Иһинээҕитигэр көс

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Балык. Үөннэр-көйүүрдэр

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саһыл уо.д.а. Эһэ. Бөрө. Таба уо.д.а. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Көмүс, тимир уо.д.а.


Балыгы суругунан поэзия дьүһүннээһинэ оҥоруу фольклортан бэрики эбиллибэтэ. Сэбирдэх тэлибириирэ, сүрэх мөхсөрө илимҥэ иҥнибит собоҕо холуллар: «Илимҥэ иҥнибит соболуу илибирии хамсыыр сэбирдэх...»; «илимҥэ иҥнибит соболуу илибирии түстэ сүрэҕим!» (4—155).

Үөннэр-көйүүрдэр. Үрүмэччинэн ойуулааһын фольклордааҕар кэҥээтэ. Аны кыргыттар эрэ үрүмэччигэ холуллубаттар, парашют эмиэ — үрүмэччи курдук: «парашют күөх урдүктэн лыах курдук тэлээрдэ» (89— 163).

Кыайыы салютун уоттара — үрүмэччилэр: «салют уоттаах үрүмэччитэ» (84—31).

Бэһиэлэй ырыа — үрүмэччи: «көтүттэрбиэн эн кытылларгар көрдөөх тойук үрүмэччилэрин» (55—94).

Эриэн кыыл, хомурдуос, ооҕуй, сахсырҕа куһаҕаны дьүһүннүүргэ туттуллаллар. Былыргы эрэйдээх, эрийэ-буруйа суол «эриэн кыыллыы эриллэр»; Ийэ дойдуну, партияны таҥнарыы «эриэн үөннүү сыыллар» (84— 52, 79). Өрүс арыт «эриэн кыыл курдук синньии» ус-тар (65—281). Баттал дьадаҥылары эриэн кыыллыы эмэр: «хааннаах хара моҕой кыыл эттээх-хааннаах ик-ки атахтааҕы эриллэ сылдьан эмэн эрэр...» (38—122).

Кулаахтар, тойоттор, бурсуйдар — «кубулҕат моҕойдор» (36—75).

Хааннаах фашистар — моҕойдор: «моҕой фашист сүүһүгэр уордаах сааны эстим» (55—25).

Санаа-оноо, күнүүлээһин — эриэн кыыл эмэрэ: «эриэн кыыл күнүүтэ» (85—268).

Ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы хараҥа, батталлаах олох — «ооҕуй оҕус бадараанныыр өлүү дьэбэрэтэ» (81—7). Баайдар — «ооҕуйдар» (89—129).

Ол эрээри ооҕуй сорох омуктарга сүрдээхтик ытыктанар. Арҕаа Африкаҕа уонна Вьетнамҥа ооҕуйга хайдах сыһыаннаһалларын туһунан инники этэн турабыт. Оттон Хоту Муустаах муора кытыытыгар олохтоох эскимостар ооҕуйга, син биир суорга курдук, сүгүрүйэллэр. Эскимостар ооҕуйу, киһи курдук, «иннигэр илимнээн» аһыыр дииллэр. Бу үөн киһини быыһааччы, араҥаччылааччы буоларын туһунан элбэх остуоруйаларга, номохторго этиллэр (132—89).