Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыар түүн усталлар
Барыар түүн усталлар
Баһа суох ырыалар,
Сүрэхпэр мусталлар
Тыына суох ыралар.
Кырыктаах Бириэмэ
Кулгаахпар кыланна :
«Эдэриҥ эйиэнэ
Өлөргө кыранна!...»
Оччоҕо бэйэбин
Мин саҥа билэбин,
Олорбут үйэбин
Хайыһан көрөбүн;
Кэрэгэй кэскилбин
Киил маска кэрдэбин,
Баар эрэ кэс тылбын
Барытын күүрдэбин.
Минньигэс ыранан
Бэйэбин албыннаан,
Үөрүүлээх ырыанан
Сүрэҕим айманна.
Дьэ кэлиҥ, дьэ кэлиҕ=ҥ,
Илбистэр, кыргыстар,
Тимириҥ, тимириҥ,
О, дьоллоох алгыстар!
Сир муҥнаах төрүөҕэ,
Эн хааныҥ сүүрэрин
Хараҕым көрүөҕэ,
Мичээрдиэ сүрэҕим.
Бириэмэ бааһырбат:
Ким өлүө, ким төрүө...
Өлүҥ да, баҕардар,
Оннооҕор мин өлүөм!
|
|