Балыксыт алгыһа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балыксыт алгыһа


Балыксыт оҕонньор эрэйдээх,
Унаар-тунаар хочолоох
Киэҥ-мичээр эбэкээм,
Сарт тымтайым сыыһын
Сахсаччы сүгэн туран,
Көрдөһөбүн эйигиттэн,—
Күндү күлүм уулаах
Күөх далайым иччитээ,
Дьэбэрэ-тэллэх
Бырыы-сыттык
Көппөх-суорҕан
Туона баай,
Тойон оҕонньор,
Тоҕус уон
Чороох туубар
Лоһуор собо барахсаны
Толору уган кулу даа!
Сэттэ уон
Тэрээх илиммэр
Тэрэкэнэ быччыыккын,
Тиһэ баттаан кулу нии!
Кэргэн иитиитэ эрэй буолла,
Аһыыр-сиир адьас көстүбэт,
Кырдьыы-буорайыы дьэ кэллэ.
Киэҥ мичээр эбэкэм,
Ииттэххинэ эн иитиэҥ!
Күөх далай иччитэ,
Аһаттаххына эн аһатыаҥ!
Көрдөһөбүн!
Көрдөһөбүн!


И.И.Свинобоев, Мэҥэ-Хаҥалас

П.П.Барашков 1940 с. суруйбут