Иһинээҕитигэр көс

Ба5ардым тиийиэхпин (Сабыйа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Баҕардым тиийиэхпин

Мин дууһам чыычаах буолан көтөн,

Баҕардым эйиэхэ тиийиэхпин,

Ол тиийэн хараххын өҥөйөн,

Саһыарбыт кистэлгин билиэхпин.

      Хараҕыҥ- дууһаҥ сиэркилэтэ,
      Көстүөҕэ дьэ онно түөрэтэ-
      Үөрүүттэн сылаастык сыдьаайта,
      Эбэтэр тымныынан хаарыйта.
 Бу нуурал  киэһэҕэ буламмын
 Баҕардым куоласкын истиэхпин,
 Алгыстаах амарах тылларгын
 Иҥэрэн кыратык чэпчиэхпин.
     Соҕотох буолартан тэһииркээн
     Баҕардым эн түөскэр сыстыахпын,
     Ахтылҕан курас тииһигиттэн
     Араҕа түһэммин сымныахпын.
 Ол кэннэ сойботох сүрэхпин
 Баҕардым уоскутан ылыахпын-
 Ахтылҕан ырыатын истиҥин
 Ааспыты санатан ыллыаххын.            04.12.13.