Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Хайа. Былыт
←Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саас, сайын. Кыһын | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Үһүс глава) Копырин Николай Захарович |
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Сылгы. Ынах. Оҕус→ |
Хайа советскай поэзия дьүһүннээһинигэр киириитэ - эмиэ балачча кэҥээтэ. Манна нуучча, Кавказ норуоттарын уо. д. а. литератураларын сабыдыала баар диэххэ сөп. Модун Советскай Союһу аан дойдуга соҕотох суураллыбат таас очуос курдук өссө 1930-с сыллардаахха П. А. Ойуунускай туойбута: «очуос таас — ССРС күлүмнүү умайар» (36—46).
Бастакы колхозтары «өстөөх суулларбат таас очуос буоллугут» дииллэр. Колхозтаах хоһуун уол эдэрэ, чэгиэнэ хоһооҥҥо киирэр, кини быччыҥа таас болгуоҕа холуллар: «колхоһум эдэр оҕото... быччыҥа болгуо хайата» (89—89, 125).
Советскай дьон таас хайа курдук бөҕө оҥоруулаахтар: «одун оҥоһуум — сууллубат суорба хайа» (18—10).
Талаан, поэзия бэйэтэ эмиэ хайалаах, очуостаах. Маяковскай туһунан: «поэзия үрдүк очуоһуттан тыаһыыр поэт лирата» (92—233).
Үчүгэй ырыа — үрдүккэ, кэрэҕэ дабайыы: «эн ырыаҥ — тахсар дабаан кэлэр кэрэҕэ» (89—426).
Олох олоруу — сыыры хайаны дабайыы: «олох сыы-рын туруорутунан дабайабыт» (32—239).
Армян, грузин поэзиятыгар көрсүллэрин курдук, таас хайалары доҕордуу норуоттарга дьүөрэлээн этии эмиэ баар. Үрдүк, намыһах хайалар улахан, кыра омук курдуктар: «үрдүк хайалар, турууктар үгүс доҕордуу норуоттар,.. көмөлөһөн, биир күүһүнэн олороллорун курдуктар» (24—72).
Хайа фольклорга үксүгэр куһаҕантан хахха буолара, суругунан поэзияҕа үчүгэйтэн хаххалааччы эмиэ буолар эбит. «Ол саллаат утатар уйгулаах олоҕо бу сэрии хайатын кэтэҕэр буоллаҕа» (55—34).
«Сэрии хайатын кэтэҕэ» диэн сахаҕа сонун этии, биһиги санаабытыгар, нуучча тылын, хоһоонун сабыдыалынан үөскээбит буолуон сөп. Нуучча «за горами, за долами» (далеко), «не за горами» (недалеко, близко) диэн этиилэриттэн сиэттэрэн, сахалыы саллаат дьоллоох олоҕо хойут, бу сэрии бүппүтүн кэннэ кэлиэҕэ диэн санаа этиллибит.
Айылҕаны тыыннааҕымсытан көрдөрүү сиэринэн хайаны араастаан хоһуйуу бэрт үгүс. Олортон биир холобур:
- «Баайбын хостоо» диэбит курдук
- Балаҕан саҕа таастардаах
- Баараҕай очуос хайа
- Баһын өрө өндөтөр.
(89—47)
Бу күппүлүөккэ сир аннын барҕа баайын советскай норуот туһатыгар таһаарыы идеята ааҕааччыга тиийимтиэтик бэриллэр.
Былыт. Очуос тааһынан Советскай Союз дьүһүннэнэр буоллаҕына, хараҥа былыттар — реакционнай күүстэр: «бу күдэн хараҥа ытыллар былыттар ол очуос түөһүгэр охсуллан тохтоллор» (36—47).
Ыарахан, хараҥа былыттар — баттал, батталлаах үйэ, сэрии:
Күлүк былыт көтөрө,
Көҥүл күнэ көстөрө,
Көмнөх-көппөх олоҕум
Көҕөрбүтэ күндүтүн!
(89—32, 67)
Ийэ дойду үрдүнэн
Хара былыт таҕыста.
Кыырыктаах кыргар үҥүүнэн
Баай биһиэхэ хайыста. (32—54)
Туман — албын, сымыйа аат-суол:
Эн чэпчэки албан аакка
Өйгүн-сүрэххин уурума,
Кини көтөр тумарыкка
Маарынныырын умнума. (94—132)
Туман — ааспыт кэм: «туман буолбут хонуктар» (93—8).
Туманынан дьүһүннээһиҥҥэ нуучча литературатын сабыдыала баар буолуон сөп («исчезли юные забавы, как.. утренний туман», «туман в голове», «слезы туманят взор»). «Ааһар былыт албына», «былыргыны былыт саппыта» диэн саха былыргыттан бэйэтигэр баар этиилэрз сайыннарыллыахтарын эмиэ сөп. Поэттар билигин бу курдук хоһуйаллар: «аан дойду бары кэрэтэ — ааһар былыт диэхтээмэ» (94—116).
Туундара табалара «туман былыт курдуктар» (92—208). Кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга тыынар салгыннарын туманын, ортотугар айаннаан күдээрдэн иһэр табалар, кырдьык да, «туман былыт курдук» көстүөхтэрин сөп.
Уонна былыттары бэйэлэрин араастаан киэргэтэн хоһуйуулар элбииллэр. Холобур, былыт — знамя, былаат, быыс. Күн киириитигэр «былыттар, буурҕаҕа көтөн ааһар знамяны санаталлар» (19—35). Түүн «ый былыт былаатынан далбаатана оонньуур» (4—298).