Иһинээҕитигэр көс

Баҕайы Былаадьык кэпсээннэрэ (Слепцов Анатолий Игнатьевич)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Устудьуоннуу сылдьан, каникул кэмигэр дойдубар кэллэхпинэ, таптаан Баҕайы Былаадьык диэн ааттыыр доҕорбор дэриэбинэ сонунун истээри тиийэр буоларым. Дьиэтигэр киириэхпиттэн айаҕа хам буолбакка, миэхэ тыл кыбытар кыаҕы биэрбэккэ, тоҕо-хоро кэпсиир идэлээҕэ. Ол кэпсээннэрин эһиэхэ кэпсиим...

«Ок-сиэ, Мотуруона-а-а! Ким кэлбитэ буолуой? Үөһээ-аллараа туруҥ - мин атаһым кэллэ! Чэ, кытаат, ааны саба тарт - ытым тэҥҥэ киирээри гыныаҕа. Биһиэхэ тиксибит биһиэнин курдук -туох да киэбирэн-хаабыран ыт бөҕөтө! Этин буһардахха эрэ сиир, киэһэ тэллэҕин эргиттэххэ эрэ утуйар... Сороҕор кыыһыран маатыралыыбын ээ: «Киһи эрэ ыт буолар баҕайыта! Киэбиримэ!» — диибин. Чэ, турума, вас... Мотуруона-а-а! Остуолгун та-а-арт! Уонна били аспытын чугаһатаар эрэ-э-э! Но! Испэппин даа?! Кэлбит буоллаххына саҥата суох олороргун эрэ бил -эн оннугар бэйэм да сордонон көрүөм. Мин диэн экстремал буоллаҕым дии! Райком бастакы сэкирэтээрин кабинетыгар одьукулуоннаабыт ки-һи бүтүн Сэбиэскэй Союз үрдүнэн суоҕа буолуо! Ол туһунан истэ иликкин дуо? Чэ, иһит:

— Оччолорго эн ыалыҥ Бааска, ийэтин солбуйан, райкомҥа охранник оннугар хонор буолара. Биир кыһыҥҥы киэһэ мин, Хонтоҕор Бүөккэ уонна Тэллэй Кйэсэ буолан кини дьуһуурустубатын күнүн таба тайана түстүбүт. «Тройной» одьукулуон булан-талан киэбирэ сылдьабыт. Бааска, биһигини убаастаан, бастакы сэкирэтээр хоһун арыйан биэрдэ. Аччык сылдьар дьон, сокууската суох «амсайан» баран, сонно хоттордубут. Хонтоҕор приемнайга секретарша остуолугар турар бэчээттиир массыыҥканы булан туту эрэ бэчээттээн букунайар, биһиги Киэсэлиин Баасканы иккис этээс кирилиэһиттэн төкүнүтэ оонньуу сырыттыбыт...

Онтон мин «Сельхозтехника» кулуубугар киинэҕэ бардым. Ким диэн киинэни көрдөрбүгтэрин өйдөөбөппүн - экран иннигэр муостаҕа сытан утуйан хаалбыппын. Арай, утуйа сыттахпына, ким эрэ атахпын тэптэ. Мин утары тэбээччи буоллум, ону атахпыттан ылан таһырдьа состулар. Харахпын арыйан көрбүтүм хараҥаҕа икки хахаарда килбэчийэр... Милииссийэҕэ аҕалан остуол анныгар симтилэр. Онно Хонтоҕор Бүөккэ олохсуйбута ырааппыт эбит, миэстэтин көҥөнүөх курдук туттар. Ол дьаабылана сырыттахпытына Тэллэй Киэсэни киллэрдилэр. Киһибит мелодичнай баҕайы ырыалаах: «Талыы талба Таатта талах курдаах уола Тэллэй Киэсэ диэммин...» — диэн куплетын түмүгэр кэтэх тыаһа сөптөөх доҕуһуол буолла. Кини биһиги кэккэбитигэр холбоспутун кэннэ, партия барытын өтө көрөр харахтааҕын итэҕэйэн, сөҕө-махтайа остуол анныгар киирдибит-таҕыстыбыт... Партия эрэ ыйан биэрэн, милииссийэлэр биһиги үһүөн одьукулуоннаабыппытын билэннэр, барыбытын чуо туттахтара дэстибит... Ону баара, кэнники билбиппит, Бааска дьиэтигэр тиийэн «шумнаабыт» эбит, онуоха ийэтэ милииссийэҕэ тыллаан биэрбит. «Өскөтүн охранник маннык туруктаах буоллаҕына, райкомҥа туох буола турарый?» — диэн санааттан киирэн көрбүттэрэ приемнайга «банкет ыҥырыылаахтарын испииһэгэ» массыыҥкаҕа кыбыллан турар үһү. Хонтоҕор, хайа наадата суохха суруксута киирэн, барыбыт аатын ыраас лиискэ ууран биэрбит, аҕабыт аатын кытары умнубатах...

Хайаан оччотооҕу кытаанах сокуоннаах кэмҥэ биһигини хаайыыга укпатахтара буолла? Оҕолор диэн харыстаабыттара дуу, айдаантан бэйэбит эмсэҕэлиэхпит диэн куттаммыттара дуу... Олохпут син биир оннубутун буллартаатаҕа: Бүөккэ киһи илиититтэн өлбүтэ, Бааска кыһын үлэтиттэн кэлэн иһэн тоҥон өлбүтэ, Тэллэй Киэсэ хаайыы киһитэ буолбута... Мин бу баарбын даҕаны, билиҥҥи кэмҥэ киһи тугу эрэниэй - баҕар эн аныгыскы кэлиигэр суох буолуом... Чэ, хааллын, атыны кэпсэтиэх...»