Балыксыт (Ньукулай Неустроев)
БАЛЫКСЫТ
Ок-сиэ, ким манна бу курдук хара мастаах ийэ тыа үүнэн тахсан, күнү-ыйы хаххалаатын диэн анаабыта буолуой? Дьэ, доҕоттоор, тыа да тыа!
Тиит маһым тэҥкэтэ, тоҥ сиртэн өрө үүнэн тахсан, уһуктаах чыпчаалынан үрдүк күөх халлаан ньуурун аала турбатах абаккабыт баар эбит диэх курдук, куугунаһа-курулаһа, иҥиэттэ-иэдэйэ турдахтара үhү.
Тыас иһиллээбит курдук чуумпу.
Хаһан эмэ мас быыһынан куттас куобах сүүрэн элэс гынан aahap; биирдэ эмэтэ хара улар, тиит төбөтүгэр хатанан, үөһээҥҥи үрдүк килбиэннээх халлаан диэки, тугу эрэ тойоннообут курдук, чолойон олороро көстөр.
Бу хара тыа оттотугар төгүрүк тыымпы күөл кубарыйан, долгулдьуйан көстөр.
Хара тыаҕа тэһийимнэ, тыымпы күөл кытыытыгар көтөн түстэххэ, ханан даҕаны хонуу диэн хадьааһын көстүбэт, арай күөл кытыытыгар муҥур куруҥ буолбут тииттэр, синньигэс бииллэригэр диэри ууга түһэн мултуһан тураахтыыллар. Кинилэри көрдөхпүнэ, сүрэҕим ыалдьар, кутум-сүрүм тэһииккиир буоллаҕа үhү.
Күөл күөл курдук. Собоһут кыылым уйата, дьиикэй омук арбайбыт баттаҕын сытыы быһаҕынан быһа баттаан ылан, мyҥyp тиит оройугар иилэн кэбиспиттэрин курдук, харааран көстөр. Чочумча cоҕyc буола-буола собоһут кыылым, арбайбыт уйатыттан көтөн тахсан, хара кынатыгар уйдаран талбаара көтөн, күөлгэ эргийэр, ол кэнниттэн сотору мэлийэн хаалар. Собоһут кыылым, сорсуйан хаалан, туох эмэ caҥa дорҕоонун курдугу иһитиннэриэ диэн эрэнимэ. Ол эрээри айыы дойдута буолан баран, хайтах туох даҕаны саҥа салайар, киһи хараҕа таптыы көрөр кыыла-көтөрө суох буолуой?
Kөpүҥ эрэ! Күөл хаба оттотугар хара тумустаах, кыһыл атахтаах, үрүҥ көмүс түүлээх, хааҕырҕаан саҥарар хопто кыылым устан кылбайа сылдьар. Тыыраахы көтөрүм, иннэ суптуйан, кэннэ сарайан, бүтүннүүтэ кынат, түү иччитэ буолан баран, мас ойуун курдук, күөл үрдүгэр кукунайа-кукунайа ууга суптурута түһэн ылар. Ол кэнниттэн тута үөһэ халлаан диэки өрө көтөн тахсан, тыыраахылыы тыҥкы¬наан, ытаан-соҥоон муҥнанар эбит, оҕолор! Килбиэннээх киэҥ халлаан оройуттан көрөн турар аламай маҥан күҥҥэ үҥэрин билбэтим, ол эбэтэр хара орохтоох систээх мунду балыгы сыыһа харбаан, онтон абаран ытыырын-соҥуурун билбэтим ини, доҕор!
Бу маннык бэйэлээх, күөх толбон буолан көстөр тайҕа кэриир тыам хаба oттотyrap, сатыы былыты саататар, аламай күнү аралдьытар, килбиэннээх киэҥ халлааным күлүгүн төгүрүччү тардан ылан, төгүрүк сиэркилэ таас буолан сытар тыымпы күөлүм кытыытынан иэгэйэр икки атахтаах биирдэ эмэтэ, сыл баһыгар-атаҕар хара тыам булдун эккирэтэ сылдьан, aahapa буолуо дуо?
Ол эрээри ханна даҕаны күөх далай, хара тыа иччитэ суох буолбат.
Тыымпы күөлүм арҕаа булуҥун түгэҕэр, ыччат мастаах тумулум yhyrap киэһэ аайы бур-бур буруо унаарыйан көстөр буоллаҕа.
Ол тумулга тиийэн көрдөххө, уу быстар кытыытыгар буруоттан, ардахтан харааран хаалбыт, иҥнэри түһэн турар хатырык отуу баар эбит. Отуу иннигэр уот буруолуу сытар, былыр Дыгын саҕанааҕыга оҥоһуллубут, айаҕа сарымтыйан хаалбыт тимир солууччах иҥнэри түһэн олорор, уот аттыгар хас да туос тордуйа сытар, отуу тулатыгар аппа сир балык хатырыга буолбут, тиит мас төрдүгэр хас да балыктыыр туу өйөнөн турар. Хатырык отуу иһигэр ким да баара биллибэт. Күөл диэки көрө түстэххэ уҥуоргу саҕаттан тыылаах киһи, аргыый, аат эрэ харата эрдинэн, отуулаах кытыы диэки устан иһэр. Сотору соҕус буолан баран, ханнык эрэ саһаран хаалбыт хамыс быыһынан эргэ баҕайы тыы төбөтө сурулаан кэлэн, кытыыга анньынна. Аргыый аҕай, сэрэнэн-сэрэнэн, тыыттан кырдьаҕас оҕонньор киһи тахсан кэллэ.
— Тыаһаабат уулаах тыымпы күөлүм иччитэ буолбут, уу байанайа, сыраанда күлүк — Балыксыт Былатыан, до¬рообо, кырдьаҕас! Аата, эйигин харахтыыр, эн саҥаҕын истэр күннээх эбиппин ээ.
Дьэ, доҕотторуом! Мин эһиэхэ маа¬ҕыттан Балыксыт Былатыаны кэпсээ¬ри оҥостон баран, тыаһаабат уулаах тыым¬пы алааспын хоһуйарбар буолан, күнү-ыйы мээлэ ыыттым. Хайтах гыныамый, тылтан тыл ситимнэһэн, үөскээн барар.
Оҕонньор, мин диэки көрөн баран, аргыый аҕай эттэ:
— Тугу гына сылдьар oҕoҕyн?
— Ээ, тыаҕа саалана сылдьабын, хара тыа байанайа тугу эмэ дьоллоорой диэн. Эн, кырдьаҕас, хайтах-туох сытаҕын? — диэтим мин, оҕонньору сырайын-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.
— Олоробун үчүгэйдик, булт суох, — диэн баран, оҕонньор, ыалдьыты абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрдэ. Ол кэнниттэн, уотугар саба түһэн сытан, тииһэ суох айаҕынан бурулаччы үрбүтэ, үрүҥ күл, өрө бурҕайан тахсан, сырайын саба тибиирдэ, онтон уолуйбакка эрэ, оҕонньор киһи уотун бурулаччы үрэ олордо.
Ону көрөн баран, мин тоҕо эрэ күлүөх санаам көтөн түстэ.
— Тоҕо күллүҥ, доҕоор? — диэтэ оҕонньор, умайан эрэр уотугар амынньыкыны быраҕа-быраҕа.
— Ээ, бэйэм, оту-маһы көрөн үөрэбин.
Ити кэнниттэн, туох да саҥата суох, балыксыт оҕонньор солууччахтаах чаанньыгын туппутунан, күөлүн кытыытын диэки тиэтэйэ-саарайа, сылайбыт атаҕын сыһан, тиэрэ-маары тайбаан, киирэ турда.
Оо, күтүр өстөөх! Иэгэйэр икки атах¬тааҕы ахсааннаахтык көpөҥҥүн, иэримэ дьиэҕиттэн тэлэһийэн, хара тыаны сырайданан хаалаҥҥын, тыатааҕы курдук, apҕax эрэ хаһынарыҥ хаалбыт ээ. Аата, собоһут кыыл курдук, сорсуйан бардаҕыҥ.
Ити курдук санаан, мин абара олордохпуна, оҕонньорум, икки илиитин акыччы санньылытан, дьэбиннээх солууччахтаах чаанньыгар уу баһан салыбыратан таһаарда.
Сырайын-хараҕын өйдүөн одуулаан көрбүтүм, үмүрүйбүт соҕус туруору сүүстээх эбит, баттаҕа, туртайан баран, тыымпы күөлүм хагдарыйбыт хамыһын дьүһүнүн курдук, саһаран эрэр, уһун соҕус субуруйбут муруннааҕа, боруоска табаах симиллэн, бочугунас тыастаах буолбут, ымайбыт уоһун иһигэр аҕыйах аҕай тиистээх, сэҥийэтигэр cи буолуохтааҕар сэбирийбит бытыктаах эбит. Сырайа буоллаҕына, күн уота сиэн, тыал быһыта сынньан, кэриэрэн, дьэс алтанын курдук, саһаран хаалбыт. Тугуттан даҕаны хараҕа ыраас, сытыы эбит. Кэпсэттэҕинэ, киһи cыpайын утары көрбөт идэлээх кырдьаҕас. Ол-бу диэки элээр-мэлээр көрө олорор үгэстээх киһи эбит.
— Тукаам, балык буһардахпына, сиэҥ этэ дуо? — диэтэ балыксыт, чаанньыгын көлөтүгэр иилэ туран.
— Сиирим кэмнээх буолуо дуо? Чэ эрэ, хата, үчүгэй аҕайдык бөдөҥ собоҕуттан буһаран көр.
— Һэ-һэ, бөдөҥ собо диэн кэлээхтиэ дуо, быйыл балык мөлтөх быһыылаах. Эбэ тоҕо эрэ санаата кэлбэтэх.
— Кырдьаҕас, бу эбэҕэр бултуур буолтуҥ хас сыл буолла?
— Һэ-һэ! Дьэ, тугун өйдүөм буоллаҕай. Киһини билэр буолуохпуттан ыла бу күөл кытыытыгар баарбын билэбин. Дьэ, ырааппыта буолуо эбээ, тугун билиэм буоллаҕай, кырдьан, түөс-маас буолбут киһи, һэ-һэ!
— Оттон бу эбэ кытыытын арахпакка буулаабытыҥ хас сыл буолла?
— Уон төгүрүк сыл буолла. Эмээхсиним өлбүтүн тухары бу дойдуну булбутум. Үлэни кыайбат буолтум тухары наар булду батыспытым. Ол гынан баран, кырдьар диэн кырыыс мyҥa эбит — бултуурбун даҕаны кыайбат буоллум, тукаам. Сытыахтааҕар эрэ хороҥноон сылдьабын. Дьиэ тэрилтэтигэр туһата суох буолбут киһибин. Ити икки ардыгар оҕонньор, балыгын хатырыктаан, уотугар буһаран кэбистэ. Ол кэнниттэн мутук обоччоҕо табаах ууран тарта, табааҕын буруотун айаҕын иһиттэн хотон таһаарбат табаахсыт буолла.
Ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, мин өр соҕус саҥата суох өттүктүү түһэн сыттым. Ол сытан иһиттэхпинэ, күөл уҥуоргу өттүгэр туох эрэ тиҥинэс тыас тыаһаата. От-мас төбөтө эймэнэ түстэ, күүстээх халарык күөл уутун оттотунан хайа солоон, илин кытыыга курбачыйан таҕыста.
— Оо, бу дойдуга халарык эмиэ сылдьар буолар эбит дуу? — диэтим мин.
— Һэ-һэ-һэ! Бэккэ этэҕин, доҕор, оттон күөл иччитэ сылдьар буоллаҕа дии. Күрүс-күрүс буола-буола, ити курдук, кэлэн aahap идэлээх.
— Маннык улахан эбэ иччилээх буолумуна. Эн, Былатыан кырдьаҕас, caahыҥ тухары эбэҥ кытыытыттан арах¬сы¬батах киһи буоллаҕыҥ. Биирдэ эмэтэ кини киһини харахтыырыҥ дуо?
Балыксыт, өр соҕус саҥата суох сөҥөн олорон баран, эттэ:
— Көрүмүнэ, сорох икки эрдигэр, син түүл-бит курдук, биллэн aahap. Биирдэ илэ харахпынан көрбүтүм буолан баран, бүдүүлээн, субу курдук дьүһүннээх диэн быһааран билбэтэҕим, кини буоллаҕа диэн сэрэйэ эрэ санаабытым.
Ити кэнниттэн оҕонньор, хап-сабар ойон туран, солууччахтаах балыгын булкуйа охсон биэрдэ.
— Биир киэһэ эбэм уҥуоргу өттүгэр тыылана сылдьан, хамыс быыһыгар хара ыт буолан тахсан олорорун көрбүтүм, — диэтэ оҕонньор, хат кэлэн, мин аттыбар олорон баран. — Миигин көрөөт, ууга киирэн баран, мэлис гынан хаалла. Куттанан, абааһы көрөммүн, ол түүн аанньа утуйбатым. Онон эбэм иччитэ баарын ол курдук биирдэ биллэрэн турар. Ол кэнниттэн, хас да сыл буолан баран, эмээхсиним өлөр кыһыныгар эбэм мууһа туоратынан күөрэлэммит этэ: иччитэ алдьаттаҕа буолуо. Сүдү угус буолан баран, муоһунан күөл мууһун хайа солуур дииллэрэ былыргы дьон. Ол этэллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа. Нэһилиэктэн киһи өлөөрү гыннаҕына, куруук ол курдук гынар.
Ити кэнниттэн oҕонньор өр баҕайы саҥата cyox күөлүн көрөн олордо. Мин эмиэ, тугу да саҥарбакка, кинини одуулаһа олордум. Кырдьаҕаһым тугу эрэ көхсүгэр толкуйдаан, санаан эрэр? Туох ону сэрэйиэ баарай?!
Оҕонньор, көхсүн этитэн баран, үөһэ тыынна, айака¬лаата, ол гэннэ ньилбэҕиттэн тайанан баран, солууччахтаах ба¬лыгын аҕалан, мин иннибэр уурда. Собобутун сии олорон, Балыксыт оҕон¬ньор аны наар миигиттэн ону-маны ыйытар, ыраахтаҕыга тиийэ ырытар киһи буолла. Мин тугу билэр¬бин кэпсии сытаатым. Күтүрү, кырдьыга, ити курдук ыраа¬ҕынан эҥсэн саныыра буолуо диэбэт этим. Онон киһи киһитэ өттө, дэлэҕэ собоһут кыыл курдук буолуо дуо... Хаһалаах эмис собону тото сиэн баран, мин бараары турдахпына, оҕонньор, курутуйбут киһи курдук, сонньуйан туран, эттэ:
— Хайа, тукаам, бараары гынныҥ дуу? Барымына, тугу гына миигин, абааһы, бүдүк буолбут оҕонньору, кытта олоруоҥуй? Эдэрим буоллар, мин да бара-кэлэ сатыам этэ. Һэ-һэ-һэ! Хата, аныгы сырыыгар табаахта кэһиигин аҕалаар, мин собо ууруом, — диэтэ.
Тыа саҕатыгар тахсан баран, кэннибин хайыһан көрбүтүм, оҕонньор эрэйдээх тоҕо эрэ күөлүн кытыытын диэки аат эрэ харата саллаҥнаан эрэр эбит. Тыытын уутун эһэ киирдэҕэ буолуо.
Оо, тыаһаабат уулаах тыымпы эбэм, соҕотох иччигиттэн эстэриҥ чугаһаабыт ээ, бадаҕа...
Күһүнүгэр тиийэн мин иһиттим — Балыксыт Былатыан оҕонньор эбэтин кытыытыгар өлө сытарын булан ылбыттар үhү диэн...
Ону истибит дьон, үөһэ тыына-тыына: «Оо, оҕонньор барахсан, дьэ, сараабыт ээ, буолумуна», — дэстилэр.
Күһүҥҥү түүн, соботуттан кэриэһин тото сиэн баран, Балыксыт Былатыан, саҥынньаҕын бүрүнэн баран, хатырык отуутугар түлүк уутун утуйа сытан, туох эрэ күүстээх тыас тигинээбититтэн уһук¬тан кэлэн, өндөйөн көрбүтэ, отуутун айаҕа аһыллан хаалбыт эбит, хара тыа тыаһа тиҥинэс буол¬бут, тыаһаабат уулаах тыымпы эбэтин долгунун тыаһа ньил¬лиргэс буолбут, хара былыт мааҕы бэйэлээх күндүл маҥан халлаанын бү¬рү¬йэн кэбиспит, хара самыырынан туох да көстүбэт гына тоҕо түһэ турар эбит.
Алдьархайдаах-аанайдаах силлиэ түһэн, оҕонньор хатырык отуутун көтү¬тэн илдьээри муҥнаан эрэр эбит. Балыксыт өйдөнөн кэлбитэ, төбөтө туох да салаҥнык ыалдьыбыт, сүрэҕэ көппүтэ диэн туохтан да муҥ, тамаҕа хатан хаалбыт, этин сылааһа уокка баттаабыт курдук буолбут.
«Көр, ыалдьыбыппын ээ», — дии санаата оҕонньор, оронугар хат сытан баран. Тыал тыаһа, ардах түһэрэ ордук күүһүрэргэ дылы гынна. Уу булан, тамаҕын сиигирдээри, оҕонньор хат оронон туран иһэн, мэйиитэ эргийэн, түҥ-таҥ баран, кыайан cүһүөҕэp турумуна, умса баран түстэ. Ол гэннэ ыараханнык, иҥсэлээхтик ынчыктаата. «Ок-сиэ, өлөр кэлбит ээ, бадаҕа! Күүс суох буолбут. Сааспар ынчыктыыр диэни билэ илик этим. Ол, бу күнүм хараарара кэллэҕэ. Бар дьонум, бырас-тыы, хара тыам, күөх далайым иччилэрэ, бырастыыларыҥ! Аны эһигини кытта аалсарбыттан ааһаары гынным быһыылаах».
Ити курдук, оҕонньор иһигэр курутуйа сытта. Оннооҕор эмээхсинэ өллөҕүнэ тахсыбатах хараҕын уута субуруйда, тыына улам-улам кылгаата, түҥ- таҥ буолла, өлөр диэн чугаһаата быһыылаах. Арай тыал тохтуурун быыһыгар, өлөөрү чиччигинии сытар оҕонньор иһиттэҕинэ, күөл кытыытын диэки ыт үрэн ньаҕыйда.
«Эбэм иччитэ баарын биллэрдэҕэ», — дии санаата оҕон¬ньор. Ол кэнниттэн туох эрэ кэлэн, кинини атаҕыттан тардыалаата. Оҕонньор, соһуйан, оронугар олоро түстэ. Хараҕын уутун туора-маары соттон баран, өйдүөн көрбүтэ, били кини өлбүт эмээхсинэ кэлэн, отуутун өҥөйөн туран, куолутунан мөҕөн эрэр эбит.
— Оҕонньоор, тур! Аата, күтүр өстөөх, утуйдаҕа баҕac кытаанаҕын. Чэ, тур, барыах!
— Бачча түүн ол ханна барабыт? — диэтэ оҕонньор, сүрэҕэлдьээбит киһи быһыытынан.
— Эн дөксө ол-бу диэн дойҕохтуу олороҕун. Киһи тылын истибэккин, — диэтэ да, эмээхсин оҕонньору, икки акымалыттан сулбу таһыйан ылан, түҥ-таҥ ытыйан, ханна эрэ көтүтэн илдьэ барда.
— Бу күтүр, киһини аны ууга түһэриэ. Арах oҕoлор! — дии санаан баран, оҕонньор ханна да барбытын билбэтэ...
Балыксыт Былатыан кырдьаҕас өлөн хаалла.
Хас да сыл буолан баран мин, түргэн атахтаах тайах кыылы эккирэтэн баран, мэлийэн төннөн иһэн, мунан, биир улахан тыымпы күөл кытыытыгар хара тыаттан көтөн түстүм. Өйдүөн көрбүтүм, били бокуонньук Былатыан оҕонньор эбэтин кытыытыгар кэлэн турар эбиппин. Кырдьаҕаспын кэриэстии санаан, кини отуута турбут тумулугар бардым.
Тиийэн көрбүтүм, оҕонньорум хатырык отуутун онно эрэ харааран хаалбыт. Кырдьаҕас тиит анныгар хас да алдьанан хаалбыт туу сүрэхтэрэ ыһылла сыталлар эбит. Күөл диэки эргийэн көрбүтүм, би¬ли оҕонньорум тыыннаа¬ҕар миинэр тыытын түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. «Ок-сиэ, оҕонньор эрэйдээх, аата, имниин эһиннэҕэ. Аны тыымпы күөлү икки атахтаах сырайдыыр да үhүө», — диэн курутуйа саныы-саныы, мин тыа диэки тахсан истим.
Күөл сыырын тахсаат, өйдүөн көрбүтүм — арай тыа иһигэр бурдук ыспыт солооһун баар буолбут. Күөх куоластаммыт бурдук, ииччэх киирбэт гына, өрө анньан тахсыбыт эбит.
«Көр, манна бурдук үүннэрбиттэр эбит ээ. Бу Былатыан оҕонньор уола кэлэн ыстаҕа» диэн сэрэйэ-сэрэйэ, мин, бурдук күрүөтүн төгүрүйэ хааман иһэн, кыра чочур үрдүгэр өлбүт киһи кириэһэ турарыгар иҥнэ биэрдим. Били оҕонньор эрэйдээҕи манна көммүттэр эбит. «Өллөхпүнэ, эбэм кытыытыгар көмөөрүҥ», — диэн, кэриэһин эппит буоллаҕа.
Оҕонньор уҥуоҕун аттыгар туран эрэ, күөлү көрбүтүм, сайыҥҥы күн уотун сардаҥатыгар уу күөх толбоно күлүмнээн көстүбүтэ, дьэ, көрүөххэ кэрэ этэ. Балыксыт Былатыан эбэтин таптыан да таптаабыт эбит.