Иһинээҕитигэр көс

Билигин (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Буруйдаабаппын кими да (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Билбэтим (В. Потапова)




Билигин
Историктары билиммэппин:
Кинилэр боруостуу иликтэр
Боччумнаах бу ааттарын...
Үһүйээннэргэ сүгүрүйэбин,
Үс өһүөлээх итэҕэлим
Бүдүрүйбэт эрэлим
Күүһүнэн:
Дьон өйүн-сүрэҕин күүрээнигэр,
Айылҕа
Амырыын да,
Абырыыр да
Икки өрүттээх сүүрээнигэр,
Бэйэм албына суох
Илиим имигэр...