Иһинээҕитигэр көс

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Күөрэгэй, туллук уо.д.а. Кэҕэ. Кыталык. Куба

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Ыт. Тыа (мас). Сибэкки Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Хотой уонна мохсоҕол. Атын көтөрдөр


Күөрэгэй, туллук уо. д. а. Күөрэгэй, көлүөс, ымыы, татыйык, туллук уо. д. а. чыычаахтар, син-биир фольклорга хоһуйулдарын курдук, күндүттэн күндү киһини — туох-ханнык иннинэ, оҕону, таптыыр кыыһы, дьахтары — дьүһүннээн хоһуйарга үгүстүк туттуллаллар. Уонна күөрэгэй — саас, сайын кэлиитин арахсыспат аргыһа: «көхсү кэҥэтэр, күөрэгэйи ыллатар, күрүлэс куйаастаах күөх сайын» (60—125).

Күөрэгэй таптал, үөрүү, дьол-соргу символа буолар.

«Таптал... чыычаахтыы чугдааран, сүрэҕи талбаардан ааһааччы» (89—162); «эһиги миигин өйдүөххүт сүрэх-тэргит үөрүүтэ күөрэгэйдии ыллыыта» (94—133). Күөрэгэй — көҥүл-босхо санаа: «көҥүл санааҥ көй салгыҥҥа,.. күөрэгэй буолан көтө күөрэйдин» (63—14). Поэт — күөрэгэй, кини ырыата — күөрэгэй тойуга:

Баҕардым — мин тыллаах
Күөрэгэй буолуохпун,
Күннэтэ тапталлаах
Дойдубун туойуохпун.
(89—213)

Поэт — ымыы: «ымыы чыычаах буоламмын, ыллыы-туойа турабын» (8—14).

Поэт ырыалара туллук, татыйык буолан көтөллөр: «мин бастыҥ татыйык ырыабын куорсуннаан көтүтэ иликпин» (17—457); «ырыам тыллара, тырымнаһан, үрүҥ туллук буолан көтүҥ!» (23—118).

Чыычаах түөһүн кырааската — халлаан өҥө: «ымыы аалай түөһүнүү сарыал кыыһа тэтэриитэ...» (34—8).

Табалар — «туундара туллуктара» (89—41).

Сылгылар — туллуктар: Үрүҥ хаардаах сыһыылар. Үрүйэлар, сис тыалар Туллуктара — сылгылар Хаһан аһыы бардылар. (23—119)

Охсуулаах үлэ сүгэтин олуга — «туллуктуу күөрэҥниир» (17—249).

Ааспыт кэм ахтылҕана — үөр туллук:

Таптал, үөрүү тулалыыр
Таалан ааспыт кзмнэрэ
Сэттэ үөрдээх туллуктуу
Сиэттистилэр бу курдуу. (55—49)

Сир аргыстара — «киһи өйүн көмүс чыычаахтара» (67-39).

Дьүһүннээһиҥҥэ хараҥаччы эмиэ киирдэ:
Сахаҕа Октябрь сааһын илдьиттэрэ
Маҥнайгы хараҥаччылар — Ярославскай, Орджоникидзе
Манна маевкалаабыттар. (92—246)


«Маҥнайгы хараҥаччылар» («первые ласточки») — нуучча литературатын сабыдыалынан киирбит этии. Сахаҕа арай «хара дьиэ хараҥаччыта, үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ» диэн дьахтары хоһуйан этии баара.

Кэҕэ. Суругунан поэзияҕа кэҕэ, син-биир норуот айымньытыгар курдук, үөрүү, уһуктуу, дьол аргыһа буолар. Саас кэҕэ эттэҕинэ, сир-дойду ордук тупсарга дылы. Күөрэгэй ыллыыр, кэҕэ этэр, сир дойду симэнэр кэмигэр эдэр дьон тапталлара ордук уһуктар: «күммүт күлэр, кэҕэ этэр... Сүөдэр мин сүрэхпин сүүйдэҕин!» (89—101).

Хойуу күөрэгэйдээх, кэҕэлээх, кэрэ айылҕалаах сир ырыаҕа-хоһооҥҥо киирэр. Оттон кэҕэ мөлтөхтүк этэрэ курус санааны көбүтэр:

Тоҕо кэҕэм барахсан,
Ыраах тыаҕа этээхтиигин,
Түүл-бит курдук, санаарҕаан,
Аҕыйахтык «кук-куук!» диигин? (92—248)

Ол эрээри кэҕэ арыт мөлтөҕү хоһуйууга эмиэ туттуллар. Кураанаҕы айдаарар, дьыалаҕа көппө киһини «кэҕэлии чоргуйар», «кэҕэ курдук», — диэн эҕэлээн этии буолар.

Кыталык. Куба. Кыталыктар, норуот айымньытыгар буоларын курдук, — кыргыттар: «үс дьүөгэлҥи кыргыттар үс кыталык курдуктар» (73—107).

Эллэй «кыргыттар — кыталыктар» диэни кырдьар сааһы дьүһүннүүргэ туттар. Эдэр саас, таптал, кыталыктар буоланнар, күннээх сиргэ төннүбэккэ көппүттэр, оттон поэт дойдутугар кыһыны (кырдьыыны) көрсө хаалбыт:

Эдэргэр эрэ баар кыргыттар
Кыскыйар тымныылаах кыһынтан
Күннээх сир сыламнаах сылааһар
Күрэммит кыталык курдуктар.
Оттон эн төрөөбүт дойдугар
Хаалбытын. Эн тулаҥ—маҥан хаар.—
Ол буолтун иннигэр, ырыаҕар
Маҥнайгы тапталыҥ мэлдьи баар
(94—106)

Кыталык куолаһа — кэрэттэн кэрэ дорҕоон:
 
Кырыымпалыыр куоластаах
Кыталыгы санатан,
Нарын, нарын соҕустук
Таарый, таарый хамускун! (4—94)

Олоҥхоҕо сыһыы, толоон киэҥэ кыталык көтүүтүнэн кээмэйдэнэрэ, поэттар эмиэ төрөөбүт дойдулара — туундара — эйгэтэ киэҥин сөҕө, киэн тутта хоһуйаллар: «кыталык, лыглыйа кытыытын булбатах кыраайа» (92 —204).

Сааҕа таптарбыт кыталык — таптал алдьаныыта: «улуу тапталым охтубута оххо таптарбыт кыталык курдук...» (16—61).

Поэттар ырыалара кыталык буолан көтөр, кйнилэр ырыаларыгар «кыталык кыттыһар»: «сүрэхтэн үөскээбит ырыабыт кыталык кыыл буолан кыырайдын» (32 — 195). Поэт өйүгэр үөскүүр саҥа образтар — кыталыктар:

Күһүн ааһар кыталыктар
Ыраах халлаан түгэҕэр,
Сүтэ-сүтэ кыҥкынатар
Саҥаларыныы, сороҕор,
Хоһоону айар санаалар
Сүтэ-сүтэ көстөллөр.
(98—71)

Поэт музата (айар күүрүүтэ) — кыталык: «көстөрүҥ эн кый халлаан кырсыгар кыталык үөрүнүүн» (89— 341).
Арыт поэттар бэйэлэрэ кыталык буолан көтүөхтэрин баҕараллар:

Саймаарар сырдык санаабынан
Сандаарар саһарҕа кынаттанан,
Күн айыы кыталыга буоламмын,
Күндээрэр күөх халлааны кырсынан
Күөрэйэ-кылбайа көттөрбүөн.
(9—221)

Айылҕа көстүүлэрин кыталыкка тэҥнээһин элбэх. Хаар түһэрэ — кыталык үҥкүүлүүрэ: «намыын хаар үҥкүүлүүр кыталык үҥкүүтүн» (16—67). Саҥардыы кырыыта сырдаан эрэр халлаан — «кынтайар кыталык кыыл кынатын таһын курдук, кылбайар» (8—211). 102

Тахсан эрэр күн «көмүс утахтарын кыталыктар кынаттарынан таарыйан лыҥкынаталлар» (98—6).

Техниканы дьүһүннээһиҥҥэ кыталык эмиэ киирэр. Кремль чаһыытын тыаһа — «кыталык куолаһа» (48— 23).

Самолеттар «кыталыктыы көтөллөр» (86—29).

Советскай космическай ракета Ыйга тиийэн «туруйа көтөрдүү дьондос гынна, кыталык кыыллыы кылбайа түстэ» (97—279).

Кыталыкка да тиийбэтэллэр, туруйа, куба, хаас образка элбзхтик киирэр буоллулар. Туруйа кыталыгы кытта сэргэстэһэ туттуллар үгэһэ хаалбат. Олоҥхоҕо, кыталык, туруйа кырыйа көтөн кытыытын булбат кырдалларын туһунан этиллэр буоллаҕына, советскай поэттар биһиги баараҕай колхозтарбыт үлэлэрин-хамнастарын сөҕөн, гиперболическай образ оҥорон, кинилэр «туруйа тула эргийэн кыайан туораан тахсыбат киэҥ бааһынатын тиэрэллэрин» туһунан этиллэр (77— 40).

Туруйа хаһыыта үгүстүк тыл хоһоонугар киирэр. Кини сааскы уһуктууну, ахтылҕаны, арыт курус санааны курулуйар. Дьэ ол иһин: «саас туруйа хаһыытыыр күнүгэр саныаҕыҥ дуо миигин» (23—164); «саас туруйа хаһыыта элбэҕи сүрэхпэр этэр» (11—16), эбэтэр: «тулаайах туруйа курдук чоҥкунуу туойуом буоллаҕа» (55—433),— диэн буолар.

Күн-дьыл ааһара «үөһэнэн субуһар хаастар айманар үөрдэрин курдук» (78—29).

Ордук аныгы транспорт сириэстибэлэрэ үөр хааска холуллаллар. Поезд — үөр хаас субуһара: «хонуу боробуостара, хоҥор хаастар хоҥкунаһан иһэллэрин курдук, холбооһуннара-холбооһуннана холугурастылар» (43—129).

Куорат транспора, үөр хаас курдук «күрүлүү тардыллар» (52—310). Бухтаҕа турар борохуоттар «сото-ру айаҥҥа көтөр субан хаастыы, субуруһа турбуттар» (90—54).

Хааһы образка киллэрии кэлин өссө эбиллэр. Сайыҥҥы саһарҕаны, халлаан сырдааһынын хаас атаҕынан, хаас оҕотунан дьүһүннээһин баар. «Сара хаас атаҕыныы сараадыйан тахсар саһарҕалаах туундара», «уоһугар уоһаҕа куура илик куйукаанныы ап-араҕас саһарҕа тэстэ тыҥ чараас хаҕын» (34—83, 57).

Фольклор айымньыларыгар куба аҕыйахтык киирбит буоллаҕына, суругунан поэзияҕа кини дэлэйдик туттуллар. Итиннэ нуучча литературата сабыдыаллаабыт. Көтөрү-сүүрэри холобурга тутта үөрүйэх саха куба курдук талбаны хайаан туһаммат буолуоҕай? Куба, туох-ханнык иннинэ, — кэрэ кыыс, дьахтар:

Долгуйан хаамаргын
Туналыйар кубам
Тунаарар байҕалым
Удьурдаах баалыгар
Устарыгар уурдум.
(36—198)

Ол ким ойуур быыһыгар
Ойуу-бичвк отугар
Куба курдук устарый?
(89—431)

Куба арыт — күн: «куула ойуур үрдүнэн куба күммүт ойбут».

Куба түүтэ — хаар, арыт туллук: «хаар түһэр куба кыыл түүтүнүү» (89—217, 341); «кыбыыттан, далтан туллуктар, куба түүтүн ыспыттыы, көтөн тырыбынас-тылар».

Куба куорсуна — хатыҥнар. Баал Хабырыыс күһүҥ туһунан бу курдук хоһуйар:

Эн диэтэх эриэккэс оһуордьут
Куба куорсуна хатыҥнары
Көмүс үрүмэнэн таҥыннар! (4—109, 193)

Маҥан ат — «куба маҥан» (65—263). Маҥан балааккалар — «куба курдуктар» (17—35).

Пароходтар «кубалыы усталлар» (89—533), өрүс сааскы муустара «үөр кубалыы үмүөрэллэр» (54—58). Ырыа — «кубалыы дайар»; санаа — «кубалыы халаахтыыр» (1—21; 55—49). Үөрүү — «үрүҥ куба үөрүнүү өрө көтөр» (32—212).