Иһинээҕитигэр көс

Баҕарар баҕам байҕала... (Zeasta)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Баҕарар баҕам байҕала,
Хараҕым хаарыан хайҕала,
Сэргиир, сэнээрэр сэгэрим,
Истэр, илэ иэйиим,
Сүппэккин сүрэхпиттэн,
Санаабыттан арахсыбаккын эн…

Күлүмнүүр күндү күнүм,
Көрдөөн күүппүт көмүһүм,
Ахтар-саныыр аргыһым ,
Кылбаа кыталык кыыһым,
Сэмээр этиэм сэрэнэн -
«Мин тапталым эн»…