕына, быстах баҕа санааларын, эттэрин-сииннэрин көрдөбүлүн, элбэхтик аһыыр баҕаларын кыана тутталлара олус ыараханынан, көмөлөһөөрү, доруобуйаларын тупсараары, итинник үөрэх баар буолбут.

Өй-санаа киһи этин-сиинин көрдөбүллэрин тулуйан, кыайа тутан салайдаҕына эрэ киһи аһаабакка сылдьар кыахтаах. Өйү-санааны улахан тулуурдаах буолууга үөрэтиини биһиги сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэр быһаарбыппыт. Киһи өйүн-санаатын уонна этин-сиинин көр-дөбүллэрин үөрэппит арҕааҥҥы омук үөрэхтээҕин көрүүлэрин кытта биһиги сахалар кут-сүр үөрэхпит быһаарыылара сөп түбэһиилэрэ, биһиги үөрэхпит дириҥ төрүттээҕин бигэргэтэллэр.

Киһи Айылҕаттан тутулуктаах эттээх-сииннээх буолан тыыннаах сылдьар. П.Брэгг эт-сиин өйүн-санаатын таһыма намыһах буолан аҥардастыы бэйэтигэр эрэ туһалааҕы оҥорор, ол туһугар ордук кыһанар диэн быһаарар. Онтон сахалар киһи быстах баҕа санаалара бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр эрэ туһалыылларын билэллэр. Аһылык аан маҥнай эккэ-сииҥҥэ туһалыыр, онтон эккэ-сииҥҥэ иҥмитин кэнниттэн биирдэ эрэ өйгө-санааҕа дьайыыта саҕаланар.

Элбэх аһылык буһуута киһи үгүс эньиэргийэтэ ороскуоттанарын таһаарар. Тото аһаабыт киһи сытан эрэ ол аһын буһара сытыан баҕата элбэх буолар. Ол курдук тото аһаан баран дьэ үөрэҕинэн дьарыктанаары оҥостубут студент сотору утуйа сытар буолан хаалар. Элбэх аһылыгы буһарарыгар этэ-сиинэ сылайан утуктаабытынан барара тугу да кыайан быһаарбатыгар, аахпытын соччо өйдөөбөтүгэр тириэрдэр.

Уруогу үөрэтии киһи аччык эрдэҕинэ ордук табылларын, өйгө түһэн хатанара элбэҕин үөрэнэ сылдьыбыт дьон бары билэллэр. Ол иһин сарсыарда үөрэҕи үөрэтии ордук тиийимтиэтин бэлиэ¬тиир этии: «Сарсыарда өй сытыы буолар»,- диэн үөскээбит. Киһи иһинээҕи эньиэргийэтэ ону-маны саныырыгар, ырытарыгар мэйиитигэр мунньус¬тара мэйии ордук күүскэ үлэлиирин хааччыйар. «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, онтон хойутаабыт хараҕын хастар»,- диэн өс хоһооно сарсыарда эрдэ туруу үлэ-хамнас ордук табылларын, элбэх туһаны аҕаларын быһаарар.

Тугу эмэ туһалааҕы элбэҕи үлэлиэн, оҥоро, тута охсуон баҕарар киһи сарсыарда аһаабакка эрэ үлэтин саҕалыыра ордук таһаарыылаах буолуон сөп. Оччоҕуна киһи өйө-санаата уонна этин-сиинин эньиэрги¬йэтэ атын туохха да аралдьыйаллара суох буолан, бииргэ кыттыһан үлэ эрэ туһугар кыһаныылара үөскээн ордук туһалааҕы оҥороллор.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи тутулун быһаарыытынан киһи этэ-сиинэ өйүттэн-санаатыттан, куттарыттан туспа көрүҥ буолар. Эт-сиин ханнык да быһаарар өйө-санаата суох, бары баҕата бэйэтин эрэ туһатыгар, бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэнинэн бүтэр. Аһыаҕын-сиэҕин эт-сиин олуһун баҕарар, тыыннаах буолуу аһыырга эмиэ күһэйэр. Эт-сиин араас амтаны арааран билэрэ ордук минньигэһи уонна элбэҕи сииргэ кыһаныытын үөскэтэр. Итинник баҕа санаа дьоҥҥо барыларыгар баарын ким да мэлдьэспэт, бары билэр суоллара. Аһыыр-сиир баҕа санаа аһара баран хаалыыта иҥсэ, онтон топпот, туолбат быһыы обот диэн ааттаналлар.

Киһиэхэ аһары аһаабат буолууну үөрэх-билии, өй-санаа киллэрэн, эти-сиини үөрэтэ, тутуһуннара сатыыр. Киһи уһун үйэтин тухары аһыыр-сиир баҕа санаатын кытта аҕыйахтык аһыахха диэн үөрэх-билии өйө-санаата этэрин тутуһар санаалара охсуһан, быһаарсан тахсаллар.

Бу охсуһуу эдэр эрдэххэ ситэ кыаттарымыан да сөп. Ол барыта үүнэн-сайдан, улаатан иһэр эт-сиин көрдөбүлэ аһылыкка ордук улаханынан быһаарыллар. Бу кэмҥэ аһылыкка хааччахтыы сатааһын оҕо этэ-сиинэ улаатарыгар эмиэ сөп түбэспэт. Оҕо улаатан истэҕинэ этэ-сиинэ аһылыкка наадыйарын тулуйара, аһаабакка сылдьара ордук ыарахан. Эдэр эрдэхтэринэ аһаабакка сылдьары тулуйа үөрэммит дьон ордук тулуурдаах, дьулуурдаах буола улааталлар.

Киһи сааһыран, кырдьа баран истэҕинэ этин-сиинин аһыырга-сииргэ баҕатын кыайар кыаҕа улаатар. Бу кэмҥэ эт-сиин үүнэн, улаатан биэрэрэ суох буолан, аһылыкка быһаччы көрдөбүлэ аҕыйаан биэрэринэн киһи өйө-санаата кыайар кыаҕа улаатан биэрэр. Онуоха эбии киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата, билиитэ ордук дириҥээн, чиҥээн, бөҕөргөөн биэриитэ аһылыктан туттунууга кыайыыны ситиһэригэр тириэрдиэн сөп.

Онон, киһи олоҕун биир сыалынан этин-сиинин быстах, аһыырга-сииргэ баҕа санаатын, өйүн-санаатын сайыннаран, күүһүрдэн, баһыйа тутан салайан киһилии майгыга, киһилии быһыыга үөрэтэн биэрэри ситиһиэхтээх. Ол аата аһара аһаабаты ситиһии өй-санаа сайдыбытын, киһи буолууну ситиспитин бэлиэтэ буолар.

АЧЧЫКТААН БАРАН АҺЫАХХА

Аччык киһи өйө-санаата үчүгэйдик үлэлиир диэн этэр П.Брэгг. Киһи кырдьан истэҕинэ утуйара аҕыйаан, сарсыарда эрдэ уһуктар буолан иһэр. Сарсыарда эрдэ уһуктан баран бары дьыалаларын сыымайдаан ырытан көрдөҕүнэ, сөптөөх быһаарыыны ылынарыгар олук ууруллар. Сарсыардааҥы кэмҥэ киһи өйө «Сытыы буолар» дииллэр сахалар.

«Аччыктаабыт киһиэхэ ас иҥимтиэ» диир этэ эбэбит Лөкүө. Кини уһун үйэтин тухары элбэх дьону аһатан ас хаһан ордук туһалаах буоларын былыр үйэҕэ быһаарбыт. Киһи үлэлээн-хамсаан элбэх эньиэргийэтин ороскуоттаатаҕына, эргэ аһылык тобохторуттан этэ-сиинэ ырааһырар, саҥа аһылык киирдэҕинэ иҥэмтэлээхтик иҥэринэр кыахтанар.

«Аһы сирэ-сирэ аһаама»,- диэн эбэбит Лөкүө эмиэ этээччи. Сирэ-сирэ, абааһы көрө-көрө аһаатахха ас ситэ иҥмэт, ол иһин киһиэхэ туһата аҕыйыыр. Ити барыта киһи бэйэтин санаатынан иһэ-үөһэ хайдах үлэлииригэр хамаанда биэрэрин быһаарар. Ханнык да аһы сөбүлээн, туһалааҕын билинэн аһаатахха, иҥэмтэтэ ордук эбиллэр. Ол аата, аһыах иннинэ чуумпуран, олоро түһэн аһылыгы туһалаах өттүн булан хайҕаан, алҕаан баран аһаатахха киһи ас буһарар уорганнарын үлэлэрэ тупсан аһылык ордук иҥэмтэлээх буолар.

Аһылыгы алҕааһыны маннык көрүҥнээхтик оҥордоххо киһи иһэ-үөһэ эрдэттэн аһылык киирэригэр бэлэмнэнэн, ордук күүскэ үлэлээн аһылыгы иҥэмтэлээхтик иҥэринэригэр олук ууруллар:

Этим-сииним сылайда,

Өйүм-санаам сыппаата,

Аччыктаатым.

Иҥэмтэлээх аһылык,

Испэр-үөспэр киирэҥҥин,

Күүскэ-уохха кубулуй.

Аһылыгы алҕааһыҥҥа кыра да буоллар бэлэмнэммит аһылыгы хайҕааһын, сөбүлүү көрүү эмиэ киирсэр. Итиннэ эбии ас-үөл көрүҥэ уонна сытын-сымарын дьайыыта киһи иһэ-үөһэ аһылыкка эрдэттэн бэлэмнэнэригэр эмиэ көмөлөһөллөр.

П.Брэгг киһи киэһэ аһаабытын түүн устата иҥэринэн элбэх эньиэргийэни мунньунан, этэ-сиинэ сынньанан уһуктар диэн ааҕар. Бэйэтэ сарсыарда утуйан туран баран аһаабакка эрэ сылдьар, элбэхтик хаамар, үлэлиир. Эбиэккэ диэри биир эмэ оҕуруот аһын эрэ сиир. Биллэрдик аччыктаан баран эбиэккэ биирдэ аһыыр. Киэһэ аһылыгын тото-хана аһыыр. Утуйарын чугаһыгар биир эмэ оҕуруот аһын сиэн кэбиһэр.

Күн устата ууну элбэхтик, сөп буоларынан иһэ сылдьар. Ол эрээри ууну аһылыктар икки ардыларыгар эрэ иһэр. Ол аата, аһылык кэнниттэн балтараа чаас буолан баран биирдэ ууну иһэр. Кини куруук дистиллированнай ууну эрэ эбэтэр ханнык эмэ оҕуруот аһын утаҕын иһэ сылдьыбыт. Аһыы олорон эбэтэр аһаан баран ууну испэт. Киһи аһылыгы буһарарга аналлаах силин суурайан кэбиһэр диэн ууну эбэтэр убаҕаһы аһаан баран иһэри сөбүлээбэт.

Элбэх дьон үгүс эньиэргийэлэрин аһы буһарарга ыыттахтарына ыалдьаллара элбиир диир П.Брэгг. Кинилэр эттэрэ-сииннэрэ олус элбэх аһылыгы кыайан буһарбакка эрэйдэнэллэр диэн быһаарар.

Киһи сааһыран этэ-сиинэ мөлтөөн истэҕинэ күүстээхтик хамсанан этин-сиинин эрчийэн элбэхтик аһаабытын эньиэргийэ оҥорон таһааран иһэр кыаҕа аҕыйыыр. Бу кэмҥэ өйө-санаата сайдыбыт, күүһүрбүт киһи аҕыйахта, сөп буоларынан көрөн аһыыры ситистэҕинэ эрэ табыллар.

АҺААБАККА СЫЛДЬЫЫ

Билигин саха дьонун олохторун уһуна Россия үрдүнэн саамай кылгаабытын кэнниттэн хайдах маннык быһыы буолла диэн дириҥник ырытан көрүү наада буолла. Урут ыраахтааылаах Россия кэмигэр саха дьоно олус уһун үйэлээхтэринэн биллэр этилэр. Ол кэмҥэ саха¬лары Россия үрдүнэн арай Кавказ эрэ омуктара уһун үйэлээхтэринэн баһыйар эбиттэр.

Аччыктааһын сороҕор эмтиир ньыма буолуон сөп диэн Н.А.Агаджанян уонна П.А.Петров «Эппит-хааммыт сорох кистэлэҥ күүстэрин туһунан» диэн үлэлэригэр суруйан тураллар. Ол эрээри кинилэр аһаабакка сылдьыыны бэйэлэринэн боруобалаан көрөн, билэн туох туһалааҕын ситэ быһаарбаккалар дьон ситэ өйдөөбөттөр, итэҕэйэн ылымматтар. Уһун кэмҥэ аһаабакка эрэ сылдьыыны бэйэтинэн боруобалаан көрөн үөрэтэн 95 сааһыгар эдэр киһи курдук сылдьары ситиспит П.Брэгг үлэтэ үтүгүннэрэр күүстээх буолан дьоҥҥо ордук тиийимтиэ.

Киһи күннэтэ аһылык аайы аһааһына - тас аһааһын, тастан киирэр аһылык диэн ааттанар. Ону сэргэ ис аһааһын диэн эбэтэр аччыктааһын кэмигэр киһи этэ-хаана бэйэтин иһинээҕи ис кистэлэҥ кыаҕын туһанан, эньиэргийэҕэ уонна пластическай материалга кубулутан туттуон сөп. Кэнники кэмҥэ элбэх аччыктааһынынан эмтэнэр туһалааҕын туһунан суруйуулар уонна сүбэлэр баар буоллулар. Аччыктааһынынан эмтэниигэ киириэх иннинэ врачтан анабыл ылыы хайаан да наада буоларын сэрэтэбит.

Эмтэнии быһыытынан аччыктааһыны былыргы Греция, Ближнэй Восток, Индия, Тибет врачтара туһаналлара биллэр. Кинилэр аччыктааһыны эмтиир ньыма эрэ буолбакка, киһини сиэргэ-майгыга иитии быһыытынан сыаналыыллара. Ол аата киһи өйө-санаата сайдан быстах, этин-сиинин баҕа санаатын баһыйа тутан салайарга үөрэниитэ тулуурдаах, киһилии майгылаах буоларыгар тириэрдэр.

Аччыктааһынынан эмтэнии ордук ааспыт үйэ ортотуттан дэлэйдик туттуллар буолбута. Итинник эмтэнии олус элбэхтик мунньуллубут сыа көҕүрээһинигэр уонна эттиктэр эргийиилэригэр, умайыыларыгар үөскээбит туһата суох «күллэр» таһаарыллалларыгар көдьүүстээх. Ол эрээри ити кэмҥэ организмтан сыа эрэ көҕүрүүр буолбатах, итини сэргэ тутулук белоктар, чорботон быччыҥ этэ суҕарыыр. Былыргы гректэр аччыктааһыны туһалааҕынан ааҕалларын Гиппократ хаалларбыт афоризмнара туоһулууллар: «Өскө этиҥ-хааныҥ ыраастамматах буоллаҕына, итини төһө элбэҕи аһыыгын да, оччонон өссө эбии буортулуугун... Кырдьаҕастар пуоһу олус чэпчэкитик тулуйаллар, эдэр дьон арыый эрэйдээхтик, оттон оҕолор кыайан тулуйбаттар...»

Олоххо буолан ааһар араас быһылааннар түмүктэригэр аччыктааһын кыһалҕатыгар түбэһиилэр тустарынан суруйуулар бэрт элбэхтэр. Олортон аҕыйах холобурдары аҕаллахпытына манныктар бааллар:

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр 1942 сыллаахха от ыйыгар түөрт советскай моряк Хара муораҕа туох да аһа, иһэр уута суох шлюпкаҕа хаалан хаалбыттара. Туустаах муора уутун иһэргэ күһэллибиттэрэ. Соҕотох П.И.Ересько 36-с күнүгэр быыһаммыта. Ити кэмҥэ кини ыйааһынын 32 бырыһыанын сүтэрбит этэ. Оттон дьиэ усулуобуйатыгар көҥүлүнэн хоргуйар дьон 50 суукка устата 27-тэн 30 бырыһыаҥҥа тиийэ ыйааһыннарын сүтэриилэрэ бэлиэтэммитэ.

Канадаҕа 1963 сыллаахха Ральф Флорез уонна Хелен Клабены бэйэлэрин бас билэр самолеттарынан көтөн иһэннэр, аварияланан, аһаҕас халлаан анныгар 49 хоммуттара. Ол иһиттэн биир нэдиэлэ устата саппаас астарын тобоҕун харыстаан тириэрдиммиттэрэ. Онтон атын кэмнэригэр аҥардас хаар уутун уулларан испиттэр. Ити кэмҥэ Флорез 16 кг, Хелен - 12 кг ыйааһыннарын сүтэртээбиттэрэ.

Ити суруллубуттартан көстөрүн курдук, туустаах ууга дьон өр буолбаттарын, оттон ньулуун, атын туох да булкааһа суох уу, тем-пературнай усулуобуйаларын аахсыбакка туран, киһи доруобуйатыгар ордугун көрдөрөр.

Эмтэнэр туһугар хоргуйуу саамай муҥутуур уһуна 90 хонукка тиийбитин американскай диетолог врач Г.Шелтон бэлиэтээбитэ. Киһи итинник рекордары ситиһэргэ дьулуһара табыллыбат. Ол эрээри сорох түбэлтэлэргэ врачтан сүбэлэтэн 1 - 1,5 сууккаҕа холонон аччыктаан көрүөҕүн сөп. Ону үчүгэйдик тулуйа үөрэннэххэ, былыргы египтяннар холобурдарын батыһан, ый устата 3 хонуктаах аччыктааһыны, эмчит сөбүлэстэҕинэ, боруобалаан көрүөххэ сөп.

Аччыктааһын кэмигэр киһи этигэр-хааныгар маҥнайгы 2 - 4 хонукка аччыктааһыны билиниини сэргэ организмҥа эттиктэр эргийэр процестара түргэтиир. Сылгыһыттар хонууга аһылыкка сылдьыбыт аты үлэҕэ анаан туттахтарына аан маҥнай баайаллар. Ол курдук, «баайыллыбыт», икки эбэтэр үс күн аһаппакка хам баайыллан турбут ат ордук сүүрүүтэ, үлэлиир тэтимэ үрдээһинэ былыргыттан биллэр. Биир, икки хонукка аһаабакка сылдьыы сахалыы баайыллыы диэн ааттанар. Ол аата сахалар аҕыйах хонукка аһаабакка эрэ сылдьыы эккэ-сииҥҥэ туһалааҕын былыргыттан олохторугар туһаналларын биллэрэр.

Аччыктааһын кэмигэр маҥнайгы 12 - 24 чаас устата киһи наадыйар энергиятын этигэр-хааныгар мунньуммут гликогенын туттуутунан сабынар. Биохимиктэр этэр үгэстэринэн: «Сыа углеводтар төлөннөрүгэр умайар». Ол курдук, сыа бүтүннүү уу уонна чох кислотатыгар уларыйыытыгар углевод булгуччу баара ирдэнэр. Аччыктааһын маҥнайгы күннэригэр биһиги эппит-хааммыт углеводтарын мунньуммутун туох да харыстабыла суох бүтэрэн кэбиһэр. Ол иһин хоргуйуу кэмин маҥнайгы күннэригэр киһи ыйааһынын сүтэриитэ ордук элбэх буолааччы уонна биллэрдик төбөтө ыалдьааччы.

Тиһэҕэр тиийэн, хоргуйуу 7 - 14 күннэригэр өртөн күүтүллүбүт углеводтар сыаттан быһаччы ылыллыылара саҕаланар. Ити кэмтэн ыла хоргуйуу үһүс стадията саҕаланар. Киһи этэ-хаана ис аһылыкка толору үөрэнэр. Аччыктыыры билинэрэ мөлтүүр эбэтэр уурайар. Куртах сүмэһиннэрэ спонтаннай таһаарыллыылара аһы буһарарга аналлаахтар буолан баран, курдахха ханнык да ас киирбэтиттэн таһаарыллыбыт сок ферменнэрин кытта оһоҕоско киирэллэр. Ити састааптарыгар белоктар, сыалар уонна углеводтар киирсэллэр, олор оһоҕоско бэйэлэрин ингредиеннэригэр арахсаллар уонна хааҥҥа киирэн иҥэриллэллэр, аһатар сүмэһиннэринэн буолаллар.

Ис аһылык атын көрүҥүнэн организм клеткалара буһарыллыылара эбэтэр аутолизтара буолар. Манна мөлтөх, эргэрбит, кыра суолталаах клеткалары макрофагтар уонна хаан үрүҥ клеткалара «буһаран», илдьиритэн, ис ингредиеннэрин туһаҕа киллэрэллэр.

Эт-хаан ыраастаныытыгар анаан соруйан хоргуйуу туһалыыр сүрүн механизмынан үөһэ ахтыллыбыт тканнар аутолизтара ааҕыллар. Тканнар буһарыллан бытарыйыыларыттан босхолонор сүмэһиннэр саҥа синтезтэниигэ бараллар, оттон туһата суохтара, буортулаахтара таска таһаарыллаллар. Ас тастан киирбэтиттэн сүрүн таһаарар орган - бүөр үлэтэ таһаҕаһа көҕүрээн, сынньанан, үлэлиирэ тупсар, мунньуллубут «күллэри». токсиннары таһааран организмы ыраастыыра күүһүрэр.

Аччыктааһыҥҥа киһи тас тыыныытын функцията уонна сүрэҕин-тымырын систематын үлэтэ биллэрдик намтыыр: тыынара бытаарар, пульса сэдэхсийэр, хаанын баттааһына намтыыр. Оттон өйүн үлэтэ, төттөрүтүн, намтыахтааҕар сытыырхайар. Ол иһин, былыргы грек үөрэхтээҕэ Пифагор уонна киниэхэ үөрэнээччилэр «өйдөрүн сытыырхатаары» 40-нуу хонукка хоргуйаллар этэ диэн суруйаллар.

Аччыктааһын кэмигэр харынан үлэ тэтимэ син өргө диэри урукку кэмигэр хаалыан сөп, ол гынан баран сылайыы улаатар, сынньалаҥ кэмэ уһуур.

Уһуннук хоргуйбут киһи аһыырын саҕалаан этин-хаанын чөлүгэр түһэриитигэр улахан кутталлааҕынан сэрэҕэ суох эмискэ элбэҕи аһааһын буолар. Ол иһин киһи аһыырын бэркэ сэрэнэн, бэрт кыра кыратык, кэмнээн саҕалыыра булгуччулаах. Эмискэ элбэҕи аһыыр олус сэрэхтээх, ол курдук, хоргуйан баран эмискэ элбэҕи аһаан өлүү туһунан суруйуулар да элбэхтэр, олоххо да үгүс буолар. (3,34-40).

Киһи этэ-сиинэ Айылҕаттан саппаастаах гына айыллыбыттар. Ол курдук икки харах, икки кулгаах, икки бүөр, икки илии, икки атах бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэллэр. Айылҕа олоҕо ыараханыттан киһи аһы эмиэ саппааһырар оҥоһуулаах, ордон хаалбыт ас тобоҕун ис сыаҕа кубулутан уурунан, мунньунан иһэр. Хоргуйуу, ас суох буолар кэмэ кэллэҕинэ киһи ол ис саппаастарыттан ылан туһаммытынан барар.

Аһаабакка сылдьыы киһи этигэр-сиинигэр туһаны, ыраастаныыны аҕалара былыргыттан биллэр. «Голодания ради здоровья» диэн кинигэтигэр профессор Ю.С.Николаев суруйар: «Киһи аһаабатаҕына этэ-сиинэ бэйэтин иһинээҕи саппаастарыттан ылан туһаммытынан барар. Бу кэмҥэ эт-сиин аан бастаан сыа саппаастарыттан улаханнык ылан туһанар, онтон быччыҥ уонна ньиэрбэ эттиктэриттэн олох кыратык көҕүрэтэр. Киһи ыйааһыныттан 20 эбэтэр 25 бырыһыана көҕүрүөр диэри сүрүн уорганнарыгар ханнык да уларыйыылар киирбэттэр».

Бу үлэтигэр өссө эппит: «Киһи аһаабакка сылдьан аҥардастыы ууну эрэ истэҕинэ киһи этигэр-сиинигэр ханнык да уларыйыылар буолбаттар, эт-сиин бары наадалаах эттиктэрин саппаастарыттан ылан туһанан толорунан иһэр». (2,7).

Киһи этигэр-сиинигэр киирэн мунньустар араас эттиктэр иһэр ууну, тыынар салгыны уонна араас эмтэри кытта эмиэ киирсэллэр. Брэгг этэринэн аһаабакка сырыттахха киһи этэ-сиинэ араас аһылыгы кытта киирсэр туһата суох эбэтэр олох да буортулаах эттиктэртэн босхолонон ыраастанар.

Аһаабакка сылдьарга Брэгг олус сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Кини врач эбэтэр бэйэтэ аһаабакка сылдьымахтаабыт киһи сүбэтинэн туһанар наадалааҕын бэлиэтиир.

Кэмигэр аччыктаан ылыы киһи этин-сиинин иһиттэн ыраастыыр. Аһаабакка эрэ ууну иһэ сырыттахха элбэх киһиэхэ буортулаах эттиктэр ыраас ууну кытта суураллан тахсаллар диир П.Брэгг.

Киһи сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ мөлтөөн иһэриттэн иһигэр-үөһүгэр уларыйыылар тахсалларыттан өйүгэр-санаатыгар аһаабакка сырыттахпына доруобуйам көнөн барыа диэн санаа олохсуйдаҕына, аһаабакка сылдьарга дьэ сөп буолар. Киһи аһаабакка сылдьары кыайабын, миэхэҕэ, доруобуйабар, эппэр-сииммэр туһалаах диэн санаатаҕына хаһан баҕарар тулуйар кыахтанар. Ол курдук киһи бэйэтин санаатын күүһүнэн этин-сиинин аччыктыырга бэлэмнээн, үөрэтэн кэбиһэр кыахтаах.

Аһаабакка сылдьыыттан доруобуйаҕа, эккэ-сииҥҥэ тахсар уларыйыылары киһи билэрэ наада, үчүгэйдик суруллубут үөрэх кинигэтинэн сирдэтиниэххэ эмиэ сөп. Ол эрээри үгүс киһи туох эмэ саҥаны, билбэттэрин оҥороору гыннахтарына хайаан да ким эрэ урут оҥорбутун үтүктэллэрин, батыһалларын сөбүлүүллэр. Ол иһин бастаан иһэр киһи холобура баара олус туһалаах буолар. Биһиги бу үлэбитин олус чуолкайдык, ымпыктаан-чымпыктаан суруллубут омук үөрэхтээҕэ П.Брэгг «Формула совершенства» диэн кинигэтигэр олоҕуран суруйабыт. Кини аһаабакка эрэ сылдьан доруобуйатын тупсарыынан дьарыктаммыт уонна бэйэтин холобурунан үгүс киһини үөрэппит, 95 сааһыгар диэри олох доруобай эттээх-сииннээх сылдьыбыт. Аһаабакка сылдьыыга биһиги бэйэбит уоппуппут олус кыра буолан аахса да барбаппыт.

Сахалартан аһаабакка сылдьан этин-сиинин ыраастааһынынан Лугинов Афанасий Афанасьевич ситиһиилээхтик дьарыктаммыта ыраатта. Кини үс ыйга сэттэлии хонукка аһаабакка эрэ сылдьартан саҕалаан баран биирдэ сүүрбэ хонукка аһаабакка эрэ сылдьан этин-сиинин ыраастаабыта.

2006 сыллаахха сайын Афанасий түөрт уон хонук устата аһаабакка аҥардастыы ууну иһэн сылдьары ситиспитэ. Бу кэмҥэ этим-сииним ордук үчүгэйдик ыраастанна диэн бэйэтэ кэпсиир. Аһаабакка эрэ сылдьарыгар Афанасий П.Брэгг үөрэҕинэн туһанар.

Аһаабакка сылдьарга үөрэниигэ аан маҥнай биир аһылыгы көтүтэ үөрэнэн баран биир суукканы тулуйарга тириэрдиэххэ сөп. Сууккаҕа аһаабакка сылдьарга эбиэккэ эбэтэр киэһэ аһылыгы аһаан баран нөҥүө күнүгэр диэри аҥар¬дастыы оргутуллубут ыраас ууну эрэ иһэ-иһэ сылдьыллар. Дистиллированнай эбэтэр муус уута ордук туһалаах буолар.

Бу кэмҥэ ханнык да оҕуруот аһын утаҕын иһиллибэт. Суоктар эмиэ аһылыкка ааҕыллаллар. Суогу иһэр буоллахха диетаҕа олоруу курдук буолан тахсар. Манна быһаарыы оҥоруохха наада. Диетаҕа олорууга кыра кыратык аһанар, ол киһи иҥсэтин ордук көбүтэн, сыраанын сүүрдэн эбии кыйахалаан тулуйарга ордук эрэйдээх, онтон тугу да аһаабакка эрэ аҥардастыы ыраас ууну эрэ истэххэ киһиэхэ аска наадыйыы олус күүһүрбэт, аһылык кэмэ аастаҕына сотору умнуллар, сыраана да сүүрбэт, иҥсэтэ да көппөт. Ол иһин букатын аһаабакка эрэ сылдьыыны, аһыыр кэмҥэ ууну элбэхтик иһэн биэрдэххэ, тулуйарга ордук табыллар.

Киһи Айылҕаттан оҥоһуутун быһыытынан куртаҕар ас киирбэтэҕинэ, бэйэтин ис саппааһыттан ылан туһаммытынан барар. Ол иһин аһылыгы көтүтэн кэбистэххэ даҕаны киһи бэйэтэ туох да буолбат. Элбэх саппаастаах киһи бүтүн биир ый да устата аһаабакка эрэ ууну иһэ-иһэ сылдьыан сөп диэн этэллэр. Ол эрээри киһи куртаҕа эмиэ аһыыр кэм чаһыытыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлииргэ өр кэмҥэ үөрэнэн хаалбыта тардан аҕыйах да буоллар аһы буһарар ферменнэрин син биир таһаара сылдьар. Аһаабакка сылдьар кэмҥэ урукку аһылык бириэмэтигэр ыраас ууну иһэн биэрдэххэ бу ферменнэр куртахтан суураллан ыраастанан иһэллэр.

Үлэһит дьон куртахтара ыарыы буолуутугар аһылыгы көтүтэн баран ууну испэттэрэ ордук улахан оруоллаах. Киһи куртаҕа ас буһарар ферменнэртэн кэмигэр ыраастанан испэтэҕинэ араас ферменнэр мустубуттара кураанах куртах эркинигэр туох да туһаны аҕалбаттар. Киһи үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн биирдэ эмэтэ аһыыр кэмин көтүттэҕинэ, ол кэмҥэ хайаан даҕаны элбэх ууну иһэн биэрэрэ наада. Сайдыылаах дойдуларга ас-үөл дэлэйбитинэн билиҥҥи аһылык наукатын үөрэҕинэн киһи үксэ диетаҕа олоруохтаах. Кыра кыратык аһааһыны, диетаҕа олорууну «Киһи иҥсэтин көбүтэр» диэн ааттыыллар. Куртахха аҕыйах ас киириитэ, аччыктааһын ордук күүстээх буолуутун үөскэтэр. Хас аһылык аайы эрэйдэнии элбэҕэ диетаны үгүс киһи кыайан тутуспатыгар тириэрдэр.

Онтон куртахха ханнык да ас киирбэтэҕинэ киһи этэ-сиинэ ис саппаастарыттан ылан туһаныыга уларыйа охсор. Биирдэ-иккитэ аһаабакка тулуйан баран кыра-кыратык аһаан иҥсэни куруук көбүппэтэххэ киһи аһаабакка сылдьыыны ордук тулуйар. Эт-сиин ис саппаастарыттан туһанарга уларыйбытын кэнниттэн киһи аччыктыыр санаата соччо киирбэт, мөлтүүр. Кэмиттэн кэмигэр ыраас, дистиллированнай эбэтэр муус уутун иһэн биэрэн истэххэ аччыктаабыт санаа ааһан иһэр.

Биир суукка устата киһи олоҕор, үлэтигэр ханнык да уларыйыыта суох аһаабакка сылдьар. П.Брэгг нэдиэлэҕэ биир күн аһаабакка сылдьыы үгэс буолан хаалыыта эти-сиини өссө тупсарар, ыраастыыр диэн этэр.

Доруобай эттээх-сииннээх киһи ханнык аһылыгы аһыырыгар улахан суолтаны биэрбэт. «Куртах быһаарыа» диэн баран куруук тиэтэйэ-саарайа сылдьар эдэрдэр туох эмэ сиэххэ айылааҕы ылан толору хааланан кэбиһэллэрэ элбэх. Куртахха ас киирдэҕинэ киһи ис уорганнара ханнык ас көрүҥүттэн тутулуктаах ферменнэри оҥорон таһааран куртахха киирбит астары тус-туспа араартаан, аһытан-буһаран бараллар.

Киһи этэ-сиинэ биир кэмҥэ аһыырга үөрэнэн хаалар. Аһыыр кэм кэлиитигэр куртахха ас киирбэтэҕинэ даҕаны киһи ис уорганнара урут үлэлии үөрэммиттэригэр оҕустараннар араас ас буһарар ферменнэрин эмиэ таһаараллар. Биһиги аһылык туһунан үөрэтээччилэрбит куртах ити быһыытын билэннэр аһыыр кэми аһарбакка, биир бириэмэҕэ хайаан да аһыы сылдьыахха наада диэн этэллэр. Аһаабакка сылдьыы кэмигэр бу кэмҥэ ууну элбэхтик иһэн биэрдэххэ уу киирэн куртаҕы ыраастыыр.

П.Брэгг үөрэтэринэн киһи аҥардас ууну истэҕинэ куртах куһаҕан, урукку ферменнэр мунньустубуттарыттан ыраастанан биэрэр. Онон, аһыах иннинэ дистиллированнай ууну иһии киһи куртаҕын урукку ас тобохторуттан, ферменнэртэн ыраастыыр диэн быһаарара ордук олохтоох курдук. Сорох кэмҥэ киһи аһыыр кэми көтүтэр, хойутатар түбэлтэтигэр, урукку аһыыр кэмигэр элбэх соҕус ууну иһэн, ыраастаан, сайҕаан кэбиһэрэ куртахха олус туһалаах. Ол курдук уу киирэн бу кэмҥэ куртахха мунньуллар аһы буһарар ферменнэри сууйан, ыраастаан кэбиһэр. Оччоҕуна ас буһарар ферменнэр өр кэмҥэ киһи куртаҕар мунньустаннар араас аһытыыны оҥорбокко ыраастанан иһэллэр. Маннык аһыах иннинэ ууну иһиини куртаҕы сайҕааһын уонна ыраастааһын курдук көрөн, куруук туһана сылдьыахха сөп.

П.Брэгг дистиллированнай ууну эрэ иһэргэ сүбэлиир. Көннөрү кыраан эбэтэр өрүс, күөл ууларыгар араас суураллыбыт туустар элбэхтэр диир. Киһи бүөрдэрэ кыайан суурайан таһаарбатах туустарын ордон хаалбыттара бүөрүгэр уонна бары сүһүөхтэригэр мунньусталлар. Дистиллированнай ууга олус маарынныыр уунан муус уута буолар. Күөл мууһа тоҥоругар саамай ыраас, суураллыбыт туустара суох үрүт өттө эрэ уруттаан тоҥор. Ол иһин тоҥмут уу ирдэҕинэ, муус уута дистиллированнай ууга эрэ тиийбэт ыраас ууга тэҥнэһэр. Арай ууга радиация эрэ элбээһинэ муус уутун киртитэн, киһи иһэригэр буортулаах оҥорор.

Былыргы сахалар куруук муус уутун иһэллэрэ биллэр. Умуһах оҥостон аан маҥнай иһэр ууларын хаһааналлар. Муус уутун иһэр кэмнэригэр уонна бэйэлэрэ бэлэмнээн аһылыктарын оҥостор эрдэхтэринэ саха дьоно уһун үйэлээх омуктарга киирсэр эбиттэр.

Куртахха ханнык да ас киирбэтэҕинэ, куртах үлэлээбэт, киһи ис уорганнара ферменнэри оҥорон таһаараллара тохтуур. Киһи этэ-сиинэ хамсыырыгар уонна сөптөөх температуратын тутарыгар бэйэтин ис саппаастарыттан ылан туһаммытынан барар. Ол аата, таһыттан аһылык киирбэтэр эрэ киһи этэ-сиинэ бэйэтин хаһааһыттан, ис сыатыттан ылан эньиэргийэ оҥостон туһаммытынан барар.

«Маннык кэм үөскээтэҕинэ,- диир П.Брэгг,- киһи организмата ис сыатын эрэ буолбакка, араас туһата суох туустар эҥиннэр баалларын эмиэ таһаарар». Киһи этэ-сиинэ ис өттүттэн ыраастаныыта саҕаланар. Хас да хонукка аһаабакка сырыттахха киһи тылын үрдүгэр араас кирдэр тахсаллар. Олору кэмиттэн-кэмигэр ыраастаан сайҕаан биэрэн иһэр туһалаах. Кэмиттэн-кэмигэр аһаабакка эрэ сылдьан эти-сиини ыраастаныы киһи үйэтин тухары тохтообокко баран истэҕинэ эрэ уһун үйэлээх буолууга тириэрдэр диэн П.Брэгг быһаарар.

Биһиги аһыныгас санаалаах медицинэбит үлэһиттэрэ куртах мөлтөхтүк үлэлиир буоллаҕына аһылыгы кыра-кыратык уонна чаастатык аһыыр туһалаах диэн этэллэр. Кинилэр олох ас киирбэтэҕинэ куртах дьэ сынньанар диэн этиини билигин да ситэ билинэ иликтэр. Олус үчүгэйдик үлэлиир куртах, ис-үөс ханнык да астары, төһөнү баҕарар симнэххэ даҕаны буһаран, аһытан туһаҕа таһааран иһэр кыахтаах, аһылыктан ордор эньиэргийэни аны уларытан, саппаас сыа оҥорон уурунан кэбиһэр. Үчүгэй доруобуйалаах, күүстээх эттээх-сииннээх киһи уойан-тотон барара ханнык да саарбаҕа суоҕа итинник быһаарыллар.

Билигин сорох дьон уойан-тотон иһэллэриттэн эрэйгэ тэбиллэллэр, кыахтара, өйдөрө-санаалара тулуура суох буолан, аһаан-сиэн иһиэххэ диэн эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан кыана туттумматтар. Ол иһин аны аһыылларын кыайан аҕыйаппаккалар ыйааһыннара өссө эбиллэн иһэригэр тиийэллэр.

Kиһи этэ-сиинэ, организмата таһыттан ас киирбэтэҕинэ ис саппааһыттан ылан туһаммытынан барарын Айылҕа улахан кыыллара эмиэ билэн туһаналлар. Эһэ сайыны быһа аһаан-аһаан сыа бөҕөтүн мунньунан баран кыһыны быһа утуйа, мунньуммут сыатынан аһылыктана сытар. Кыһын тыаҕа олох ыарахан ол иһин эһэ кыһыны быһа арҕахха сытан сынньанан туоруур.

Айылҕа улахан кыыллара аһы-үөлү хайдах туһаналларын кытта билистэхпитинэ, аһылыктарын икки суол араастаахтык иҥэринэллэр, туһаҕа таһаараллар.

Эһэ сайыны быһа аһаан элбэх сыаны мунньунан баран кыһын арҕахха сытан эрэ ол сыатын сиэн кыһыны этэҥҥэ туоруур. Сайын да устата элбэхтик мөхсөн, сүүрүүнэн, эккирэтиинэн дьарыктанара биллибэт, биир да кыылы эккирэтэн тутан сиэбэт, арай аһыы-аһыы сыаны мунньунар үлэлээх. Ол аата, кыһыны туоруур хаһааһын сайын устата аһаан-сиэн мунньуна сылдьар.

Бөрө Айылҕа биир улахан кыыла, үгүстүк сүүрэн, эккирэтэн аһылыгын булунар. Улаханнык сылайан-элэйэн хаһан эмэ бултуйдаҕына тото-хана дьэ аһыыр, булбутун барытын кыайа-хото сиэн иҥэринэн кэбиһэр. Аччыктыар диэри сынньанар, аччыктаатаҕына эмиэ бултуу барарыгар тиийэр. Арай эмис бөрө диэн баара ханна да биллибэт. Тугу аһаабытын барытын эньиэргийэҕэ кубулутан, сүүрэн-көтөн аһаабыт аһын тарҕатан иһэр.

Бөрө баҕар уойуо этэ дуо? Аһата-аһата сытыардахха. Бөрө сытар кыаҕа суох. Сүүрдэҕинэ, хамсаннаҕына эрэ табыллар. Айылҕата оннук. Мөлтөөбүт, ыарыы буолан эрэр кыыллары тутан сиэн Айылҕаны ыраастыыр аналлаах, сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ эрэ быһый атахтаах кыыллары эккирэтэн тутан аһылыгын булунар кыахтаах.

Дьон нууччалары эһэҕэ холууллара оруна суох буолбатах курдук. Үгүстэрэ эттэрин-сииннэрин оҥоһуутунан эһэҕэ ордук маарынныыр буолуохтарын сөп. Аһыы-аһыы сыаны мунньунан, уойан иһээччилэр олус элбэхтэр. Бу дьон сыаларыттан ыраастанар, көҕүрэтэр күүстэрэ, өйдөрө-санаалара тиийбэт буолан үгүстэрэ олус эрэйдэнэллэр.

Сахаларга уойар дьон олус аҕыйахтар. Үгүс саха дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөрөлүү оҥоһуулаахтар. Уойбаттар, эньиэргийэлэрэ элбэх, түргэнник уонна элбэхтик хамсаналлар, үгүстүк үлэлииллэр, ол иһин төһөнү аһаабыттарын тарҕатан иһэллэр. Дьон бары бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин уратыларын билэн аһылыктарын сөптөөхтүк үллэрэн туһаналлара доруобуйаларын тупсаралларыгар көмөлөһүө этэ.

Уойартан эбиллэн иһэр сыаны көҕүрэтэр туһугар Айылҕа биэрбит ньыматын, аһаабакка сылдьыыны туһаныахха сөп. Доруобай киһи этэ-сиинэ оннук дьарыкка бэйэтэ үөрэхтээх диир П.Брэгг. Куртахха ас киирбэтэ даҕаны киһи этэ-сиинэ бэйэтин ис сап-пааһыгар холбоно охсор аналлаах. Эти-сиини тупсарар туһугар кыратык тулууру киллэрэн, ол аата өсөһө түһэн аччыктыыры тулуйа үөрэниэххэ эрэ наада буолар. Ол аата доруобуйаны, эти-сиини тупсарарга киһиэхэ кыра эмэ да буоллар өһөс майгы хайаан да наада.

ТЫЫНЫЫ - ТЫЫННААХ БУОЛУУ

Оҕо төрөөт даҕаны аан маҥнай тыынан, тыын ыларыттан - тыыннаах буолуута саҕаланар. Киһи тыыннаҕына эрэ тыыннаах буолан сылдьыыта биир тылынан бэриллэрэ саха тыла олус былыргытын, киһи салгыны тыынар буолуоҕуттан төрүтүн, сүрүн өйдөбүлүн сүтэрбэккэ, симэлиппэккэ сылдьарын бэлиэтиир.

Саха тылыгар тыыннаах буолуу уонна тыыныы диэн биир тылтан үөскүүллэрэ олоххо эмиэ биир ситимнээхтэрин быһаарар. Саҥа төрөөбүт оҕо аан бастаан салгыны эҕирийэн тыын ылар уонна тыынан таһааран тыыннаах буолуутун саҕалыыр. Олоҕун устата тыынарын хаһан да тохтоппот. «Тыына тахсыбыт» диэн этии тууйуллубут, ыгыллыбыт санаа тахсан өй-санаа ырааһырыытын быһаарарын тэҥэ өлүүнү эмиэ «Тыына быстыбыт» диэн бэлиэтиир. Тыыммат буолуу, тыын быстыыта өлүүгэ тириэрдэр.

Сахалар салгыны тыынары сороҕор «Сиэ» диэн этэллэр. Ыраас салгыҥҥа таһырдьа тахсан күүлэйдии сылдьар киһи: «Салгын сии сылдьабын»,- диир.

Сатаан тыына, салгыны дириҥник сыыйан тыына үөрэнии салгыны сиэһиҥҥэ тириэрдэр. Сахалар ону былыр-былыргыттан арааран билэллэрин биллэрэр. Салгын тыынары таһынан өссө сиэнэр кыахтаах эбит. Сиир диэн салгынтан күүс-уох киллэриниитэ ааттанар. Тыыныы элбэх өрүттэрдээх процеһынан киһи атмосфера салгыныттан кислороду тыҥаҕа киллэрэн, ити орган хабахчааннарынан өтүтэн хааҥҥа иҥэриитэ уонна углекислай гааһы таһаарыыта буолар. Биһиги эппит-хааммыт элбэх кислородка наадыйар.

Тыыннаах харамайдар эттэригэр-хааннарыгар үөскүүр углекислай гаас үксэ таһаарыллар, сорҕото хаалан улахан көдьүүстээх өҥөлөрү оҥорор. Кини киһи организмыгар натрий ионнарын тканнарга үллэрэн, нервнэй клеткалар күүрүүлэригэр сабыдыаллыыр, ону таһынан белоктар синтезтэнэллэригэр кыттар.

Киһи тыыныыта икки суолунан регулировкаланар; маҥнайгытынан, автоматическай сааһылааһын вегетативнай автономнай нервнэй система үлэтинэн олохтонор; иккиһинэн, киһи бэйэтин баҕатынан тыынын дириҥин, түргэнин талан салайан биэрэр.

Киһи тыыныытын бэйэтэ талбытынан сааһылааһына, өйүн-санаатын күүһүнэн уларытан биэриитэ былыргы сорох дойдуларга, чуолаан Индия уонна Тибет народнай медицинатыгар эмтиир гимнастика быһыытынан киэҥник туттуллар.

Йогтар «толору тыыныы» диэн ааттыыр эрчиллиилэригэр манныктары тутуһары сүбэлииллэр:

1. Салгыны муннунан эҕирийии. Маҥнай иһи холкутатыллар. Онтон агданы алларааттан үөһэ диэки маҥнай алын, онтон үөһээ өттүн даратыллар, ити кэмҥэ иһи хапсыччы тутуллуохтаах.

2. Тыыныыны 2 - 3 сөкүүндэҕэ тохтотуу.

3. Тыыммыт салгыны муннунан үрүү. Итиннэ иһи кыратык босхо ыытыллар. Ити кэмҥэ салгыны маҥнай агда үөһээ, онтон алын өттүттэн үрэн, төттөрү таһаарыллар.

Йогтар муннунан тыыныыга улахан болҕомтону уураллар. Эрчиллиилэрин кэмигэр биирдии таныыларын утуу-субуу хам туталлар. Итинник эрчиллии кэмигэр тыҥа хабахчааннара рефлекторнайдык ордук тэнийэллэр, ол иһин организмҥа кислород киириитэ улаатар. «Толору тыыныы» иккис элеменэ - дириҥ эҕирийии уонна салгыны тутуу. Итинник тыыныыга ойоҕос икки ардынааҕы быччыҥнар уонна өрөһө кыттыыны ылаллар. Өрөһө хаан уонна лимфа тымырдарын ыга баттаан, венознай система сүөкэниитигэр көмөлөһөр уонна хааны агда диэки үтэйэр. Итиннэ өрөһө хамсааһынын ахсаана сүрэх тэбиитин 1 / 4 тэҥнэһиэхтээх. Кини гемодинамическай үтэйиитэ сүрэх быччыҥын бобо тардар күүһүнээҕэр ордук күүстээх, ол курдук ити насос иэнэ улахан.

Бытааннык дириҥник тыынан, мүнүүтэҕэ 4 тыыныыны оҥорон, эҕирийии бүтэһигэр тыыныы тохтотуллар, ити кэмҥэ агда иһигэр салгын баттааһына намтыыр, сүрэххэ венознай хаан киириитэ чэпчиир. Ону таһынан организмҥа углекислай газ мунньуллуута тыыныы бытаарыытыттан, сүрэх тымырдарын кэҥэтэр. Онон сүрэх быччыҥа аһыырын тупсарар.

Организмҥа углекислай газ дефицитин туоратыыга арыый атын суолу советскай физиолог К.П.Бутейко талбыта. Кини тыыныы мүнүүтэлээх иэнин тыыныыны түргэтэтиинэн буолбакка, дириҥник тыыныынан улары¬тыахха сөп диир, атыннык эттэххэ ону олус чычаас тыыныынан ситиһэр сөбүн ыйар. Энергия туттуллуутун өттүнэн көрөр буоллахха, биллэн турар, бу ньыма ордук экономичнай.

Бу этиллибит ньыма биир туспатынан – чычаас тыыныыга альвеолярнай салгыҥҥа углекислай газ концентрацията мэлдьи үрдүк буолар.

Уһун кэмҥэ бытааннык тыыныыга үөрэнии, эрчиллии киһи организмын, ордук мэйиитин, кислородунан аччыктааһынтан харыстыыр механизмнарын күүстэрин, резервэлэрин элбэхтик туһаналларынан улахан суолталаах.

Манан биһиги хайдах чэгиэн-чэбдик буолуу искусствотын баһылыахха сөбүн туһунан ааҕааччыларга кылгастык билиһиннэрдибит. Хамсаныы, сөптөөхтүк аһааһын, ууну иһии уонна тыыныы эрчиллиилэрэ – киһи эт-хаан өттүнэн ситиитин-хотуутун, тупсуутун сүрүн акылаата буолар. (3,46-50).

Киһи кыайан тыымматаҕына биэс эбэтэр сэттэ мүнүүтэттэн ордук уһаабат, өлөр. Тыыныы, тыыннаах буолуу киһи олоҕун төрүтэ. Тыынар салгыныттан кислородун арааран ылан киһи хас биирдии килиэткэлэригэр хаанынан тириэрдэр. Кислород килиэткэлэртэн углекислотаны кытта араас дьааттар үөскээбиттэрин ылан тыҥаҕа аҕалан ыраастанар. Ити курдук кислород ыраастыырын тэҥэ киһиэхэ эньиэргийэни эмиэ биэрэр.

П.Брэгг 50 сыл устата уһун үйэлээхтэри кэтээн көрбүт. Ол кэтээн көрүүтүн түмүгүнэн киһи төһө дириҥник тыынар даҕаны, соччонон үйэтэ уһун буолар эбит. Кылгас тыыннаах, чаастатык тыынар дьон уһун үйэтэ суохтар. Сахалыы кылгас тыын - кылгас үйэни эмиэ бэлиэтиир. Айылҕаҕа эмиэ итинник. Чаастатык тыынар харамайдар, кроликтар, морской свинкэлэр, кэрбээччилэр бары кылгас үйэлээхтэр. Киһи ити иһин тыынарын төһөнөн дириҥэтэн, уһатан биэрэр даҕаны соччонон үйэтэ уһуурун ситиһэр диир П.Брэгг.

П.Брэгг тыыныы дириҥиирин ситиһэргэ иһинэн тыынар буолуу ордук көмөлөөҕүн бэлиэтиир. Киһи өрөһөтүн хамсатан тыынарыгар салгын элбэхтик киирэринэн тыыныы дириҥиирэ ситиһиллэр. Өрөһө аллараа диэки хамсааһыныгар киирэр салгын үтүрүйэн ис эмиэ улаатар, онтон өрөһө өрө диэки тахсыытыгар ис хапсыйар, салгын таһаарыллар. Иһи хамсатан тыыныы диафрагмальнай, өрөһөнү хамсатан тыыныы диэн ааттанар. Маннык тыыныыны кэлин кэмҥэ быраастар эмиэ туһанарга сүбэлииллэр. Салгын киһи тыҥатын үөһээ уонна аллараа өттүлэрин барыларын толорорунан ордук туһалааҕынан ааҕыллар.

Өрөһөнү хамсатан тыынарынан дьарыктаныы тыыныы дириҥиирин хааччыйарынан киһи үйэтэ уһууругар тириэрдэр диир П.Брэгг. Бу быһаарыы сахалар «Уһун тыыннаах» диэн уһун үйэлэниини быһаарар этиилэригэр сөп эмиэ түбэһэр.

Гималай хайаларын 126 саастаах олохтооҕо бэйэтэ үөрэппит дириҥник тыыныытынан дьарыктаммыт. Кини доруобуйата олус бөҕө, күүһэ-күдэҕэ букатын мөлтөөбөккө сылдьарын П.Брэгг көрсүбүт. Дириҥник тыыныынан дьарыктанар Индия 86 саастаах дьахтара 50 саастаах курдук көрүҥнээҕэ ордук сөхтөрбүт. Бу дойду олохтоохторо бары дириҥник тыыныыны баһылааннар туһанар эбиттэр.

100 сааһын ааспыт биллиилээх спортсмен Амос Стэгг: «Куруук ыраас салгыҥҥа сүүрүүнэн дьарыктанаммын эппин-сииммин кислородунан элбэхтик хааччыйаммын доруобайбын»,- диир эбит. Ыраас, элбэх кислородтаах салгынынан куруук тыыныы киһи үйэтин уһатар, доруобуйатын, этин-сиинин туругун тупсарар.

Хайа ыарыыта диэн кислород аҕыйахтык киириититтэн киһи улахан¬нык аҕылыыр, ол түмүгэр хаантан углекислота суураллан тахсар. Ону чөлүгэр түһэриигэ газтар холбоһуктара, ол иһигэр углекислай газ туттуллар. Үрдүк хайалар олохтоохторо кислород аҕыйах сиригэр олороллор, ол иһин дириҥник тыыннахтарына эрэ табыллар. Бу дьон ордук уһун үйэлэниини ситиһиилэригэр дириҥник тыыналлара туһалыырын биһиги эмиэ итэҕэйэн олохпутугар туһаныа этибит.

ТИРИТИИ

Саха дьоно көрсүстэхтэринэ кэпсэтиилэрин: «Туох солун баар?» «Хайдах олороҕун?»- диэн тылларынан саҕалыыллар. Итии дойдулар олохтоохторо киһи төһө элбэхтик тиритэр да, соччонон этэ-сиинэ дьиҥ-чахчы чэгиэн-чэбдик буолуутун быһыытынан сыаналыыллар. Ол иһин көрсүһэ түстэхтэринэ: «Төһө тиритэҕин?»- диэн ыйыталлар эбит.

Тиритии туһата кырдьык, олус улахан. Көлөһүнү кытта туттуллубут шлактар, токсиннаах холбоһуктар таһаарыллан, эт-сиин ыраастанар. Онуоха таһаарар органнарга: чуолаан бүөргэ, тириигэ баар тиритиннэрэр быччархайдар улахан көмөлөөхтөр. Туус киһи этигэр-сиинигэр букатын туһата суоҕун, буортулааҕын көлөһүнү кытта таска таһаарыллара, ол иһин көлөһүн туустааҕа быһаарар.

Тиритии туһалааҕын дьон сотору-сотору баанньыкка паарданан, элбэхтик тиритэ - хорута үлэлээн, сүүрэн-көтөн эттэрин-хааннарын ыраастанан туһаналлар. Бааннькка паар итиититтэн киһи тириитин капиллярдара кэҥээн, тирии поралара диэн кырачаан хайаҕастар аһылланнар, организм бары убаҕас системалара: хаан, лимфа, ткань убаҕастара активнай хамсааһыҥҥа киирэн, организмҥа баар туһаныллыбыт, быраҕыллыахтаах холбоһуктар ити убаҕастартан сиидэлэнэн, көлөһүҥҥэ кубулуйан, таска таһаарыллаллар.

Тиритии капиллярдара бүтэйбэттэрэ, олор куруук үлэлииллэрэ улахан туһалаах, ол курдук олорунан суккуллар хаан клеткалара - лейкоциттар араас ыарыылары көбүтэр микроорганизмнартан харыстыыр аналлаахтар уонна эти-сиини итилэртэн өрүһүйэллэр.

Араас тииптээх суунар сирдэр - нуучча уонна турецкай баанньыктар, финскэй сауналар, о.д.а. киһи чэбдигириитигэр уонна буһары-гар-хатарыгар улахан суолталаахтар. Көлөһүн быччархайдара туустардаах ууну эрэ буолбакка, кыайан туһаныллыбатах эбэтэр ордук киллэриллибит элбэх сыалаах эттиктэри төттөрү таһаараллар.

Тирии ньууруттан убаҕас көтүүтэ элбэх эньиэргийэни ылар, онон итииттэн көмүскэниигэ тиритии улахан суолталаах. Баанньык уонна «итии» сыахтар үлэһиттэрин тиритиннэрэр былчархайдара ордук эрчиллиилээхтэр, онон кинилэр итиини тулуйарга улахан дьоҕурдаахтар. Итинтэн көстөрүн курдук, эрчиллии түмүгэр киһи улахан да итиини тулуйар кыахтааҕа быһаарыллар. (3,52-54). Саха сирин куйаас сайыныгар тиритэ-хорута элбэхтик үлэлиир дьон уһун үйэлэниини ситиһэллэригэр олук ууруллар. Үлэлээн-хамсаан, эти-сиини күүскэ хамсатан тиритии киһиттэн ордук элбэх көлөһүнү, кири-хаҕы таһаарара ханнык да дакаастабылга наадыйбат, эт-сиин ыраас¬танарыгар олус туһалыыр.

Илиинэн от охсуутугар үлэлээбит биригээдэ дьонуттан олус күүскэ тиритээччи, көлөһүнэ саккырыы сылдьааччы Мэхээлэ 70 сааһын туолан баран саҥа кэргэн ылаары тэринэ сылдьыбыта. Үлэлээтэр эрэ олус күүскэ хамсанан, тиритэн иһэр Ньукулай билигин даҕаны доруобуйата чэгиэн-чэбдик. От үлэтигэр уһуннук тиритэ-хорута, күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит дьон ордук уһун үйэлэниини ситиһэллэрин тыа сирин олохтоохторо билэллэр.

Спордунан, күүстээх үлэнэн дьарыктанан, тиритэн эттэриттэн-сииннэриттэн араас кири-хоҕу таһаара сылдьар киһи уһун үйэлэниини ситиһэригэр олук ууруллар.

ТЫМНЫЫНАН ЭТИ-СИИНИ ЭРЧИЙИИ

Тымныыга сылдьа үөрэнии, тымныынан эрчиллии улахан суолталааҕын дьон былыргыттан билэллэр этэ. Тымныыга сылдьа үөрэнэн, буспут-хаппыт дьон атыттар курдук кыратык дьагдьайа, тыалга үрдэрэ түстэллэр эрэ тымныйан ыалдьыбытынан барбаттар, муустаах ууга да түстэхтэринэ уһуннук тыыннаах сылдьаллар, оттон үөрүйэҕэ суох дьон чаас аҥарыттан ордубакка эрэ тоҥон өлөллөр.

Хотугу сир олохтоохторо, ол иһигэр былыргы сахалар төрөөбүтүнэн оҕолорун хаарынан сууйаллара, эбэҥкилэр уонна остяктар хаарга уган ылаллара диэн нуучча академига И.Р.Тарханов суруйан турардаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тымныынан эрчиллэ үөрэнэрэ ордук тиийимтиэ, туһата элбэх буоларын олохтоохтор былыргыттан билэн туһаналлар эбит.

Тымныыга үөрэнии холобурун уонна улахан тулуурдаахтарын Са¬ха сирин булчуттара уонна балыксыттара көрдөрөллөр. Кинилэр ханнык да тымныыга уһун кэмнэр усталарыгар балаакканан сиргэ хоно сылдьаллар, бултарын тэрилин иитиилэрэ, бултарын араарыылара, балыктарын тэрилин туруоруулара, муҥхаларын хостооһуннара, илимнэрин көрүүлэрэ барыта сыгынньах илиилэринэн оҥоруллар, ол иһин уһун күнү быһа муустаах ууну булкуйан тахсаллар. Айылҕаҕа ити курдук сылдьыы кинилэр улахан эрчил¬лиилээхтэрин, тулуурдаахтарын көрдөрөр.

Эти-сиини тымныыны тулуйарга эрчийэргэ аналлаах туочукалар киһи сирэйигэр уонна илиитигэр бааллар. Киһи мөлтөөтөҕүнэ, ыалдьаары гыннаҕына аан маҥнай мунна бүөлэнэр.

Мурун бүөлэниитэ киһи ис күүһүн-уоҕун сүүрээнэ бүөлэниитин, кыайан хамнаабат, сүүрүгүрбэт буолуутун биллэрэр.

Киһи мөлтүүр. Сирэйгэ, моонньуга, илиигэ баар туочукалары баттыалаан имитэн биэрии мурун ыраастаныытыгар, чөллөрүйүүтүгэр тириэрдэр. Бу аҕыйах мүнүүтэлээх үлэни киһи сөп-сөп оҥоро сырыттаҕына ис сүүрээннэрэ, күүһэ-уоҕа хааттаран хаалбакка ыарыыга кыаттарбат.

Киһи ис күүһүн, эньиэргийэтин аата уох диэн. Yчүстүк холбуу этиинэн күүс-уох диэн бэриллэр. Уоҕа тахсыбыт. Күүһэ мөлтөөбүт. Уохтаах, ол аата күүстээх.

Kим барыта тымныыга үөрэниэн сөбүн, улахан кыахтааҕын «моржалар» эбэтэр кыһыҥҥы сөтүөлээччилэр бэйэлэринэн көрдөрөн дакаастыыллар. Кинилэр тымныыга үөрэнэр кэмнэригэр, физиолог врачтар көрдөрөллөрүнэн, кислороду иҥэриниилэрэ алта төгүлгэ тиийэ улаатар. Ити кислород быччыҥнар итиини таһааралларыгар түүрүтэ тардыаланалларыгар уонна титирииллэригэр, ону таһынан соруйан хамсааһыҥҥа, эти имитиниигэ ороскуоттанар. Титирээһин саҕаланыыта уонна уһуннук барыыта муустаах ууга төһө уһуннук харбааһынтан тутулуктаах. Киһи этин итиитэ биир мүнүүтэ моржалааһын кэнниттэн намтаан барар. Уһуннук харбыыр кэмҥэ 34 кыраадыска диэри түһэр. Онтон температура чөлүгэр түһүүтэ 30 мүнүүтэ устатыгар тиийэр. Сүрэх тэбиитин түргэнэ муустаах ууга түспүт кэннэ 30 сөкүүндэ иһигэр 71-тэн 60-ҥа тиийэ бытаарар.

Тымныыга эрчиллии сабыдыалынан организм итиини оҥорон таһаарыы¬та улаатар, ону таһынан итии ордук кэмчилээһиннээхтик «босхо аһыйыынан» таһаарыллар, тирии кырыы каппиллярдара кэҥээн, төһө да итиини сүтэрии элбээбитин үрдүнэн тоҥууттан, үлүйүүттэн харыстыыллар.

Тыа сирин олохтоохторо куоракка олорор дьоннооҕор быдан аҕыйах¬тык тымныйан ыалдьаллар. Кинилэр куруук айылҕаҕа, дьиэ таһыгар сылдьыылара, тымныыга үлэлээһиннэрэ доруобуйаларын тупсарар, бөҕөргөтөр.

Киһи олоҕун устата куруук тымныынан эрчиллэ сылдьара айылҕа тутаах көрдөбүлэ буолар. Ол аата, тымныынан эрчиллибэт буолуу, мэлдьи сылааска сылдьыы, киһи олоҕор сөп түбэспэт майгы, дьон доруобуйаларын мөлтөтөр, кэбирэтэр, ыарыыларга утарылаһар кыахтарын, иммунитеттарын суох оҥорор, үйэлэрин кылгатар быһыынан ааҕыллар. Yөрэ-үөрэ, хайгыы-хайгыы ыалдьыы, онтон ыарыһах буолуу суолунан бара туруу холобурун куруук сылаас, толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ сынньалаҥнык олорууну, сытыыны ааҕыахха сөп. Улахан үлэһит киһи элбэхтик кэлэн-баран син таһырдьа тымныыга сылдьар буоллаҕына оҕото олох аҕыйахтык таһырдьа сылдьарыттан доруобуйата мөлтөөн ыарыыларга ылларан иһэрэ элбиир.

1958-59 сыллардаахха физиологтар киин Австралия олохтоохторо кыһын 5 эбэтэр 0 кыраадыска таһырдьа туох да таҥаһа суох сиргэ кулуһуннар быыстарыгар утуйалларын уонна эттэрин итиитэ 15 кыраадыс, лабааларыгар арыт 10 кыраадыска диэри намтыырын бэлиэтээбиттэрэ. Итинник намыһах температураҕа үөрүйэҕэ суох дьон улаханнык ыалдьыах этилэр, онтон австралиецтар, ыалдьар да, тоҥор да диэни билиммэт буолуохтарыгар диэри эрчиллибит дьон эбиттэр.

Итинник тулууру кинилэр олохторун сиэринэн, таҥастара суоҕунан, аччыктыыры тулуйа үөрэммиттэринэн, тымныыга адаптацияланыыларыгар тириилэрин капиллярдара синньээн, итиини сүтэриилэрэ аҕыйаан уонна эттэрин тас итиитэ намтыыр буолан ситиспиттэр.

Тымныыны тулуйууга киһи бэйэтин өйүн-санаатын үөрэтиитэ, бэйэтигэр бөҕө, күүстээх санааны ылыныыта уонна бэйэтин кистэлэҥ күүстэрин туһаныыта арыт сөҕүмэр түмүктэри биэрэр.

Тымныыны уонна атын ыарахаттары кытта геройдуу хапсыһыыга аналлаах ыстатыйаны, «Комсомольскай правда» хаһыат 1977 сыллаахха олунньуга, эдэр коммунист, летчик Ю.Козловскай волятын тэҥнэбилэ суох күүһүн туһунан, суруйбута. Саҥа самолету боруобалаан көтүтүү кэмигэр саахалланыы тахсыбыта. Ю.Козловскай сууллан эрэр самолетуттан катапультанан Сибирь тайҕатын үрдүгэр быраҕыллыбыта. Сиргэ түһүүтүгэр сытыы таас үөрбэлэргэ түбэһэн, икки атаҕын тоһуппута. 25-30 кыраадыстаах тымныы бүрүүкээн турара, хаар суоҕа. Иэдээннээх ыарыыны, тымныыны, утатыыны, аччыктааһыны уонна сылайыыны барытын тулуйан, үс аҥар суукка устата, вертолет булан ылыар диэри сыыллыбыта. Госпитальга киириитигэр этин тас сылааһа 33,2 кыраадыс, хаанын 2,5 литри сүтэрбит, икки атаҕын үлүппүт этэ.

Олоҕор көрсүбүт бу ыарахаттары барытын туораан, тулуйан, Юрий тыыннаах хаалбыта. Кини сыалын уонна иэһин толорор туһугар туруоруммут күүстээх санаата тыыннаах хааларыгар кыаҕы биэрбитэ.

Киһи волята, күүстээх, өһөс санаата диэн тугуй? Ити киһи бэйэтэ куруутун билиммэт, ол эрээри олус улахан күүстээх бэйэни итэҕэтэр санааны ылыныы, самовнушение буолар.

Атах сыгынньах сылдьыы, атаҕы тымныынан эрчилиннэрэн буһарыы-хатарыы ыарыыны тулуйумтуо буолууга туһалааҕын ааспыт үйэҕэ немец үөрэхтээҕэ С.Кнейп бэлиэтээбитэ. Кини бэйэтин кэмигэр харса-хабыра суох лозуннары таһаартаабыта: «Атах таҥаһын бастыҥа - атах сыгынньах буолуу», «Хас биирдии атах сыгынньах хаамыы - биир мүнүүтэнэн ордук олоруу», о.д.а. Кини ити этиилэригэр олоҕуран, билигин сорох Арҕаа дойдуларга атах сыгынньах контрастнай суолларынан хаамыы диэн дьарык киэҥник практикаланар, туттуллар. Киһи уллуҥаҕа этин-хаанын биир туспа уратылаах сорҕотунан буолар. Киниэхэ бэрт элбэх итиини-тымныыны, сытыыны-сыппаҕы, сымнаҕаһы-кытаанаҕы, ыарыыны билэр нервэ утахтарын уһуктара - рецептордара бааллар. Академик И.Р.Тарханов эппитин курдук, атаҕы куруук сылааска үөрэтэн, искусственнайдык уйадытыыбыт түмүгэр сы¬лааһы-тымныыны кыратык билэр чаастарбыт тымныйыыны аҥара билигэстэр, ол иһин тымныйан ыарыыны тулуйарбыт мөлтөөтө.

Билиҥҥи дьон таҥаһа үксүгэр синтетическэй матырыйааллартан тигиллэннэр, статическай ток эмиэ олус мунньустар, онон кэмигэр атах сыгынньах сылдьан сиргэ токтары быраҕар туһалаах.

Америка уонна Новай Зеландия учуонайдара Гималайы үөрэтэр экспедицияларын айанын кэмигэр атаҕы тымныыга эрчилиннэрэн, буһаран-хатаран сөҕүмэр ситиһиилэри, тулуурдаах буолууну көрдөрбүттэрин туһунан суруйбуттара. Кинилэргэ сирдьиттээбит шерпалар кыһын 20 кыраадыс тымныыга бэрт элбэх көстөөх сирдэри хаһан да ууллубат хаардаах, хайыр таас хайалар ыллыктарынан үксүн атах сыгынньах сылдьыбыттарын уонна ким да тоҥон титирээбитин, тымныйан ыалдьыбытын көрбөтөхтөрүн туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ.

Киһи этэ-хаана элбэх мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар эволюционнай сайдыытын кэмигэр бары ис органнар тирии тас ньуурун кытта рефлекторнай сибээстэһиилэрэ олохтоммута. Киһи атахтарын кытта быһаччы рефлекторнай силбэһиилээх органнарынан тыынар органнар буолаллар. Ол иһин атаҕы тымныыга үөрэтии, тулуйумтуо оҥоруу киһи тыынар органнарын ыарыыларыттан сэрэтэр суолталаах. (3,55-61).

Билигин биһиги сынньалаҥнык, сылаастык сылдьыыбыт түмүгэр эппит-сииммит олус мөлтөөтө. Кыһыны быһа тымныйан ыалдьартан ордубаппыт. П.Иванов тымныы уунан куттарга үөрэтиитин биир эмэ киһи тутуһар. Күн аайы тымныынан эрчиллэ сылдьарга бары усулуобуйа барыбытыгар баарын да иһин сүрээлдьээн дьарыктаммаппыт, төрөппүттэрбит кыра эрдэхпитинэ тымныы уунан эрчиллэ сылдьарга үөрэппэтэхтэрэ онно улаханнык мэһэйдиир. Халлаан тымныы кэмигэр туох эмэ кыра дьыала үүрэн кылгас-кылгастык чараас таҥастаах таһырдьа тахса сылдьан иһэрбит буоллар халлааммыт тымныыта бэйэтэ даҕаны эрчийиэ этэ. Тыа сирин олохтоохторо доруобуйалара бөҕөтө элбэхтик таһырдьа сылдьалларыттан быһаччы тутулуктааҕын бары билэбит эрээри олохпутугар кыайан туһаммаппыт. Барыта бэйэбит сүрэҕэ суохпутун, эппит-сииммит сылааска сытар, сылдьар баҕатын кыайа тутан салайбаппыт буоратан иһэр.

Атаҕы тымныыны тулуйарга күн аайы тымныы уунан кутан эбэтэр ууга уган сыыйа үөрэтиэххэ сөп. Өр кэмҥэ үөрэнэн, эрчиллэн муустаах ууну кэһэ сылдьар буолуохха сөп. Сайын атах сыгынньаҕын сылдьан баран күһүн халлаан лаппа тымныйыар диэри чараас атах таҥаһынан сылдьыы кыһын дьиэҕэ тымныы уунан эрчийиигэ көһөн биэриитэ атах куруук, сылы быһа тымныынан дьарыктана сылдьарыгар кыах биэриэ этэ.

Саха сирин тымныыта, тымныы салгын киһини бэйэтэ эрчийэ сылдьар. Сылаас дьиэҕэ саһан сыппакка таһырдьа тымныыга элбэхтик сылдьыы тымныыны тулуйарга үөрэтэр, арай аһара сылаастык таҥнымыахха эрэ наада. Саха үлэһит дьоно кыра эрдэхтэриттэн тымныыга мэлдьи сылдьаннар тымныыны тулуйа үөрүйэхтэр, доруобуйалара бөҕөлөр, бары ыараханы тулуйумтуолар, тулуурдаахтар. Онтон куорат олохтоохторо сылаас дьиэлэргэ, барыта бэлэмҥэ олоро, сыта үөрэнэннэр, кэлин кэмҥэ доруобуйалара мөлтөөбүтүн тэҥэ майгылара эмиэ биллэрдик уларыйда.

Бэйэлэрэ мөлтөх доруобуйалаах, эттэрин-сииннэрин эрчийэ үөрүйэҕэ суох төрөппүттэр оҕолоро өссө мөлтөөн, ордук сылааска сыта үөрэнэн иһэллэр. Yөрэҕи-билиини баһылаабыт төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрэ сайдан, эбиллэн, доруобуйалара тупсан иһиэҕин баҕардахтарына эттэрин-сииннэрин эрчийиигэ бары кыахтарын ууруохтара, тымныы салгынынан, тымныы уунан утумнаахтык эрчиллэ үөрэнэллэрин ситиһиэхтэрэ диэн эрэл баар.

УҺУННУК ЭДЭР БУОЛАР ТУҺУГАР

Киһи барыта биирдэ бэриллэр олоҕун уһуннук, туһалаахтык, дьоллоохтук олоруон баҕарар. «Акаары киһиэхэ кырдьыы - ыар баттык, ньүдьү-балайга – кыһын, онтон наука киһитигэр – кыһыл көмүс күһүн».- диэн Вольтер олох туһунан этиитэ биллэр. Бу этии тус-туспа өйдөөх-санаалаах дьон олоххо хайдах сыһыаннаһалларын чуолкайдаан биэрэр.

Библияҕа суруллубут үһүйээннэр этэллэринэн, «таҥара маҥнай айбыт дьонноро» бэрт уһун үйэлэээхтэрэ. Холобур, Адам 930 сыл, Енох -905, Ной-950 сыл олорбуттара дэнэр. Итилэри киһи итэҕэйиэн табыллыбат. Наука чахчылара итинник этиилэр оруннара суоҕун дакаастыыллар. Палеоантропологар көрдөрүүлэринэн, былыргы дьоннор олохторун уһуна бэрт кыра - ортотунан 18-20 сылга эрэ тэҥнэһэрэ. (3,68).

Былыргы Римҥэ киһи олоҕун ортоку уһуна 25 сыл эбит. Ол иһин оччолорго сенсация буолбут түбэлтэ үйэтитиллибитэ биллэр. Ю.Цезарь сенатор П.Румлей 100 сааһын туолбут үөрүүтүгэр сылдьан, дьиктиргээн ыйыппыт: «Хайдах ньыманан маннык уһулуччулаах уһун үйэни ситистиҥ?» Онуоха Румлей хоруйдаабыт: «Эппин-хааммын уонна дууһам күүһүн өйөөрүбүн аспар мүөтү элбэхтик туттарым». Аан дойдуга уһуннук олорбуттартан Англияҕа Т.Парр - 152, Норвегияҕа И.Су¬рингтон - 160, Венгрияҕа П.Зортай - 185, Ираҥҥа С.А.Мусави - 191, Азербайджаҥҥа Ш.Муслимов - 168 сыл олорбуттара биллэр.

Былыр-былыргыттан киһи аймах уһун үйэлэнэр туһугар «эдэргэ түһэр эликсири» көрдөөһүнэ, ол иһигэр сахалар «өлбөт мэҥэ уутун» булар туһугар ыра санаалара үһүйээннэргэ, номохторго кубулуйалла¬ра, олоҥхоҕо хоһуйуллара.

Олох уһунун кээмэйэ олус халбаҥ. Биһиги төһө да өлбөккө, өр олорорбут туһугар ыра санаалары үөскэппиппит иһин, «Олоруохтаахпыт, ол аата өлүөхтээхпит» диэн биология сүрүн сокуонун Ф.Энгельс быһаарбыта. Ол да буоллар, букатын өлбөт буолуу төһө да кыаттарбатаҕын иһин киһи уһуннук олоруута олоххо кыаллар кыахтаах.

Киһи бэйэтин олоҕун сатаан көрүнэн, олоҕун сиэрин, бэйэтин быһыытын-майгытын, үлэтин, сынньалаҥын, иһэрин-аһыырын сөптөөхтүк кэмнээн, режимнээн олорор уонна гиподинамияттан харыстанарга физи¬ческэй культуранан, үлэнэн дьарыктаннаҕына, син уһуннук олоруон сөп.

Үгүс учуонайдар этэллэринэн, киһи ыалдьыбакка эрэ аҥардас кырдьыыттан өлбөт. Кырдьыбыт дьоннор өлөллөрө син-биир ханнык эрэ ыарыыттан төрүттээх буолар. 85-тэн 100-кэ диэри саастаах дьон сүүһүнэн ахсааннаах ыарыылартан үксүгэр баара эрэ аҕыс ыарыыттан бысталлар, ол иһигэр бастатан тымыр-сүрэх, тыынар органнар уонна искэн ыарыыларыттан өлөллөр. Америка ученайа, Нобелевскай бириэмийэ икки төгүллээх лауреата Л.Поллинг «Витамин С уонна доруобуйа» диэн кинигэтигэр аскорбино¬вай кислота улахан дозата дьаҥтан-дьаһахтан көмүскүүр абыраллаах суолталааҕын ыйбыта.

Поллинг грипптэн харыстаныыга сүбэлиир дозата күннэтэ 3,0- 10,0 г биһиги специалистарбыт этэллэринэн булгуччута суох. 1,0 г үс-биэс күн устата эбэтэр 0,5 г уон хонук устата сэрэтэр көмөнү үчүгэйдик оҥорор. Хотугу сир олохтоохторугар С витамиҥҥа күннээҕи наадыйыы ордук үрдүк - 70-120 мг буолуохтаах.

Геронтолог В.В.Фроланис кырдьыы ыган кэлиитигэр икки утарыта дьайыылаах процестар баралларын араарар. Маҥнайгытыгар - уларыйа турар тас эйгэҕэ үөрэнии-убаныы кыахтара аччыыллар, ис кистэлэҥ күүстэри туһаныы, бэйэни салайыныы, эттиктэр атастаһыылара уонна организм функциональнай таһымнара намтыыллар. Иккиһигэр - адапта¬цияланыы механизмнарын түмэ тардыы, кырдьыы маҥнайгы процестарын тохтотор дьаһаллары ылыныы, ити процесстары сайыннарыы күүһүрэр. Итинник соругу «эдэргэ түһэрэр эликсири» булууга геронтологтар туруорунан үлэлииллэр.

Улахан Биологическай Чаһы тохтууруттан, сүтэриллиититтэн айылҕаҕа киһи өлүүтэ тутулуктаах. Бу чаһы механизмнара биһиги мэйиибит түгэҕин киинигэр - гипоталамуска сыталлар. Бары гормон-нар, нейромедиатордар, нейропептидтэр синтезтэнэр уонна вегетатив¬най нервнэй система мэйии хаҕын аннынааҕы органнара киниэхэ киирсэллэр. Манна киһи этин температуратын, араас эттиктэр атастаһыыларын - уу, туус, сыа, углевод уларыйыыларын сааһылыыр, регулируйдуур ядролар бааллар. Манна тастан уонна истэн мунньуллар информациялар сүрэх-тымыр уонна эндокриннай быччархайдар үлэлэрин кытта силбэһиилэрэ олохтонор. Ону сэргэ манна араас эмискэ күүдэпчилэнэн тахсар эмоциональнай реакциялар үөскүүллэр - улахан үөрүүгэ, биһирэлгэ, дуоһуйууга эбэтэр төттөрүтүн - хомойууга, кутталга, кыһыйыыга-абарыыга о.д.а. Онон гипоталамус киин нервнэй система суолталаах уонна тутаах чааһынан буолар. Гипоталамус чугастааҕы ыалынан, кини үмүрүгэр ыйана сылдьар гипофиз - хааҥҥа быһаччы таһаарыллар гормоннаах эбэтэр эндокриннай быччархайдар баһылыктара буолар. Кини таһаарар гормона АКТГ, адренокортикотропнай гормон, үөһэ ахтыллыбытын курдук кини бэйэтин аналлаах функциятын тас өттүнэн улахан суолталаах нейропептидтары үөскэтэр төрүт холбоһукка киирсэр.

Киһи организмын эрдэ кырдьыыттан харыстыыр суолталаах витаминынан Е эбэтэр альфа-токоферол ааҕыллар. Бу витамины кыра лабораторай харамайдарга биэрдэххэ, кинилэр олохторун уһуна 30 бырыһыан эбиллэр. Е витамин тиийбэт түбэлтэтигэр эрдэ кырдьыы бэлиэлэрэ үөскүүллэр.

Кэнники кэмҥэ геронтологтар болҕомтолорун иммунология тардар буолла. Иммуннай эттиктэр сүрүннээн ыарыылары көбүтэр вирустары, бактериялары, түүнүктэри о.д.а. кытта охсуһууга, эти-хааны итилэр алдьатыылаах дьайыыларыттан харыстыырга аналлаахтар. «Өлбөт мэҥэ уутун» көрдөөччүлэр лаборатория усулуобуйатыгар харамайдар олохторун уһатыыга булбут ньымаларынан аһылыгы ахсаанын аҕыйатан туран, хаачыстыбатын тупсарыы буолар. Ол аата – аһатар астара «биологическай сыанабыла максимальнай, калорийнаһа минимальнай» буоларын тутуһуу. Ити принцибинэн аһатыллыбыт кыыллар олохторун уһуна 40 бырыһыаҥҥа диэри эбиллэр. Итинэн көстөрүнэн, аһыырга-сииргэ наһаа үлүмнэһии табыллыбат, ырыахтарын баҕарааччылар диетаҕа олус түһүнүүлэрэ эмиэ сатаммат. Этиллэрин курдук, хайа да өттүгэр наһаалааһын, аһара барыы көмөлөспөт. (3,68-72).

П.Брэгг этэринэн киһи үйэтин уһуна 120 сылга холкутук тиийиэхтээх. Ону баара киһи бэйэтэ, олоҕун сатаан олорбокко, ууну, аһылыгы табан аһаабакка кылгатар. Эти-сиини бөҕөргөтүү, эрчийии киһи өйө-санаата олус бөҕө, тулуура, өсөһө эбилиннэҕинэ эрэ ситиһиллэр кыахтаах.

Өй-санаа аҥардастыы бэйэтэ эрэ олоҕу кыайан олорбот. Сахалар этэллэринэн Орто дойдуга, ол аата сиргэ, киһи эттээх-сииннээх эрэ буоллаҕына, олоҕу олорор. Ол иһин киһи үйэтин тухары, хас күн аайы тулуурдаахтык этин-сиинин өйүн-санаатын күүһүнэн эрчийдэҕинэ эрэ табыллар. Эт-сиин уонна өй-санаа биир сыалга, олохторун уһатыыга турунан туран дьарыктаннахтарына, эрчилиннэхтэринэ уһун үйэлэниини көмөлөөн эрэ ситиһиэхтэрин сөп.

Ол аата киһи олоҕун сүрүн сыалынан өйүн-санаатын сайыннаран, тулуурун бөҕөргөтөн, ол күүһүнэн туһанан этин-сиинин утумнаахтык эрчийэн уһун үйэни ситиһиитэ буолар.

ДОРУОБАЙ БУОЛУУ

Советскай былаас олус көмөлөһөн, дьону барыларын босхо эмтээһини олохтообутунан Россия дьоно туспа уратылаах буола иитиллэн хааллылар. Олус өр кэмҥэ государство толору бэлэмэр үөрэнэн хаалыыттан дьон бэйэлэрин эттэригэр-сииннэригэр, доруобуйаларыгар соччо кыһаммат буолуулара үөскээн олохсуйбута. Билигин, коммунистар былаастара эстибитин кэнниттэн, босхо эмтээһин, көрүү-истии бүппүтүттэн киһи бэйэтэ доруобуйатын, этин-сиинин харыстыырын ситиһии Россия дьонуттан ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буолла.

Киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан этин-сиинин харыстаан, эрчийэн, олох ыарахаттарын тулуйарыгар үөрүйэх оҥороро олоххо биир улахан ситиһиити¬нэн ааҕыллара сөп. Киһи этин-сиинин эрчийиитэ олоҕор биир сүҥкэн кыайыытынан ааҕыллара буоллар, элбэх дьон эттэрин-сииннэрин эрчийиинэн утумнаахтык дьарыктаныа эти¬лэр. Элбэхтик эрчиллэн төрөппүттэр эттэрин-сииннэрин үчүгэй туругун ситиһэн баран салгыы кэлэр көлүөнэлэрин этин-сиинин дьарык¬тааһыҥҥа кыра эрдэхтэриттэн утумнаахтык үөрэттэхтэринэ, эт-сиин туруга салгыы сайдан иһэрэ кыаллыан сөп.

Доруобуйа киһи баар суох баайа буолар диэн өйдөбүлү оҕо төһө кыра сааһыттан билэр буола үөрэнэр да соччонон бэйэтигэр үчүгэй, туһалаах буолуо. Эдэр эрдэхтэн эти-сиини эрчийиилэринэн дьарыктана сылдьыы киһи буолуу биир сүрүн көрдөбүлүнэн ааҕыллар.

Киһи өйө-санаата эбиллэн атаҕар туран хааман, киһи буолбутун кэнниттэн сиһин тоноҕоһо көнөн олус элбэх ноҕуруусканы ылынар буолбут. Ол иһин сис тоноҕоһо утумнаах дьарыктааһыҥҥа наадыйар. Куруук сүүрэ-хаама, илиитинэн үлэлээн элбэхтик төҥкөҥнүү сылдьар киһи сиһин тоноҕоһо хамсыы, эрчиллэ сылдьар. Үгүстүк олорон эрэ үлэлиир, аҕыйахтык хамсанар дьон куруук систэрин көнөтүк тутта сылдьалларыттан тоноҕосторо ситэ хамсаабат буолуулара үөскүүр. Сис тоноҕоһо ситэ хамсаабатыттан, биир сиргэ көһүйэн хаалыытыттан аны ыалдьар буолан барар.

Сис тоноҕоһо ситэ хамсаабатыттан ыалдьарын суох оҥорор сыалтан тоноҕос толору хамсыырын, биир кэмник көһүйэн хаалбатын ситиһиэххэ наада. Ол аата, сис тоноҕоһо толору хамсыырын куруук хааччыйар наадаҕа аналлаах эрчиллиилэри оҥоро сылдьыы эрэйиллэр. Оннук эрчиллиилэри төбөттөн саҕалаан маннык оҥоруохха сөп:

1. Төбөнү төһө кэлэринэн төҥкөтөн баран өссө көхсү бөгдьөтүөххэ, онтон эбии сэрэнэн кэтэҕиттэн баттаан биэриэххэ уонна аҕыйах сөкүүндэ тута түһэн быччыҥнарын тыылыннаран баран ыытыахха. Салгыы аҕыйахтык төҥкөҥнөөн хамсатан быччыҥнарын күүрдэн эрчийэн биэриэххэ.

2. Төбөнү кэннин диэки төһө барарынан хантатан баран өссө кэдэйиэххэ, онтон эбии сэрэнэн сыҥаахтан өрө анньан биэриэххэ уонна эмиэ аҕыйах сөкүүндэ тута түһүөххэ. Ыытан баран быччыҥнарын күүрдэн хардары-таары хамсаталыы түһэн биэриэххэ.

3. Төбөнү ойоҕоһун диэки иҥнэччи туттан баран чанчыгыттан баттаан биэриэххэ. Бу эрчиллиини хардары-таары, уҥа-хаҥас диэки оҥоруохха.

Маннык эрчиллиини күҥҥэ төһө кыалларынан хаста да төхтүрүйэн оҥоро сырыттахха моой, көҕүс хамсыыллара кэҥээн, сымнаан иһэр. Кэлин эрчиллииттэн моой күүһүрэн истэҕинэ илиинэн баттааһыннары күүһүрдэн, уһатан биэрэн иһиэххэ, сыыйа-баайа дьарыктаан көҕүс барыта өҕүллэрин ситиһиэххэ сөп. Бу курдук эрчиллии элбэх бириэмэни да, үлэни да эрэйбэтэҕин иһин моой тоноҕосторо толору хамсыылларын ситиһэр буолан киһиэхэ ордук туһалаах.

Киһи сүһүөхтэрэ куруук хамсыы, имиллэ сылдьыахтаахтар. Kырдьаҕастар сүһүөхтэрэ ситэ хамсаабатыттан бэйэлэрэ кыччаан, намтаан, бөгдьөччү түһэн иһэллэр. Кинилэр сүһүөхтэрэ ситэ хамсаабата сүһүөхтэрин уута аҕыйаан иһиититтэн үөскүүр диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Араас элбэх үлэ хамсаныылара, аналлаах эрчиллиилэр, хаамыы, сүүрүү киһи сүһүөхтэрин тэнитэн, хамсатаннар сүһүөхтэр эдэр эрдэҕинээҕилэрин курдук имигэс турукка сылдьалларын хааччыйаллар.

Kиһи көнөтүк туттан тура сылдьарыттан сиһин тоноҕоһо ордук элбэх ыараханы көрсөр, бэйэтин ыйааһынын сүгэриттэн куруук баттааһыҥҥа сылдьар. Ол иһин сис тоноҕоһун эрчийии киһи олоҕор, доруобай буолуутугар сүрүн сыала буолар. Kуруук сиһи хамсатан эрчийэн биэрэ сылдьыллыахтаах.

Сис бэйэтэ тоноҕосторунан өҕүллэҥнээн төгүрүччү хамсааһыны оҥороро хааччахтаныа суохтаах. Киһи көннөрү сылдьан эрэ сиһин үксүгэр көнөтүк туттар уонна төҥкөҥнүүр эрэ хамсааһыннары оҥорор. Ол иһин эдэр эрдэхтэн илии үлэтин үлэлии, эрчийэ сырыттахха сис эдэр эрдэххэ оҥорор хамсаныыларын кырдьа баран истэххэ да холкутук оҥоруон сөп.

Үөрэх, сайдыы кэлиитэ дьон үгүстүк олорон эрэ үлэлииллэрин уонна массыынанан айанныылларын элбэтэн сүүрэллэрин, хаамалларын букатын да хаалларар кутталлаах. Үгүстүк олорор үлэлээх дьон систэрэ кэдэйэр хамсаныытын букатын да умналлар. Бу дьон үгүстүк бүк түһэн төҥкөйөн олорорго күһэллэннэр систэрин сүһүөхтэрэ кыайан хамсаабаттарыттан олох да сатаан кэдэйбэт буолан иһэллэр. Киһи олоҕор куруук төҥкөйөн үлэлээһин, хамсаныы баһыйарыттан кырдьаҕастар бөгдьөччү түһэн иһэллэр.

Олус элбэх ыарыылар сис тоноҕосторо ситэ хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Ол курдук ордук элбэхтик тэнийбит хондуруос ыарыыта сис тоноҕосторо ситэ хамсаабакка кэлтэйдии барыыларыттан үөскүүр.

Бэйэтэ үлэлии-хамсыы сылдьар киһи сиһэ кэдэйэртэн атын үс өттүгэр ордук элбэхтик хамсыыр буолан ол өттүлэригэр эбии эрчиллиигэ соччо наадыйбат. Ол иһин киһи олоҕун устата сиһин тоноҕоһун куруук кэдэтэн эрчийиитэ наада буолар. Сиһи төһө барарынан кэдэтэн эрчийиини куруук оҥоро сылдьыы эрэйиллэр.

Kуоска уонна ыт биир эрчиллиини хас сытан турдаллар эрэ куруук оҥоро сылдьаллар. Бу кыыллар утуйан, сытан турдулар эрэ систэрин кэдэччи туттан баран тардыалаан төһө эмэ туран тыыллаҥныыллар.

Kиһи эмиэ этин-сиинин ууннары тардан эрчиллиитин биһиги эмиэ тыыллаҥнааһын диэн ааттыыбыт. Быччыҥнары күүрдэн, тыыллан баран туруу биһиги эрчиллиибит сүрүн төрүтэ буолар. Хас киһи барыта бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн төһө баҕарар уһуннук уонна күүскэ тыыллаҥныан сөп. Эрчиллии саҕаланыытыгар тыыны ылан, салгыны толору эҕирийэн баран быччыҥнары барыларын күүрдэн, тыыллан, тыынары чочумча тохтотон, хас да сөкүүндэ туруллуохтаах. Бу хамсаныыларынан быччыҥнарбытын, сүһүөхтэрбитин уонна тыыныыбытын холбуу бииргэ эрчийэрбит табыллар, ол иһин киһиэхэ ордук тиийимтиэ. Эрчиллиигэ туттуллар бары хамсаныыларбыт киһи бэйэтэ тыыллаҥныырыгар туттуллар хамсаныылар буоланнар ордук туһалаахтар.

Kиһи тыынара төһөнөн аҕыйах даҕаны үйэтэ уһун буолар диэн этии оруннаах. Бары уһун үйэлээх кыыллар аҕыйахтык тыыналлар. Салгыны толору эҕирийэн баран тыынары тохтотон тура түстэххэ тыҥаҕа углекислай гаас үөскээн доруобуйаҕа ордук туһаны аҕалар. Ол иһин табатык тыыныы диэн үөрэххэ салгыны толору эҕирийэн баран тыынары тохтото түһэн ылыыны ситиһиллиэхтээх. Куруук, уһун кэмҥэ дьарыктана сырыттахха эрчиллии үөрүйэх буолан буор кут өйүгэр-санаатыгар уурулуннаҕына киһи бэйэтэ соннук тыынар буола үөрэнэр. Ол иһин биһиги сүһүөхтэрбитин эрчийиибитин кытта холбоон тыынары эмиэ эрчийэбит.

Сүһүөхтэр хам түһэн хаалыыларын тохтоторго аналлаах эрчиллиини куруук оҥоро сылдьыы туһалаах. Манна киһи бары сүһүөхтэрин өрө тардынан тыыллар эрчиллиитэ, быччыҥнарын күүрүүтэ наада. Бу эрчиллиини тыыныыны кытта холбоон маннык оҥордоххо ордук тиийимтиэ.

1. Икки илиини ытыстарынан холбуу тутан өрө уунабыт уонна өрө тардынан атахтарбыт тумсугар турабыт, бу кэмҥэ тыыммытын толору эҕирийэбит, онтон тыынарбытын тохтотон өрө уунаҥнаан бары быччыҥнарбытын күүрдэбит. Kыахпыт баарынан хас да сөкүүндэ күүрдэн ылабыт. Онтон тыыммыт салгыммытын төттөрү таһааран иһэн төҥкөччү түһэбит илиилэрбитинэн сири таарыйабыт уонна салгыы бэйэбит чохчоччу түһэн олоробут, тыыммытын толору таһаарабыт. Эрчиллии салҕаныытыгар көнөн туран иһэн түөспүтүн, испитин толору тыыны ылан иһэбит уонна илиибитин өрө уунан ытыспытын холбуу тутабыт, атахпыт төбөтүгэр өндөйөбүт, тыынарбытын тохтотобут бары быччыҥнарбытын күүрдэн өрө тардынабыт уонна кыахпыт баарынан хас да сөкүүндэ тура түһэбит. Бу эрчиллиини төһө кыайарбытынан хос-хос хатылыыбыт.

2. Сиһи кэдэтэн эрчиллиини тыыныыны кытта холбоон дьарыктаныы ордук тиийимтиэ буолуон сөп. Төҥкөйүүнү кытта салгыны тыынан таһаарыыны холбоон, онтон кэдэйиини кытта салгыны толору эҕирийэн баран бэйэ кыаҕыттан көрөн хас да сөкүүндэ тыынары тохтотон баран кэдэйиини өссө чинэтэн, быччыҥнары тыылыннаран биэриэххэ.

Сиһи ойоҕосторун диэки өҕүлүннэриини өттүк баттанан туран оҥорор ордук. Сис төһө өҕүллэринэн иҥнэри түһэн баран илиинэн баттаан чиҥэтэн биэриэххэ.

Маннык эрчиллиини күҥҥэ хаста да хатылаан оҥорор буолуу сис мастыйан хаалыытыттан көмүскүүр.

Моонньуну эрчийии эмиэ кэннин диэки хантайыы өттүгэр ордук кыһанан барыахтаах. Kиһи олоҕун устата төбөтө куруук төҥкөйүү өттүн диэки хамсыыр, ол иһин эбии эрчиллии хантайыы өттүгэр оҥоруллара ордук.

3. Тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр хатыйа тутан баран имитэн эрчийии сүһүөхтэрин тэнитэр, онтон тиэрэ тутан иннин диэки уунуу эмиэ токуруйан хаалалларын көннөрөн, кэдэтэн эрчийэр.

Kиһи ыйааһынын баттааһыныттан кырдьан истэҕинэ умса түһэн, намтаан, кыччаан иһэр. Кырдьан иһэр эт-сиин уостан кыччаан иһэригэр эбии сүһүөхтэрэ ыгылланнар киһи намтаан хаалар. Ол иһин тыыллаҥнаан, өрө тардынан эрчиллии ордук туһаны оҥорор.

Хамсаныылары оҥорон эрчиллэ сылдьан сынньанан, тыын ылынар кэмҥэ илиилэри массажтаан сүрэххэ туһаны оҥоро сылдьыахха. Киһи сүрэҕэ мөлтөөтөҕүнэ хааны хачайдыыр күүһэ кыччаан илии лабаалара хаанынан ситэ хааччыллыбаттарыттан утуйан, дьырылаан иһэр кэмнэрэ кэлэр. Ылгын чыҥыйа төбөтүттэн саҕалаан, ытыс, хары кырыыларынан ыга тутан ньиккэрийэн тоҥолоххо диэри илиилэри хардары-таары имэрийтэлээн биэриэххэ хаан эргиирэ лабааларга күүһүрэр.

Сахалар харыга кэтэр бөҕөхтөрө туох да суолтата суох буолбатахтар. Бэгэччэккэ элбэх ис уорганнары кытта сибээстээх туочукалар бааллар. Олору хам тутан массажтыы сылдьыы доруобуйаҕа эмиэ туһалаах.

Kиһи олоҕун устата этин-сиинин эрчийэн биэрэ сырыттаҕына эрэ үйэтэ уһун буоларын ситиһэр кыахтаах. Билигин кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи этэ-сиинэ туспа өйдөөх-санаалаах, онто ордук сынньалаҥнык сылдьарын туһугар кыһанар, ол иһин өй-санаа ордук тулуурдаах, өһөс буоллаҕына эрэ эти-сиини эрчиллэргэ күһэйэр кыахтанар.

Өй-санаа сайдыытын ситиспит киһи бэйэтин этин-сиинин элбэхтик эрчийэ сылдьара, үөрүйэх оҥороро олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Эт-сиин үөрүйэх буолууттан саҕаланан киһиэхэ буор кута сайдар.

П.Брэгг уһун үйэлэниини ситиһиэххитин баҕарар буоллахха Айылҕа биэрбит этин-сиинин, доруобуйатын буорту гыныма, олоххун бэйэҥ кылгатыма диэн сүбэлиир. Ол аата, эти-сиини көрө-истэ сылдьыы, сөптөөхтүк, туһалаахтык аһааһын, утумнаахтык эрчийии үөрэҕи-билиини ситиспит өй-санаа, салгын кут биир сүрүн үлэтэ, көрдөбүлэ буолуо этэ.

Биһиэхэ кэлин кэмҥэ эти-сиини эрчийэр, үөрүйэх оҥорор оннугар аҥардастыы харыстааһын өттүгэр халыйа баран хаалыы олохсуйда. Манна государство дьону боско эмтээһинэ ордук улахан сабыдыалы оҥордо. Дьон бары улахан эрэйэ суох, сынньалаҥнык сытан эрэ ситиһиллэр уонна толору хамнастаах больничнай лииһинэн хааччыллар эмтэнии, эмтэри иһии диэки салалыннылар, эттэрин-сииннэрин эрчийиини букатын да умуннулар. Ити курдук государство босхо көрөн-истэн эмтээһинэ эмтэнээччи элбээһинин бэйэтэ үөскэтэр.

«Ыарыйдахпытына эмтиэхтэрэ»,- диэн өй-санаа киириититтэн эти-сиини харыстааһын уонна эрчийии букатын да суох буолан испитэ. Ырыынак кэмэ кэлэн эмтэнии үгүс өттө харчыга оҥорулларга тиийиитэ дьон доруобуйаларын, эттэрин-сииннэрин эдэр эрдэхтэриттэн көрүнэ сылдьалларын көҕүлүүр. Утумнаахтык эрчиллэ сырыттахха киһи этэ-сиинэ бөҕөргөөн, кыра, быстах ыарыыларга кыаттарбатын үөскэтэрин бары билэбит эрээри үлэлии үөрэммэтэхпит, эти-сиини хамсатарга кыахпыт аҕыйаҕа, тулуура, дьулуура, сүрэҕэ суохпут баһыйан кыайан дьарыктаммаппыт.

Маннык кыаҕа, сүрэҕэ суох буолуубут биир көстүүтүнэн тымныы салгынынан, уунан эппитин-сииммитин дьарыктаабаппыт буолар. Тымныынан утумнаахтык дьарыктаныы туһалааҕын туһунан хас биирдии кинигэ аайы ааҕабыт, араадьыйанан, телевизорынан истэбит, учууталлар этэ сатыыллар, ол эрээри син-биир оҥорбоппут. Сүрэҕэлдьиир, солото суох курдук санаабыт баһыйар. Эппит-сииммит сытар, сынньанар, тоҥор майгынын кыайан баһыйа тутан салайбаппыт. Өйбүт-санаабыт мөлтөх, кыаммат, эппитин-сииммитин кыайан салайбат, тулуурдаах, дьаныардаах буолууга кыра эрдэхпитинэ үөрэтиллибэккэ хаалбыппыт куруук тарда сылдьар. Төрөппүттэрбит барыттан бары харыһыйар, көмүскүүр санаалара аһара баһыйан эппитин-сииммитин эрчийэргэ, ыарахаттары тулуйарга ситэ үөрэппэтэхтэр, ийэ куппутун иитэр кэмнэрин аһаран кэбиһэннэр улаатан баран үөрэнэр олус эрэйдээх, үксүгэр кыаттарбат даҕаны.

«Ийэ сүрэҕэ оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ тааска» диэн өс хоһоонун ийэлэр, төрөппүттэр бары хаһан да умнубакка куруук тутта сырыттахтарына киһилии майгылаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарыа этилэр. Оҕону олус хатаҕалаан, бэйэттэн ордуктук көрөн-истэн, үчүгэй, көрүүлээх аһылыгынан аһатыы маанылааһын буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара мааныланан, көрүллэн хааллаҕына ол майгыта өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, иҥэн атаах буола улаатар.

Кэлин кэмҥэ олохпут көнөн, бары-барыта баар буолан, государство олус көмөлөһөн, сымнаҕас, мөлтөх майгылаах, өйдөөх-санаалаах дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарабыт. Бу дьоммут эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан өйдөрүнэн-санааларынан салайбат дьон буола улааталлар, эттэрин-сииннэрин кыайан дьарыктаабаттар, доруобуйалара сылтан-сыл аайы мөлтөөн-ахсаан иһэр. Кэлэр көлүөнэ дьоммут быстах баҕа санааларын, эттэрин-сииннэрин көрдөбүллэрин уруттаан толоро сылдьыы диэки салаллан иһэллэр. Минньгэстик аһааһын, табааҕы тардыы, арыгыны иһии, наркотикка ылларыы барыта мөлтөх, кыаммат өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо аан маҥнай дьайаллар. Олохпут сайдан иһиитэ киһи өйүн-санаатын булкуйар, этин-сиинин ымсыырдар араас абылаҥнар элбээн, дэлэйэн иһиилэригэр тириэрдэр. Олох көнөн, тупсан, бары-барыта дэлэйэн иһиитэ дьоҥҥо ордук ыарахаттары, ураты тулуурдаах буолууларын эрэйэр.

Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрэ хаһан да хаалан хаалбат, саҥа, сайдыылаах үйэҕэ суолтата ордук үрдээтэ. Ол курдук арыгы, наркотик албын абылаҥнарыгар киирэн биэрбэт туһугар киһи өйө-санаата ордук тулуурдаах, өһөс буолара наада.

Онон, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ордук күүстээх санаалаах, тулуурдаах, өһөс буолуу ирдэнэр кэмэ кэлэн иһэр. Былыргы өспүт хоһоонун «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэни олохпутугар туһаннахпытына эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааталларын ситиһиэхпит. Олус тулуурдаах, дьаныардаах, ылыммыт сыалын толорууга дьүккүөрдээх кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы билиҥҥи дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолла.

Ол иһин кэлэр көлүөнэлэр киһилии майгылаах, тулуурдаах буола улаатал¬ларын иһин төрөппүттэр бэйэҕит холобургутунан, үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэриигитинэн эрэ үөрэттэххитинэ оҕолоргут эһиги курдук өйдөөх-санаалаах буолар кыахтаахтар. Доруобай, бары үлэни-хамнаһы кыайар, тулуурдаах, дьулуурдаах, киһилии майгылаах, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннараргытыгар баҕарабыт. Уруй буоллун сахаларга! Эһиги баҕа санааҕытын толороргутугар бэйэҕит эмиэ дьулуурдаах уонна тулуурдаах буолууга эрчиллэ сылдьыаххытын наада.

Хос быһаарыылар.

1. Кириллина В.И., Прокопьева Ю.Н. Долгожители Якутии. Якутск: 1999. - 64 с.

2. Поль С.Брэгг. Формула совершенства. Санкт-Петербург: ТОО «Лейла», 1993. - 384 с.

3. Н.А.Агаджанян, П.А.Петров. Биһиги эппит-хааммыт сорох кистэ-лэҥ күүстэрин туһунан.- Якутскай: Кинигэ изд-вота,1984. - 80 с.

4. Захаров Федот. Омоҕой баай: Историческай сэһэн. Дьокуускай. Бичик, 2001. - 208 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Аһылык

Аһылык уларыйыыта

Минньигэс ас

Аһыйбыт үрүҥ ас

Сарсыардааҥҥы аһылык

Күнүскү аһылык

Киэһээҥҥи аһылык

Аһылыктан туттунуу

Аһылыгы наардаан аһааһын

Иһэр уу

Туус

Эт – сиин уонна өй – санаа

Аччыктаан баран аһыахха

Аһаабакка сылдьыы

Тыыныы – тыыннаах буолуу

Тиритии

Тымныынан эти – сиини эрчийии

Уһуннук эдэр буолар туһугар

Доруобай буолуу

Иһинээҕитэ