Иһинээҕитигэр көс

Баян

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Баян (Исай Никифоров)

[уларыт]

Биһиги чааспытыгар Ника диэн старшина баар, кини үгүс көрдөөх-нардаах, сылайар-элэйэр диэни билбэт, үтүө музыкаһыт. Ника хайыы-үйэ быраҕыахха сөп буола эргэрбит баяннаах. Онтукатын өрүү ыһыктыбат, окуопаттан окуопаҕа көстөхпүт аайы таскайдыыр, араабы гынар. Көхсүгэр өйүөлээх ботуоҥкатын кытта баянын сүгэр, иннигэр автоматын туора иилинэр. Биһиги биирдэ хаһыа да буолан:

— Маннык сэрииһит диэн баар үһү дуо? Абааһы сэбин араабы гыныма, бырах, киэр гын! — диэтибит.

— Эр киһи биэрбитэ буоллар, бырахпытым ырааппыт буолуох этэ. Таптыыр кыыһым бэлэхтээбитэ... Сэрии бүттэҕинэ дьиэбэр баяммын сүкпүтүнэн тиийиэм дии саныыбын... Оо, онно, дьиэбэр!.. Мин дьиэм түннүгүн анныгар улахан тэтиҥ үүнэн турар, билигин кини сэбирдэхтэммитэ буолуо. Мин ол тэтиҥ төрдүгэр ыскаамыйа оҥорбутум. Онно олорон баяммын тыаһатыам, дэриэбинэ кыргыттара дьэдьэн курдук тэтэрэн, отон курдук кытаран...Эчи, кэрэтиэн! Бары түмсэ түһүөхтэрэ, дьэ хайдах курдук көр-нар буолуой?! Мин итинник олоҕу таптыыбын. – Старшина хап-хара харахтара уоттааҕынан чоҕулуҥнуу олордо.

Ника тылынан өрүү сытыы, барыттан бары дэбигис-бааччы куотунумтуо уонна киһи күлэн быарын тыыттарар көрдөөх тылларын булан этээччи, ол иһин биһиги бары да кинини бэркэ сөбүлүүбүт.

Күн киирэн, борук-сорук буолла. Түөрт разведкаһыт саллаат итиэннэ рота командира биһиги олорор блиндажпытыгар утуу-субуу кутулла түстүлэр. Командир разведкаһыттарга, картаны көрдөрө-көрдөрө, бойобуой соругу туруорар.

— "Тыл" наада. Өстөөх туох былааннааҕын, төһө күүстээҕин билиэххэ наада. Кытаанах итиэннэ эппиэттээх сорудах. Ол гынан баран, хайаан да өйдөөҥ, бу сорудах туоллаҕына сатанар, – командир өттүгэр эйэҥэлии сылдьар "ТТ" бэстилиэтин кобуратын көннөрүнэр.

Разведчиктар бары да сирэйдэрэ-харахтара турбут, сорудах эппиэттээҕин билбит көрүҥнээхтэр. Кинилэртэн ким да саҥарбат, блиндаж оронугар (орон да буолуо дуо, сиргэ өрөһөлөммүт соломо үрдүгэр ууруллубут хаптаһын) олорон, биир саппыйаны кэритэн табах ууруннулар.

Ника старшина хапсаҕайданан тура эккирээтэ, баянын эмиэ эһэ охсон ылла:

— Бэйи, разведчик эрэттэри музыканан атаарыым. Чэ эрэ, дьол-соргу туһугар ыллаа-туой!

Разведчиктар эмискэ сэргии түстүлэр:

— Чэ эрэ, "Катюшаны", — дэстилэр. Оннооҕор бу сырыыга, урут Ника баян сүгэрин хаста эмэ сэмэлээбит, рота командира сөбүлэстэ.

Старшина дьоһуннанна, атаҕын хатыйа уурунна, баһын кыҥнатта, пилоткатын өрө анньыммахтаата. Уоһун ибигирэтэ-ибигирэтэ, тардан киирэн барда. Кини синньигэс, имигэс, үөрүйэх тарбахтара тимэхтэн тимэххэ үктэнэн үҥкүүлээтилэр.

Истиэххэ, кырдьык да, кэрэ. Саллааттар музыка тыаһын истибэтэхтэрэ ыраатта.

Старшина эмискэ тохтоото. Бары им-дьим бардыбыт, сирэй-сирэйбитин көрүстүбүт. Онтон, немецтэр окуопаларын диэкиттэн:

— Рус, гут, гут! Младешь! — диир хаһыылар иһилиннилэр.

Ити икки ардыгар кэтит сарыннаах, украиналыы тартаран саҥарар кылгас, суон саллаат тастан киирдэ уонна фрицтэр баян тыаһын иһиллииллэрин, окуопаттан биир блиндажка мустан эрэллэрин туһунан кэпсээтэ.

Рота командира старшинаҕа:

— Фрицтэр өссө муһуннунар, иһиттинэр, улахан тыастаахтык үчүгэй ырыаларда оонньоо. Оттон эһиги, — разведчиктарга эргилиннэ, — тиэтэйиҥ, ити чуумпуруу бириэмэтин туһаныҥ баҕар, табыллыа, — диэтэ. Түөрт саллаат намыһах ааҥҥа төҥкөйөн, көхсүлэрэ бөкүнүҥнээн тахса турдулар.

Ника баяна өссө эбии ирэн-хорон оонньуур, немецтэр баллыгыраһаллара, күлсэллэрэ иһиллэр. Аҕыйах мүнүүтэҕэ тыас-уус намтаабыкка, ойута, тэһитэ ытылла турбут күөх ойуур сынньаммыкка дылы буолла. Старшина баянын тыаһа намыраабат. Кини чаас аҥара бадахтаахха тохтообото, уол ийэ-хара көлөһүнэ сарт түстэ, атаҕын хаста эмэ уларытта, билэр ырыалара да баранан бардылар быһыылаах. Немецтэр окуопаларын диэкиттэн:

— Рус, албыннаатыҥ!.. — диир хаһыы иһиллээтин кытта, ракета сырдык уоттара халлааны хайыта суруйан тахсыталаатылар, онтон улахыын-улахан дуҕалары оҥортоон сиргэ түһүтэлээтилэр, трассирующай буулдьалар уоттара субулунна, пулеметтар, автоматтар, минометтар үлэлээтилэр: сир-халлаан ньиргийэ, от-мас бачыгырыы түстэ.

Биһиги, билигин аҕай ыыппыт разведчиктарбытын өстөөх көрөн ытыалаан эрдэҕэ диэн бэйэбит икки ардыбытыгар кэпсэтээт, окуопаларга ойон киирдибит, аналлаах миэстэлэрбитигэр баар буола түстүбүт. Өр буолбата, разведчиктар, бруствер буорун көҥүтэ үктүү-үктүү, окуопаҕа түһүтэлээтилэр. Старший сержант Никулин рота командирыгар:

— Табаарыс командир, эн бирикээһиҥ толорулунна!..

— Маладьыастар! — хас да саҥа төлө барда.

Разведчиктарбыт биир немец саллаатын уонна станковай пулемету соһумардык саба түһэн илдьэ аҕалбыттар. Никулин ити туһунан манныгы кэпсээтэ:

— Фрицтэр баян тыаһын иһиллии биир сиргэ мустубуттар. Пулеметнай расчекка соҕотох саллааты часовой хаалларбыттар. Биһиги киниэхэ тыаһа-ууһа суох үөмэн тиийдибит, "чыып-чаап" диир бокуой биэрбэккэ, бэттэх диэки дьөгдьөрүттүбүт.

Биһиги утарыбытыгар сыппыт өстөөх ротата, киһитин уордарбыт абаккатыгар буолуо, бу түүнү быһа хонууну ытан, халлааны таһыйан таҕыста.

Дьэ, ситинтэн ыла ким да Ника баяныгар хараҕын аалларбат буолбута.