Иһинээҕитигэр көс

Былыттаах түүн (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ардах иннинэ Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Күһүн



Былыттаах түүн


Сааскы сипит айылҕам
Саста былыт анныгар,
Сырдык уоттаах чаҕылҕан
Сытыы кыыма таммалыыр.

Этиҥ этэр түүнүгэр
Биирдэ бэһиэ буоллубут,
Сэмэннээххэ түмүллэн
Сэһэн бэрдин буллубут.

Тохтообокко тобуллар
Бэһиэлэйдээх бэсиэдэ,
Мэник соҕус да буоллар,
Хайтах курдук бэрт этэй!

Көрбүт-нарбыт дьэ бэргээн
Күүрдэр күүрэн испитэ –
Уордаах этиҥ, дьиибэргээн,
Күлэн төлө биэрбитэ.

Түннүгүнэн киирээри
Чөмөхтөспүт былыттан,
Толоон-сыһыы килэйэр
Дохсун самыыр куппута.



8.10.1936