Иһинээҕитигэр көс

Билбит-көрбүт

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыраахтан ыйга тиийэ ыраађы
ырыыналыы сытыыбын,
чугастан оҺолго тиийэ чугаҺы
чуңнуу сытыыбын;
үрдүктэн үрүң күн көрүгү
бүдүүлээн көрбөпүн,
намыһахтан чыыстай тиитэ баар-
кыра дьахтары кыыс бэрбэкэйинэн эрэ,
киэңтэн кэңкиниир киэң халлаан
киэлитин кэпсииллэр,
кыарађастан кыыһырымтађай киьи көхсүн көрдүгү
кыайан санаабаппын;
уһунтан остуруок хонугун курдугу
уустаан-ураннаан булбаппын;
кылгастык дьахтар санаатын сађаны
кыайан булбаппын;
муңура суох элбэхтэн
муора кумађа сурађырар,
алыс ађыйахтан аас ыал
анађын ахсаанын аатырдаллар;
улахантан уруу турарођус харађыттан
ордук соһуйбутум.
оччогуйтан топпотох тулаайах ођо
тооромоһунтолкуйдуупун;
тапталлаахтан тыһыллар баар,
абааһы көруллэрин аас ыал
асаһынньытан ахталлар
Сытыы сырыылаахтан
Сындыыс сулуһу сыаналыыбын,
Кэрпэс айаннаахтан кээлээнини кэпсииллэр-
Тэңкэ тиитин устатыгар сэттэ хонор диэн;
Түргэн сырыылаахтан
Түүңңү түөкүн үчүгэй үһү,
Бытаан сырыылаахтан быыһанара чугаһаабыт
Бытааһађбыыбардыыбын;
Ситэ бэринньэхтэн
Сир ийэна билэбин,
Күтүртэн күһүңүсуоратын сии олорор
Күбэ киһи көрдүгү көрбөтөђүм;
Дьолтон дьођус бађалаа баар,
Муңтан булан аһаабат баар;
Үчүгэй дьүһүнтэн
Үөрбүт сирэй көрдүгү
Өрүү өйдүөбэппин,
Ынырык дьүһүнтэн
Ытаабыт сырай курдугу
Ыһылыы билбэппин;
Үөрүүттэн үтүө дођор
Үлэхтээх сиригэр
Үөмэн кэлэрэ баар,
Хомолто өттүттэн
Холтон хоңнуотун
Хоңнорн ылбыт баар;
Үчүгэй суолтан
Үөрүнньэх майгы
Үтүө суол буолар,
Куһађан суолтан