Иһинээҕитигэр көс

Барда (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

БАРДА (Урукку олохтон кэпсээн)

[уларыт]

Имик-самык сырдык балаҕан дьиэ кэтэҕириин оронун иннигэр сыа чимэчи элэҥнээн-күөрэҥнээн умайар сырдыгынан сирдэтэн көрдөххө, ороҥҥо биир киһи сотору-сотору иһин түгэҕиттэн бөтүөхтээн ынчыктыы сытара.

Сытар киһи дьүһүнэ-бодото уларыйбыт, сырайын дьүһүнэ туой буор курдук өлбөөдүйбүт, икки хараҕын көмүскэтин түгэҕэр үрүҥүнэн диэличчи көрбүт, мунна ордук уһуктанан, чөмчөйөн, кырыыламмыт курдук буолбут. Ынчыктыырыттан, тыынарыттан иһиттэххэ, киһи аатыттан ааспыт киһи быһыылаах.

Чочум буола-буола түҥ-таҥ буолан, тыынын былдьаһан, эмискэ ууга түһэн баран өрүһүнэн эрэр киһи курдук өрө тарбыалаһар, ол кэнниттэн салгыны туппат буолбут күөт хааһаҕын курдук хар-быс гынан, хамнаабакка им-ньим баран сытар. Ол курдук таҥас баран сыттаҕына, кини өйүгэр-санаатыгар арааһынай көстөргө дылы гынар. Хайтах кини өлүөр-чэбдик сылдьан тугу гыммыта, тугу саҥарбыта, хайтах оҕо буолан улааппыта,ойох ылан, оҕо төрөтөн ыал буолбута. Байар-тотор кыһалҕатыгар араас эрэйи-буруйу көрбүтэ, үчүгэй ааты ылар, илин быльдьасыһар иннигэр, араас дьиибэни-албыны оҥорбута, киһи ордугар ымсыырбыта, дьону кыһалҕаҕа түбэһиннэртээбитэ, атаҕастаабыта, баттаабыта, быһатын диэн эттэххэ, киһини өйдүүр буолуоҕуттан тугу оҥорбута барыта бу баар курдук кини өйүгэр, кини хараҕар чопчу элэҥнээн көстөргө дылы этэ. Кини атаҕастаабыт, сыспыт-мөхпүт, сымыйалаабыт, албыннаабыт дьонноро бука барылара кини иннигэр кэлэн сэтэрии, күлэ турарга дылылара. «Оок-сиэ! Отто дойдуга сыыһатык даа туттан сыльдьыбыт эбиппин. Үрүҥ күнтэн сүтэртэн миигин туох да быыһыа суох ээ, бадаҕа... Хаттаан төрүүрүм буоллар, хара ааныттан атыннык туттан олоруом этэ, кылгас үйэлээхпин өйдөөн, кими да кытта ииссибэккэ, кимиэхэ даа куһаҕаны оҥорбокко олоруом этэ. Киһи иккитэ төрүүр гына оҥоһуллубатаҕа куһаҕанын эбитин нии...» — дии саныы сытта.

Ол гэннэ дьоҥҥо, бары өстөөхтөрүн кытта тупсуон, бары киниэхэ куһаҕаннаах дьону бырастыы гыныан сүрдээхтик баҕара санаата. Тугу эрэ саҥарыан баҕарда даа, тыла хамсаабат буолан хаалбыт, көхсө, түөһэ тугунан эрэ ыга баттаппыт эбэтэр кыбыттарбыт курдук, кып-кыараҕаһынан түөһүн иһиттэн өрө эппэҥнээн тыына сытта...

Дьиэ иһигэр тыас иһиллээбит курдук им-ньим... Дьиэлээхтэрэ барылара туохтан эрэ куттаммыт, туох эрэ кытаанах улахан суолга бэлэмнэммит курдук буолан, саҥата-иҥэтэ суох куруһан олороллор.

Кырдьык даҕаны хайтах эрэ киһи куйахата күүрүөх, этэ салаһан ытырбахтыах, улаханнык саҥардахха, улаханнык тыаһаатахха, туох эрэ көтүрү ыстанан барыларын баттыы түһүөх курдук, барык-сарык балаҕан иһэ буолбута, ок-сиэ!.. Кырдьык даҕаны, тоҕо баҕас куһаҕанай, ыараханай... Ол курдук дьиэ иһинээҕи дьон санааларын туох эрэ харахха көстүбэт, кистэлэҥ, хараҥа күүс кэлэн саба баттаабыта... Сытар киһи көхсүн иһигэр дириҥ баҕайытык ынчыктаатаҕын аайы дьиэ иһинээҕи дьон барылара, эмискэ тымныы уунан ыстар-быт курдук «дьигис» гына-гына, бэйэ-бэйэлэрин көрсүһэн кэбиһэ олорбуттара.

Сытар киһи иннигэр олорор дьахтар, имик-самык умайа турар чимэчи сырдыгын хаппахтыы дьиэ үрдүгэр тиийэ харааран «бэкис» гына туран баран, хайдах эрэ сүрдээх түгэхтээх баҕайытык: «Туруҥ, барда...» — диэбитэ барыларыгар сүрдээх ыараханнык, кытаанахтык иһилиннэ. «Барда», соҕотох «барда» диэн тыл ол бириэмэҕэ киһи аайы бэрт элбэх ыарахан кутурҕан санааны аҕалла. «Барда...»

Биһиги эмиэ кини курдук өлүөхпүт буоллаҕа диэн куттаммыттара эбитэ дуу, эбэтэр өлөн сытааччыны өссө улаханнык аһыйбыттара эбитэ дуу, соччоҕо ону хайалара да арааран билбэтэҕэ.

Дьахтар имик-самык оттотугар туран «барда» диэбит тылыттан туох баар дьиэ иһигэр баар барыта, уоттуун, мастыын уларыйарга дылы гынна, оннооҕор хотон түгэҕэр сытар ынах дириҥ баҕайытык им-ньим оттотугар ынчыктаан ыҥыранна.

Кэтэҕириин балаҕан муннугар, долбуур үрдүгэр турар кырааска таҥара мэтириэтигэр араҥас чимэчи аҕаараҕын уматан баран, таҥараны итэҕэйэрдиин, итэҕэйбэттиин ол бириэмэҕэ ис сүрэхтэриттэн, бары наадаларын, кыһалҕаларын, отто дойду олоҕун умнан тураннар, «бокуоньньук дууһатын айыы таҥара уһун олоҕор сырдаттын» диэн уостарын иһигэр ботугуруу-ботугуруу, кириэстэммитинэн бардылар. Кырааската онон-манан эргэрэн, эмтэрийэн тохтон түспүт Киристиэс мэтириэтэ, борук-сорук оттотугар чимэчи элэҥнээн умайан сырдатарынан кыһайан көрдөххө, кинилэр көрдөһүүлэрин истибит, саныы турар санааларын тобулу билбит, кырдьык субу илэ бэйэтинэн кэлэн олорор дуу дии саныах курдук буолбут этэ.


Түөрт муннуктаах муус түннүгүнэн күһүҥҥү күн уота мүлчү ойон киирэн, балаҕан иһин күндэлэс сырдык оҥорбут. Таҥара анныгар алта кырыылаах хоруоп дьааһыкка өлбүт киһи чиккэйэн сытар. Кини ойоҕоһугар кырдьа барбыт кыра соҕус киһи чочум буола-буола бокулуоннуу-бокулуоннуу, таҥара да иһиттин, дьон даа көрдүннэр диэбит курдук, саалтыыр ааҕан добдугурата турара, дьиэ иһинээҕи быһыы-майгы, көннөрү олохтон чыҥха атын буолбут, киһи эрэ сирэйэ-хараҕа уларыйбыт, урукку курдук ооньньуу-күлүү суох... Ханна эрэ, тоҕо эрэ кыһаммыт, тиэтэйбит курдук буолбуттар. Дьиэ иһинээҕи дьон бары, аны туран кэлээрэй, биһигини барыбытын билэн сыттаҕа буолуо диэбит курдук, хайы-үйэҕэ муус буолан тоҥон тугу да гынарын билбэт буолбут киһиттэн харахтара, санаалара арахпатаҕа...

Кыраһа хаар оттотугар, томтор сиргэ, иин үрдүгэр хоруоптаах киһи сытар. Лааданнаах хадьыыланан талбаатыы-талбаатыы, ырыысалаах аҕабыт кырдьык-хордьук санаарҕаабыт куолаһынан ыллаан дуораһытара хайтах эрэ киһи сүрэҕэр хатанан, кырдьык даҕаны киһибитин уһун олоҕор атааран эрэбит диэх курдук этэ. Ыраас халлаан ньууруттан күн уота ордук үчүгэйдик, ыраастык күндээрэн, өлбүт киһи сирэйигэр, аны көрүөм суоҕа диэх айылаах чаҕылыйа тыкпыт. Сонно көрдөххө, оттуун-мастыын, күннүүн, аҕабыттыын хайтах эрэ ордук үчүгэй буолбукка дылылара. Хоруобу иин түгэҕэр түһэрэн бараннар, аны туран кэлиэ диэбит курдук, салаҥ ыксалынан иин тулатыгар томточчу ыһыллыбыт тоҥ буорунан ииннэрин толоро охсон кэбистилэр... «Барда»...

Аҕыйах хонук анараа өттүгэр син атын дьон курдук ооньньоон-көрүлээн, кыһанан, эрэйдэнэн, илин быльдьасыһан үп-ас мунньа сыддьыбыта барыта кэннигэр хаалла.Билигин киниэхэ туох даа наадата суох...сири кытта сир, буору кытта буор... Аны таҥара да, абааһы да өрүһүйбэт. Хайтах кини сир үрдүттэн сир анныгар киирэн буорунан баттатыллыбытын курдук, бар дьоҥҥо эмиэ мааныта, аһыыта, кутурҕана барыта сууйуллан, умнуллан Уйбааҥа да, Сэмэнҥэ да биллибэт буолла.

Киһилэрин көмөөт, били ытаабыт, аһыйбыт дьон бары эмиэ күн сирин олоҕор кыһанан, өлөрү умнан, үөрэн-көтөн, оонньоон-күлэн, атаҕастаһан-баттаһан, илин быльдьасыһан, тыыннаах буоларга кыһаммытынан бардылар.

Оннооҕор халлаан тыала саҥа түспүт кыраһа хаары альдьатан, өлбүт киһини таһаарбыт суолларын саба тибэн, сүтэрэн кэбистэ... «Барда...»

Алампа айымньыларын тиһигэр төннөргө.