Иһинээҕитигэр көс

Байанай алгыhа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыһыл саһыл кыалыктаах, Хара саһыл хаппардаах, Быалаах кэрэмэс кымньыылаах, Ойдоох буурай оонньуулаах,

     Бардам тутуу, 
     Барылы кэскил, 
     Баай барыылаах  
      Тойон эһэм! 
     Истэ сэргэђэлээ, 
     Көрө бүдүүлээ. 

Баай хара тыа бала5аннаах, Бараахы Сүүрүк,

     Курум хара тыа дурдалаах, 
     Куоппуту күөйээччи 
     Курађаччы Сүүрүк, 

Кураахтаах саалаах, Куоһарыылаах кустуктаах Куралай Бэргэн,

     Кылыыга ыгааччы, 
     Тый хара аттаах 
     Тыңырахаан Быһый, 

Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоңууга тохтотооччу Туолдьут Бэргэн,

     Кылыыга ыгааччы, 
     Тый хара аттаах 
     Тыңырахаан Быһый, 

Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоңууга тохтотооччу Туолдьут Бэргэн,

     Элимтэђэй таба аттаах, 
     Элиэђэ эргитээччи 
     Элик Бэргэн, 

Айаас таба аттаах, Айађа ађалааччы Алып Самнађай, Күөскэ күңэйээччи,

     Күөкэй Боллох,
     Тойон убайдарым! 
     Истэ билгэлээң, 
     Иһиллии чинчилээң! 

Эргинэ хара тыа Эђэһэтин тэрийэр,

     Догдоон хара тыа 
     Тоңуутун торутар, 

Арыы хара тыа Айатын аңаабыллыыр Алгыстаах күннэрим тађыстылар!

     Тођус кыл уунуутунан уурар, 
     Сэттэ кыл чтккэйиитинэн кэбиһэр 
     Кэскиллээх кэмнэрим кэллилэр. 
          Баай Барыылаах тойон эһэм! 
     "Эһээ" диэтэхпинэ 
     "Эһээ" диир курдук буоларың! 

Тус бэйэң туһааннаах Дођор кынан туһалаа: Уурбуттаах буолларгын уларытыма, Анаабыттаах буолларгын аралдьытыма.

     Мурун анныттан 
     Булта булан кулу, 

Атах анныттан Алта айан кулу!

     Кыйаар кыйааргыттан кыйдаан, 
     Үрэх үрэххиттэн уурэн, 
     Дайђа дайђађыттан таарытан 
         Элиэбэр эргит, 
         Тоңуубар торут, 
         Сыһыаммар сыһыаммар сыһыарт!